Бэс ыйын 28 күнүгэр Айсен Николаев суһал ыстаап мунньаҕар Манчаары оонньууларын хайдах көрүҥүнэн ыытар туһунан түргэнник быһаарарга сорудах биэрдэ. Ол курдук, Горнай улууһугар вакцинация тэтимэ намыһах уонна эпидемиологическай быһыы-майгы уустук. Бастаан утаа онньууларга вакцина туруортарбыт, ыалдьыбатын туһунан ПЦР-тестээх 7 тыһ. тахса киһи кытта кэлиэхтээҕэ. Ол эрээри үөскээбит быһыыны-майгыны учуоттаан, күрэхтэһиини ыытыы көрүҥэ уларыйар буолла.
Ил Дархан бииргэ үлэлиир дьонугар Өлүөхүмэҕэ Олоҥхо ыһыаҕын үрдүк таһымнаахтык ыыппыттарыгар махтанан туран, Горнай тэрээһинин ыытыыга этиилэри бу күннэргэ киллэрэргэ сорудахтаата. Өскөтүн Өлүөхүмэҕэ Олоҥхо Ыһыаҕа буолуо икки нэдиэлэ иннинэ коронавируһунан ыалдьыы түбэлтэтэ тахсыбатах буоллаҕына, Бэрдьигэстээххэ ыарахан туруктаах дьон реанимацияҕа киирбит түбэлтэлэрэ баар. Горнай улууһугар былааннаммыт 60%-тан нэһилиэнньэ баара-суоҕа 22,8% эрэ быһыыны туруортарбыт. Кылаабынай санитарнай быраас этэринэн, спортсменнар ортолоругар вакцинация көрдөрүүтэ эмиэ намыһах.
Бэс ыйын 28 күнүгэр Айсен Николаев олорор дьиэни тутуу боппуруостарыгар мунньах ыытта. Ил Дархан территориялары кэлимник сайыннарыы механизмнарын олоххо киллэриини түргэтэтэргэ, онуоха нормативнай-правовой базаны ылынарга, тутааччылары кытта үлэлэһэргэ административнай мэһээйдэри суох оҥорорго ыйда. Регионҥа олорор дьиэни тутуу тэтимэ бытаарбыт. Онуоха Дьокуускайга 2019-2020 сылларга куорат дьаһалтата тутааччыларга ирдэбили кытаатыннарбытынан, тутууга көҥүл биэрии аччаабыта төрүөт буолбут. Федеральнай таһымҥа тутууга сыһыан төрдүттэн уларыйда, сүүһүнэн нормативнай-правовой докумуоннар сокуоннай күүстэрин сүтэрдилэр. Ил Дархан сыана үрдүүрүн тохтотор соҕотох ньыманан тутааччыларга олорор дьиэни тутарга кыаҕы биэрии буолар диэн бэлиэтээтэ.
2020 сыл ахсынньыга Россия Градостроительнай кодексыгар территориялары кэлимник сайыннарыы механизмнарын олоххо киллэрии туһунан уларытыыны ылбыттара. Ол коммунальнай, тырааныспар инфраструктуранан, социальнай объектарынан хааччыллыбыт аныгы кыбаарталлары тутууга төһүү буолар. Архитектураҕа уонна тупсарыыга болҕомто ууруллар. Маныаха маастар-былааннар оҥоһуллуохтаахтар. Өрөспүүбүлүкэҕэ 2021 сылга 570 тыһ. кв. м. иэннэх олорор дьиэ тутуллуохтаах, ол иһигэр хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан 153,5 тыһ. кв. м. Дьокуускайга «Воинская часть», Нерюнгрига «Р» кыбаарталлары тутууга инвестиционнай бырайыактар олоххо киирэллэр.
Айсен Николаев олорор дьиэни тутууну тэтимирдэргэ, тутуу комплексын тэрилтэлэрин индустриализациялааһыҥҥа, инженернай ситимнэри кэлимник сайыннарыыга этиилэри киллэрэргэ сорудахтаата. Ил Дархан тутууга суһал ыстаабы тэрийэр туһунан биллэрдэ. Ыстаапка нэдиэлэ ахсын хас биирдии объекка тутуу хаамыытын көрүөхтэрэ.
Бэс ыйын 29 күнүгэр Айсен Николаев ыыппыт хоруупсуйаны утарылаһыы хамыыһыйатын мунньаҕар олохтоох салайыныы уорганнарыгар хоруупсуйаны уонна атын быраабы кэһиини сэрэтэргэ эппиэттээх дуоһунастаах дьон үлэлэрин көдьүүһүн улаатыннарыы боппуруоһун көрдүлэр. Олохтоох салайыныы таһымыгар салайааччылар ортолоругар хоруупсуйаныны утарар ньымалар туһунан өйдөбүл күүһүрэр, ол эрээри хоруупсуйаны кытта сибээстээх быраабы кэһии көрдөрүүлэрэ аччабаттарын, оннук быһыы-майгы суох буолуохтааҕын туһунан Ил Дархан эттэ.
Соторутааҕыта Саха сиригэр регионнар икки ардыларынааҕы хоруупсуйаны утарылаһыы тирээн турар боппуруостарыгар Арассыыйа Бэрэсидьиэнин дьаһалтатын бу хайысхаҕа салайааччылара кыттыылаах научнай-практическай конференция буолбута. Өрөспүүбүлүкэ олохтоох салайыныы сокуонугар киирбит уларыйыыларынан, хас биирдии муниципалитекка хоруупсуйаны уонна атын быраабы кэһиини сэрэтии иһин эппиэттээх дуоһунастаах дьон баар буолуохтаах. Сыл бастакы кыбаарталын түмүгүнэн 445 муниципальнай тэриллииттэн 320 эрэ быһаарыллыбыт, ол эбэтэр 72%. Ил Дархан муниципальнай тэриллиилэргэ хоруупсуйаны утарылаһыы боломуочуйатын олоххо киириитин ырытарга, семинар-мунньахтары баар сыыһаларга сиһилии тохтоон ыытарга сорудахтаата.
Бэс ыйын 29 күнүгэр Ил Дархан Арктика Сэбиэтин үрдүкү дуоһунастаахтарын кэмитиэтин мунньаҕар видеосибээһинэн кытынна. Арассыыйа Арктическай Сэбиэккэ бэрэссэдээтэллииригэр бастакы официальнай тэрээһинин Арассыыйа Бэрэсидьиэнигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин былаһааккатыгар кэмитиэт салайааччыта, РФ Омук дьыалаларыгар министиэристибэтин ураты сорудахтарга посола Николай Корчунов ыытта. Саха сирин территорията бүттүүнэ Уһук Хоту уонна 40% Арассыыйа Арктикатын түөлбэтигэр киирэр. Онон тыйыс айылҕалаах уонна килиимэттээх регионҥа бигэтик сайдыы тыын суолталаах боппуруоһунан буолар диэн өрөспүүбүлүкэ салайааччыта эттэ. Ил Дархан аан дойдутааҕы Хотугу форум бу сыл балаҕан ыйын 27-30 күннэригэр килиимэт уларыйыытын уонна ирбэт тоҥ буору харыстааһын боппуруостарын ырытыыга ананан Дьокуускайга ыытылларын эттэ уонна табыгастаах ньыманан кыттарга ыҥырда. Айсен Николаев Саха сирэ аан дойдуга Арктика бөдөҥ региона буоларынан ураты айылҕаны, култуураны уонна үгэстэри, дьон олоҕун укулаатын харыстыырга, сайыннарарга, климат уларыйыытын сабыдыалын аччатарга туһуламмыт аан дойдутааҕы бырайыактары өйүүрүн уонна кыттарга бэлэмин туһунан бэлиэтээтэ.
Бэс ыйын 30 күнүгэр РФ субъектарын салайааччыларын ортолоругар Национальнай рейтинг уочараттах түмүгэ билиннэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана ыам ыйын уонна бэс ыйын түмүгүнэн бэйэтин көрдөрүүтүн бөҕөргөттө уонна тупсарда, бастакы бөлөххө уон иһигэр киирэн, 7-с миэстэҕэ таҕыста.
