Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 19 ойуур баһаарын умулуннараллар. Барыта 257 тыһыынча гектар сир умайар диэн, Ил Дархан эттэ.
Орто Халыма, Муома улуустарыгар балаһыанньа уустук. 800-тэн тахса киһи, 77 тиэхиньикэ үлэлиир.
«Орто Халыма Сыбаатайыгар билигин нэһилиэнньэҕэ куттал суоһаабат. Бэҕэһээ киэһэ күүстээх тыал көрдүгэннэри ыһан, ыксалы үөскэтэ сылдьыбытын, ардах түһэн умулуннарбыт. Бүгүн онно эбии көмө быраҕыллан, манабыл үлэтэ барар. Арҕахтаахха, Өлөөкө-Күөлүгэр специалистар үлэлииллэр. Кутталлаах балаһыанньа хонтуруолланыа», — диир өрөспүүбүлүкэ баһылыга.
Муомаҕа билиҥҥитэ олорор нэһилиэктэргэ куттал суох эрээри уоту умулуннарыы үлэтэ куруук барар.
Ил Дархан олохтоох дьоҥҥо, МЧС, ойуур харыстабылын үлэһиттэригэр махталын тиэрдэр. Уоту кытары охсуһарга өрөспүүбүлүкэҕэ бары кыах баар диэтэ, Айсен Николаев.