Балаҕан ыйын 3 күнүгэр Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ национальнай бырайыактарынан уонна судаарыстыба бырагыраамаларынан тутуллар эбийиэктэргэ суһал ыстаап уочараттаах мунньаҕын ыытта. Мунньахха Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта улуустарыгар оскуолалары уонна уһуйааннары тутуу боппуруостара көрүлүннүлэр. Бу социальнай эбийиэктэри судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлээһин көмөтүнэн тутуу хаамыытын туһунан улуустар дьаһалталарын бэрэстэбиитэллэрэ уонна тутааччылар иһитиннэрдилэр. Үксүлэригэр тутар-таҥар үлэлэр ыытыллаллара, судаарыстыбаннай эспэртиисэ түмүгүн кэтэһэллэрэ этилиннэ.
Балаҕан ыйын 27 күнүгэр – Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбыннаhын күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев саха норуотун чулуу уола, уһулуччулаах уопсастыбаннай уонна политическай деятель Былатыан Ойуунускай пааматынньыгар тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн ууруу дьоро тэрээhинигэр кытынна.
Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Ил Дархан Дьокуускай куорат Ленин проспегын 36-с нүөмэрдээх дьиэтин иннигэр ини-бии Семён уонна Софрон Даниловтарга аналлаах пааматынньык үөрүүлээх арыллыытыгар кытынна.
«Хайа баҕарар субъект судаарыстыбыннаhа – политическай деятеллэр өҥөлөрүттэн эрэ буолбакка, бэйэлэрин өйдөрүнэн, дьоҕурдарынан норуот санаатын, култууратын бөҕөргөтөр дьонтон эмиэ тутулуктанар. Ини-бии Даниловтар Сахабыт сирин сайдыытыгар киллэрсибит өҥөлөрө туохха да кэмнэммэт», – диэн пааматынньык арыллыытыгар Айсен Николаев эттэ.
Сахабыт сирэ төрүттэммитэ 100 сылын көрсөр кэрэ-бэлиэ күҥҥэ чугаhаан иhэн, өрөспүүбүлүкэбит үгүс көлүөнэ олохтоохторун өйдөрүгэр-санааларыгар улахан үтүө дьайыыны оҥорбут классиктарбыт суруйан хаалларбыт айымньыларыгар тапталы үөскэтии өссө сытыырхайар.
Айсен Николаев Дьокуускай куоракка Ленин болуоссата саҥардыллыытын кэмигэр тустаах искибиэр киин куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын биир таптаан сылдьар сирдэринэн буоларыгар эрэнэрин биллэрдэ.
Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Бырабыыталыстыба дьиэтин Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар Ил Дархан олох араас эйгэтигэр таhаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар дьоҥҥо үрдүкү судаарыстыбыннай наҕараадалары үөрүүлээх быhыыга-майгыга туттарда.
Киирии тылыгар Айсен Николаев 31 сыл аннараа өттүгэр, 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр, Үрдүкү Сэбиэт XII ыҥырыытын дьокутааттара Михаил Ефимович Николаев салалтатынан өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай суверенитетын Декларациятын ылыммыттара. Сүдү политическай уонна экономическэй уларыйыылар тирээн турар кэмнэригэр бу историческай суолталаах докумуон Саха сирэ улуу Арассыыйа састаабыгар сайдар кэскиллээҕин мэктиэлээбитэ.
«Билигин Сахабыт сирэ Уhук Илиҥҥэ уонна Арктикаҕа экэниэмикэ көрдөрүүлэринэн инники күөҥҥэ сылдьар уонна үгүс норуоттар тылларын, култуураларын харыстыыр, дьиэ кэргэн уонна киhи туhугар кыhамньыны олохтуур киин быhыытынан биллэр. Бу – барыта кэнники отут сыл устатыгар Саха сирин олохтоохторо ситиспит улахан өҥөлөрө буолар», – диэн Ил Дархан иhитиннэрдэ.
Быйылгы сыл өрөспүүбүлүкэҕэ хаhан да буолбатах улахан ойуур баhаардарын, курааны, хамсык дьаҥын кытары сибээстээх ыарахаттары аҕалла, ол эрэн Саха cирэ барытын этэҥҥэ туораата. Федеральнай киинтэн, дойду атын эрэгийиэннэриттэн, уоту бохсууга үлэлэспит өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун көмөлөрүнэн халыҥ тайҕа тыабытын өрүhүйдүбүт. Тыа сирин олохтоохторо Бырабыытылыстыба өйөбүлүнэн кыстыкка этэҥҥэ киирэргэ күүстээхтик үлэлии сылдьаллар.
