Ил Дархан нэдиэлэтэ: Саха сирин инновационнай кыаҕын сайыннарыыга уонна каадырга тосхол ылылынна

Тохсунньу 24 күнэ. Дьокуускайга «Иркут» корпорация оҥорон таһаарбыт МС-21-300 сөмөлүөтэ салгыҥҥа намыһах температураҕа техническэй тургутунуу ааһыаҕа. Кэтээн көрүү 3-4 нэдиэлэ устата барыаҕа, саҥа көтөр аал Жуковскай аэродромуттан Дьокуускай аэропортугар этэҥҥэ көтөн кэллэ. Аан дойдуга сөмөлүөтү оҥорор бөдө хампаанньалар Саха сирин тымныы усулуобуйатыгар итинник бэйэлэрин бородууксуйаларын аҕалан бэрэбиэркэлииллэр. МС-21-300 сөмөлүөт туругун Айсен Николаев баран билистэ. Кини бу көтөр аал салона киэҥин, табыгастааҕын бэлиэтээтэ. 2025 сылтан олохтоох авиахампаанньа пааркатын МС-21-300 хаҥатыаҕа. Лайнер 163-тэн 211 тиийэ пассажиры батарар. «Саха сиригэр авиацияны сайыннарыы ураты суолталаах, онон саҥа сөмөлүөттэр кэлиилэрэ тоҕоостоох. Саха сирэ биир бастакынан дойдуга «Суперджет 100» суудунаны баһылаабыта. Билигини биһиги Боинг-737, Airbus A320 солбуйар сөмөлүөттэри кэтэһэбит. Онон МС-21-300 сөмөлүөттэринэн хааччыллыы 2025-2026 сс. саҕаланыаҕа», – диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.

Тохсунньу 24 күнэ. Суһал ыстаап мунньаҕар Айсен Николаев Бырабыыталыстыбаҕа доруобуйа харыстабылын маҥнайгы сүһүөҕэр көмө оҥорорго сорудахтаата. Амбулаториялар, поликлиникалар, учаастак балыыһалара эминэн-томунан, анаалыс ылар тиэһинэн, тырааныспарынан хааччыллыахтаахтар, колл-кииҥҥэ үлэһит ахсаанын элбэтэр сорук турар. Эрэгийиэн баһылыга улуустарга ыарыһах ахсаана эбиллибитинэн, миэстэтигэр балаһыанньаны хонтуруолга тутарга, хааччахтыыр миэрэлэри суһаллык ыларга уонна үөрэх тэрилтэлэрин дьиэҕэ олорон үөрэтиигэ көһөрөргө ыйда. Иннинээҕи нэдиэлэни кытта тэҥнээтэххэ, ыараханнык ыалдьааччы ахсаана эбиллэр. Онон вакциянацияны, реваакцинацияны тэтимирдэри, үлэһиттэри тэйиччиттэн олорон үлэлиири, тиэһи суһаллык оҥорорго ыҥырда. Доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр улахан ноҕорууска көһүтүллэринэн бэлэм буоларга эттэ. Тырааныспарга, коммунальнай хаһаайыстыбаҕа, энергетикаҕа сүрүн үлэһиттэр ыалдьар түгэннэригэр кинилэри солбуйар састаап баар буолуохтаах.

Тохсунньу 25 күнэ. Ил Дархан Арассыыйа устудьуоннарын күннэринэн устудьуоннары уонна преподавателлэри эҕэрдэлээтэ. «Устудьуоннуур сыллар кэрэ кэмнэрэ – бу доҕордоһуу уонна таптал, хорсун холонуулар уонна үтүө саҕалааһыннар. Бу кэрдиис кэмҥэ киһи олоҕун бөҕө акылаата ууруллар. Өрөспүүбүлүкэ устудьуоннара айар-тутар бырайыактары олоххо киллэриигэ кытталларын ааһан, ол бырайыактары бэйэлэрэ көҕүлүүллэр, эрэгийиэн, дойду уопсастыбаннай уонна бэлитиичэскэй олоҕор көхтөөхтүк кытталлар. Кинилэр инникитин үтүөкэн исписэлиис буолан төрөөбүт өрөспүүбүлүкэлэрин сайдыытыгар элбэх саҥаны уонна туһалааҕы киллэриэхтэрэ. Оттон биһиги сорукпут – бары усулуобуйаны хааччыйыы, талааннарын уонна дьоҕурдарын сайыннаралларыгар өйөбүл буолуу», —  диэн этэн туран, бары преподавателлэргэ, устудьуоннарга ситиһиилэри уонна саҥа кыайыылары баҕарда.

Тохсунньу 25 күнэ. Ил Дархан салалтатынан  «Газпром добыча Ноябрьск» хампаанньа ааспыт сыллааҕы үлэтин түмүгүн, быйылгы былаанын көрдүлэр.  Айсен Николаев тэрилтэ өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлиир биир стратегическай хампаанньа буоларын, Чайыҥда саппаастаах сирин баһылааһыҥҥа бырайыактары олоххо киллэрэрин бэлиэтээтэ. 2021 сылга хампаанньа 11,6 млрд куб. м. гааһы, 759,9 тыһ. туонна ньиэби, 197,3 тыһ. туонна гаас конденсатын хостообут. Быйыл 17,8 млрд куб. м. гааһы, 1,7 мөл. туонна ньиэби, 269 тыһ. туонна гаас конденсатын хостуур былааннаах. 2021 сылга үлэһиттэр доруобуйаларын туругар, вакцинацияны ыытыыга ойуччу болҕомто ууруллубут, санитарнай-эпидемиологическай быһыы-майгы туруга кытаанахтык хонтуруолланар. Бүгүҥҥү күҥҥэ тэрилтэ 582 киһини үлэлэтэр, ол иһигэр 87 киһини олохтоох нэһилиэнньэттэн. Айсен Сергеевич тэрилтэ өрөспүүбүлүкэ уонна Ленскэй оройуонун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар көхтөөхтүк кыттыахтааҕын ыйда. Ил Дархан Саха сирин Бырабыытаылстыбатын уонна хампаанньа икки ардыгар сөбүлэһиини саҥардарыгар итиэннэ науканы, чуолаан «Хоту» НОЦ киини кытта үлэлииргэ болҕомтону туһаайда.

Эмиэ бу күн «Газпром трансгаз Томск» хампаанньа 2021 сыллааҕы үлэтин түмүгүн, быйылгы былаанын ырыттылар. Ил Дархан Саха сирин нэһилиэнньэлээх пуннарыгар гааһы киллэрии бырагырааматын кэҥэтэр наадалааҕын санатта. 2022 сылга Иенграҕа, Чульмаҥҥа, Муруйаҕа, Бэчинчэҕэ гаас ситимин тардыы саҕаланыаҕа. Маныаха гаас магистрала ааһар сиригэр сытар Пеледуй, Витим, Толоон. Чамча, Орто Наахара бөһүөлэктэри бырагыраамаҕа киллэттэрэр сорук турар. Ил Дархан хампаанньа үлэтэ чуолкайын, үчүгэй түмүктээҕин итиэннэ муниципалитеттар сайдыыларыгар кыттыытын бэлиэтээтэ. Хампаанньа Сибиир, Уһук Илин 14 эрэгэйиэнигэр үлэлиир, 11,5 тыһ. км. ньиэп, гаас магистральнай ситимин үлэтин хааччыйар. Тэрилтэ Саха сиригэр 1 182 тыһ. киһини үлэлэтэриттэн 940-на олохтоох каадыр, ол эбэтэр 84%. Ил Дархан Саха сирин учуонайдарын кытта бииргэ үлэлэһэргэ ыҥырда. Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын кытта Ленскэй, Өлүөхүмэ, Алдан, Нерюнгри оройуоннарыгар гаас заправкаларын тутуу боппуруоһун көрөллөрүгэр этии киллэрдэ.

Тохсунньу 25 күнэ. Айсен Николаев Саха сиринээҕи гаас улахан бырайыагын олоххо киллэрии дьоһун суолталааҕын бэлиэтээтэ. Бу туһунан кини  «ЯТЭК» хампаанньа 2021 сыллааҕы үлэтин барыллаан түмүктэрин таһаарыыга  бэлиэтээтэ. Бырабыыталыстыба бу бырайыагы ситиһиилээхтик олоххо киллэриигэ бары усулуобуйаны тэриийэхтээҕин ыйда. Баайдаах сирдэргэ производствоны салгыы технологическай сэбилээһиҥҥэ эрэ буолбакка, сирин учаастагын талыыга, Саха сирин илин уонна киин сирдэригэр-уоттарыгар геологическай-чинчийэр үлэни ыытыыга сыһыаннаах. Уотунан хааччыйыы, бырайыагы тырааныспарынан хааччыйыы, каадырдары бэлэмнээһин боппуруостара быһаарыыны эрэйэллэр. Айсен Николаев кэнники сылларга хампаанньа сайдарын, производствоны саҥардыы ыытылларын, тулалыыр эйгэҕэ уонна бырамыысыланнаска куттал суох буолуута хааччылларын бэлиэтээтэ. 2021 сылга туруоруллубут соруктар толоруллубуттар, экэниэмикэҕэ үчүгэй көрдөрүүлэр ситиһиллибиттэр. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга олохтоох каадырдары хампаанньаҕа ылар үлэни күүһүрдэргэ сүбэлэээтэ. ЯТЭК социальнай инфраструктураны сайыннарыыга кыттар. Кыһыл Сыырга оскуоланы саҥардар, бөһүөлэк иһинээҕи суоллар оҥоһуллуохтара. Үлэ биир хайысхата – убатыллыбыт  гааһы оҥорон таһаарыыны сайыннарыы. Бырамыысыланнас уонна геология министиэристибэтэ маннык уматыкка тиэхиньикэни уонна хочуолунайдары көһөрүүгэ былаанын торумнуоҕа.

Тохсунньу 25 күнэ. Айсен Николаев вице-премьер Ольга Балабкинаны уонна СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьеваны кытта көрсөн нэһилиэнньэттэн киирбит ыйытыылары  ырытыста. Коронавирус дьаҥа үрдээбитинэн, Саха сирин олохтоохторуттан араас хабааннаах ыйытыылар, көрдөһүүлэр киирэллэр. Колл-киин үлэтинэн, быраастары ыҥырыыга уонна анаалыһы хомуйууга кыһалҕа баара билиннэ. Сорохтор анаалыс туттарары түөртүү күн кэтэһэллэр эбит. «Оҕону уонна саастаах дьону кытта  маннык сыһыан букатын  тахсыа суохтаах, боппуруос төрдүттэн быһаарыллыахтаах. Кинилэргэ көмө уталыппакка оҥоһуллуохтаах. Онон колл-киин үлэтин хонтуруоллуохха уонна исписэлиистэри элбэтиэххэ наада», — диэн Айсен Николаев быһаччы сорудахтаата.

Бу күннэргэ үгүс поликлиникаларга таһырдьаҕа тиийэ уһун уочараттар үөскээбиттэр. «Больничнай лииһин саптараары кэлбит киһи үс чаас  кэриҥэ атын ыарыһахтары кытта туруо суохтаах. Маны эмиэ төрдүттэн быһаарыллыахтаах, анаалыһы ылыы уонна бырааска көрдөрүү тус-туспа тэрийиллиэхтээх. Маны ситиһэргэ «Триумф» успуорт киинин амбулаторнай киин быһыытынан туһанарга этии киирбитин өйүүбүн. Билигин бэлэмнэнии үлэтэ бара турар, сарсыҥҥыттан киин үлэлиэхтээх», — диэн Ил Дархан  эттэ.

Тохсунньу 26 күнэ. Ил Дархана Национальнай библиотека үлэ саҥа көрүҥүн киллэрэр туһунан бырайыагын өйөөтө. 2025 сылга СӨ Национальнай библиотеката 100 сылын бэлиэтиэҕэ. Бу даатаҕа өрөспүүбүлүкэ библиотекаларын түмсүүлэрэ саҥа интэриэһинэй бырайыактардаах, саҥардыллыбыт материальнай-техническэй базалаах итиэннэ ааҕааччылар айар дьоҕурдара сайдарыгар, билиилэрэ-көрүүлэрэ кэҥииригэр көмөлөһөр, тирэх буолар кыахтаах буолуохтаахтар. Бу туһунан Ил Дархаҥҥа буолбут мунньахха көрдүлэр. «Саҥа кэмҥэ библиотекаларыгар кинигэни ааҕарга аныгы усулуобуйаны сэргэ ураты уопсастыбаннай эйгэ тэриллиэхтээх. Манна анаан Национальнай библиотека иһитиннэрэр-биллэрэр үлэни сыыппараҕа көһөрүүгэ, баай култуурунай нэһилиэстибэтин харыстаан кэлэр көлүөнэлэргэ тиэрдэргэ улахан үлэни ыытар», — диэн этэр Айсен Николаев. Быйыл  Саха сирин библиотекаларын 2030 сылга диэри үлэлэрин-хамнастарын сайыннарыы Стратегиятын оҥоруу уонна бигэргэтии былааннанар. Национальнай бибилэтиэкэ өрөспүүбүлүкэ норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин баай пуондаларын сыыппараҕа көһөрүүгэ уонна каталокка киллэриигэ улахан үлэни ыытар. Билигин Национальанй библиотека фондатыгар 1 мөл 700 тыһ. тахса бэчээттэнэн тахсыбыт издание хараллан сыталлар. Саха сирин Национальнай библиотеката сонун сүүрээннэри, бырайыактары олоххо киллэрэргэ, ол иһигэр оҕо ааҕыытын аныгы киинин, креативнай индустрия оскуолаларын тэрийиигэ, үүнэр көлүөнэ пааркатын тутууну олоххо киллэриигэ кыттар. Ил Дархан  Бырабыыталыстыбаҕа библиотека бырайыактарыгар өйөбүл оҥорорго үлэлэһэригэр сорудахтаата.

Тохсунньу 26 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаатын попечительскай сэбиэтин мунньаҕын ыытта. Кини уопсастыба өрөспүүбүлүкэҕэ ыытар үлэтин үрдүктүк сыаналаата уонна сэбиэт чилиэннэригэр махтанна. Ааспыт сыл ситиһиитинэн научнай экспедициялары тэрийии, киинэ оҥоруу, кинигэ таһаарыы буолла. Уопсастыба бэрэсэдьиэнэ, Оборона миниистирэ Сергей Шойгу Саха сирэ оҕолорго көҕүлээбит «Смотри, это Россия» видео-аккырыыкка куонкуруһун өйөөбүтүгэр махтанна. Куонкурус 2020 сылтан ыытыллар, 2021 сыллааҕы көрүүгэ 85 субъектан 1600 хамаанда, 18 тыһ. оҕо кыттыбыт, 118 тыһ. киһи интернетинэн куоластаабыт. Уопсастыба ыытар бырайыактарыттан Ил Дархан холобурга Аляска-Сибиир трасса аэродромнарын чинчийиигэ экспедицияны, Географическай диктаны, Франц-Иосиф Сирэ архипелагын арыытыгар научнай экспедицияны ааттаата. 2023 сылга Нуучча географическай уопсастыбата тэриллибитэ 110 сылын туолар. Былааҥҥа САССР 100 сылыгар  «Пути великих свершений» документальнай киинэ сүрэхтэниитэ кулун тутарга буолуо. Бу бырайыак Айсен Николаев көҕүлээһининэн саҕаламмыта. Былааҥҥа Тиксиигэ арктическай туризмы сайыннарыы, Мииринэй оройуонугар «Алмазная долина» геопаарканы тэрийии, АлСиб 80 сылын бэлиэтээһин уо.д.а. киирбиттэр.

Тохсунньу 26 күнэ. Айсен Николаев «Триумф» успуорт киинигэр  коронавируһу утары охсуһууга аһыллар амбулаторнай киин үлэтигэр бэлэмнэниини тиийэн бэрэбиэркэлээтэ. Тохсунньу 27 күнүттэн манна барыта 175 киһи, ол иһигэр 40 быраас уонна 100 медсиэстэрэ үлэлиэҕэ. Нэһилиэньэни күннэтэ сарсыарда  08.00-20.00 чааска диэри көрөллөр, икки симиэнэнэн үлэлииллэр. Кииҥҥэ анаалыһы ылар пууннар,  больничнай лииһи толорорго туһунан кабинкалар, ону таһынан анаалыстарын түмүгүнэн эмиэ тус кабинкаларга терапевтар көрүөхтэрин туһунан этилиннэ. Маныаха анаалыс түмүгүн кэнниттэн хайдах баран көрдөрүү бэрээдэгэ өйдөнүмтүөтүк, толору ыйыллыбыт. Маннык киин арыллан үлэлээтэҕинэ, поликлиникаларга үтүмэн үгүс киһи тоҕуоруһара тохтууругар уонна доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөҕүн ноҕоруускатын аччыырыгар эрэнэрин Ил Дархан этэр.

Тохсунньу 26 күнэ. Ил Дархан бу күн киэһэтин ГТРК «Саха» телеканалга быһа эфиргэ тахсан нэһилиэнньэттэн киирэр ыйытыыларга эппиэттээтэ, ый түмүгүн таһаарда. Биэрии кэмигэр кини соторутааҕыта Федерация Сэбиэтин спикерэ Валентина Матвиенконы кытта көрсүбүтүн кэпсээтэ. Валентина Ивановна Саха сирин туруорсууларын мэлдьи өйүүрүн, кини быһаччы орооһуутунан Дьокуускайга Онкологическай киин тутулларын, «Арктика оҕолоро» федеральнай бырагыраама олоххо киирэрин аҕынна. Билиҥҥи көрсүһүүгэ кэпсэтии өрөспүүбүлүкэҕэ улахан Инфекционнай балыыһаны туттарыы тула буолбут. Урукку 60-70-с сс. эбийиэктэргэ үлэлиир билиҥҥи уустук кэмҥэ эппиэттэспэтин, онон аныгылыы сулууспа уонна онно сөп түбэһэр материальнай-техническэй база баар буолухтааҕын эттэ. Валентина Матвиенко Инфекционнай балыыһа тутуллуутун өйүүрүн биллэрбит. Онон 2023 сылтан федеральнай бүддьүөттэн бу эбийиэккэ үбүлээһин көрүллүүтүн ситиһэргэ үлэ барар.

Тохсунньу 26 күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев уонна МГУ ректора Виктор Садовничай «Вернадскай» научнай-үөрэтэр консорциум чэрчитинэн бииргэ үлэлэһэргэ меморандум түһэристилэр. Бырайыак Саха сирин инновационнай кыаҕын сайыннарыыга уонна каадыры үүннэриигэ улахан төһүү буолара саарбаҕа суоҕун бэлиэтээтэ. Бөдөҥ бырамыысалыннай хампаанньалар Саха сиригэр баар үрдүк үөрэх кыһаларын уонна МГУ кыттыылаах бииргэ үлэлэһиэхтэрэ. Виктор Садовничий Айсен Николаев МГУ киэн туттар выпускнига буоларын эттэ. Кини Саха сиригэр хаста да кэлэр сылдьыбытыгар үтүө өйдөбүл хаалбытын, ХИФУ-ну кытта бииргэ үлэлэһиини салгыы сайыннарарга интэриэстээхтэрин, Саха сирэ аарыма сирдээҕин-уоттааҕынан үгүс кыһалҕа баарыгар мэлдьи болҕомто, өйөбүл ууруллуохтааҕын эттэ.

Тохсунньу 27 күнэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап уочараттаах мунньаҕар Айсен Николаев саҥа сорудахтары биэртэлээтэ. Улуустар дьаһалталарыгар, суһал ыстааптарыгар бары күүһү түмэн, медиктэри   тырааныспарынан, эминэн-томунан, волонтер көмөтүнэн уо.д.а. хааччыйарга сорудахтаата. «Бэһис долгуҥҥа улахан ноҕурууска поликлиникаларга, киин балыыһаларга, учаастактааҕы амбулаторияларга сүктэрилиннэ. Элбэх киһи ыалдьан, медиктэр олус ноҕуруускалаахтык үлэлииллэр. Үгүс киһи чэпчэкитик ыалдьар, балыыһаҕа киирии аҕыйах, ол эрээри бырааһы ыҥырыы, поликлиникаҕа көрдөрүнүү хас да төгүл элбээтэ. Амбулаторнай эмтэниигэ дьон босхо эминэн хааччыллыахтаахтар, медиктэр харгыһа суох үлэлиэхтээхтэр, ол иһин ноҕуруускаларын кыччатарга болҕомто ууруллуохтаах», — диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ. Онон улуустааҕы суһал ыстааптар үлэлэригэр сүрүн болҕомтону дьону бастакынан көрөр-истэр медиктэр үлэлэрин күүһүрдүүгэ ууруохтаахтар. Баһылыктар поликлиникаларга төһө уочарат баарын кэмигэр истэн-билэн, миэрэлэри ылыныахтаахтар, кэлиини-барыыны хонтуруолга тутуохтаахтар. Ону сэргэ төһө киһи ыалдьарын-үтүөрэрин кэтээн көрөн, эминэн, саппаас куойканан хааччыйыахтаахтар. Элбэх дьону анаалыстаан, туох да сибикитэ суох ыалдьа сылдьар эрээри, ыарыыны тарҕатааччылары булан, харантыыҥҥа ыытыахтаахтар. Ыалдьыбыт киһиэхэ кэлбит биригээдэ дьиэлээхтэртэн барыларыттан анаалыс ылыахтаахтара этилиннэ.

Тохсунньу 27 күнэ. «Азия оҕолоро» аан дойдутааҕы кэмитиэтэ бигэргэппитинэн, кэлэр VIII оонньуулар 2024 сылга Дьокуускайга буолара билиннэ. Ол туһунан сөбүлэһиигэ Айсен Николаев кэмитиэт бэрэсидьиэнэ Владимир Максимовтыын илии баттаста. Бастакы бэрэсидьиэн Михаил Николаев көҕүлээһининэн спортивнай оонньуулар Саха сиригэр төрүттэнэн, аан бастаан 1996 сыллаахха  тэриллибитэ. Онтон ыла  «Азия оҕолоро» аан дойдуга тиийэ билиннэ, бу күрэхтэһииттэн олимпиецтар үүнэн тахсыбыттара.  Саха сирэ кинилэргэ кынат үүннэрэн, үрдүк чыпчаалларга сирдээбитинэн киэн туттабыт. 2024 сылга оонньуулар уоттара Дьокуускайга умайыаҕа, оҕо успуорда уонна чөл олох сайдарыгар улахан олук уурарыгар эрэнэбин, — диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.

