Сэтинньи 1 күнүгэр Ил Дархан Дьокуускайга «Туймаада» атыы-эргиэн киинигэр уонна куорат 3 №-дээх балыыһатыгар коронавируһу утары быһыыны биэрэр пууннар үлэлэрин бэрэбиэркэлээтэ. Итиэннэ бу балыыһаҕа колл-киин үлэтин кытта билистэ. Манна телефон 22 линията үлэлииригэр күннэтэ 1,5 тыһ. киһи эрийэн сибээскэ тахсар. Куорат 3 №-дээх балыыһатын көрүүтүгэр үс уокурук киирсэр, хабар сиригэр-уотугар нэһилиэнньэ 60% быһыыны ылбыт. Айсен Николаев бэлиэтииринэн, итинник көрдөрүүнү өрөспүүбүлүкэҕэ 80% ситиһиэхтээхпит, оччоҕо эрэ күргүөм иммунитеттанар кыахтаахпыт. Медиктэр кэпсээбиттэринэн, «Туймаада» атыы-эргиэн киинигэр күн ахсын 50-60 киһи быһыы ылар, куорат 3 №-дээх балыыһатыгар өрөбүллэргэ 280-ча киһи прививкаламмыт. Бу нэдиэлэҕэ күн аайы 700 киһи быһыы ыла кэлэрэ сабаҕаланар. Маны таһынан быһыыны туруорар кабинеттар Почтамҥа, Хатаска, Табаҕаҕа аһыллыбыттар, ону сэргэ олохтоохтор сайаапкаларынан мобильнай биригээдэлэр тиийэллэр. QR-куодунан киирии олохтонуоҕуттан быһыыны ылааччы ахсаана лаппа эбиллэр, вакцинация барыыта икки-үс бүк тэтимирбит. Санатар буоллахха, алтынньы 20 күнүттэн уопсастыбаннай сирдэргэ QR-куодунан киирии сыыйа саҕаламмыта. Итинник ирдэбил сэтинньи 1 күнүттэн рестораннарга, кафеларга, остолобуойдарга, банкеттыыр саалаларга, сэтинньи 8 күнүттэн атыы-эргиэн кииннэригэр олохтонор.
Бу күн Ил Дархан киин куоракка коронавирус утары быһыыны биэрэр ордук ноҕуруускалаах пууннар үлэлэригэр уларыытыны киллэрэри Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр сорудахтаата. «Мин икки пуун үлэтин хонтуруоллаабыппыттан көрдөхпүнэ, быраастар үгүс бириэмэлэрин докумуону толоруу ылар эбит, ол кэмҥэ дьон уочаракка олорорго күһэллэр. Итинник буолуо суохтаах, бу боппуруоһу быһаарыҥ, наада буоллаҕына волонтердары тардыаххытын сөп», – диэн Айсен Сергеевич эттэ. Административнай хамыыһыйалар ис дьыала уорганнарын үлэһиттэрин кытары уопсастыбаннай аһылык, култуура тэрилтэлэригэр уонна тырааныспарга олохтоммут ураты эрэсиими тутуһууну хонтуруоллууллара ирдэнэр.
Сэтинньи 2 күнүгэр суһал ыстаап мунньаҕар коронавирустан утары быһыыны өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн нэһилиэнньэ 55,84%, ол иһигэр Дьокуускайга 57,73% ылбытын иһитиннэрдилэр. Итиэннэ көрдөрүүлэрин тупсарбыт уонна мөлтөх көрдөрүүлээх улуустары ааттаатылар. 5 бастыҥ улуус ахсааныгар киирдилэр: Муома – 79,15%; Аллайыаха – 78,42 %; Үөһээ Халыма – 73,03%; Аллараа Халыма – 71,5%; Орто Халыма – 69,89%. Билиҥҥитэ көрдөрүүлэрэ намыһах улуустар: Чурапчы – 44,26 %; Нам – 44,74%; Нерюнгри – 48,16 %; Кэбээйи – 48,9 %; Амма – 49,47 %. Ил Дархан бу улуустарга үлэни күүһүрдэргэ, вакцинацияны тэтимирдэргэ соруйда.
