Олунньу 6 күнэ. Нэдиэлэ саҕаланыытыгар былаанныыр мунньахха Айсен Николаев саҥа соруктары туруорарыгар болҕомтону ситэриилээх былаас нэһилиэнньэҕэ отчуотугар туһаайда. Бырабыыталыстыба отчуота улуустарга бары нэһилиэги хабан ыытыллар. Айсен Сергеевич отчуот аһаҕастык уонна судургутук, өйдөнүмтүөтүк уонна тэрээһиннээхтик барыахтааҕын ыйда. Маны сэргэ байыаннай сулууспалаахтары, кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытта көрсүһүү үөскүүр боппуруостары тута быһаарарга көмөлөөх буоларын эттэ.
Ил Дархан бэлиэтииринэн, ааспыт нэдиэлэҕэ федеральнай таһымҥа суолталаах боппуруостар ылыныллыбыттар. РФ Бэрэсидьиэнин дьаһалынан олунньу 1 күнүттэн социальнай төлөбүрдэри 11,9% индексациялыахтара. Маны сэргэ РФ Бырабыыталыстыбата социальнай гаастааһын бырагырааматыгар эбии үп көрөн, 2 млрд 300 мөл. солк. эрэгийиэннэргэ ыытыаҕа. Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар, бойобуой дьайыы бэтэрээннэригэр, дохуота тиийбэт, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ эбии өйөбүл көрүллүөҕэ. Гаастааһыҥҥа көрүллэр федеральнай субсидия кээмэйэ 100 тыһ. солк. аччыа суоҕа. Саха сиригэр социальнай гаастааһыҥҥа 150 тыһ. солк. эрэгийиэннээҕи субсидия көрүллүөҕэ. Бары субсидиялар, социальнай төлөбүрдэр суһаллык кэмигэр нэһилиэнньэҕэ тиийиэхтээхтэр.
Ил Дархан РФ Бырабыыталыстабата тыа хаһаайыстыбатыгар анаммыт сирдэри реестри оҥоруу бэрээдэгин бигэргэтэр уурааҕы таһаарбытын санатта. Реестргэ сирдэр ханан сыталларын, туохха туһаныллалларын, туох тутуу, үлэ ыытылларын киллэрэр буолуоҕа. Бу туһунан сири уларсааччылар, уопсастыбанньыктар Госуслуга порталга киирэн көрүөхтэрин сөп.
Маны таһынан уопсастыбаннай тырааныспар пааркатын саҥардыыга 2023-2024 сс. национальнай баай-дуол фондатыттан бырайыагы олоххо киллэриигэ эрэгийиэннэргэ анаан үп көрүлүннэ. Айсен Николаев бу үбүнэн аҥардас уопсастыбаннай эрэ тырааныспар атыылаһар тутаҕын ыйда. Бу тиһик дьоҥҥо аһаҕас, судургу буолуохтаах. Дьокуускайга саҥа кыбартааллар тутуллалларынан, уопсастыбаннай тырааныспар сылдьар суоллара уларыйыахтара.
Олунньу 6 күнэ. Бу күн Ил Дархан Сыана кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Винокурованы кытта көрсөн, ОДьКХ уонна энергетика эйгэтигэр сыананы олохтооһун механизмын тупсарыыга ыытыллар үлэни дьүүллэстэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга эрэгэйиэн бырабыыталыстыбата оҥорбут этиилэрин федеральнай уорганнарга киллэрэн, федеральнай таһымҥа быһаарыллалларын ситиһэллэригэр сорудахтаата.