Экспертэр Ил Дархан ааспыт сыллаах үлэтин Ил Түмэҥҥэ отчуоттаабытын дькоутааттар үрдүктүк сыаналаабыттарын ахталлар. Ол курдук, бу таһыччы уустук кэмҥэ Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна судаарыстыбаннай бырагыраамалары олоххо киллэриигэ үлэ толору кээмэйинэн ыытыллыбытын, Өлүөнэ муостатын тутууга хамсааһын тахсыбытын бэлиэтээбиттэр. БАМ учаастагын саҥардыы үлэтэ туруктаах буолуу национальнай фондатыттан үбүлэнэн, Саха сирин соҕурууҥҥу өттүн социальнай-экономическэй сайдыытыгар үтүө хамсааһыны таһаарыаҕын ыйбыттар. Аны хамсык дьаҥын утары быһыыны биэриигэ өрөспүүбүлүкэ Уһук Илиҥҥэ бастыҥ көрдөрүүлээҕин уонна дойду орто көрдөрүүтүнээҕэр үрдүгүн санаппыттар. Маныаха Айсен Николаев дойду баһылыктарыттан бастакынан кэккэ салаа үлэһиттэригэр булгуччулаах вакцинацияны киллэрэр туһунан быһаарыы ылыммытын үрдүктүк сыаналаабыттар. Итиэннэ бу дьаһал холобур быһыытынан атын субектарга тарҕанан эрэрин эппиттэр. Маны сэргэ экспертэр өрөспүүбүлүкэ салалтата баар кыаҕы туһанан ойуур баһаарын утары охсуһууга үлэни сөптөөхтүк тэрийэрэ итиэннэ федеральнай структуралары кытары үлэлэһэрэ түмүктэри биэрэрэ көстөрүн бэлиэтээбиттэр.
Бэс ыйын 30 күнүгэр Айсен Николаев Ил Түмэн XXIX уочараттаах пленарнай мунньаҕар кыттыыны ылла. Бу күн парламент саҥа спикерин талыы буолла. «Биир ньыгыл Арассыыйа» бэлитиичэскэй баартыйа фракцията Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин дуоһунаһыгар Ил Түмэн судаарыстыбаннай тутулга уонна сокуону оҥорууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев кандидатуратын мэктиэлээтэ. Ил Дархан тыл этэригэр Алексей Ильич уопуттаах уонна таһымнаах, ыйааһыннаах тыллаах бэлиитик буоларын парламент икки ыҥырыытыгар сүрүн кэмитиэти салайарын кэмигэр көрдөрбүтүн, дьокутааттар аптарытыаттарынан уонна өйөбүллэринэн туһанарын, онон өрөспүүбүлүкэ тыын суолталаах боппуруостарыгар бары политическай күүстэри түмэргэ тоҕоостоох усулуобуйаны тэрийэр кыахтааҕын бэлиэтээн туран, кини кандидатуратын өйөөтө уонна Алексей Еремеев спикер быһыытынан алтыс ыҥырыылаах Ил Түмэн үлэтигэр иккис тыыны киллэрэригэр улахан эрэллээҕин биллэрдэ. Кистэлэҥ куоластааһын түмүгүнэн Алексей Еремеев Ил Түмэн салайааччытынан талылынна. Кини Айсен Николаевка уонна норуот дьокутааттарыгар үрдүк итэҕэллэрин иһин махтанна.