Мунньахха хоту улуустарга уонна атын эрэгийиэннэртэн оробуочайдар мустар вахтовай бөһүөлэктэригэр ыарыы маассабай тарҕаныытын бохсорго болҕомтону уурарга этилиннэ. Итиэннэ ыалдьыбыт дьону кытта алтыспыттар эрэсиими тутуһууларын хонтуруоллуурга сорудахтанна.
Сэтинньи 3 күнүгэр Айсен Николаев «Тыа сирин кэлимник сайыннарыы» судаарыстыбыннай бырагыраама олоххо киириитин хаамыытын көрдө. Сүбэ мунньахха видеоконференцсибээһинэн улуус баһылыктара кытыннылар. «Тыа сирин кэлимник сайыннарыы бырагыраама көмөтүнэн тыа сиригэр социальнай эбийиэктэр, олорор дьиэ-уот, суол-иис тутуллар, коммунальнай инфраструктура тэриллэр, күөх төлөнүнэн, уунан хааччыйыы боппуруостара быһаарыллаллар. Бырагыраама дьаһалларын олоххо киллэрии өрөспүүбүлүкэ тыа сиригэр олох хаачыстыбатын тупсарыыга суолталаах, биһиги сэлиэнньэлэрбитигэр улахан туһаны аҕалар. Онон бырагыраамаҕа былааннаммыт эбийиэктэри болдьоҕор киллэриини кытаанахтык тутуһуохтаахпыт, кэтээн көрүөх тустаахпыт», – диэн Ил Дархан тоһоҕолоон эттэ. «Тыа сирин кэлимник сайыннарыы» федеральнай бырагырааманан 2021 сылга уопсай үбүлээһин 2 млрд солк. таҕыста, итинтэн 1,8 млрд солк. федеральнай бүддьүөттэн көрүллүбүтэ. Бырагыраама тыа сиригэр олох-дьаһах бары салааларын хабан тоҕус хайысханан барар. Билиҥҥи туругунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн туһааннаах бырагырааманан кэлбит үбү-харчыны баһылааһын уонна дьаһаллары толоруу сорох хайысхаларга 100% тэҥнэстэ. Быйыл тыа сиригэр олорор 20 киһи дьиэ атыылаһыыга социальнай төлөбүрү ылла. Мэҥэ Хаҥалас Бүтэйдээҕэр 4 км усталаах гаас ситимэ тардылынна. Сунтаар улууһун Агдары уонна Кэбээйи улууһун Лүксүгүн сэлиэнньэлэригэр уу ситимин турбаларын киллэрдилэр. Бырагыраама маны сэргэ оскуолалары, оҕо уһуйааннарын, ФАП-тары, спортивнай-чэбдигирдэр тутуулары, олорор түөлбэлэри кэлимник тутууну, социальнай эбийиэктэргэ хапытаалынай өрөмүөнү ыытыыны, култуура, үөрэх тэрилтэлэригэр тырааныспары ылыыны үбүлүүр. Ол эрээри быйыл үс эбийиэги үлэҕэ киллэрии болдьоҕо тардылынна. Бүлүү улууһугар I Күүлэккэ 150 миэстэлээх оскуола, Үгүлээккэ 50 миэстэлээх уһуйаан тутуута, «Лена» федеральнай трассаҕа Алдан оройуонугар I Орочоон уонна Лебединай икки ардынааҕы учаастак өрөмүөнэ 2022 сыл бастакы кыбаарталыгар үлэҕэ киирэллэрэ былааннанар.
Бу нэдиэлэҕэ Ил Дархан Айсен Николаев сэтинньи 1 күнүнээҕи ыйаахтарынан СӨ доруобуйа харыстыбылын миниистирин I солбуйааччытынан Роман Александрович Савины, миниистири солбуйааччыларынан Любовь Степановна Бурнашеваны, Надежда Тимофеевна Федорованы, сэтинньи 3 күнүнээҕи ыйаахтарынан СӨ цифровой сайдыытын уонна инфокоммуникационнай технологиятын миниистирин I солбуйааччынан Петр Васильевич Николаевы, миниистири солбуйааччынан Андрей Владимирович Сусловы, СӨ тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччытынан Артем Александрович Александрову анаата.
Сэтинньи 4 күнүгэр Ил Дархан Саха сирин олохтоохторун Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн эҕэрдэлээтэ. «Норуот сомоҕолоһуутун күнэ бүтүн Арассыыйа уопсастыбата түмсүүлээҕин уонна дойду бары норуоттара эйэ дэмнээхтик, өйдөһөн-өйөнсөн олороллорун кэрэһилиир. Саха сирэ өрүүтүн Арассыыйаҕа баар биир санаанан, эрэлинэн сирдэтэн олорбута, олорор уонна олоруоҕа даҕаны. Биһиги, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо, бырааттыы буолуу ситимин уонна доҕордоһууну үрдүктүк тутабыт, дойду соргута барыбытыттан тутулуктааҕын өйдүүбүт. Кэлэр сылга өрөспүүбүлүкэбит төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтиэхпит. Үйэлээх үбүлүөй иннигэр барыгытын Сахабыт сирин дьонун-сэргэтин олоҕун тупсарыыга биир уопсай сыал тула түмсүөххэ диэн ыҥырабын! Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун бэйэ-бэйэни кытта өйдөһүүгэ, сомоҕолоһууга дьулуһуулара – Саха сирин сайдар суола диэн бигэ санаалаахпын!», – диэн Айсен Николаев бэйэтин эҕэрдэтигэр бэлиэтээн эттэ.
Сэтинньи 5 күнүгэр суһал ыстаап мунньаҕар Ил Дархан иһитиннэрбитинэн, кэлиҥҥи нэдиэлэҕэ коронавируһунан ыалдьыы тэтимэ арыый намтаабыта билиннэ. Сүрүн төрүөтүнэн өрөбүл күннэр биллэриллибиттэрэ, эргиэн кииннэригэр, өҥө оҥорор тэрилтэлэргэ QR-куод киллэриллибитэ көдьүүстээх буолбут. Роспотребнадзор чахчытынан, кэлиҥҥи икки нэдиэлэҕэ ыарыы үүнүүтэ 2% буоллаҕына, хас да нэдиэлэ анараа өттүгэр итинник көрдөрүү 10% тэҥнэһэрэ. Ыараханнык ыалдьар киһи ахсаана арыый аҕыйаабыт. Ол эрээри билигин да искусственнай аппаракка холбоммут киһи ахсаана элбэх. Ол иһин туох-ханнык иннинэ балаһыанньаны вакцинация эрэ көннөрөр кыахтаах. Бу дьыл 41-с нэдиэлэтигэр эрэгийиэҥҥэ 5,5 тыһ. киһи быһыы ылбыт, 42-с нэдиэлэҕэ – 11,3 тыһ. киһи, 43-с нэдиэлэҕэ – 18 тыһ. киһи. Улахан дьоҥҥо быһыыны биэрии 57-58% таһымыгар сылдьар. Онон Ил Дархан бу көрдөрүүнү 80% тиэрдэргэ ыҥырда, оччоҕуна эрэ быһыы-майгы тупсарыгар кыах үөскүөҕэ, билиҥҥитэ инньэ диир эрдэ.
