Дьиэҕэ олорон үлэлээччилэр хамнастара сарбыллыа суохтааҕын Ил Дархан быһа эфир кэмигэр эттэ диэн, СИА иһитиннэрэр.
«Хамнаһы кыччатарга ирдиир буоллахтарына, ити сыыһа, үлэ инспекциятын ыҥырыахха наада. Өскөтүн үлэ тохтоон хаалар түбэлэтэтэ тахсар буоллаҕына — ол атын, манна даҕаны хамнас үс гыммыт иккититтэн кыраны төлүө суохтаахтар», — диэтэ баһылык.
На удаленную работу должны уйти предприятия, которые не связаны с обеспечением жизнедеятельности
Кини эбэн эппитинэн, сотору кэминэн бырабыыталыстыба льготаларга уонна ипотека төлөбүрүгэр быһаарыы ылыахтаах.
«Өскөтүн киһи хамнастанар кыаҕын сүтэрэр, үлэтэ суох хаалар буоллаҕына, кини эмиэ льготанан туһаныан сөптөөх, ол иһин судаарыстыба киниэхэ утары барар», — диэтэ Айсен Николаев.
Санатар эбит буоллахха, бас билиититтэн тутулуга суох бары тэрилтэлэр «ыраахтан» үлэлииргэ сүбэ ылбыттара.
«Күн аайы үлэлиир эрэһиимнээхтэр «ыраахтан» үлэлииргэ тута көстүлэр. Биһиэхэ билигин 80 тыһыынча киһи дьиэтиттэн үлэлиир», — диэн эттэ Айсен Николаев.
Кини «ыраахтан» үлэлээһин уоппуска буолбатаҕын, үлэлиир миэстэ эрэ уларыйарын өссө биирдэ тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
This post was published on 27.03.2020 10:28 10:28