Ахсынньы 4 күнэ. Айсен Николаев нэдиэлэ саҕаланыытыгар ыытыллар былаанныыр мунньахха бырабыыталыстыбаҕа, Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтатыгар соруктары туруорда. Дойду бырабыыталыстыбата Уһук Илиҥҥэ олоххо киирэр инвестиция бырайыактарын инфраструктуратын өйөөһүн мэхэньиисимин тупсарыыны салгыырын бэлиэтээтэ. Ол курдук, туризм сайдыытын кытта сибээстээх инвестиция бырайыактарын өйүөхтэрэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ туризм сайдыытын стратегиятын оҥорорго хайысхаларын чопчу чуолкайдыырга, салааны өйүүр мэхэньиисимнэри учуоттуурга сорудахтаата. Гостиницалары эрэ буолбатах, санаторийдары, сынньанар дьиэлэри тутар тоҕоостооҕун туһунан эттэ. Тохсунньуга докумуону көрүүгэ киллэрэргэ сорудах биэрдэ.
Ахсынньы 4 күнэ. Ил Дархан Ил Түмэн бэрэссэдэтээлэ Алексей Еремеевы кытта өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр коммунальнай комплексы субсидиялаааһыҥҥа, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр сирдэрин учаастагар инфраструктураны оҥорууга уонна тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүҥҥэ уларытыыны киллэрии боппуруостарын дьүүллэстилэр. Итиэннэ улуус кииннэригэр култуура саҥа эбийиэктэрин штаттарын боппуруоһун көрдүлэр. Бырабыыталыстыба саҥа култуура дьиэлэрин каадырынан толору хааччыйарга модельнай штат араспысаанньатын оҥоруоҕа.
Ахсынньы 5 күнэ. Айсен Николаев Оҕо хамсааһынын күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Саха сирэ дойдуга маҥнайгынан «Бастакылар хамсааһыннарыгар» киирбитэ. Билигин киин куоракка уонна улуустарга хамсааһын 35 олохтоох уонна 653 бастакы сүһүөх салаата үлэлиир. Биһиги үөрэнээччилэрбит хамсааһын ыытар куонкурустарын федеральнай түһүмэҕэр ситиһиилээхтик кытталлар. Ол иһигэр Москваҕа бастакы көмөнү оҥорууга, Тулаҕа уонна Благовещенскайга университет сменатыгар, Хабаровскайга «Амур» форумҥа, ВДНХ-ҕа «Арассыыйа» быыстапка-форумҥа «Бастакылар хордарыгар». Саха сиригэр тыһыынчаттан тахса үөрэнээччи волонтерунан үлэлиир. Кинилэр бэтэрээннэргэ, аҕам саастаахтарга, СВО кыттыылаахтарыгар уонна балыыһаҕа эмтэнэр байыастарга көмөнү оҥороллор.
Ахсынньы 5 күнэ. Ил Дархан террору утары хамыыһыйа уонна суһал ыстаап холбоһуктаах мунньаҕын ыытта. Дойду Бэрэсэдьиэнин быыбарыгар уонна VIII-с «Азия оҕолоро» оонньууларга бэлэмнэнии уонна ыытыы кэмигэр терроризмы утары эрэсиими хааччыйыыга дьаһаллары олоххо киллэриини көрдүлэр. Эбийиэктэргэ куттал суох буолуутун хааччыйыыга инженерно-техническэй уонна да атын тэрээһиннэри ырыттылар. Айсен Николаев былаас уорганнара, суһал сулууспалар уонна куттал суох буолуутун хааччыйыы боппуруостарын быһаарыыга боломуочуйалаах биэдэмэстибэлэр хардарыта бииргэ үлэлээһиннэрин тэрийэргэ сорудахтаата.
Ахсынньы 5 күнэ. Ил Дархан дойду Бэрэсэдьиэнин уопсастыбаннай приемнайыгар дьону тус көрсөн кэпсэттэ. Киниэхэ Дьокуускай олохтооҕо тулаайах кыыс сокуонунан көрүллэр олорор дьиэтин ылыыга көмөлөһөрүгэр эттэ. Айсен Николаев куорат баһылыга Евгений Григорьевка боппуруоһу хонтуруолга ылан, бу сыл бүтүөр диэри кыбартыыра күлүүһүн кыыска туттаралларыгар сорудахтаата. Өрөспүүбүлүкэҕэ тулаайахтары дьиэнэн хааччыйыыга 1 млрд солкуобайтан тахса үп көрүллэр.
Ахсынньы 6 күнэ. Ил Дархан Анаабыр улууһугар үлэлээтэ. Үрүҥ Хайа сэлиэнньэтигэр «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыагынан тутуллубут аҕыс кыбартыыралаах дьиэ аһыллыытыгар олохтоохтого саҥа кыбартыыраларын күлүүстэрин туттарда. Анаабыр улууһугар хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү бырагырааманан тутуллубут бэһис дьиэ буолар. Бу иннинэ Саскылаахха 3 дьиэ, ол иһигэр икки 12-лии уонна биир 13 кыбартыыралаах, итиэннэ Үрүҥ Хайаҕа 8 кыбартыыралаах дьиэлэр үлэҕэ киирбиттэрэ. Кэлэр сылтан Сааскылаахха 30 кыбартыыралаах таас дьиэ тутуллуоҕа. Улууска 2025 сылга диэри былаан быһыытынан 700 киһини хаарбах дьиэттэн көһөрүөхтэрэ. Бырагыраама чэрчитинэн биэс сыл устата Саха сиригэр уопсайа 28 тыһыынча киһи 190 элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ көспүт. 2019 сылтан бырагырааманы олоххо киллэриигэ 61 тыһ. миллиард үп көрүллүбүт.
Айсен Николаев Үрүҥ Хайаҕа врачебнай амбулатория туругун бэрэбиэркэлээн баран, бырабыыталыстыбаҕа мэдиссиинэ саҥа эбийиэгин тутарга дьаһал биэрдэ. Билигин амбулатория 1991 сылга тутуллубут, ирдэбилгэ эппиэттээбэт мас дьиэҕэ үлэлиир. Ил Дархан норматив быһыытынан Үрүҥ Хайаҕа фельдшер-акушер пууна эрэ буолуохтаах эрээри, тыйыс айылҕа усулуобуйалаах сиргэ учаастак балыыһата хайаан да баар буолуохтааҕын бэлиэтээтэ.
Ил Дархан Сааскылаахха Анаабыр улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын боппуруостарыгар мунньах ыытта. Кэлиҥҥи кэмҥэ улууска үлэ, ол иһигэр Бэрэсидьиэн көҕүлүүр национальнай бырайыактарын уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамалары олоххо киллэриигэ, күүскэ ыытылларын бэлиэтээтэ. Ол курдук, национальнай бырайыак чэрчитинэн икки элбэх кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирдэ. Салгыы бу хайысхаҕа үлэни кэмигэр ыытарга Ил Дархан улуус дьаһалтатыгар уонна тутар хампаанньаҕа сорудахтаата. Анаабырга дьоҕус урбаан сайдыыта тэтимирдэ. 2021 сылга бэйэ дьарыктаах 18 киһи баар буоллаҕына, быйыл 156 киһи буолбут. Улуус Саха сирин инвестиция килиимэтин рейтинигэр биир бастыҥнарынан буолар. Быйыл балаҕан ыйын 2 күнүгэр 683 км уһуннаах оптоволокно ситимэ киирдэ. Төрүт дьарык салаатыгар таба ахсаана 23 998 төбөҕө тэҥнэспит, 2019 сылтан 40% улааппыт. Бу өрөспүүбүлүкэҕэ иккис көрдөрүү буолар. Мунньахха Сааскылаах уонна Үрүҥ Хайа оскуолаларын өрөмүөннэрин, Сааскылаахха гимназия уонна Үрүҥ Хайаҕа балыыһа саҥа дьиэтин тутуу боппуруостарын көрдүлэр. Айсен Николаев социальнай суолталаах эбийиэктэри тутууга уонна өрөмүөннээһиҥҥэ, итиэннэ эргиэн-логистика киинэ аһыллыытыгар, суол оҥоруутугар, хомунаалынай хаһаайыстыба үлэтигэр болҕомтону уурарга эттэ.
