Ил Дархан көрөн турдаҕына, уустар оһохтон кытарыар диэри итийбит тимирдээх таастарын таһаардылар. Дьэ, ол кэннэ 11,2 киилэлээх болгуо тимир хаалыар диэри Айсен Николаев тэбис тэҥҥэ эллээһиҥҥэ үлэлэстэ диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
“Биһиги норуоппут түҥ былыргы биир дьарыга тимири уһаарыыта буолар. Мин бэйэм Үөһээ Бүлүү уустарыттан төрүттээхпин. Онон тимири эллиирим биир үтүө үгэскэ кубулуйда. Биһиги уустарбыт баар буоланнар, бу үгэс билигин да баар, салҕанар. Сыллата нэһилиэнньэ, ол иһигэр ыччат, интэриэһэ улаатан иһэр. Онон тимири уһааран таһаарыы үйэттэн үйэҕэ салҕана турарыгар эрэнэбин”, — диэтэ Ил Дархан.
Амма улууһун Уустарын ассоциацияларын салайааччыта Роман Алексеев Айсен Николаевка сахалыы таптайыллыбыт кыптыый туттарда. Быйыл Олоҥхо Ыһыаҕар аан бастакынан “Бастыҥ болгуо – кыптыый” өрөспүүбүлүкэтээҕи саха кыптыыйын оҥорооччулар куонкурустара ыытылынна. Куонкуруска Амма, Бүлүү, Мэҥэ-Хаҥалас, Нам, Ньурба, Сунтаар, Уус-Алдан, Чурапчы улуустарыттан 16 уус кытынна.
Маны сэргэ саха быһаҕын, батыйатын, хомуһун, сылгы иҥэһэтин, боккуобун оҥорорго үгэскэ киирбит өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэр ыытылыннылар. Бу куонкурустарга 136 киһи кытынна.
Санатан эттэххэ, 2022 сылга Ил Дархан Айсен Николаев олохтообутунан, сыллата сэттэ ууска ый ахсын истипиэндийэ туттарыллар.
This post was published on 21.06.2024 14:01 14:01