22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ил Дархан уонна "Росавтодор" салайааччыта федеральнайдааҕы трассалар туруктарын туһунан кэпсэттилэр

12:01, 22 ноября
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Саха сирин баһылыга Айсен Николаев уонна РФ суолун ааҕыныстыбатын салайааччыта Роман Новиков өрөспүүбүлүкэ транспортнай инфраструктуратын сайдыытыгар анаммыт бырайыактары дьүүллэстилэр. «Халыма» уонна «Бүлүү» федеральнай трассалар хапытаалынай өрөмүөннэрин туһунан кэпсэттилэр. Эбийиэктэр 2030 сылга диэри суол үлэтин былааныгар киирэллэр.

Бу күн Ил Дархан Бүлүү уонна Алдан эбэлэри туоруур муосталар тустарынан боппуруоһу эмиэ туруорда. Бу суоллар Иркутскай уонна Магадан уобаластарын кытта тохтоло суох сырыыны хааччыйар суолталаах.

Айсен Николаев уонна Роман Новиков Өлүөнэ муостатын тутууну эмиэ кэпсэттилэр, үлэ 2025 сыллааҕы былааҥҥа баар.

Санаттахха, быйыл нормативка 154,2 км федеральнай трасса А-331 «Бүлүү» уонна Р-504 «Халыма» киллэрилиннилэр. Ол иһигэр 102 км асфальтобетон.

Салгыытын манна аах.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА