Ыам ыйын 9 күнэ. Ил Дархан Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын, тыыл бэтэрээннэрин, Саха сирин бары олохтоохторун Улуу Кыайыы 78 сылынан эҕэрдэлээтэ. «Кыайыы күнэ – биһиги норуоппутугар, Саха сирин хас биирдии олохтооҕор ытык күн. Биһиги хаан тохтуулаах кыргыһыыларга фашистскай Германияны самнарбыт буойуннарбытынан, тыылга Кыайыыны уһансыбыт уонна сэрии кэннинээҕи аас-туор сылларга дойдуну чөлүгэр түһэриигэ бэйэлэрин харыстаммакка үлэлээбит дьоммутунан киэн туттабыт. Хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ фронтовиктар уонна тыыл үлэһиттэрин сырдык ааттарын кэриэстииллэр. Бэтэрээннэрбитигэр сылаас сыһыаммыт, истиҥ болҕомтобут – биһиги ытык иэспит. Анал байыаннай дьайыыга Аҕа дойдубут интэриэһин, эйэлээх олоҕу уонна дойдубут суверенитетын көмүскүүр кэммитигэр кыайыылаах-хотуулаах көлүөнэ чаҕылхай холобура биһиэхэ улахан суолталаах. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Ийэ дойдуларын көмүскээбит эһээлэрбититтэн, аҕаларбытыттан норуоппут күүс-уох ылар, кыайыыны уһансарга үөрэнэр. Кинилэр хорсун быһыылара фашизмы утары охсуһууга тулуурдаах, дьулуурдаах буоларга, национальнай лидербыт тула сомоҕолоһорго, улуу Арассыыйабытын таптыырга уонна көмүскүүргэ үөрэтэр. Аҕа дойдубут иһин кыргыһыы толоонугар охтубут буойуннарбыт ааттара үйэлэргэ умнуллубатын!», — диэн өрөспүүбүлүкэ аҕа баһылыга бэлиэтээн эттэ.
Ыам ыйын 9 күнэ. Дьокуускайга Кыайыы болуоссатыгар буолбут тэрээһин үгэс быһыытынан сибэкки дьөрбөтүн ууруу сиэринэн-туомунан саҕаланна. Мустубут дьон сэрии толоонугар хорсуннук кыргыспыт буойуттар ааттарыгар сүгүрүйэн иһийэн турдулар. Ил Дархан бэйэтин эҕэрдэтигэр төһө да күн-дьыл аастар, Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан өйдөбүл хас биирдиибит өйүгэр-сүрэҕэр дириҥник иҥэ сылдьарын эттэ. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр үлэҕэ хорсун быһыылара судаарыстыба таһымыгар бэлиэтэнэн, Дьокуускай уонна Алдан куораттарга РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан «Килбиэннээх үлэ куората» үрдүк аат иҥэриллибитин санатта. «Билигин Арассыыйа тургутууну эмиэ ааһар, арҕааҥҥы кыраныыссабытыгар буола турар дьайыы – бу биһиги уопсай инникибит туһугар охсуһуу буолар. 78 сыл анараа өттүгэр курдук биһиги норуоппут кыайыахтаах – бу өбүгэлэрбит иннилэригэр ытык иэспит уонна кэлэр көлүөнэлэр иннилэригэр эбээһинэспит буолар. Саха сирин олохтоохторо хайа да уустук кэмнэргэ сомоҕолоһуубутун уонна тулуурдаахпытын көрдөрөн, дойдубутугар бигэ тирэх буоларбыт. Билигин бу хаачыстыба эмиэ хаһааҥҥытааҕар да өрө тутуллар», – диэтэ Айсен Сергеевич.
Санатар буоллахха, күн бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 16 кыттыылааҕа, Ленинград блокадатын 13 кыттыылааҕа, концлагерга сылдьыбыт 13 киһи, 2330 тыыл бэтэрээнэ, 13 тыһ. тахса сэрии оҕото баар.
Миитин кэнниттэн болуоссакка Кыайыы оһуохайа тэрилиннэ. Оһуохайы 27 киһи таһаарда, ол иһигэр ытык кырдьаҕас этээччи – 96 саастаах Егор Осипов. Айсен Николаев Намтан сылдьар Дархан этээччи Валентин Хорунов түһүлгэтигэр кыттыста. Оһуохайдьыттар модун Арассыыйабыт мэлдьи кыайыылаах-хотуулаах буоларыгар алгыстарын анаатылар.
Ыам ыйын 10 күнэ. Саха сирин баһылыга ыам ыйын 10 күнүгэр ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр уонна баһаарынай куттал суох буолуутун хааччыйар хамыыһыйа мунньаҕын ыытта. Ууга барбыт нэһилиэнньэлээх пууннарга сылааһы биэрии сезонун уһатарга сорудахтаата. «Оттук сезонун уһатыахха, дьон дьиэтин куурдуохтаах. Хоромньуну ааҕыыга хамыыһыйа үлэтин түргэнник саҕалыахтаах. Уу кэлээри сылдьар улуустарыгар сэрэтэр, бэлэмнэнэр үлэни тэтимнээх соҕустук ыытыахха. Сүрүнэ, дьон олоҕор уонна доруобуйатыгар куттал суоһаабатын уонна хоромньу кээмэйин аччатар туһугар хамсаныахтаахпыт», — диэн Ил Дархан тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Хас сыл ахсын кэриэтэ суураллан алдьанар суоллары өрөмүөннээһиҥҥэ туспа соругу туруорда. Суолга алдьаммыт эрэ сири өрөмүөннээбэккэ, төрдүттэн дьаһаллар ылыллыахтарын – ууну аһарар турбалары элбэтии, кыра муосталары тутуу наадатын эттэ. Итини сэргэ Ил Дархан кыра өрүстэр сүнньүлэрин ыраастыыр соругу туруорда. Быйыл саас халаан уутуттан ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибит Горнай улууһун Хаар Балаҕаныгар үрэх сүнньүн оттон-мастан ыраастаатылар. Сотору кэминэн Дьүктүөнэ үрэҕин ыраастыыр былааннаахтар.
Айсен Николаев өрөмүөҥҥэ наадыйар күргэлэри, атын да эбийиэктэр испииһэктэрин саҥардарга эттэ. Ол иһигэр Горнай улууһун Өрт сэлиэнньэтин даамбата, Таатта улууһун Кыйы сэлиэнньэтигэр уонна Чурапчы улууһун Чурапчытыгар баар гидротехническэй тутуулар бааллар. Сүрүн болҕомтону Бэрдьигэстээххэ баар Маатта үрэх гидротехническай тутуутугар ууралларыгар соруйда. Бу күннэргэ манна уу таһыма үрдүү сырытта. Өрөмүөн үлэтигэр бырабыыталыстыба пуондатыттан 6 мөл. солк. көрүлүннэ.
Ыам ыйын 10 күнэ. Айсен Николаев «Биир ньыгыл Арассыйа» баартыйа эрэгийиэннээҕи салаатын сэкирэтээрин быһыытынан ыам ыйын 22-28 күннэригэр ыытыллар баартыйаҕа барыллаан куоластааһыҥҥа бэлэмнэнии боппуруоһун көрдө. Кини сүрүн болҕомтону улуустарга ыстааптары үлэлэтиигэ уурда, олохтоох салаалар сэкирэтээрдэригэр бары хайысхаларынан эппиэтинэстээхтэри анаталаан, ыстааптар структураларын тэрийэллэригэр сорудахтаата. Маны сэргэ баартыйа бырайыактарыгар үлэни күүһүрдэргэ, баартыйаны өйөөччү ахсаанын элбэтэргэ соруйда. «Тэрилтэлэри кытта үлэ кэлимник барыахтаах. Актыыбынай гражданнары болҕомтоҕо ылыахха, кинилэр урукку өттүгэр кириитикэлиир да буоллуннар. Кинилэр кириитикэлэрэ сүрүннээн сиэрдээх буолааччы, итэҕэһи-быһаҕаһы ыйаллара олохпут таһымын тупсарарга тоҕоостоох буолуохтаах», – диэн быһаарда.
Ыам ыйын 11 күнэ. Дьокуускайга РФ Бэрэсидьиэнин көмөлөһөөччүтэ Максим Орешкин кэллэ. Кинини кытта РФ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга миниистрэ Алексей Чекунков сылдьыһар. Бу сырыы сүрүн сыала-соруга — Дьокуускай уонна Нерюнгри маастар-былааннарын олоххо киллэриигэ мунньаҕы ыытыы. Бу куораттар маастар-былааннара олохтоохтор көрдөһүүлэригэр олоҕуран оҥоһуллубута. Уһук Илин уокурук куораттарын маастар-былааннарын бэлэмнээһин үлэтэ РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан ыытыллар.