Олунньу 7 күнэ. Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка «Бастакылар хамсааһыннара» Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат хамсааһынын Дьокуускай куоракка олохтоох салаата аһыллыытын бэлиэтиир түгэҥҥэ Айсен Николаев кытынна. Бу хамсааһын сүрүн сыалынан оҕону уонна ыччаты уопсастыба олоҕор, дойду үгэстэригэр уонна сыаннастарыгар иитии, бэлэмнээһин буолар. Санатахха, былырыын муус устарга Севастопольтан 12 саастаах Диана Красовская Арассыыйа Бэрэсидьиэнигэр дойдуга оҕолорго бүттүүн биир уопсай хамсааһыны тэрийэр туһунан этии киллэрбитин Владимир Путин өйөөбүтэ уонна саҥа хамсааһын кэтээн көрөр сүбэтин салайбыта. Өрөспүүбүлүкэҕэ бу саҥа хамсааһын 14 улууска оскуолаларга, орто, үрдүк үөрэх кыһаларыгар номнуо 100-тэн тахса маҥнайгы сүһүөх салаалаах. Саха сирэ Арассыыйаҕа «Бастакылар хамсааһыннара» тэрилтэ олохтоох салаатын арыйбыт аан бастакы эрэгийиэн буолар. «Хамсааһын саҥа тэриллэн эрэр эрээри, куорат иһигэр баар оҕо, ыччат тэрилтэлэрин номнуо холбоотубут, бу барыта оҕону, ыччаты иитиигэ күүс-көмө буолуоҕа», — диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан. Итиэннэ Айсен Николаев «Бастакылар хамсааһыннара» саайтка настаабынньык быһыытынан регистрацияламмытын иһитиннэрдэ.
Үөрүүлээх аһыллыы кэнниттэн Айсен Николаев «Бастакылар хамсааһыннара» Саха сиринээҕи салаатын Сүрүннүүр сүбэтин мунньаҕын ыытта, оҕо, ыччат хамсааһынын сайдарыгар сүрүн соруктары туруорда. «Дойду историятыгар аан бастаан оҕо, ыччат хамсааһына федеральнай сокуонунан тэрилиннэ. Билигин эрэгйиэннэргэ олохтоох салаалары тэрийии үлэтэ барар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит гражданины уонна социальнай эппиэтинэстээх киһини иитэн таһаарыыны кэскиллээх судаарыстыбаннай бэлиитикэнэн билинэн саҕалаабыт биир бастакы эрэгийиэн буолар», — диэтэ кини. Ил Дархан оскуолаларга оҕо уопсастыбаннай холбоһуктарын кытары бииргэ үлэлииргэ уонна иитиигэ дириэктэр сүбэһиттэрин үлэлэрин күүһүрдэргэ соруйда.
Олунньу 7 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ Аҕа дойду буойуттарын дьиэ кэргэннэрин кэмитиэтин Саха сиринээҕи салаатын материальнай-техническэй уонна тэрээһин өттүнэн өйүөҕэ. Бу туһунан Ил Дархан уопсастыбаннай тэрилтэ актыыбын кытары көсүһүүтүгэр эттэ.
«Эһиги дьиҥнээх эр дьону иитэн таһаарбыт ытыктанар төрөппүттэргит. Биһиги дойдубут кинилэр үтүөлэринэн бүгүн судаарыстыбабыт көҥүл уонна тутулуга суох буолар быраабын туруулаһар», – диэн эттэ өрөспүүбүлүэ баһылыга.
Көрсүһүү кыттыылаахтара байыаннай-быраас хамыыһыйатын үлэтин, мобилизацияламмыт дьон саҥа төрөөбүт уонна хат кэргэттэрин өйөөһүн, байыаннай дьайыылар кыттыылаахтарын аҕаларын диспансеризациялааһын, волонтердар статустарын үрдэтии туһунан боппуруостары дьүүллэстилэр. Итини таһынан кэмитиэт бэрэстэбиитэллэрэ байыаннай дьайыылар кыттыылаахтарын орто уонна үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр үөрэнэ киирэллэригэр ураты бэрээдэги олохтуур, Дьокуускайга уонна куорат кытыытыгар, улуустарга оптуобуһунан айанныырга байыаннайдар дьиэ кэргэттэригэр чэпчэтиилээх төлөбүрү көрөр туһунан эттилэр. Байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өрөспүүбүлүкэ таһымыгар кэккэ чэпчэтиини киллэрэн, санаторийдарга-куруортарга эмтэнэллэрин, мэдиссиинэ өҥөтүнэн уочарата суох хааччыллалларын көрөр наадатын ыйдылар. Итиэннэ Дьокуускайга лиэксийэлэрин ыыттарарга уонна уопуту атастаһарга анаан байыаннай психологы ыҥырарга, маннык практика психологическай көмө көдьүүстээхтик оҥоһулларыгар көмөлөһүө этэ диэн санааларын этиннилэр.