Бэс ыйын 30 күнүгэр Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһа эфиргэ тахсан нэһилиэнньэттэн киирэр ыйытыыларга хоруйдаата. Биир сүрүн болҕомто коронавируһу утары охсуһууга уурулунна. «Владимир Владимирович сорох регионнарга салалта быһаарыылара локдауҥҥа тиэрдибэт туһуттан ылылларын бэлиэтээтэ. Дойду аҕа баһылыга быһыыны туруортарыы суолталааҕын уонна бэйэтэ «Спутник -V» вакцинаны ылбытын эттэ. Бэрэсидьиэн коронавирус кэннэ чөлүгэр түһүү боппуруоһун таарыйда. Биһиэхэ былырыыҥҥыттан Аллараа Бэстээххэ «Абалаах» санаторийга, Дьокуускайга эмтиир физкультура уонна спортивнай медицина өрөспүүбүлүкэтээҕи киинигэр чөлүгэр түһэрэллэр», – диэн Айсен Николаев санаатын эттэ. Регион салайааччыта Уһук Илиҥҥи уокурукка Юрий Трутнев куратордыыр уопута дойду атын вице-премьердэригэр тарҕаныаҕын, ол аата кини үлэтин Владимир Путин холобурга аҕаларын бэлиэтээтэ. Маны сэргэ Ил Дархан дойду Бэрэсидьиэнэ хотугу сирдэргэ ирбэт тоҥ ууллуута улахан содуллаах буолуоҕун туһунан ойуччу тутан эппитин ыйда. Айсен Николаев бу тирээн турар кыһалҕаны дьүүллэһэргэ анаан 2023 сылга Дьокуускайга Ирбэт тоҥ форумун ыытарга бэлэм барарын иһитиннэрдэ.
От ыйын 1 күнүгэр Ил Дархан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Национальнай бэчээт күнүнэн эҕэрдэлээтэ. «Төрөөбүт тылы чөл хаалларар, норуот духуобунай сыаннастарын хаҥатар туһугар үлэлиир дьону түмэр, суруналыыстыка уонна бэчээт үгэстэрин утумун көрдөрөр бырааһынньык сыл анараа өттүгэр олохтоммута. От ыйын 1 күнүгэр 1907 сыллаахха “Саха дойдута” диэн сахалыы тылынан бастакы хаһыат оччотоо5у кэм национальнай лидерэ Василий Никифоров-Күлүмнүүр уонна кини биир санаалаахтарын көҕүлээһининэн күн сирин көрбүтэ. Бу уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй уонна литературнай таһаарыы национальнай суруналыыстыка үөскээн, сайдан тахсарыгар, саха литературнай тылын киэҥник тарҕатыыга олук буолбута. Быйыл биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бэчээт дьыалатын, аныгы саха литературатын уонна тыл култууратын сайыннарыыга бөҕө акылааты уурбут «Манчаары» диэн сахалыы бастакы официальнай хаһыат бэчээттэммитэ 100 сылын уонна бастакы типография төрүттэммитэ 160 сылын бэлиэтиибит. Бу үөрүүлээх кэрэ-бэлиэ түгэнинэн бэчээт бэтэрээннэригэр, суруналыыстарыгар, үлэһиттэригэр, полиграфистарыгар айымньылаах үлэҕит иһин махталбын тиэрдэбин. Эһиги маастарыстыбаҕыт, идэҕэ бэриниигит, кыһамньыгыт инникитин даҕаны элбэх омуктаах Сахабыт сирин суруналыыстыкатын уонна бэчээтин нэһилиэстибэтин чөл хаалларыыга туһаайыллыаҕа диэн эрэнэбин», – диэн Айсен Сергеевич бэлиэтээн эттэ.
Бу күн уһулуччулаах уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй деятель, саха литературатын, национальнай театрын уонна национальнай бэчээтин төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, учуонай, суруйааччы уонна сырдатааччы Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев, Күлүмнүүр аймахтара, норуот дьокутааттара, бырабыыталыстыба чилиэннэрэ, бэчээт үлэһиттэрэ, бэтэрээннэр кыттыыны ыллылар. Ил Дархан бүгүн национальнай бэчээт эйгэтигэр үлэлии сылдьар дьоҥҥо махталын биллэрдэ. Итиэннэ инникитин да биһиги өрөспүүбүлүкэбит национальнай бэчээтэ сайдарыгар эрэнэрин биллэрдэ. Айсен Николаев суруналыыстыка эйгэтигэр В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин, «Киин куорат» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Иван Ушницкайга, оҕо литературатын эйгэтигэр Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан СӨ Ил Дарханын бириэмийэтин СӨ үтүөлээх бырааһа, суруйааччы Валентин Егоровка туттарда. «Саха сирэ» хаһыакка үлэлиир биллиилээх суруналыыс, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Иван Ксенофонтов Саха сиригэр бастакы публичнай библиотеканы төрүттээбит Василий Никифоров-Күлүмнүүр аатын СӨ Национальнай библиотекатыгар иҥэрэргэ этии киллэрдэ уонна өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев бу көҕүлээһини өйүүрүгэр ыҥырда.