Максим Орешкин өрөспүүбүлүкэҕэ оробуочай сырыыта «Дьокуускай» айти-пааркатын уонна Цифровой трансформация ыстаабын үлэтин кытары билсииттэн саҕаланна. Кинини Ил Дархан Айсен Николаев арыаллаан илдьэ сырытта.
Биллэрин курдук Саха сирэ цифровизациялааһыҥҥа Арассыыйаҕа 10 бастыҥ иһигэр киирэр. Бырайыактар резиденнэрэ бэйэлэрин үлэлэрин билиһиннэрдилэр. «Сильван» баһаары утары үлэ тиһигин, коммунальнай өҥөнү аахсар «Төлөбүр холбоһуктаах докумуона», паромнар сырыыларын кэтээн көрөр «Саха сирин паромнара», хоту сиргэ таһаҕаһы таһыы түһүмэхтэрин ырытан көрөр «Хотугу таһаҕаһы таһыы» бырайыактарын көрдөрдүлэр. Итини сэргэ доруобуйа харыстабылыгар наадалаах бырагарааманы «Сайберия» хампаанньа оҥорбут. «Под присмотром», «Алтан» IT-оскуоланы уонна «ЭкспоСкиллс» комплекснай салайыы резиденнэрин бырайыактарын кытта билсистилэр. «Автономные технологии» ИТ-хампаанньа уонна «ЭкспоСкиллс» IT-оскуола төрүттээччитэ Николай Потапов «Ведроид» сууйар робот хайдах үлэлиирин көрдөрдө. Максим Орешкин «Сахадрон» хампаанньа пилота суох көтөр аппарааттарын сэргии көрдө.
Эмиэ бу күн Бэрэсидьиэн көмөлөһөөччүтэ «Үлэ кыбаартала» креативнай кластерга сырытта. Киниэхэ Саха сирин айан таһаарааччылара медиабырайыактары, анимация устуудьуйатын билиһиннэрдилэр, Уһук Илиҥҥэ соҕотох виртуальнай киинэ павильонун көрдөрдүлэр. Саха киинэ бырайыактардарын уонна «Экстра Синема» цифровой платформа ордук интэриэһи тарта. Максим Орешкин бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр креативнай индустрия сайдыытыгар улахан болҕомто ууруллар, бу Уһук Илиҥҥэ эрэ буолбакка, дойдуга холобур буолар.
Ыам ыйын 11 күнэ. Айсен Николаев РФ Бэрэсидьиэнин көмөлөһөөччүтэ Максим Орешкиҥҥа Дьокуускай куорат 17-с кыбартаалын, «Кырдьаҕас куорат» история-архитектура комплекскын, «Звезднай» микрооройуону, 68 түөлбэни көрдөрдө. 17 кыбартаалга көһөрүлүннэҕинэ бу миэстэҕэ «Спортивнай» диэн саҥа микрооройуон тутуллуохтаах.
«Дьокуускайга хаарбах дьиэлэртэн дьону көһөрүү биһиги биир сүрүн сорукпутунан буолар. 2, 4, 17 кыбартааллартан көһөрүү биэс түһүмэҕинэн, 2030 сылга диэри барыаҕа. Көһөрүү Уһук Илин сайдыытын бырагырааматынан, эрэгийиэн инфраструктурнай тутууга бүддьүөт кирэдьиитин бырагырааматынан үбүлэниэҕэ. Биһиги Бэрэсидьиэммит быһаарыытынан Уһук Илин уокурук эрэгийиэннэрин кииннэригэр анал казначескай кирэдьиит тыырылынна, быйыл ол 30 млрд солк., онтон 4 млрд солк. курдук үп Дьокуускай сайдыытыгар бэриллиэҕэ», — диэтэ Айсен Николаев.
