«Саха сирэ уонна Татарстаан доҕордуу сыһыаннарын кэҥэтиигэ боппуруостары дьүүллэстибит. Регионнар сыһыаннара сылын аайы бөҕөргөөн иһэр. Үөрэх, култуура, спорт эйгэлэригэр бииргэ үлэлээһин сайдар, тэрилтэлэр ардыларыгар экономика сыһыаннаһыылара тупсар. ИТ-технологияҕа, пилота суох көтөр апарааттарга, социальнай эйгэҕэ, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай салайыныыга оҥоһуу өйү киллэриигэ сайдыыны көрөбүт.
Бэс ыйыгар Саха сиригэр XXV федеральнай Сабантуй буолар, регионнар сыһыаннара бөҕөргүүрүгэр өссө биир хардыы оҥоһуллуоҕа. Василь Габтелгаязович бэлиэтээбитинэн, Сабантуй Саха сирин бары олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар ыытыллар бырааһынньык тэрээһиннэригэр ким баҕалаах бары кыттар. Сабантуй үрдүк таһымҥа ааһарыгар эрэллээхпин!» — суруйда телеграм-ханаалыгар Айсен Николаев.
Татаар норуотун сүрүн бырааһынньыга Хаҥалас улууһугар бэс ыйын 13 — 14 күннэригэр буолар.
This post was published on 23.04.2025 18:01 18:01