От ыйын 1 күнүгэр регион баһылыга РФ Социальнай страховкалааһыҥҥа фондатын Саха сиринээҕи салаатын управляющайа Марина Германы кытта көрүстэ. Кэпсэтии Саха сирэ электроннай докумуоннарга көһүүтүн тула буолла. Ол курдук, от ыйын 1 күнүттэн дьахтар төрөөбүтүн туһунан сэртипикээтэ, оттон больничнай лиис 2022 сыл тохсунньутуттан электроннай көрүҥүнэн бэриллиэхтэрэ. 2020 сыллаахха хамсык дьаҥа тарҕаммыт кэмигэр «кыһыл зонаҕа» үлэлээбит эмчиттэргэ, социальнай үлэһиттэргэ, суһал көмө суоппардарыгар тустаах төлөбүрү түһэриигэ Социальнай фонда Саха сиринээҕи салаата тэрээһинээх үлэни ыыппытыгар махтанна. Маны тэҥэ 65 саастарыттан үөһээ саастаах, дьарҕа ыарыылаах дьоҥҥо быстах үлэлээбэт кэмнэригэр көрүллүбүт босуобуйаны эмиэ кэмигэр түҥэппиттэрэ. Көрсүһүүгэ маны таһынан электроннай докумуоннар хайдах былааннаахтык олоххо киириэхтэрин, санаторнай-курортнай сынньалаҥы тэрийии туһунан ырыттылар.
От ыйын 1 күнүгэр Айсен Николаев «Авиалесоохрана» бюджет тэрилтэтин үлэтин бэрэбиэркэлииргэ сорудах биэрдэ. Ол туһунан ыксаллаах быһыыга-майгыга өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа мунньаҕар эттэ. Бу сылга Саха сиригэр ойуур баһаарын утары охсуһууга федеральнай киинтэн хаһааҥҥытааҕар да атын регионнартан резервэттэн үлэһиттэри аҕалыыга уонна үбү-харчыны уруттаан биэриигэ улахан өйөбүл оҥоһулунна. Рослесхоз «Авиалесоохрана» тэрилтэтин салайааччыта Николай Кривошеев бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлиир. Кини этиитинэн, резервэттэн 504 киһи миэстэтигэр ойуур баһаарын утары охсуһар, от ыйын 3 күнүгэр диэри өссө 195 киһи кэлэрэ күүтүллэр. Бэҕэһээҥҥиттэн искусственнай ардаҕы түһэрэр Ан-26 «Циклон» сөмөлүөт Сунтаарга, Үөһээ Бүлүүгэ үлэлээтэ, салгыы атын улуустарга көтүөҕэ. Ил Дархан миэстэтигэр улуустар ыксаллаах быһыыга-майгыга хамыыһыйаларын сүрүн соругунан суһаллык баһаары умулларыыга үлэни тэрийии буоларын, дьону мобилизациялааһыҥҥа, техниканан хааччыйыыга үгүс боппуруос баарын туһунан эттэ. Улуус уонна нэһилиэк баһылыктара баһаары умулларыыга сыһыаннарын уларытыахтарын наада диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ. Мунньахха эргитиллибит баһаардары кэтээһиҥҥэ олохтоохтору эбэтэр улуус баһаарынай сулууспаларын үлэһиттэрин тардар тоҕоостооҕун, атын сиртэн кэлбит анал үөрүйэхтээх дьон умулларыыга үлэлиэхтээхтэрин туһунан эттилэр. Регион баһылыга Өрөспүүбүлүкэтээҕи Ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатыгар хонтуоруолуур-кэтиир уорганнары кытыннаран туран, «Авиалесоохрана» бюджет тэрилтэтин ойуур баһаарын умулларыыга туһуламмыт тендердэрин уонна хантараактарын туһунан СМИ-гэ баар сонуннары тула кичэйэн бэрэбиэркэ ыыталларыгар сорудахтаата. Өрөспүүбүлүкэҕэ бэриллибит үп-харчы туһааннаах сыалга сөптөөхтүк туттуллуохтаах диэтэ Ил Дархан.