Сэтинньи 5 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ аҕа баһылыга социальнай ситимнэринэн быһа эфиргэ таҕыста. Саха сирин олохтоохторо Ил Дархаҥҥа бэйэлэрин ыйытыыларын биэрэн тутатына эппиэт ыллылар. Бастатан туран, Айсен Николаев алтынньы 30 күнүттэн сэтинньи 7 күнүгэр диэри биллэриллибит эбии өрөбүл күннэр уһатыллыбаттарын, онон сэтинньи 8 күнүттэн үлэ нэдиэлэтэ саҕаланарын эттэ. Ол туһунан суһал ыстаап мунньаҕын быһаарбытын кэнниттэн Ил Дархан ыйаах таһаарбытын иһитиннэрдэ. Онон сабыллыбыт тэрилтэлэр аһыллан үлэлиэхтэрэ. Эбии хааччахтааһын дьаһаллара ылыллыбыттара ыарыы тэтимин бытаардарга көмөлөспүт. Итиэннэ вакцина ылар киһи ахсаана үс бүк эбиллибит. Бастакы дозаны өрөспүүбүлүкэҕэ 408 тыһ. киһи, иккис дозаны 380 тыһ. киһи ылбыт. Сэтинньи 8 күнүттэн атыы-эргиэн кииннэригэр, өҥө оҥорор тэрилтэлэргэ, култуура, успуорт эбийиэктэригэр QR-куодунан киллэрэллэр, оттон быһыыны ылбат медыспыраапкалаах дьон 72 чаас иһинэн ПЦР-тест түмүгүн көрдөрүөхтээхтэр. Бу барыта дьон доруобуйатын харыстыыр туһуттан оҥоһулларын Ил Дархан чопчулаата. Айсен Сергеевич маны сэргэ оскуола оҕолоро күнүскү үөрэххэ көһөллөрүн, уһуйааннар аһыллалларын эттэ. Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет билиҥҥитэ тэйиччиттэн үөрэххэ көспүт. Оттон эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ туспа эрэһииминэн үлэлиэхтэрэ. Оскуолаларга маассабай тэрээһиннэр бобуллаллар. Успуорт күрэхтэһиилэрэ көрөөччүтэ суох ыытыллаллар, ыспарысмыаннар прививкэлээх, QR-куодтаах киирэллэрэ ирдэнэр. Улуустарга быһыы-майгы хайдаҕыттан тутулуктанан миэстэтигэр суһал ыстааптар быһаарыыны – хааччахтыыр эбэтэр сымнатар миэрэлэри ылыныахтара. Сүрүнэ – күргүөмүнэн иммунитеты ситиһэргэ 80% көрдөрүүнү ылыахтаахпытын бары өйдүөхтээхпит диэн Саха сирин олохтоохторун ыҥырда.
Быһа эфиргэ Ил Дархан чэпчэтиилээх авиа-билиэт бырагыраамата салҕаныаҕын туһунан эттэ. Кэлэр сыл саҥатыттан чэпчэтиилээх билиэттэр атыыга тахсыахтара. Маны тэҥэ эрэгийиэн салайааччыта өрөспүүбүлүкэ иһигэр чэпчэтиилээх билиэт бырагырааматын өйүөххэ наадатын эттэ. Ардыгар Дьокуускай-Черскэй, Дьокуускай-Чокуурдаах хайысханан билиэт сыаната Москваҕа диэри көтөрдөөҕөр ыарахан буолар диэн Айсен Сергеевич эбэн эттэ.
Ойуур баһаарын умулларыыга үлэлээбит дьон хамнастарын сэтинньи-ахсынньы ыйдарга бары ылыахтара диэн Ил Дархан чопчулаан эттэ. Саха сиригэр ойуур баһаарын умуруорууга 15 тыһ. кэриҥэ киһи үлэлээбит. Манна эбии Ил Дархан кэлэр сайыҥҥы сезоҥҥа бэлэмнэнэн, номнуо үлэ ыытылларын, эһиил үбүлээһин улаатыаҕын, нормативнай-правовой база, материальнай-техническэй хааччыллыы саҥардыллыаҕын, ойуур баһаарын умулларыыга сыһыан уларыйыаҕын эттэ. Урукку өттүгэр федеральнай киинтэн 400 мөл. солк. үп көрүллэр буоллаҕына, кэлэр сылга Айсен Николаев туруорсуутунан, Владимир Путин быһаччы өйөбүлүнэн үбүлээһин 1 млрд 600 мөл. солк. диэри улаатта. Ыарахан уйуктаах техника – 16 ДТ-75 тыраахтар, 7 соһор тыраахтар кэлиэҕэ.
