Олунньу 4 күнүгэр искэн ыарыытын утары охсуһар аан дойдутааҕы күн бэлиэтэннэ. Ил Дархан Саха сиригэр тутулла турар онкология киинэ ыарыыны кытта охсуһууга улахан көмөлөөх буоларын туһааннаах мунньахха бэлиэтээтэ.
Мунньахха дойдуга «злокачественнай» искэнтэн өлүү сүрэх-тымыр ыарыыларын кэнниттэн иккис миэстэҕэ турара этилиннэ. Ыарыыны эрдэ билэр, кэмигэр медицина өҥөтүн өрөспүүбүлүкэ иһигэр оҥорор олус суолталаах.
«Улахан көмөнү тутулла турар Онкологическай диспансер оҥоруоҕа. Манна онкология бары көрүҥэр медицина көмөтүн оҥоруу бары спектра тутуһуллуоҕа. Аныгы оборудованиелар көмөлөрүнэн, быраастар эпэрэссийэлэри оҥоруохтара.
Мунньахха саҥа киин кадрынан хааччыллыытын, үрдүк квалификациялаах исписэлиистэри үөрэтии боппуруостарын кэпсэттилэр. Саҥа кииҥҥэ 1000-тан тахса киһи үлэлиэҕэ. Кадры бэлэмниир үлэ саҕаламмыта ыраатта.
Биһиги быраастарбыт квалификацияларын куруук үрдэтинэллэр, үөрэнэллэр, профессионализмнарын баһылыыллар. 2019-2022 гг. былаанынан 124 сыаллаах дуогабар орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар түһэрсиллибитэ. Үлэ салҕанар.
Онкокиин үлэҕэ киирэн, искэнтэн өлүүнү аҕыйатыахпыт диэн эрэллээхпин«, — диэтэ регион баһылыга.
This post was published on 06.02.2023 11:28 11:28