Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 8 күнүгэр Москваҕа Россия экологияҕа миниистирэ Александр Козловтыын көрүстэ. Өрүттэр 2022 сыл баһаардарынан түмүктэри уонна 2023 сылга ойуур уота туруутун бохсууга миэрэлэри кэпсэттилэр.
Регион сүрүн пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, айылҕа харыстабылын миниистирэ Саха сиригэр баһаары бохсууну кытта үлэ барыытын сөптөөҕүнэн сыаналаата. Ол курдук ойуур уокка сиэниитин иэнэ кыччаата, холобур, 2021 сылга 8 мөл гектар буоллаҕына, 2022 сылга 560 тыһ гектарга диэри түстэ.
«Быйылгы сезоҥҥа күүһү, үбү бу хайысхаҕа эбэн биэрдибит. Баһаарга үлэлээччи ахсаана икки бүк эбилиннэ, 1,1 тыһ киһиэхэ тэҥ, авиамониторинг оҥоруутун чааһа түөрт төгүл улаатта», – диэтэ Александр Козлов.
Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сирэ 2023 сылга биир кэлим бэлэмнэнии үлэтин саҕалаата. «Быйыл Россия президенэ Владимир Путин, правительство баһылыга Михаил Мишустин уонна Айылҕа министиэристибэтин тус өйөбүл дьаһалларынан өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур баһаара тахсыытын иэнин 13 төгүл кыччаттыбыт. Саха сирэ 2023 сыллааҕы баһаар сезонугар бэлэми саҕалаата. Минерализованнай балаһалары уонна баһаары бохсор суоллар ууруллаллар, авиациянан кэтээн көрүүгэ исписэлиистэр үөрэнэллэр, ГЛОНАСС систиэмэтэ холбонор», – диэтэ кини.
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА
This post was published on 09.12.2022 11:01 11:01