Төhө да ыарахаттар үөскээтэллэр, өрөспүүбүлүкэ туруоруммут былааннарын толорор санаалаах. Эрэгийиэн салалтата сүрүн сыалы – өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕо байылыат олохтонорун ситиhэр бигэ санаалаах. Ол быhыытынан оскуолалары, уhуйааннары, олорор дьиэлэри тутуу, суолу өрөмүөннээhин, уопсастыбыннай сирдэри тупсарыы, хаарбах дьиэлэри көтүрүү былаан быһыытынан ыытыллар.
«Быйыл биhиги Өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбыннаhын күнүн Сахабыт cирэ 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсүү чэрчитинэн бэлиэтиибит. Биhиги салгыы даҕаны хас биирдии киhи төрөөбүт дойдутугар баайдык уонна дьоллоохтук олорорун ситиhэргэ анаан бары күүhү ууран үлэлиир соруктаахпыт», – диэн этэн туран, Айсен Николаев дьоро тэрээhин кыттыылаахтарыгар уонна өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторугар саҥа кыайыылары, дьолу, эйэни уонна бигэ туругу баҕарда.
Салгыы өрөспүүбүлүкэ аҕа баhылыга үөрүүлээх быhыыга-майгыга дойду уонна Саха сирин үрдүкү судаарыстыбыннай наҕараадаларын билим уонна үөрэхтээhин, тыа хаhаайыстыбатын уонна бырамыысалыннас, доруобуйа харыстабылын уонна социальнай өҥө салааларын бастыҥ үлэhиттэригэр туттарда.
Балаҕан ыйын 28 күнүгэр Ил Дархан Горнай улууhун ойуур баhаарыттан эмсэҕэлээбит Бэс Күөл сэлиэнньэтигэр үлэлээтэ. Бу күн Бэс Күөл олохтоохторугар умнуллубат бэлиэ түгэн тосхойдо. Ол курдук Саввиннар дьиэ кэргэттэригэр бастакынан саҥа дьиэ күлүүһүн туттардылар. Кинилэри эҕэрдэлии, салгыы үлэ хаамыытын билсэ Айсен Николаев кэллэ. Кини түөлбэни чөлүгэр түһэрии үлэтэ барыта графигынан баран иһэрин, 34 дьиэ былаан быһыытынан алтынньы 15 күнүгэр диэри тутуллан бүтүөхтээҕин эттэ. Бу дьиэлэри тутууга АЛРОСА 200 мөл. солк., «Роснефть» 25 мөл. солк. көмөлөһөн, үлэ түргэнник, кэмигэр саҕаламмытын санатта.
«Атырдьах ыйын 20 күнүгэр дьиэ бастакы сыбаайатын түһэрэ кэлэрбитигэр, бүгүн Бэс Күөлүгэр дьиэлэр тутуллуохтара диэн итэҕэйэргэ уустук этэ. Ол эрэн бары бүттүүн ыра санааны олоххо киллэрдибит. Махтаныам этэ, бастатан туран, тутааччыларга маннык хаачыстыбалаах дьиэлэри туппуттарыгар. Махтаныам этэ олохтоохторго, аймаммакка, биир киһи курдук түмсэн ыарахаттары бииргэ туораабыккытыгар. Махтаныам этэ өрөспүүбүлүкэбит бөдөҥ тэрилтэлэригэр, ыарахаҥҥа түбэспит нэһилиэнньэҕэ үбүнэн-харчынан көмөлөспүттэригэр. Махтаныам этэ доброволецтарга, Сахам сирин бары олохтоохторугар дьон иэдээнигэр туора туран хаалбакка күүс-көмө буолбуттарыгар. Алтынньы 15 күнүгэр дьиэлэр бары үлэҕэ киириэхтэрэ диэн бүк эрэллээхпин, – диэн Айсен Николаев санаатын эттэ.
Балаҕан ыйын 28 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ баһылыга Арассыыйаҕа Япония Суһал уонна Боломуочуйалаах посола Тоёхиса Кодзукины кытары көрүстэ. Өрүттэр Саха сирэ уонна Япония бииргэ үлэлэhиилэрин хайысхаларын торумнастылар. Япония посола Саха cиригэр килиимэт уларыйыыта хайдах дьайарын чинчийиигэ интэриэстээҕин биллэрдэ. Оттон Айсен Николаев Япония хампаанньалара Саха сирин социальнай-экономическай сайдыытыгар туhуламмыт бөдөҥ бырайыактары олоххо киллэриигэ көмөлөрүн иhин махтанна уонна тустаах үлэ өссө да салҕанарыгар эрэллээҕин биллэрдэ. Инникитин Япония хампаанньалара Саха сиригэр бөҕү харайар ыстаансыйа тутуутугар, күөдьүтүллэр энергетикаҕа сыhыаннаах бырайыактары кэҥэтиигэ үлэлэhэр баҕалаахтар.