Олунньу 7 күнэ. Айсен Николаев дойду Судаарыстыбаннай сэбиэтин «Энергетика» уонна «Транспорт» хайысхаларын хамыыһыйаларын холбоһуктаах мунньаҕар кытынна. Арассыыйа Бэрэсидьиэнин көмөлөһөөччүтэ, Госсэбиэт сэкиритээрэ Игорь Левитин салайан ыыппыт мунньаҕар биир боппуруоһунан Амур уобалаһыттан Кытай Хэйлунцзяныгар диэри муоста тутуутун көрдүлэр. Массыына уонна тимир суол хобоһуктаах муостата тутулуннаҕына Байкал-Амур уонна Транссибиирдээҕи тимир суоллар ноҕуруускаларын аччатыаҕа. Ил Дархан Саха сириттэн Кытайга 20 мөл. тоннаҕа диэри таһаҕас тиэйиитэ улаатыаҕа, онуоха уопсай инфраструктураны туһаныы иһин таһаҕаһы ыытааччыларга эбии төлөбүр суох буолуохтаах диэн эттэ.
Олунньу 8 күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев бэрэссэдээтэллээх Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаатын Попечителлэрин сэбиэтин мунньаҕа буолан ааста. Уопсастыба ааспыт сыллааҕы үлэтин түмүгүн таһаардылар уонна 2023 с. былаанын торумнаатылар.
«Нуучча географическай уопсастыбатын ыытар үлэтэ Аҕа дойдуга бэриниилээх буолууга уонна патриотизм тыыныгар иитиигэ улахан суолталаах. Чопчу төрөөбүт кыраай уонна Арассыыйа историятын билииттэн дьиҥнээх патриот буола үүнэр көлүөнэни иитии саҕаланар», – диэн Ил Дархан эттэ.
Ааспыт сылга, өрөспүүбүлүкэ төрүттэммитэ 100 сылыгар анаан, Де Лонга архипелагын Беннетта арыытыгар ураты экспедицияэ иккис түһүмэҕэ уонна «От Полюса холода до Белокаменной» атынан айаннааһын, «От Московского Царства к Великой Российской Державе: Вилюйский путь», «Пути великих свершений», «Цифровизация памятника письменности Суруктаах Хайа реки Марха и места добычи первой нефти в республике» экспедициялар ыытыллыбыттара.
Сунтаар Хайатын аата суох үрдүк систэригэр тахсыылар буолбуттара. Быйыл аата суох үрдэллэргэ өрөспүүбүлүкэни төрүттээбит – Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов, Степан Аржаков, саха литературатын төрүттээччи Алексей Кулаковскай ааттарын иҥэрэр сыаллаах бырайыак салҕаныаҕа. Бу географическай эбийиэктэргэ ааты иҥэрэргэ, судаарыстыбаннай каталогтарга сир-уот, эбийиэк аатын киллэрэргэ хамсааһын саҕаланыыта буолуоҕа. Сэбээн Күөл дириҥ уулаах күөлүн чинчийии аан бастаан ыытыллыаҕа.
Айсен Николаев уопсастыба Саха сиринээҕи салаатын үлэтин үрдүктүк сыаналаата уонна бырайыактары өйөөччүлэргэ махтанарын биллэрдэ.
Попечительскэй сэбиэт бэрэссэдээтэлэ бырайыактары олоххо киллэрэргэ ыччаты кытыннарар сыалтан, олохтоох салаалар географияларын кэҥэтэр соругу туруорда. Билигин өрөспүүбүлүкэтээҕи салааҕа ыччат кулууба үлэлиир, онуоха бу хайысха бастакынан турар – төрөөбүт кыраайдарын умсугуйан үөрэтэр дьоһуннаах солбугу үүннэриэххэ наада», – диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.
