Ил Дархан: Сахалар Олимпиадаҕа кыттыбыттара - улахан ситиһии

Саха сирин спортсменнара Рио Олимпиадатыгар диэри тиийиилэрэ өрөспүүбүлүкэ спортка ураты болҕомтону уурарын туоһута. Ити туһунан Саха сирин баһылыга Егор Борисов НКИК «Саха» ханаалыгар «Аһаҕас кэпсэтии» биэриигэ эттэ.


«Рио-де-Жанейро Олимпиадатыгар Россия дьоһуннук кытынна. Бары истэ, билэ сылдьарбыт курдук, хамаанданан төрдүс миэстэ буолла. Хайдахтаах курдук ыгыыны хамаанда тулуйан кыттыбытын эмиэ билэбит. Олимпиадаҕа кыттыы – улахан ситиһии», — диир Егор Борисов.

Ил Дархан сахалар спорсменнарга олус ирдэбиллээхтэрин этэр: «Олимпиадаҕа кыайбыт, бириистээх миэстэлэргэ тиксибит дьонноохпут. Онон итинник үрдүк ирдэбил үөскүүр. Спортка кыайыы дьолуота да, хотторуу кыһыыта да баар буоларын хайа да түгэҥҥэ умнар сатаммат. Маныаха сөптөөхтүк сыһыаннаһыахха наада. Дойдулар үгүстэрэ Олимпиадаҕа кыттар улахан уопуттаахтар, ол эрээри чөмпүйүөннэрэ суох. Мин соторутааҥҥыта Филиппины спортка миниистирин кытта көрсө сылдьыбытым. 110 мөлүйүөн нэһилиэнньэлээх дойду Оонньууларга сүүс сыл кыттар. Ол былаһын тухары бу дойду спортсменнара биир эрэ үрүҥ көмүс мэтээли ылбыттар».

Олимпиадаҕа тиийбит буоллуҥ да, булгуччу мэтээл аҕалыахтааххын диэн аһара үрдүк ирдэбил буоларын Ил Дархан этэр.

«Олимпиадаҕа кыттыы – сүрүн миэстэни ылар. Биһиэхэ спорду таптыыллар, тоҕо диэтэххэ, спорт тыйыс усулуобуйалаах дойдубутугар олорорго көмөлөөх. Биһиги физическэй култуураҕа, спортка ол да иһин улаха болҕомтону уурабыт», — диир Егор Борисов.

This post was published on 24.08.2016 11:25 11:25