От ыйын 2 күнүгэр Өлүөнэ өрүс күнүн бэлиэтээтибит. Айсен Николаев бэйэтин эҕэрдэтигэр улуу Өлүөнэ Саха сирин олохтоохторугар тыыммытын салгыыр хорук тымырбыт буоларын бэлиэтээтэ. Өлүөнэ өрүс күнэ айылҕа харыстанар эбийиэгэр ураты болҕомтону тардарга, национальнай бренд быһыытынан өрө тутарга, экология туризмын сайыннарыыга ананан олохтоммута. Бу бэлиэ күҥҥэ Саха сирин үрдүнэн араас хабааннаах тэрээһиннэр, ол иһигэр өрүс кытылыгар субуотунньуктар ыытыллаллар. Ил Дархан этэринэн, маннык экология тэрээһиннэрэ элбээн иһиэхтэрэ. «Сылтан сыл биһиги кэлэр көлүөнэлэргэ кэрэ өрүспүтүн ыраас хаалларар ытык иэстээхпит. Өр сыллар тухары Өлүөнэ эбэбит оҕолорбутун, сиэннэрбитин, хос сиэннэрбитин ыраас уунан, өлгөм балыгынан хааччыйа турдун!», – диэн эттэ Ил Дархан.
От ыйын 2 күнүгэр Ил Дархан «Русгидро» ПАО генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччыта Роман Бердниковы кытта энергосервис хантараактарын олоххо киллэрии туһунан ырыттылар. Чугастааҕы сылларга хоту улуустарга алта аныгы, альтернативнай төрүккэ үлэлиир электростанция тутуллуоҕа. Роман Бердников бу дойдуга аан бастакы улахан суолталаах бырайыакка өрөспүүбүлүкэ баһылыга ураты болҕомтону уурарын бэлиэтээтэ. Маны тэҥэ өрүттэр региоҥҥа уот ситимин комплексын түмүү, киин куоракка биир уопсай ититэр хампаанньаны тэрийии тула кэпсэттилэр.
От ыйын 2 күнүгэр Айсен Николаев суһал ыстаап уочараттаах мунньаҕар Саха сиригэр быһыыны ылыы былаана 50-тан тахса бырыһыан туолбутун иһитиннэрдэ. Ол эрээри уоскуйарга эрдэтин, ылыллыбыт тэтими ыһыктыбакка тутуһар наадатын ыйда. Вакцина бастакы дозатын 211 тыһ. тахса киһи, иккис дозатын 175 тыһ. киһи ылбыт. Регион баһылыга быһыыны ылыан баҕалаах киһи ахсаана эбиллибитин, көрдөрүү тупсубутун бэлиэтээтэ. «Биһиги ылынар миэрэлэрбит үтүө түмүктээхтэрин Арассыыйа таһымыгар атын субъектары кытта тэҥнии көрөбүт. Үлэни салгыы күүһүрдүөххэ”, — диэн кини бэлиэтээтэ. Улуустарга бу күннэргэ кэлбит вакцинаны суһаллык тиэрдэргэ сорудахтаата уонна бастыҥ көрдөрүүлээх муниципалитеттары биһирииргэ этии киллэрэргэ ыҥырда. Нэһилиэнньэ быһыыны ылыытыгар Айсен Николаев улуустар суһал ыстааптара мөлтөх суоллаах-иистээх нэһилиэктэргэ ураты болҕомтону туһаайалларыгар эттэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлиир тас дойду гражданнарыгар быһыыны биэриигэ миэрэлэри ыларга уонна оройуоҥҥа барааччыларга санитарнай өттүнэн куттала суох буолуу миэрэлэрин кытаанахтык хонтуруоллуурга соруйда. Роспотребнадзор чахчытынан, Дьокуускайтан оройуон кииннэригэр уонна нэһилиэктэргэ 1000 оҕо уонна 3000 улахан киһи бардылар, кинилэртэн быһыыны 30% кэриҥэ ылбыт. Ураты болҕомтону Манчаары оонньууларын тэрийиигэ туһаайда. Спартакиада көрөөччүтэ суох ыытыллар буолла. Тэрээһиннэргэ уопсайа 3 тыһ. тахса киһи кыттыаҕа. Бу спортсменнар, тэрийээччилэр, култуура бырагырааматын кыттыылаахтара, медиктэр, быраабы араҥаччылааччылар, суруналыыстар. Оонньууларга быһыыны ылыыга сэртипикээтэ суох ыспыраапкалаах кыттааччылар үс күн буола-буола ПЦР туттараллара кытаанах хонтуруолга турара ирдэнэр.