Олунньу 8 күнэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна муниципальнай былаас уорганнара Саха сиригэр быыбар ыытыллыытын хонтуруоллуур уопсастыбаннай институту тэрийэргэ көмөлөһүөхтэрэ. Бу туһунан бүгүн СӨ Уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлэ Николай Бугаев Айсен Николаевтыын көрсөн кэпсэтиитигэр эттэ. Уопсастыбаннай палаата быйылгы быыбардарга 2 тыһ. кэриҥэ уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүнү тэрийиэҕэ. Хас биирдиилэрэ быыбардыыр учаастактарга тустаах тэрээһин ыытыллыытын көрүөхтэрэ-истиэхтэрэ. Уопсастыбаннай палаата бэрэссэдээтэлэ иһитиннэрбитинэн, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр кэтээн көрөөччүлэри бэлэмнээһиҥҥэ сөптөөх уопут баар. Уопсастыбаннай палаата 17 преподаватели кытыннаран кэтээн көрөөччүлэр таһымнарын үрдэтиигэ үлэлэһиэҕэ. Хас биирдии партияны уонна быыбарга кыттааччылары кытта кэтээн көрөөччүлэри бэлэмнээһиҥҥэ сөбүлэһии түһэрсиэхтэрэ.
Олунньу 8 күнэ. Айсен Николаев Арассыйа наукатын күнүгэр аналлаах өрөспүүбүлүкэ наукатын уопсастыбаннаһын үөрүүлээх мунньаҕар кытынна. Ил Дархан төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит экэниэмикэтэ уонна социальнай салаата сайдарыгар кылааттарын киллэрэллэрин иһин наука үлэһиттэригэр махтанна.
«Саха сирин научнай-технологическай сайдыытыгар сүрүн түгэнинэн бу 30 сыл устата өрөспүүбүлүкэ Наукаларын академията буолар. Биһиги наукабытыгар улахан соруктар тураллар — өрөспүүбүлүкэ Арассыыйа Илин өттүгэр дириҥ хамсааһыннары тэнитэригэр кыттар, саҥа бырамыысыланнай кииннэри уонна тырааныспар саҥа тиһигин, саҥа экэнэмиическэй бииргэ үлэлэһээччилэри тэрийии. Бу сыалы ситиһэргэ наукабыт холбоһуга, Саха сирин бары учуонайдарын үлэлэрэ, Арассыыйа аан дойду наукатын таһымыгар лиидэр оруолун ыларыгар эрэгийиэн кылаата бөҕөргүүрүгэр туһаайыллыахтаах. Биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ баар ураты естественнэй-научнай оскуолаларбыт прикладной суолталарын салгыы үрдэтиэхтээхпит, ол иһигэр ирбэт тоҥ, хотугу матырыйаалы үөрэтии, экология уонна айылҕаны туһаныы, тыа хаһаайыстыбатын эйгэтэ», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Тыл этэригэр Айсен Николаев олунньу 10 күнүгэр уһулуччулаах учуонай, сахалартан бастакы академик, өрөспүүбүлүкэ Наукаларын академиятын тэрийсибит дьонтон биирдэстэрэ Владимир Петрович Ларионов төрөөбүтэ 85 сылын туоларын санатта. Үөрүүлээх мунньахха өрөспүүбүлүкэ наукатын үлэһиттэригэр судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда.