Арктическай улуустарга эргиэн-логистика кииннэрин үлэлэтии хоту бородуукта сыанатын биллэрдик намтатыа диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ. Маннык аныгылыы кииннэр уһук сытар улуустарга аһыллыахтара. Хас биирдии киин ыаллыы улуустар нэһилиэнньэлээх пууннарын эмиэ хааччыйар кыахтаныахтара. Холобур, Уус Куйгаҕа логистическай киин Дьааҥы бөлөх улуустарын – 14 нэһилиэнньэлээх пууну хабыаҕа. Сыана 2-2,5 бүк чэпчээн, билигин хортуоппуй 1 кг. 74 солк, луук – 75, арбуз, дыня – 140 солк. буолуоҕа. Бастакынан итинник кииннэр Абыйга уонна Усуйаанаҕа аһылыннылар. Сайыҥҥы навигация кэмигэр харайыы усулуобуйата тупсарылларынан Белай Гора бөһүөлэгэр кыһыҥҥы суол туруор диэри самолетунан тиэйбэккэ эрэ элбэх бородууктанан хааччыйыы барыа. Саҥа кииннэр Аллайыахаҕа, Муомаҕа, 2022 сылга Дьааҥы Баатаҕайыгар уонна Орто Халымаҕа аһыллыахтара.
Быһа эфир кэмигэр Саха киһитин сиэринэн муҥха туһунан ыйыттылар. Маныаха Айсен Сергеевич: «Муҥха буолар, бобуллубат, ол эрээри сүүһүнэн-тыһыынчанан дьону мунньар табыллыбат», — диэн хоруйдаата.
Сэтинньи 6 күнүгэр Айсен Николаев Нерюнгри олохтоохторун куорат төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Ааспыт үйэ 60-70-с сылларыгар куораты төрүттээбит, салгыы сыралаах үлэлэринэн аатырдыбыт дьонунан киэн туттабыт диэн бэлиэтээтэ. Нерюнгри баар буолан, Саха сирэ чохтоох эрэгийиэн быһыытынан биллэр. Ааспыт сылга чох хостооһунугар Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ иккис көрдөрүүлэммитэ, кэлэр сылларга дойдуга инники күөҥҥэ тахсарыгар эрэллээҕин Ил Дархан бэлиэтиир. Үрдүк хаачыстыбалаах чоҕу хостооһун кээмэйин улаатыннарыы куорат уонна өрөспүүбүлүкэ сайдыытын мэктиэтинэн буолар. Онуоха «Колмар» уонна «Эльгауголь» хампаанньалар инвестицияҕа бырайыактара олоххо киириитэ, «Якутуголь» хампаанньа бигэ көрдөрүүтэ төһүү буолаллар.
Нерюнгри – Уһук Илин тэтимнээхтик сайдар куората. Дьон олоҕун хаачыстыбата куорат сайдыытын таһымыгар эппиэттиэхтээҕинэн өрөспүүбүлүкэ салалтата ураты болҕомтону уурар. Билигин Нерюнгри оройуонун 2022-2026 сс. сайдыытын туһунан ыйаах бэлэмнэнэнэр. Доруобуйа харыстабылын сайыннарыы стратегиятынан Нерюнгрига оҕо поликлиникатыгар капитальнай өрөмүөн барбыта, быйыл балыыһа комплексын «Б» куорпуһун, дьахтар консультациятын уонна тирии диспансерын дьиэлэрин саҥардыы саҕаланар. Улахан дьон поликлиникатын, балыыһа комплексын «А» уонна «В» куорпустарын, психоневрологическай диспансеры саҥардыахтара. Аныгы оборудованиенан, технологиянан хааччыйыы ыытыллар. Сыл аайы өрөспүүбүлүкэ суолун фондатыттан оройуоҥҥа 100 мөл. солк. итэҕэһэ суох үп суол тутуутугар, өрөмүөнүгэр бэриллиэҕэ. Ааспыт ый бүтүүтэ аэропуорка көтөр-түһэр балаһа саҥардыллан аһылынна. Эһиил чааска 300 айанньыты аһарар саҥа аэровокзал дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. «Бэс Чагда» түөлбэҕэ тутуллубут дьиэҕэ 130 киһи көстө. «Р» кыбаарталга 11 элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуллуоҕа, онуоха социальнай инфраструктура: уһуйааннар, оскуолалар, сынньанар сир, оҕо былаһааккалара тэҥҥэ оҥоһуллуохтара. Ил Дархан куорат олохтоохторугар өрөспүүбүлүкэ, дойду сайдыытыгар киллэрэр кылааттарын иһин махтанна уонна саҥа ситиһиилэри баҕарда.
Афанасий Ноев,
Ил Дархан пресс-сэкирэтээрэ