От ыйын 2 күнүгэр ойуур баһаардарын умулларыыга суһал ыстаап киэһээҥҥи мунньаҕар 19 улууска 89 ойуур баһаарын умулларыыга үлэ барарын иһитиннэрдилэр. Айсен Николаев Россия Ыксаллаах быһыыга-майгыга миниистирэ Евгений Зиничевка туһаайыылаах тахсыбытынан, Саха сиригэр көмөҕө эбии икки Ми-8 МТВ вертолеты ыытар буоллулар.
От ыйын 3 күнүгэр Айсен Николаев объектары тутууну хонтуруоллуур регион суһал ыстаабын бастакы мунньаҕын ыытта. Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматын чэрчитинэн элбэх кыбартыралаах олорор дьиэни тутуу уонна Дьокуускай оскуолаларыгар эбии миэстэни тэрийии боппуруостарын көрдүлэр. Киин куоракка Билибин, Чернышевскай, Свердлов уулуссаларга, «Птицефабрика» уонна «Звездный» микро-оройуоннарга тутулла турар 11 дьиэ бэлэмнэрэ араас эрээри, уталыппакка быһаарыны эрэйэр боппуруостар үөскээбиттэр. Холобур, Птицефабрикаҕа тутуллар дьиэ 90% бэлэм эрээри, ититии, уот, уу ситимнэригэр холбооһун үлэтэ саҕалана илик. Ил Дархан Дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатын, энергетика министиэристибэтигэр кылгас болдьоххо боппуруоһу быһаарарга, «Водоканал» уонна«Якутскэнерго» тэрилтэлэрэ салайааччыларын тус хонтуруолларыгар ылалларыгар сорудахтаата. Атын дьиэлэргэ эмиэ итинник быһаарыы ылыннылар. Маны тэҥэ «ВЭБ.РФ» корпорацияны кытта үөрэхтэһиҥҥэ үс түһүмэхтээх бырайыак туһунан кэпсэттилэр. Бастакынан, Дьокуускай 5 №-дээх, 12 №-дээ-х оскуолаларыгар пристройдарга уонна Хатас оскуолатын дьиэтигэр анаан үс объегы атыылаһан, 2022 сыл бүтүүтэ үлэҕэ киллэриэхтэрэ. Ил Дархан иккис уонна үһүс түһүмэх объектарын чопчулуурга, сир учаастактарын тутааччыларга биэрэр дьаһаллар былаанын оҥорорго соруйда. Суһал ыстаап кэлэр мунньаҕа доруобуйа харыстабылын объектарын тутууга туһуланыаҕа
От ыйын 3 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ баһылыга Дьокуускай куоракка уонна куорат кытыытыгар национальнай бырайыагынан суолу өрөмүөннээһин хаамыытын көрдө. Быйылгы былаанынан 50 км суол-иис тупсарыллыахтаах. Бу сыалга федеральнай киинтэн, регионтан уонна олохтоох бюджеттан 2 млрд солк. тахса көрүлллүбүт. Маны сэргэ элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэр тиэргэннэрин тупсарыыга үлэ барар. Уопсайа 36 уулуссаны саҥардыахтаахтар, ол онтон 23 уулуссаҕа үлэ барар. Итиэннэ былырыын хаачыстыбата суох оҥоһуллубут үлэни көннөрөллөр, итиннэ Норуот фрона хонтуруолу тутар. Ил Дархан Халтурин уулуссатыгар, эргэ Покровскай тракка, Пригороднайга, Хатаска