Олунньу 8 күнэ. Бырамыысыланнаска анаан каадырдары бэлэмнээһини тупсарыы боппуруоһун Севастополь губернатора Михаил Развожаев бэрэссэдээтэллээх дойду Судаарыстыбаннай сэбиэтин «Үөрэхтээһин» хайысхатыгар хамыыһыйатын дойду Бэрэсидьиэнин көмөлөһөөччүтэ, РФ Судаарыстыбаннай Сэбиэтин сэкирэтээрэ Игорь Левитин кытыылаах мунньаҕар көрдүлэр. Орто анал үөрэх хайысхатыгар оробуочай бөлөх салайааччыта Айсен Николаев колледжтары уонна техникумнары туттарарга, хапытаалынай өрөмүөнү ыытарга анал федеральнай бырагыраама ирдэнэрин эттэ. Ааспыт сыл түмүгүнэн 1996 сылтан аан бастаан бырамыысыланнай хампаанньалар үс гыммыт биирдэрэ каадырга кыһалҕаны көрүстүлэр, ордук оробуочай идэлэргэ. Холобур, Саха сиригэр сиртэн хостонор баайы хостуур хампаанньаларга 2 тыһ. тахса үлэ миэстэтэ аһаҕас диэн эттэ. Кэлэр биэс сылга 35 тыһ. исписэлиис ирдэниэ диэн сабаҕаланар. Орто анал үөрэх сылга 1700 ордук исписэлииһи бэлэмниир кыаҕа суох. Онон кылгас кэм иһигэр уонна хаачыстыбалаахтык элбэх киһини үөрэтэр, идэтин таһымын үрдэтэр, иккис-үһүс идэни биэрэр сорук турарын бэлиэтээтэ.
Олунньу 8 күнэ. Айсен Николаев норуот дьокутаата Матвей Евсеевтыын Арктикаҕа олохтоохтору уонна бырамыысыланнас тэрилтэлэрин энергиянан хааччыйыы туһунан ырыттылар. Манна биир энергетика ситимин түргэнник тутуу кыаллыбатынан, дьоҕус атомнай электростанция үлэҕэ киирдэҕинэ инвестицияны тардарга кыах үөскүөҕэ. Ил Дархан АЭС тутуутун бары боппуруоһун үөрэтэн баран, бырайыак эрэгийиэннээҕи ыстаабыгар «Росатом» госкорпорация салалтата кыттыылаах дьүүллэһиигэ таһаарар туһунан эттэ.
Олунньу 8 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Россельхознадзор Амур уобалаһыгар уонна Саха сиригэр управлениетын салайар Яна Любченкованы кытта көрсөн, 2022 сыллааҕы үлэ түмүгүн уонна саҥа сыл соруктарын дьүүллэстилэр. Айсен Николаев бородууксуйаны хонууттан атыыланар сиригэр аҕалыахха диэри кэтээн көрөр, ол иһигэр докумуоннары толорууга көмөлөһөр «Меркурий», «Сатурн», «Аргус-Фито» иһитиннэрэр ситим үлэтин кытта сибээстээх көрдөрүүлэри болҕойдо. Яна Любченкова тыа хаһаайыстыбатын сирин эргитиини кытта сибээстээх федеральнай сокуоҥҥа, ол иһигэр тыа хаһаайыстыбатын аналынан туһаныллыбат сир учаастактарыгар уларыйыылар киирэллэрин бэлиэтээтэ.
Айсен Николаев эрэгийиэн тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар бу федеральнай сокуону олоххо киллэрии дьоһун суолтатын бэлиэтээтэ. Бу хайысхаҕа үлэ чэрчитинэн Россельхознадзор Амур уобалаһыгар уонна Саха сиригэр управлениета өрөспүүбүлүкэ бары муниципальнай тэриллиилэрин кытта тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах сирдэргэ чинчийии ыытыыга, ону тэҥэ эрэгийиэн баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыытыгар министиэристибэтин кытта сөбүлэһиилэри түһэристэ. Саха сирин баһылыга тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатыгар чинчийиини ыытыы боппуруостарыгар ураты болҕомтотун уурда: өрөспүүбүлүкэ социальнай суолталаах тэрилтэлэригэр — уһуйааннарга, интэринээттэргэ, үөрэх уонна мэдисиинэ тэрилтэлэригэр тиэрдиллэр арыыны, иэдьэгэйи, үүтү уонна атын бородуукталары. Бу үлэ Россельхознадзор сирдээҕи-уоттааҕы салааларын уонна эрэгийиэн министиэристибэлэрин уонна биэдэмистибэлэрин кытта сөбүлэһиигэ олоҕуран ыытыллар.
