Ил Дархан Айсен Николаев Дьокуускайга РФ президенэ Владимир Путины кытта көрсүһүүтүгэр Эльгатааҕы чох бырайыагын көрөрүгэр ыҥырда. Ол туһунан ТАСС суруйар.
Эльгатааҕы чох баайын сирэ өрөспүүбүлүкэ соҕуруу өттүгэр баар — бу аан дойдуга биир бөдөҥ. «Эльгатааҕы бырайыак — бу ураты бырайыак, харах ортотугар Саха сирин соҕуруу өттүн, Хабаровскай кыраай хоту өттүн уларытта. <…> Эн хайаан да баран көрүөххүн наада. Онно фантастика, аҕыйах сыллааҕыта онно туох да суох этэ», —диэтэ Николаев.
Кини эппитинэн, билигин 30 мөл туонна чох хостооһуна хааччыллыан сөп. «Бэлиэр сэттэ [хайаны байытар] фабрика тутулунна, уопсай иэнэ 28 мөл туонна, аэропорт тутулунна, тимир суол тутуллар», — диэтэ кини.
This post was published on 19.06.2024 10:01 10:01