Ил Дархан уонна Казахстаан президенэ өрөспүүбүлүкэлэр сайдыыларыгар хайысхалары кэпсэттилэр

Хаартыска: ЯСИА саайта

Ил Дархан Айсен Николаев Астанаҕа Казахстаан президенэ Касым-Жомарт Токаевтыын көрүстэ. Өрүттэр өрөспүүбүлүкэлэр ардыларыгар инники сайдыыга бииргэ үлэлиир хайысхалар тустарынан кэпсэттилэр.

«Биһиги ааспыт көрсүһүүбүт кэнниттэн элбэх үлэ оҥоһулунна, Саха сирэ уонна Казахстаан ардыларыгар сыһыан сайдыытыгар. Атыы иэнэ икки төгүл улаатта, 160 мөлүйүөн дуоллар буолла. Көстөр түмүктэр атыы-эргиэн, информационнай технологиялар, креативнай индустрия эйгэтигэр бааллар, маны сэргэ, үөрэҕириигэ, култуураҕа, спортка уонна туризмҥа», — телеграм-ханаалыгар Айсен Николаев суруйда.

Муус устар 18 — 23 күннэригэр Казахстааҥҥа Саха сирин күннэрэ ыытыллаллар. Өрөспүүбүлүкэ атыы-экономическай, инвестиционнай уонна туризм эйгэлэригэр кыаҕын көрдөрөр.

Култуура бырагырааматыгар киинэ, балет, олоҥхо, литература, музыка киирдилэр.

This post was published on 19.04.2024 10:01 10:01