Ил Дархан оттооһуҥҥа бары күүһү түмэргэ сорудахтаата

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Саха сирин сорох улуустарыгар оттооһун былаантан хаалыыта бэлиэтэнэр, суруйда Саха сирэ саайт.

Ил Дархан Айсен Николаев туруоруллубут соругу ситиһэргэ бары күүһү түмэргэ сорудахтаата. «Бүгүн улуус баһылыктарын кытта оттооһун боппуруостарыгар мунньах ыыттым. Бу сүөһүнү уонна сылгыны кыстыкка бэлэмнээһин сүрүн түһүмэҕэ — мантан сүөһү иитиитин туруга быһаччы тутулуктаах. Сорох улуустарга оту бэлэмнээһин тэтимэ ситэтэ суох. Бары күүһү түмэр, тохтоон турууну суох оҥорор, хас биирдии үтүө күнү туһанар уонна бары кыаҕынан үлэлиир соругу туруордум. Бары күүһү туһаныахха наада», — диэн Ил Дархан бэйэтин ТГ-ханаалыгар суруйда.

Салайааччы, сүөһүнү уонна сылгыны иитэргэ сөптөөх кээмэйинэн отунан хааччыйар туһугар, эрэгийиэҥҥэ оттооһун хаачыстыбалаахтык уонна болдьоҕор түмүктэниэхтээҕин бэлиэтээтэ.

This post was published on 05.08.2025 17:37 17:37