Ил Дархан "Норуот фрона" регионнааҕы салаатын бэрэстэбиитэллэрин кытта көрүстэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Айсен Николаев «Норуот фрона» Саха сиринээҕи салаатын бэрэстэбиитэллэрин кытта көрүстэ. Ил Дархан кинилэргэ ааспыт сылга ыыппыт үлэлэрин иһин махтанна, салгыы былааннарын кэпсэттилэр. Ол туһунан регион салалтатын пресс-сулууспата суруйда.

Айсен Николаев фронт сүрүн үлэтинэн байыаннайдарга көмөлөрүн бэлиэтээтэ, национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ, судаарыстыба баһылыгын дьаһалларын туолууларыгар хонтуруол ыыталларыгар, өрөспүүбүлүкэ баһылыгын «быһа эпииригэр» дьон этиитин кытта үлэлээбиттэригэр махтанна.

«Норуот фрона – бу дойду президенэ Владимир Путин көҕүлээбит хамсааһына буолар. Волонтердар ааспыт сылга элбэх үтүө дьыаланы оҥордулар. Байыаннай сулууспалаахтары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр элбэх үлэ ыытылынна. Бу уопсай Кыайыыны чугаһатарга улахан кылаат», — диэтэ Айсен Николаев.

Кини ордук тоһоҕолоон «Народный фронт. Всё для Победы!» аһымал пуонду бэлиэтээтэ. Россия үрдүнэн 120 хомуур буолла. Чуолаан, толорор кэмитиэт салайааччыта Дмитрий Паньков иһитиннэрбитинэн, Саха сиригэр 2024 сылга 11 мөл солк хомулуна, СВО территориятыгар 31 техника уонна 7 туонна таһаҕас гуманитарнай көмө быһыытынан тириэрдилиннэ.

Айсен Николаев Норуот фронун бэрэстэбиитэллэрин Улуу Кыайыы 80 сылыгар анаммыт тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырда, ол иһигэр ыччаты патриотизм тыыныгар иитиини киллэрэн туран.

«Эһиги этиилэргитин үлэҕэ ылабыт. Ыччаты патриотическай иитиигэ, байыаннайдар социализацияларыгар уонна реабилитацияларыгар туһаайыллыбыт боппуруостар инники күөҥҥэ тутуллаллар. Маны сэргэ үөрэх уонна доруобуйа харыстабылын сайдыыларыгар, суол тутуутун хаачыстыбатыгар, социальнай инфраструктура эбийиэктэрин бырайыактааһыҥҥа. Манна барытыгар Норуот фронун кытта бииргэ үлэлииргэ эрэллээхпин», – диэтэ Айсен Николаев.

Көрсүһүүгэ Дмитрий Паньков, хос бэрэссэдээтэл Людмила Цой, Алексей Лаптев, Валерий Лютый бааллар. Кинилэр доруобуйа харыстабылын, үөрэх, педагогтары уонна медицина үлэһиттэрин бэлэмнээһиҥҥэ, тутуу хаачыстыбатыгар этиилэри киллэрдилэр.

This post was published on 10.01.2025 11:06 11:06