сырытта. Айсен Николаев быйыл суолу өрөмүөннээһин тэтимнээхтик барарын сыаналаата, ол эрээри уулуссаларга сыста турар территориялар, тиэргэннэри тупсарыы үлэтигэр сэмэлээтэ. Ол курдук, Бестужев-Марлинскай уулуссатыгар, 202 микро-оройуоҥҥа көрүүтэ-истиитэ суох учаастактар бааллара, быылы, кири-хаҕы үөскэтэллэрин, маннык сирдэри бетонныыр, асфаллыыр эбэтэр көҕөрдөр наадатын, таах хаалларар сыыһатын эттэ. Ол иһин 15 тупсарыллыахтаах тиэргэҥҥэ эбии 15 тиэргэни саҥардарга сорудах биэрдэ. Итиэннэ сылын ахсын отуттуу тиэргэни тупсарарга испииһэк оҥорорго, олохтоохтору кытта дьүүллэһэргэ, бу тупсарыы үлэтигэр спонсордары, урбаанньыттары кытыннарарга этии киллэрдэ. Бастакынан холобуру “Синет” хампаанньаларын бөлөхтөрө көрдөрөр буолла.
От ыйын 3 күнүгэр Ил Дархан Дьокуускайга Сэргэлээх шоссетын 12-с килэмиэтиригэр 34 №-дээх коррекционнай оскуола миэстэтигэр доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго аналлаах үөрэтэр адаптивнай комплекс тутуллуоҕун туһунан иһитиннэрдэ. Бу дьаһалы Айсен Николаев коррекционнай оскуола кэлэктиибин уонна үөрэнээччилэр төрөппүттэрин кытта көрсүһүү кэмигэр биэрдэ. Бастаан муниципалитет салалтата манна 120 миэстэлээх интэринээттээх, 350 оҕо үөрэнэригэр аналлаах саҥа коррекционнай оскуоланы, ол аттытыгар 2 тыһ. оҕо үөрэнэригэр орто оскуоланы тутары былааннаабыт. Ол эрээри коррекционнай оскуола педагогтара уонна төрөппүттэр манна икки оскуола сэргэстэһэ тутулларын утараннар Ил Дархаҥҥа санааларын тиэртилэр. Социальнай ситимнэринэн элбэх этии киирбитинэн, ол иһигэр быһа сибээс кэнниттэн, Айсен Николаев куорат баһылыга Евгений Григорьевы кытта оскуола тутуллуохтаах сиригэр-уотугар бара сырытта уонна кэлэктииби, төрөппүттэри кытары көрүстэ. Кини төрөппүттэр санааларын болҕойон иһиттэ, биир учаастакка икки эбийиэги: орто оскуоланы уонна социальнай адаптация киинин тутар табыллыбатын сөпсөстө. Ил Дархан адаптивнай комплекска кэлэр өртүгэр тута икки коррекционнай оскуола — 34 №-дээх оскуола уонна 22 №-дээх анал оскуола көһөн кэлэллэригэр этии киллэрдэ. Айсен Николаев адаптивнай комплекс тутуллар кэмигэр оскуолаларга миэстэлэрин булан олохтуур боппуруоһу быһаарарга соруйда. Маныаха куорат баһылыга Евгений Григорьев Бүлүүлүүр суол 4 км баар Байкаллааҕы судаарыстыбаннай университет урукку дьиэтин биэрэргэ этии киллэрбитин Ил Дархан биһирээтэ уонна быйыл сайын онно өрөмүөн оҥороллоругар дьаһал биэрдэ.
This post was published on 06.07.2021 11:11 11:11