Ил Дархан ыйааҕа: Сунтаар оскуолаларыгар Саха сирин өрөгөйүн ырыатын ыллаатылар

Ил Дархан Айсен Николаев бэҕэһээ, сэтинньи 20 күнүгэр, «Мы — будущее России!» диэн үүнэр көлүөнэни патриотическай өйгө-санааҕа иитиигэ туһуламмыт ыйаахха илии баттаата. Бүгүн Сунтаар улууһун оскуолаларыгар Саха сирин өрөгөй ырыата дуораһыйда.


Бүгүн, сэтинньи 21 күнүгэр, сарсыардаттан маанытык таҥныбыт Сунтаар улууһун бары үөрэнээччилэрэ оскуолаларыгар мустан, Арассыыйа, Саха сирин уонна Сунтаар улууһун өрөгөй ырыаларын ыллаатылар.

А.П.Павлов аатынан Сунтаар 1 N-дээх орто оскуолаҕа бу суолталаах күҥҥэ улуус дьаһалтатыттан, үөрэх управлениетыттан ыалдьыттаатылар.

Улуус баһылыга Анатолий Григорьев оҕолорго эҕэрдэтин бу курдук тириэртэ:

— Ил Дархаммыт олус суолталаах, историческай дьаһалы таһаарда. Эһиги төрөөбүт нэһилиэккитин, улуускутун таптыыр, сүгүрүйэр, ыраата барбыккыт да иһин дойдугут туһугар кыһаллар патриот дьон буола улаатаргытыгар анаммыт ыйаах таҕыста. Биһиги атын дойдулары кытта өй-билии, бөҕө турук өттүнэн тэҥҥэ хаамсар оҕолору иитэн таһаарар соруктаахпыт. Билигин үөрэҕириигэ улахан болҕомто ууруллан, оҕолорбут ситиһиилэрэ элбээтэ, эһигинэн олус киэн туттабыт, ситиһиилэргит үксүү турдуннар!

Ааптар: Юлия АЛЕКСЕЕВА, СУНТААР.

This post was published on 21.11.2019 09:31 09:31