Бүгүн, балаҕан ыйын 22 күннүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев регион байыаннай хомуурга хамыыһыйатын кытта Саха сиригэр быстах байыаннай хомууру тэрийии боппуруостарыгар мунньах ыытта, суруйар СИА.
«РФ президиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан Саха сиригэр байыаннай комиссариат быстах байыаннай хомууру ыытарыгар үлэ толору саҕаланна», — диэн өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын саайтыгар таҕыста.
Министиэристибэлэр уонна федеральнай уоргаттар управлениеларыгар быстах байыаннай хомуурга барааччылар Дьокуускайдааҕы пууннарыгар диэри айаннарын тэрийэллэригэр, медицинскай хамыыһыйалар үлэлэрин хааччыйалларыгар, уопсастыбаннай бэрээдэги уонна баһаартан сэрэхтээх буолууну хомуур пууннарыгар тутуһалларыгар сорудахтанна.