Айсен Николаев 2022 сылга Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга сүрүн болҕмотону туохха уурары норуот депутаттарын кытары ырытта. Тыа сирин толору өйөөһүҥҥэ уонна АПК-ны саҥатытыыга государственнай бүддьүөттэн эбии харчыны көрөргө Ил Дархан бырабыыталыстыбаны соруйда.
Бу сыалга анаан, 2022 сылга бүддьүөттэн 1 млрд 650 млн солк. көрүөхтэрэ.
“Тыа хаһаайыстыбатын элбэтэргэ улуустарга кэккэ тэрээһиннэри ыытыахха наада. Ол туһугар хотоннору, туорах ыскылааттарын, сылгы иитэр базалары тутуохпут. Тыа хаһаайыстыбатын үбүнэн хааччыйарга, хаһан баҕарар, сиргэ үлэлии сылдьар дьон көрүүлэринэн сирдэтиэхтээхпит”, — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Ил Дархан 500 м6л солк харчыны оҥорон таһаарыы эбийиэктэрин тутууга, өссө 500 мөл солк агропромышленнай комплексы өйүүр пуонда устаабын хапытаалын үрдэтэргэ анаата.
Маны таһынан, табаһыттар хамнастарын үрдэтэргэ – 90 мөл солк, үүт соҕотуопкатын 62 тыһ туоннаҕа диэри үрдэтэргэ, сүөһү, сылгы этин, хортуоппуй үүнүүтүн, оҕуруот аһын, бурдугу элбэтэргэ – 452,3 мөл солк, Арктика улуустарыгар үөр сылгыны иитэри өйөөһүҥҥэ – 103,2 мөл солк көрдүлэр. 2012 сылтан ыла маҥнайгытын, сылгы үөрүн иитээччилэргэ көмө субсидияны биир биэҕэ 3 тыһ солк диэри үөрдэтиэхтэрэ.
This post was published on 23.11.2021 11:07 11:07