Олунньу 9 күнэ. Ил Дархан авиация салаатын үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин гражданскай авиация 100 сыллаах үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээтэ. Биир үйэлээх историяҕа гражданскай авиация атаҕар туруутун уонна сайдыытын суолун тэлбитэ – киһи-аймах көтүүгэ ыра санаатыттан саҕалаан салгынынан тиэйиини хааччыйар кыахтаах инфраструктураны тэрийиигэ тиийэ. Дойдубут саамай улахан субъегар – Саха сиригэр гражданскай авиация тутаах оруоллаах. Өрөспүүбүлүкэбит киин куоратын үрдүнэн аан бастаан 1925 сыллаахха дьоҕус сөмөлүөт кыырайан тахсан, бүтүн эпоха саҕаланыытын түстээбитэ. Ол кэмнэргэ массыына суола, тимир суол ыллыга да суоҕа, ол эрээри 1930-с сыллартан саҥа аэродромнары, бөртөлүөт былаһааккаларын, балаһалары тутан саҕалаабыттара, сөмөлүөт сайдыы туоһутунан буолбута.
Авиацияҕа идэлэрин дэгиттэр баһылаабыт дьон үлэлииллэр. Кинилэр Арктика муҥура биллибэт киэлитигэр сөҕүмэр ыраахха илдьэн, авиация тырааныспара бигэтик үлэлиирин хааччыйаллар. Полярнай эргимтэ усулуобуйатыгар лүөччүктэр, штурманар, инженердэр, сирдээҕи сулууспа үлэһиттэрэ үлэлэрин чиэстээхтик толороллор диэн бэлиэтээн ртунран, Ил Дархан ыраас халлааны авиатордарга баҕарда.
Олунньу 9 күнэ. Айсен Николаев Саха сиригэр сыыппара экэниэмикэтигэр каадырдары бэлэмниир киин — «Оскуола 21» аһыллыытын өйөөтө. Оскуола дириэктэрэ Александр Федяков сүүмэрдээһини ааспыт 18-тан үөһээ саастаах дьон босхо информационнай технология эйгэтигэр ирдэнэр үөрүйэхтэри ылыахтара диэн эттэ. Маннык оскуолалар Москва, Казань, Новосибирскай куораттарыгар үлэлииллэр. Сургукка, Владивостокка, Улуу Новгородка аһыллаллар.
Олунньу 9 күнэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ Национальнай социальнай көҕүлээһиннэр бырайыактарын киллэриини кэҥэтэргэ эттэ. 2021 сылтан доруобуйа харыстабылын, социальнай көмүскэл, үөрэхтээһин, үлэнэн хааччыйыы эйгэтигэр үлэ барар. 15 бырайыактан 2022 сылга 7 олоххо киирбит, 2023-2024 сылларга биирдии бырайыак киириэхтэрэ. Билигин социальнай өҥөнү оҥоруу түргэтээбит. Холобур, үс саастарыгар диэри оҕолорго чэпчэтиилээх эми рецебынан 2 чаас иһинэн биэрэр буолбуттар. Аны пилотнай бырайыакка киирбит уһуйааннарга оҕолорго ингаляция, битэмиин биэрии, аска йодтаах тууһу туттуу уо.д.а. түмүгэр ыалдьаллара 19%, күнү көтүтүүлэрэ 35,9% аччаабыт. Бу бырайыагы атын уһуйааннарга тарҕатарга этилиннэ. Социальнай тэрилтэлэргэ стационарга киирии докумуонун көрүү 10-тан 5 үлэ күнүгэр диэри кылгаабыт. Айсен Николаев эрэгийиэҥҥэ социальнай өҥө стандартын бырайыагын оҥорорго сорудахтаата.
Олунньу 9 күнэ. Ил Дархан ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэҕэ сыыппара бырайыактарын олоххо киллэрии түмүгүн көрдө уонна үүммүт сылга соруктары туруорда. Бу хайысхаҕа Саха сирэ дойдуга 10 бастыҥ эрэгийиэн иһигэр киирбит. Нэһилиэнньэҕэ судаарыстыбаннай өҥөнү оҥоруу 224 көрүҥүттэн 222 электроннай халыыпка көһөн, өҥөнү оҥоруу ахсаана элбээбит, хаачыстыбата тупсубут. Судаарыстыбаннай өҥө порталыгар 1 979 531, эрэгийиэн порталыгар 194 320 сайабылыанньа киирбит. Маныаха министиэристибэлэр, биэдимэстибэлэр Ил Дархан салалтатынан бииргэ үлэлиир ыстааптарын тэрийбиттэрэ төһүү күүс буолбут. Саха сирин уопутун атын эрэгийиэннэргэ тарҕатыахтара.