Балаҕан ыйын 28 күнүгэр Ил Дархан хотугу эрэгийиэннэр тирэхтээх сайдыыларыгар туhуламмыт III Хотугу Форум пленарнай мунньаҕар кытынна. Кини килиимэт уларыйыыта уонна ирбэт тоҥ чарааhыыра бүгүн баар кыhалҕа буоларын, ордук Арктика эмсэҕэлиирин, манна Саха сирэ ураты оруоллааҕын ыйда. Аан дойду тыытыллыбатах айылҕатын 100%-на, Арассыыйа тыытыллыбатах айылҕатын 30%-на Саха сиригэр баарын санатта. Онон Саха сиригэр бүтүн планетарнай суолталаах экологияны харыстыыр дьайыы сүктэриллэр. Күн бүгүн күн-дьыл, килиимэт уларыйыыта биhиги олохпутун таарыйан эрэрин тоhоҕолоон бэлиэтээтэ. Бу сайын ойуур баhаардарын туруулара өтөрүнэн буолбатах курааны кытары сибээстээх. Онон ирбэт тоҥ ууллан бардаҕына, аан дойду үрдүнэн Арктика эрэгийиэннэригэр олорор мөлүйүөнүнэн дьон олоҕор кутталынан суоhуур.
«Хотугу дойду экологията олус намчы, кэбирэх. Ону харыстыыр курдук, уларыйыылар буолалларын инниттэн өтө билэр, кэтээн көрөр үлэҕэ саҥа ньымалары туhаныахтаахпыт. Бэрэсидьиэн Владимир Путин сорудаҕынан бу сыл бүтүөр диэри ирбэт тоҥ туругун кэтиир национальнай тиһиги үлэлэтиэхтээхпит. Билигин Арктика Сэбиэтигэр Арассыыйа бэрэссэдээтэллиир. Ол чэрчитинэн 2023 сылга Дьокуускайга килиимэт уларыйыытын уонна ирбэт тоҥ ириитин боппуруостарынан Аан дойдутааҕы саммит буолуоҕа. Саммит норуоттар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлэhиини бөҕөргөтүөҕэ, криолитозона алдьаныытын утары үлэҕэ туhааннаах дойдулары түмүөҕэ», – диэн Айсен Николаев форумҥа эттэ.
Балаҕан ыйын 29 күнүгэр Ил Дархан Южно-Сахалинскай куоракка баран үлэлээтэ. Ил Дархан РФ Куттала суох буолуу Сэбиэтин сэкирэтээрэ Николай Патрушев ыыппыт мунньаҕар кытынна. Мунньахха Арассыыйа илиҥҥи эрэгийиэннэригэр национальнай куттал суох буолуутун боппуруостарын дьүүллэстилэр. Манна Уhук Илин уокурук эрэгийиэннэрин бары губернатордара, Илиҥҥи байыаннай уокурук салалтата, федеральнай министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
Балаҕан ыйын 3 күнүгэр Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ национальнай бырайыактарынан уонна судаарыстыба бырагыраамаларынан тутуллар эбийиэктэргэ суһал ыстаап уочараттаах мунньаҕын ыытта. Мунньахха Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта улуустарыгар оскуолалары уонна уһуйааннары тутуу боппуруостара көрүлүннүлэр. Бу социальнай эбийиэктэри судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлээһин көмөтүнэн тутуу хаамыытын туһунан улуустар дьаһалталарын бэрэстэбиитэллэрэ уонна тутааччылар иһитиннэрдилэр. Үксүлэригэр тутар-таҥар үлэлэр ыытыллаллара, судаарыстыбаннай эспэртиисэ түмүгүн кэтэһэллэрэ этилиннэ. Ил Дархан уһуйааннар саҥа дьиэлэрин үлэҕэ киллэриигэ үөрэҕи ыытыыга лицензия ылыллыахтааҕын эттэ. Министиэристибэлэргэ, биэдэмистибэлэргэ, өрөспүүбүлүкэ тутуутун тэрилтэлэригэр, улуустар салалталарыгар Айсен Николаев эбийиэги үлэҕэ киллэрэргэ кыһалҕалар үлэни сүрүннээһин мөлтөҕүттэн үөскүүллэрин ыйда. Ураты болҕомтону үлэ хаамыытын хайаан да бигэргэтиллибит графигы сөп түбэһиннэрэри хааччыйарга, үбүлээһини уонна техническэй боппуруостары кэмигэр быһаарарга уурда.
Ааптар: Афанасий Ноев, Ил Дархан пресс-сэкирэтээрэ
This post was published on 04.10.2021 15:01 15:01