Тохсунньу 28 күнэ. Саха сиригэр «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» бырагыраамаҕа 1,5 мрлд солк. тахса үп көрүллүннэ. Ити сыалга федеральнай бүддьүөттэн 900 мөл. солк. кэриҥэ үп көрүллүбүт. Оттон өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна муниципальнай бүддьүөттэртэн 576,81 мөл. солк. ыытыахтара. Бырагыраама чэрчитинэн 2022 сылга 37 муниципальнай тэриллиигэ тиэргэн уонна мини-паарка тупсарыллыахтаах. «Тиэргэннэри оҥоруу дьон-сэргэ олоҕун хаачыстыбатын тупсарар диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ. Ил Дархан бары дьаһаллар хаачыстыбалаахтык уонна болдьоҕор ыытылларыгар болҕомтотун уурда. «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» бырагыраама уратыта – олохтоохтор былааны дьүүллэһиигэ кытталлар, сакаасчык буолаллар. Кинилэр тиэргэннэрэ хайдах быһыылаах буоларын бэйэлэрэ быһаараллар.

Тохсунньу 28 күнэ. Саха сиригэр хочуолунайдары уонна ититии ситимин саҥардыыга 273 мөл.солк. федеральнай киинтэн заем үбэ бэриллэр буолла. Бу туһунан РФ вице-премьерэ Марат Хуснуллин салалтатынан ыытыллыбыт Бырабыыталыстыба хамыыһыйатын мунньаҕар быһаардылар. Мунньахха Айсен Николаев кыттыыны ылла. Ил Дархан этэринэн, 4 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 254  дьиэ уонна 3 социальнай эбийиэк холбонуоҕа. Таатта Чычымаҕар саҥа оскуола хочуолунайын тутуохтара, онно 8,9 км ититэр ситимэ тардыллыаҕа. Мэҥэ Хаҥалас Суола Мооругар хочуолунай тутуллуоҕа. Амма Абаҕатыгар Емельяновка микро-оройуоҥҥа модульнай хочуолунай киириэҕэ. Уопсайа ити бырйыактар олоххо киирилэригэр 341,5 мөл.солк. ирдэнэр, ол онтон 67 мөл.солк. өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн, онтон ити этиллибит 273 мөл.солк. ОДьКХ фондатыттан кэлиэҕэ.

Тохсунньу 28 күнэ. «Сахатранснефтегаз» АУо сыллааҕы үлэтигэр анаммыт  мунньахха тэрилтэ үлэ сүрүн хайысхаларын кэҥэтэр былааннааҕа этилиннэ. Хампаанньа стратетията саҥардыллан, гааһы тарҕатарын сэргэ гааһы хостооһунунан уонна батарыынан дьарыктанар буолуоҕа. Бу сорудаҕы Ил Дархан биэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитин, кэлиҥҥи уон сылга хампаанньа тыа сирин нэһилиэктэрин гастааһыҥҥа сүрүн болҕомтону уурбута, ити соругун ситиһиилээхтик толордо. Билигин аны саҥа соруктар тураллар. Саҥа саппаастаах сирдэри баһылаан, хостоон, бородууксуйаны өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр батарары тобулуохтаах. 2022 сылга хампааньа 2,4 тыһ. дьиэҕэ гаас киллэриэҕэ. Накыынтан Орто Түҥҥэ диэри гаас ситимин тутар бырайыагы оҥорор. 2022 сылга Кыһыл Сыыр – 84 км магистарльнай газопроводу тутуохтара. Бу эбийиэги федеральнай бүддьүөт үбүлүөҕэ, итиэннэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ кыттыһыаҕа. Орто Түҥтэн Тамалакааҥҥа диэри газопроводу тутуу былаана оҥоһуллар. Ити бырайыак хамсаатаҕына инникитин Үөһээ Бүлүү улууһун сэргэ Ньурба улууһун гаастааһын боппуруоһа туруоҕа.

