Ил Дархан улуус баһылыктарын кытары мунньахтаата

Атырдьах ыйын 5 күнүгэр Айсен Николаев видео-сибээс нөҥүө улуус баһылыктарын кытары мунньаҕар санитарнай-эпидемиологическай туругу, ойуур баһаардарын, от хаамыытын ырытта, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин э.т. Андрей Тарасенконы билиһиннэрдэ. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


Ил Дархан эпидемиологическай турук биир кэм эрээри, билигин да сэрэхтээҕин эттэ. От ыйын ортотуттан Дьокуускайга ыалдьар дьон ахсаана сыыйа аҕыйыыр буоллаҕына, улуустарга төттөрү үрдүүр, диэтэ кини. Коронавирус ыарыыта күүскэ тарҕамматын туһугар Дьокуускайтан, атын сиртэн кэлэр дьону хонтуруоллуурга, сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар дьонноругар кэлбит оҕолору кэтииргэ сорудахтаата.

Пандемия кэмигэр саҥа үөрэх дьылыгар Роспотребнадзор ирдэбиллэрин тутуһан бэлэмнэниини баһылык сүрүн соругунан ыйда. Атырдьах ыйын 20 күнүгэр диэри үөрэх министиэристибэтигэр миэстэтигэр үөрэҕи тэрийии, харыстанар тэриллэринэн хааччыныы туһунан былааны тиксэрэллэрин ыйда.

Кирииптэн маассабай вакцинаҕа оҕолору, улахан дьону бэлэмнээһини болҕомтоҕо ылалларын эттэ.

От хомуурун тула кэпсэтии улахан болҕомтону ылла. Киин, илин эҥэр улуустарыгар кураан күннэр тураннар, окко кэккэ ыарахаттар бааллар. Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн былаан 40% туолбут. Окко 10 289 звено, 33, 5 тыһ киһи үлэлиир.

Оту хомуйууга мобильнай биригээдэлэри тэрийии суолталааҕын, бүддьүөттэн эбии 25 мөл солк көрүллүбүтүн, атырдьах ыйын 20 күнүгэр диэри харчы улуустарга тиийэрин дьаһайар гына эттэ.

«Үүт соҕотуопкатыгар субсидия көрүллүүтэ уларыйарыгар саҥа сокуон барыла оҥоһулла сылдьар. Сокуон барылын дьон дьүүлүгэр күүскэ таһааран, дьон санаатын истэри ситиһиэххэ наада», — диэтэ Айсен Николаев.

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга улуус баһылыктарыгар, ойуур баһаардарыгар үлэлии сылдьар бары дьоҥҥо махталын тиэртэ. Кини билигин 12 улууска, 1 786,5 га сиргэ 18 ойуур баһаара бара турарын иһитиннэрдэ. Уоту кытары охсуһа сылдьар дьон көмөтүнэн уот нэһилиэктэргэ, дьон олоҕор кутталы үөскэппэтин эттэ. Билигин да уоскуйар эрдэтин, дьоҥҥо иһитиннэрэр, сэрэтэр үлэ наадатын ыйда.

This post was published on 06.08.2020 10:01 10:01