Олунньу 10-11 күннэрэ. Өрөспүүбүлүкэ аҕа баһылыга Нерюнгри оройуонугар икки күн үлэлээтэ. Бастакы күн кини кулун тутар 15-19 күннэригэр Нерюнгри куоракка уонна Иенгра сэлиэнньэҕэ табаны иитиигэ бастакы норуоттар икки ардыларынааҕы чемпионат буоларыгар тэрийэр кэмитиэт мунньаҕын ыытта. Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, чемпионат аҥардас успуорт күрэхтэһиитэ буолбатаҕын, манна биһиги дойдубутугар Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар сайдыыларыгар уонна бырааптарын көмүскээһиҥҥэ туох ситиһии баарын, ол аата Арктика уонна Уһук Хотугу сир сайдыытын өйөөһүҥҥэ Арассыыйа ыытар политикатын көрдөрүү буолар. Онон тэрээһин боппуруостарыгар, ол иһигэр куттал суох буолуутун хааччыйыыга, дьыалабыай, култуурунай бырагыраамаҕа, сибээһи хааччыйыыга улахан болҕомто ууруллуохтааҕын эттэ. Билиҥҥитэ Кытайтан, Монголияттан уонна Арассыыйа 10 эрэгийиэниттэн делегациялар кытталларын бигэргэппиттэр. Ону сэргэ Исландияттан, Гренландияттан табапыттар кэлиилэригэр кэпсэтии барар. Саха сирэ чемпионакка икки хамаанданы бэлэмниир. Маны таһынан аҕыйах ахсааннах төрүт омуктар ассоциациялара туспа хамаанда туруоруоҕа. Сенатор Григорий Ледков, аан дойду табаһыттарын ассоциациятын бэрэсидьиэнэ Сергей Харючи, федеральнай уорганнар бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ылыахтара. Чемпионат кэмигэр Арктикаҕа табаны иитиини сайыннарыыга конференция, аан дойду табаһыттарын ассоциациятын сэбиэтин мунньаҕа буолуохтара. Саха сирэ «Иенгра» этно-туристическай комплекс бырайыагын уонна арктическай улуустарга эргиэн-логистика кииннэрин бырайыактарын билиһиннэриэҕэ. Табаһыттар, чуум хаһаайкаларын, «Бураны» ыытыыга, хотугу двоеборьеҕа, арканы быраҕыыга уо.д.а. көрүҥнэргэ күрэхтэһиилэр ыытыллыахтара.
Ил Дархан Айсен Николаев Нерюнгри оройуонугар оробуочай сырыытын кэмигэр байыаннай дьайыыга ыҥырыллыбыт Василий Величко дьиэ кэргэнигэр сырытта. Ыал аҕата Василий Викторович Арассыыйа Сэбилиниилээх күүстэрин кэккэтигэр былырыын ыҥырыллыбыта. Билигин байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар. Кэргэнэ Анастасия Николаевна сибээстэһэ олорор, кини ханна сылдьарын билэр эбит. Үс саастаах Ульяна уонна 1,5 саастаах Лиана диэн кыргыттардаахтар.
Айсен Николаев Анастасия Николаевналыын кэпсэтэр кэмигэр тустаах көмө оҥоһуллубутун, өссө туох көмөҕө наадыйарын ыйыталаста. Дьиэ кэргэн сөптөөх көмөнү барытын ылбыт. Ол курдук, анаммыт 200 тыһ. солк. ылбыттар, үлэ балаһыанньатын быһаарар сыалтан социальнай хантараак түһэрсиллибит. Анастасия Николаевна уонна эбэлэрэ Ольга Михайловна бары өттүнэн сөптөөх көмө оҥоһуллубутугар махтаннылар.
