Ил Дархан тыаҕа дьон дьарыктаах буоларыгар туһуламмыт мэхэниисимнэри эттэ

Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ анал туһаайыытын кэмигэр тыа сиригэр үлэтэ суох киһи ахсаанын аҕыйатарга үүккэ көрүллэр субсидия 50 солкуобайга диэри үрдээһинэ, дьиэ кэргэн пиэрмэтигэр, кооперацияҕа көрүллэр граннар, тыа сирин тупсарыы өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак төһүү күүс буолуохтарын эттэ.


«Тыа хаһаайыстыбатыгар урбаан саҥа араҥатын өйүөххэ наада. Кинилэр элбэх бородууксуйаны оҥороллорун, сөптөөх үбү аахсалларын ситиһиэхтээхпит», — диэтэ Ил Дархан.

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга  «Агростартап» бырайыагын нөҥүө дьиэ кэргэн пиэрмэтин, тыа сирин кооперациятын тэрийиигэ судаарыстыбаннай өйөбүл саҥа көрүҥнэрэ киириэхтэрин эттэ. Кини бырабыыталыстыбаҕа туһаайан эт соҕотуопкатыгар, бурдук оҥоһуутугар, хортуоппуой, оҕуруот аһын үүннэриитигэр 2022 сылтан саҥа мэхэниисимнэри киллэрэри эттэ.

«Родные города и села» диэн олорор сири тупсарыы бырайыагын нөҥүө эһиил биир миллиард солкуобай көрүллүөҕүн, ити харчы улахан аҥара хамнас буоларын, ону олохтоох дьон ылыахтаахтарын тоһоҕолоон эттэ. Маны улуустар, нэһилиэктэр баһылыктара хааччыйалларын санатта.

«Тыа сиригэр дьон дьарыктаах буолуута – бу олохтоох салалта үлэтин түмүгэ. Миэстэтигэр дьон дьарыктааҕынан олохтоох салалта үлэтин сыаналыыры этэбин», — диэтэ Ил Дархан.

Айсен Николаев «Социальное казначейство» диэн цифровой платформа оҥоһуллуон, онно чахчы кыаммат, көмөҕө наадыйар ыал киириэн, кинилэргэ быһа социальнай көмө оҥоһуллар буолуон эттэ. Ити платформаҕа киирбит дьон докумуон хомуйуутуттан босхолонуо.

This post was published on 24.12.2020 18:20 18:20