Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ бюджетын туолуутун РФ үбүн миниистиригэр кэпсээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Москваҕа Россия үбүн миниистирэ Антон Силуановтыын көрүстэ. Кэпсэтии регион социальнай-экономическай сайдыытыгар ананна, чуолаан 2022 сыл 9 ыйын бюджетын туолуутугар.

«Бүгүн бүтүн Россия үрдүнэн сүрүн соругунан үлэ миэстэтин хаалларыы, биирдиилээн категорияларга киирсэр  дьону өйөөһүн, ол иһигэр байыаннайдар дьиэ кэргэттэрин», – диэтэ Николаев.

Айсен Николаев Антон Силуановка Уһук Илин регионнарыгар бюджет хааччыллыытын тэҥнээһиҥҥэ дотация 2023 сылга 2022 сыллааҕынан хаалбытыгар махтанна.

This post was published on 19.10.2022 12:32 12:32