Өлүөнэ эбэни туоруур муоста Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии сүрүн бырайыактарыттан биирдэстэрэ. «Биһиги бу боппуруоска балачча өр кэпсэтэн кэллибит. Бу судургутук быһаарылла охсубатын өйдүөххэ наада, маннык уустук инженернэй тутуу аан дойдуга суох. Биллэн турар, бу ураты суолталаах эбийиэги аҕыйах уонча миллиард суумаҕа туппаккын. Бырайыак дойду салалтатын уонна Бэрэсэдьиэнин таһымыгар хаста да дьүүллээһиҥҥэ тахсыбыта. Бу бырайыагы Арассыыйа бастыҥ исписэлиистэрэ оҥорбуттара, Росавтодор экспертнэй сэбиэтэ хаста да кэлэ сырытта. Оҥоһуллубут быһаарыылар техническэй өттүнэн сөбүлэҥи ыллылар. Билигин биһиги Главгосэкспертизаҕа салгыы ыытар гына, бүтэһиктээх ситэриитин оҥордубут. Салгыы сүрүн боппуруоһунан үбүлээһин буолар. Муоста бырайыагын маастар-былааҥҥа киллэрэммит, тутуу түргэн тэтиминэн барыа диэн эрэнэбит», — диэтэ Айсен Николаев.
Максим Орешкин муоста тутуутугар федеральнай үп сорҕото номнуо ууруллубутун эттэ. «Сүрүн боппуруос ханнык болдьоххо уонна хаһан олоххо киирэригэр сытар. Бырайыак быһаарыыларын барытын өйдүүргэ бэлэмнэнии наадалаах», — диэтэ Орешкин.
Ыам ыйын 11 күнэ. Айсен Николаев Максим Орешкины уонна Алексей Чекункову кытары Музыка үрдүкү оскуолатыгар сырыттылар. Кинилэр оскуола сүрүн эбийиэктэрин — үөрэнэр куорпустары, үөрэнээччилэр олорор уопсай дьиэлэрин көрдүлэр. Итиэннэ тутуллуохтаах оскуола комплексын бырайыагын кытта билсистилэр. Саҥа эбийиэк Муусука үрдүкү оскуолатын билиҥҥи сиригэр-уотугар тутуллуоҕа, бырайыактыыр-чинчийэр үлэ ыытыллыбыт, судаарыстыбаннай экспертизаны ааспыт. Комплекс 150 миэстэлээх интернаттаах, 240 үөрэнээччигэ ананар. Эбийиэк тутуутун суумата 1,6 млрд солк. тэҥнэһиэҕэ. Саҥа куорпус Дьокуускай куорат маастар-былаанын эбийиэктэриттэн биирдэстэрэ. Ил Дархан Айсен Николаев билиҥҥи комплекс 1992 сыллаахха канадскай технологиянан тутуллубутун, 52 туспа дьоҕус коттеджтан турарын, олор отут сыл иһигэр номнуо эргэрбиттэрин бэлиэтээтэ. Былааннаммыт саҥа куорпуска аныгылыы табыгастаах усулуобуйа барыта баар буолуоҕа. Бу култуураҕа, искусствоҕа үрдүк квалификациялаах саҥа каадырдарынан хааччыйарга кыах биэриэҕэ. Ону тэҥэ композиция, дирижердааһын, цифровой технологиялар уонна тыас дизайнын курдук саҥа ирдэнэр бырагыраамалар киириэхтэрэ.
«Биһиги киин куораппыт култуурунай сайдыытын киининэн сотору кэминэн Музыка үрдүкү оскуолатын тутуу буолуоҕа. Саҥа эбийиэк үлэҕэ киирдэҕинэ, оҕолор бэйэлэрин талааннарын өссө үчүгэй усулуобуйаҕа сайыннарыахтара, өрөспүүбүлүкэлэрин аан дойдуга аатырдыахтара», -– диэн Айсен Николаев эттэ.
Ыалдьыттар оскуола талааннаах оҕолорун кэнсиэрин көрдүлэр. Максим Орешкин: «Мин бүгүн оҕолор толорууларыттан улаханнык дуоһуйдум. Бэйэбин Улахан тыйаатырга сылдьар курдук сананан ыллым» , – диэн үрдүк сыанабылы биэрдэ.
