Ил Дархан Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыы миниистирин Александр Козловы кытары көрүстэ

Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыы миниистирэ Александр Козлов уонна Ил Дархан Айсен Николаев 2024 — 2035 сылларга Уһук Илини сайыннаарыы туһунан кэпсэттилэр. Бу туһунан Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба пресс-сулууспатыгар сигэнэн СИА иһитиннэрэр.


Маны таһынан, Александр Козлов уонна Айсен Николаев Саха сиригэр экономиканы чөлүгэр түһэрии, дьон дьарыктаах, дохуоттаах буоларын ситиһии боппуруостарын көрдүлэр.

Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ пандемия содулуттан биллэ эмсэҕэлээбит экономика салааларын өйүүр, дьон дьарыктаах, дохуоттаах буоларын ситиһиигэ суһал ыстаап тэриллибитин туһунан эттэ.

Сиһилии манна аах https://ysia.ru/glava-yakutii-obsudil-s-minvostokrazvitiya-rf-predlozheniya-po-natsprogramme-razvitiya-dalnego-vostoka/

This post was published on 09.07.2020 19:24 19:24