Сыллата ыытыллар Ил Дархан Харыйата быйыл пандемиянан сибээстээн онлайн барда. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ үчүгэй үөрэнээччилэригэр махтал тылларын эттэ, ситиһиилэри баҕарда.
«Элбэх киэн туттар, талааннаах ыччаттаахпытыттан биһиги үөрэбит эрэ. Үөрэх, билии – бу эһиги инникигэ кылааккыт», — диэтэ Ил Дархан.
Стипендиаттар ааттарыттан Дьокуускай 2№-дээх оскуола 11 кылааһын үөрэнээччитэ Герман Тастыгин тыл эттэ. Кини «Моя законотворческая инициатива» диэн бүтүн Арассыыйатааҕы күрэскэ хамаанданан кыттыбыттарын, бырайыактара өйөммүтүн эттэ.
«Күрэххэ кыттан инники идэбитин чопчулаатыбыт. Билигин ону ситиһэргэ бары кыахпытын уурабыт», – диэтэ стипендиат.
Туйгун үөрэнээччилэр Ил Дархан таһымыгар ыытыллар Харыйалара 1998 сыллаахтан тэриллэр. Бу кэм устата Харыйаҕа өрөспүүбүлүкэ 14 тыһыынчаттан тахса чаҕылхай оҕото кыттыыны ылла.
This post was published on 24.12.2020 10:02 10:02