Ыам ыйын 12 күнэ. Максим Орешкин, Айсен Николаев уонна Алексей Чекунков ХИФУ устудьуоннарын кытта көрүстүлэр. Көрсүһүү кэмигэр Максим Орешкин региоҥҥа туох сыаллаах кэлбитин кэпсээтэ. «Манна Саха сиригэр IT-биисинэс, эдэр хампаанньалар киэҥ ырыынакка тахсалларыгар кыах үрдээн иһэр. Судаарыстыба олох хаачыстыбата тупсарыгар уонна сайдарыгар кыах олохтуур бэлиитикэни ыытыахтаах», — диэн Максим Орешкин эттэ.
Устудьуоннар Өлүөнэ муостатын тутуутун, табаары тас дойдуга таһаарыыга геополитическай балаһыанньа туругун, туризм сайдыытын, дойду технологическай суверенитетын туһунан ыйыттылар. Максим Орешкин Саха сиригэр беспилотниктары оҥоруу саҕалааһына баарын бэлиэтээн эттэ. «Саха сирэ бу хайысханы сайыннарыыга пилотнай регион буолуон сөп. Саха сиригэр беспилотниктары туһаныы кыаҕа үрдүк, манна исписэлиистэри үөрэтэллэр», — диэтэ кини.
Ыам ыйын 13 күнэ. Айсен Николаев Арассыыйа Бэрэсидьиэнин көмөлөһөөччүтэ Максим Орешкины, Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын миниистирэ Алексей Чекунковы кытары Нерюнгрига үлэлээтилэр. Нерюнгри улууһунааҕы киин балыыһа уонна куорат маастар-былааныгар киирбит успуорт, үөрэх эбийиэктэрэ тутуллуохтаах былаһааккаларын көрдүлэр. Нерюнгри доруобуйаҕа харыстабылын эбийиэктэрэ ортотунан 95 % эргэрбиттэр.
«Кыһалҕаны быһаарарга улуустааҕы киин балыыһа 14 эбийиэгин саҥалыы уларытан оҥорор уонна тиэхиньиичэскэй өттүнэн хааччыйан хапытаалынай өрөмүөн ыытар ирдэнэр. Бырайыагынан 3,45 млрд солк. тэҥнэһэр», — диэн Ил Дархан иһитиннэрдэ.
Нерюнгри иин балыыһата 100% үрдүк технологиялаах тэрилинэн хааччыллыаҕа. Саҥардыы кэнниттэн балыыһалар, поликлиникалар уонна диагностыыр сулууспа бары биир сиргэ баар буолуохтара, ол нэһилиэнньэҕэ табыгастаах.
Маастар-былааҥҥа олоҕуран, куоракка Идэҕэ үөрэтэр киин тэриллиэхтээх. ХИФУ тиэхиньиичэскэй институтун уонна Соҕурууҥҥу Саха сирин технологическай кэллиэһин материальнай-тиэхиньиичэскэй баазаларын саҥардар былааннаахтар. Тиэхиньиичэскэй институт сайдыытын бырагырааматынан 2030 сылга устудьуон ахсаанын 3 тыһ. диэри элбэтэр толкуйдаахтар. Кинилэргэ анаан 900 миэстэлээх устудьуоннар олорор саҥа уопсайдарын тутуохтара.
Нерюнгри куорат маастар-былааныгар «Р» кыбартаал тутуута эмиэ киирэр, саҥа дьиэнэн 2 тыһ. кэриҥэ киһини хааччыйыахтара. Маастар-былаан олоххо киирдэҕинэ куорат валовай бородууктатын үрдээһинэ 2,3 төгүл, дьарыктаах дьон ахсаана 18,7 %, оҥорон таһаарыы 1,9 төгүл эбиллэн экэнэмиичэскэй өттүнэн көдьүүстээх буолуоҕа. Нэһилиэнньэтин ахсаана 6 тыһ. киһинэн эбиллиэхтээх итиэннэ 61 тыһ. тиийиэҕэ.
Күндү Саха сирин олохтоохторо, күүтүүлээх кэммит – сайыҥҥа үктэнэрбит чугаһаан, айылҕабыт уһуктан, ньургуһун тыллан, кус-хаас кэлэн, санаабыт лаппа көтөҕүлүннэ. Ол эрээри өрүстэрбит, үрэхтэрбит муустарыттан төлөрүйэр кэмнэрин бары чуор, бэлэмнээх буолан, этэҥҥэ аһарыаҕыҥ, күөх окко үктэниэҕиҥ.
Афанасий Ноев
This post was published on 17.05.2023 09:04 09:04