16 Муус устар 16.04
  • -0°
  • $ 93,59
  • 99,79

Ил Түмэҥҥэ элбэх оҕолоох ыаллары тырааныспар нолуогуттан босхолууру көрдүлэр

13:01, 06 ноября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Экэниэмикэ министиэристибэтэ Ил Түмэҥҥэ элбэх оҕолоох ыаллары тырааныспар нолуогуттан босхолуур туһунан сокуон барылын киллэрбитин, дьокутааттар бастакы ааҕыыга ылыннылар.


Экэниэмикэ миниистирэ Майя Данилова Ил Түмэн уочараттаах мунньаҕар үс эбэтэр онтон элбэх оҕолоох ыаллары тырааныспар нолуогуттан босхолууру эттэ. «Чэпчэтиинэн 6200 ыал 13 мөл солк сууммаҕа туһаныахтарын сөп», — диэтэ миниистир.

Министиэристибэ дааннайынан, бу сыл тохсунньу 1 күнүгэр Саха сиригэр 29385 элбэх оҕолоох ыал олорор. Итинтэн алта тыһыынчаттан тахсата бэйэ тырааныспардаах. Сокуон барылынан элбэх оҕолоох ыал биир төрөппүтүн (иитиэх төрөппүтү) 200 ат күүһүттэн элбэҕэ суох мотуордаах массыынатыгар нолуоктан босхолууру этиллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА