Ил Дархан Айсен Николаев от ыйын 8 күнүгэр Алдан оройуонугар ойуур баһаардарын утары үлэҕэ өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа мунньаҕын ыытта. Баһылык зондировщик-сөмөлүөттэр үлэлэрин күүһүрдэри эттэ.
Айсен Николаев билигин «ресурснай» былыттар баар буолбуттарын, онон кинилэри ардаҕы ыҥырыыга көдьүүстээхтик туһанары эттэ. Ол инниттэн зондировщик-сөмөлүөттэри күнүскү эрэ өттүгэр буолбакка, түүн эмиэ үлэлэтэр наадатын бэлиэтээтэ.
От ыйын 7 күнүгэр сөмөлүөттэр түөрт оройуоҥҥа үлэлээбиттэрэ: Бүлүү бөлөххө, Алдаҥҥа. Субуотаҕа Аммаҕа уонна Алдаҥҥа.
Айсен Николаев улуус баһылыктарыгар туһаайан олохтоох нэһилиэнньэ ойуур уотун умуруорууга көхтөөхтүк кытталларыгар үлэлииллэригэр эттэ. «Билиҥҥи сорук – уот тарҕаныытын тохтотон, кылгас кэм иһигэр уоту бохсон, нэһилиэнньэлээх пууннарга кыра да куттал үөскүүрүн таһаарыа суохтаахпыт», – диэтэ баһылык.
This post was published on 10.07.2023 12:35 12:35