Тохсунньу 28 күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев  кардиологическай, онкологическай уонна инфекционнай сулууспалары сайыннарыыга туһуламмыт сүбэ мунньаҕы ыытта. «Биһиги анал сулууспалар үлэлэрин саҥа таһымҥа таһаарыахтаахпыт. 2030 сылга диэри өрөспүүбүлүкэ доруобуйа харыстабылын сайдыытын стратегиятын ылыныы, сүрэх-тымыр уонна искэн ыарыыларын, үрдүк таһымнаах каадыры бэлэмнээһин, доруобуйа харыстабылын тиһигин бөҕөргөтүү Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр  уонна  Бырабыыталыстыбаҕа  болҕомто киинигэр туруохтаах», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээн эттэ. Тутулла турар Кардиососудистай киин биир кэлим кардиологическай сулууспа түс-бас тэрилтэтинэн буолуохтаах. 180 куойкалаах итиэннэ поликлиникалаах онкологическай киин үлэҕэ киирдэҕинэ, искэн ыарыылаах дьон ыарыыларын эрдэттэн быһаарыы, эмтээһин тэтимириэҕэ.  Билигин онкологтар улахан болҕомтолорун скриниҥҥэ уураллар. Ол курдук онкоскрининг кабинеттара аһыллаллар. «Онкодесант» бырайыагы өссө кэҥэтии былааннанар. Эрэгийиэн инфекционнай сулууспатын сайыннарыыга улахан соруктар тураллар. Өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо инфекционнай балыыһата эрэ баар.  Улахан дьоҥҥо аналлаах туһунан  балыыһа суох. Онон инфекционнай балыыһаны тэрийии соруга турар.

Тохсунньу 29 күнэ. 2023 сылга диэри өрөспүүбүлүкэ 25 оройуонугар 60-ча оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыаҕа. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы сүбэ мунньаҕар иһитиннэрдэ. «Аныгы үөрэх тиһигэ үөрэнээччигэ сиэрдээх майгыны, олоххо тирэхтээх буоларга уһуйар. Биһиги онно туох баар усулуобуйаны барытын тэрийиэхтээхпит», — диэн Ил Дархан этэр. Ил Дархан иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ кэлиҥҥи үс сылга үөрэх эйгэтигэр 70-тан тахса эбийиэк олоххо киирбит. 2022 сылга Саха сиригэр 23 үөрэх эбийиэги тутуохтара. «Ону тэҥэ «Хотугу сулус» оҕо киинэ уонна Ленскэйдээҕи технологическай техникум үлэҕэ киириэхтэрэ. 2023 сылга диэри 25 оройуоҥҥа 58 оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыаҕа», — диэтэ Айсен Николаев. Хапытаалынай өрөмүөҥҥэ 2 млрд 900 мөл.солк. көрүллүөҕэ, Бу бырайыагы хонтуруоллуурга төрөппүттэр көхтөөхтүк кытталларыгар, ыстааптары тэринэллэригэр ыҥырда.

Ил Дархан хас биирдии оҕоҕо ураты сыһыаны олохтуурга, персональнай профилы тэрийэргэ ыҥырда. Онно оҕо ханна-туох талааннаҕын быһаарары сэргэ, ханнык хайысхаҕа ордук болҕомто уурарга, хайа идэҕэ болҕомтону туһаайарыгар үлэ барыахтаах.

Ил Дархан Бырабыыталыстыбаҕа, Үөрэх, наука министиэристибэтигэр Кангаласс таһыгар тутуллуохтаах Суперкампус тэриллиитин үлэтин түргэтэтэри, улуустарга орто анал үөрэх тэрилтэлэрин материальнай-техническэй базаларын бөҕөргөтөрү, өрөспүүбүлүкэ   «Профессионалитет» федеральнай бырайыакка кыттыытын кэҥэтэргэ сорудахтаата.

Пандемия уустук кэмигэр педагогтар үрдүк эппиэтинэстээхтэрин көрдөрбүттэрин, 92% вакцина ылбыттарыгар махтанна. Сыыппараҕа көһүү үрдүк таһымнааҕынан дистанционнай үөрэтиини тэрийии сүрүн соруктара быһаарыллыбыттар.  Өрөспүүбүлкэ 100 сылынан хас биирдии оскуола «История Якутии» үс туомнаах кинигэни бэлэх тутуохтара.

Афанасий Ноев, Ил Дархан пресс-сэкиритээрэ

This post was published on 01.02.2022 11:01 11:01