Саха сирин парламеныгар «Оҕо ситиһиитэ» бырайыак туолуутун туһунан төгүрүк остуол тула кэпсэттилэр. Бырайыак «Үөрэҕирии» национальнай бырайыак сорҕотунан буолар уонна оҕо талаанын сайыннарыыга, үөрэнээччи идэтин талыытыгар хайысхалыырга туһуланар.
Саха сиригэр «Оҕо ситиһиитэ» бырайыак туолуутун бастакы сылын уонна 2024 сылга ханнык түмүктэрдээх тиийиэхтээхпитин регион үөрэҕириигэ уонна наукаҕа миниистирин солбуйааччыта Нюргуна Соколова кэпсээтэ. Бастатан туран, 2019 сылга өрөспүүбүлүкэ оҕотун 75%-на эбии үөрэҕинэн хабыллыбыт.
«2024 сылга биһиги 152 үөрэх тэрилтэтигэр материальнай-техническай базаны саҥардыахтаахпыт. Доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор эбии үөрэҕинэн хабыллыыларын элбэтиэхтээхпит. Дистанционнай технологиялар үлэлиэхтиэрэ. Оҕо уопсай ахсааныттан 70%-ын куруһуоктарга уонна секцияларга настаабынньыктар көмөлөрүнэн, шефтэһии бэрээдэгинэн хабыахтаахпыт», — диэтэ кини.
Идэҕэ туһаайар онлайн-уруоктарга 2024 сылга 108 тыһ. үөрэнээччи кыттыахтаах.
«Онон бырайыак оҕо эбии үөрэҕи ыларыгар сабыдыала улаатыахтаах, бу оҕону сайыннарар, идэтин сөпкө таларыгар көмөлөһөр, талаанын уонна кыаҕын арыйарыгар олук буолар«, — диэтэ Нюргуна Соколова.
П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатастааҕы орто оскуола дириэктэрэ Николай Слепцов кыттыыны ылла. Агробизнеһынан дьарыктанар үөрэх тэрилтэтэ Россия тыатын оскуолаларын икки ардыгар ыытыллыбыт куонкуруска 7 иһигэр киирэн, 2019 сылга гран ылбыта. Манна барыта 91 оскуола кыттыбыта. «Оҕо ситиһиитэ» бырайыак чэрчитинэн научнай-үөрэх лабораториятын арыйбыта. «Зеленый Север» («Агрокуб») үс хайысханан ыытыллар: биотехнология, агробиотехнология уонна робототехника. Маннык лаборатория – Уһук Илиҥҥэ соҕотох.
Норуот депутаттара ордук тоһоҕолоон доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору эбии үөрэхтээһининэн хабыыны туоһуластылар. 2019 сылга 6000-тан тахса инбэлиит оҕо үөрэх тэрилтэлэригэр үөрэнэр. Кинилэртэн 34%-на эбии үөрэхтээһин бырагырааматынан хааччыллар. 2024 сылга бу көрдөрүү 70% тэҥнэһиэхтээх.
Депутат Елена Голомарева этэринэн, бырайыак Арктика кытылынан олорор оҕолор бырааптарын күөмчүлүүр. Ити эргимтэ оҕолоро, айан сыаната ыараханынан, Дьокуускайга буолар олимпиадаларга, араас күрэхтэһиилэргэ кыттыбаттар. Онон бу боппуруоһу туспа тутан көрөр наадалааҕын эттэ. Депутат Эбээн-Бытантай улууһугар музака оскуолата олох да суоҕун бэлиэтээтэ.
Депутат Михаил Гуляев куруһуоктарга эбии төлөбүрдэр кыһалҕаларын эттэ. Физкультура учууталлара, күҥҥэ 4-5 спортивнай секцияны ыыталлар, ити эрээри кылаас кэннэ үөрэх иһин кинилэргэ төлөммөт. Онон кинилэр бу дьарыктартан аккаастаныахтарын сөбүн эттэ. Гуляев этэринэн, педагогтар эбии дьарыктары ыыталларыгар мотивация баар буолуохтаах. «Маны үөрэтиэххэ наада«, — диэтэ кини.
Норуот депутаттара этэллэринэн, хас биирдии оҕо билиигэ талар бырааптаах буолуохтаах, эбии үөрэхтээһин оҕо бары өттүнэн сайдыытыгар туһалаах, ардыгар сүрүн үөрэхтэн ордук оруолу ылар.