СӨ Ил Дархана Егор Борисов Анал этиитигэр үөрэх, наука эйгэтигэр ураты, олоҕу кытта тэҥҥэ сайдан иһэр үөрэтии, болҕомто эрэйиллэрин бэлиэтээтэ. Маныаха чопчу ыйыылары биэрдэ.
Үөрэх, инновация уонна үрдүк технология сайдыытын ирдэбилигэр олоҕуран түргэнник уларыйан иһиэхтээҕин ыйда. Бу Дьарыктаах буолууну өйөөһүн сылыгар быһаччы ситимнээҕин эттэ. “Кэлиҥҥи сылларга үөрэх систиэмэтигэр хайдах үэрэтэбит диэн боппуруос инники күөҥҥэ турара. Биллэн турар, итиниэхэ хаачыстыбалаахтык үөрэтиигэ болҕомто ууруллара. Үөрэх эйгэтигэр ситиһиллибит хаачыстыба, экэниэмикэ аныгы сайдыыта уонна үлэ ырыынагын балаһыанньата, биһигини, аны туохха үөрэтэбит диэн боппуруоска сирдиир. Үлэтэ суох буолууну кытта охсуһуу биир сүрүн механизмынан, идэни таларга эрдэттэн бэлэмнээһин (профориентация) дии саныыбын”, — диэн эттэ. Ол эбэтэр, экэниэмикэ салааларыгар үлэһит илии тиийбэтиттэн, идэлэри онтон аттаран таһаарыахпыт диэн быһаарда. Маныаха орто анал үөрэх систиэмэтин, үөрэх былааныгар тиийэ, уларытар уолдьаспытын ыйар. “Биһиэхэ теоретиктар буолбатах, быраактыктар наадалар. Ыччат үөрэҕин үгүс бириэмэтин производствоҕа атаарыахтаах”,— диэн быһаччы эттэ.
Онтон өрөспүүбүлүкэ наукаҕа үлэһиттэрин экэниэмикэ саҥа соруктарын сайыннарарга, сонун технологиялары киллэрэргэ усулуобуйа олохтуурга туһаайда. Кэлэр сылга киэҥ далааһыннаах бырайыактары олоххо киллэрэргэ, дойду чулуу өйдөөхтөрүн өссө көхтөөхтүк тардар туһугар, Арассыыйатааҕы наука академиятын эрэгийиэннээҕи бэрэстэбиитэлистибэлэрин арыйыахпытын наада диэн иһитиннэрдэ.