Величколар дьиэ кэргэннэрэ кыбартыыраларын ититэргэ көмө наада эбит. Айсен Николаев оройуон салалтатыгар көмөлөһөллөрүгэр сорудахтаата. Дьиэ кэргэн аҕаларыгар баһыылканы тиэрдиигэ көмөлөһөллөрүгэр көрдөстө. Боппуруос быһаарыллыаҕа. Айсен Николаев дьиэ кэргэҥҥэ тапталлаах аҕалара этэҥҥэ эргиллэн кэлэригэр баҕарда.
Олунньу 11 күнэ. Ил Дархан Нерюнгрига сырыытын кэмигэр «ЭЛСИ» чох хампаанньатыгар үлэһиттэр олорор усулуобуйаларын уонна социальнай инфраструктураны көрдө. 2022 сылга бу комплекска оробуочайдарга 18 уопсай дьиэ, инженернэй-техническэй үлэһиттэргэ 4 уопсай дьиэ, остолобуой, таҥас сууйар сир, аныгы оборудованиелаах медпуун тутуллан үлэҕэ киирбитэ. 2027 сылга диэри хампаанньа үлэһитин ахсаанын 20 тыһ. киһиэхэ тиэрдэр соруктаах. Быйыл Элгэтээҕи чоҕу хостуур сиргэ оробуочайдарга 7 уопсай дьиэ, инженернэй-техническэй үлэһиттэргэ 3 уопсай дьиэ, 2 остолобуой тутуохтара.
Элгэтээҕи чохтоох сир саппааһынан аан дойдуга биир бөдөҥнөрө. Нерюнгри куораттан илиҥҥи туһаайыыга 415 км, БАМ тимир суолуттан 300 км сиргэ баар. Хампаанньа 2021 күһүн саҥа специалистары сүүмэрдиирин биллэрбитэ. Үлэһиттэргэ социальнай чэпчэтии көрүллэр, бары усулуобуйа тэриллибит.
Чоҕу хостуур сиргэ диэри тимир суолу 2026 сылга диэри тутан киллэриэхтэрэ. Оччотугар Охотскай муоратааҕы чох терминалын кытта холбонуоҕа. Бу тимир суол дойдуга саамай уһун уонна 531 км усталаах буолуоҕа. Билиҥҥитэ 85 км учаастак тутуллубут.
Айсен Николаев 4 уонна 5 №-дээх байытар фабрикалар үлэлэрин кытта билистэ. Элгтэээҕи чох хампаанньата ааспыт сылга 20 мөл тонна чоҕу хостообута, быйыл былаана -– 26 мөл. тонна, 2025 сылга 45 мөл. тоннаҕа тиэрдэр соруктаах. 2023 сылга диэри эбии 3 фабрика үлэҕэ киириэҕэ.
Олунньу 12 күнэ. Ил Дархан уонна «Биир ньыгыл Арассыыйа Эдэр Гвардията» Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Антон Демидов өрөспүбүүлүкэ ыччатын кытта көрүстүлэр. Саха сирин эдэр гвардеецтара бырайыактарын уонна Донбасска гуманитарнай көмөлөрүн билиһиннэрдилэр.
26 волонтер Мариуполь нэһилиэнньэтигэр бородуукта, иһэр уу, эмп тириэрдиитигэр, балыыһаҕа, дьону эвакуациялыырга үлэлээбиттэрэ, ыччакка, оҕолорго тэрээһиннэри, акциялары ыыппыттара. Бу үлэ салҕанар.
Айсен Николаев эдэр гвардеецтарга махтанна, наҕараадалары туттарда. Кинилэр боппуруостарыгар эппиэттииригэр, Ил Дархан көхтөөхтүк «Биир ньыгыл» Арассыыйа партия Ил Түмэҥҥэ уонна Дьокуускай куорат Думатыгар быыбардарыгар праймеризка кытталларыгар ыҥырда, кыайдахтарына партия өйүөҕэ диэн эттэ.
Афанасий Ноев
This post was published on 16.02.2023 16:01 16:01