Ил Дархан Сааскылаах орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ Эрчим Лазаревы кытта көрүстэ. Балаҕан ыйыгар Эрчим Ил Дархан быһа эфиригэр эрийэн, түргэн тэтимнээх интернет холбоммутунан махтаммыта уонна улууска ыалдьыттыы ыҥырбыта. Эрчим боксанан, чэпчэки атлетиканан уонна робототехниканан дьарыктанар. Ас астыырын олус сөбүлүүр буолан кулинарнай куруһуокка сылдьар. Ил Дарханы уол төрүт бүлүүдэнэн күндүлээтэ уонна «Алапчу анҥани» (Минньигэс сыл) диэн долган-эбэҥки халандаары бэлэхтээтэ. Эрчим ити бырайыагынан «Инникигэ хардыы» конференцияҕа иккис миэстэ буолбут. Уол бырайыагын кэҥэтэр уонна саха төрүт астарын үөрэтэр былааннаах. Ил Дархан Эрчимҥэ үөрэҕэр ситиһиилэри баҕарда.
Айсен Николаев Сааскылаахха байыаннай сулууспалаах Гаврил Андросов дьиэ кэргэнин көрүстэ. Андросовтар икки саастаах уол оҕолоохтор. Кэргэнэ Нюана Михайловна сэлиэнньэ уонна оройуон дьаһалталара куруутун көмөлөһөллөрүн туһунан кэпсээтэ. Байыас дьиэ кэргэнэ куортамнаан олорор. Айсен Николаев олохтоох былааска кылгас кэм иһигэр социальнай наймылаһыы бэрээдэгинэн толору хааччыллыылаах дьиэнэн хааччыйарга сорудахтаата.
Ахсынньы 7 күнэ. Ил Дархан Саха сирин Наукатын академията төрүттэммитэ 30 сылыгар аналлаах уопсастыбаннас үөрүүлээх мунньаҕар кытынна. Айсен Николаев Наукатын академията 1993 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев ыйааҕынан тэриллибитин бэлиэтээтэ. Билигиҥҥи кэмҥэ дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин наука уонна технология сайдыытын Уон сылын биллэрбитинэн уопсастыба уонна дойду сайдыытын боппуруостарын быһаарыыга чинчийиилэр түмүктэрин түргэнник олоххо киллэрэр сорук турарын санатта. Онуоха академия өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлиир научнай институттары экэниэмикэ салааларын кытта сүрүн ситимнээччи буолуохтааҕын туһунан эттэ. Саха сиригэр 2021 сыллаахха Наука уонна судаарыстыбаннай научнай-тиэхиньиичэскэй бэлиитикэ сокуона ылыллыбыта. Анал судаарыстыбаннай бырагыраама олоххо киирэр. Эдэр чинчийээччилэргэ анаан граннар олохтоммуттара. Эһиилгиттэн ыла «Саха сиригэр 100 наука лиидэрэ уонна технологията» бырайыак олоххо киириэҕэ.
Ахсынньы 8 күнэ. Айсен Николаев уонна өрөспүүбүлүкэ борокуруора Максим Попов бырабыыталыстыба уонна прокуратура бииргэ үлэлэһии туһунан сөбүлэһиигэ илии баттаатылар. Салгыы Ил Дархан коррупцияны бохсууга үлэни сүрүннүүр хамыыһыйа мунньаҕын ыытта. Манна эрэгийиэҥҥэ коррупцияны сэрэтэр дьаһаллары ырыттылар. Былаас уорганнарыгар биэдэмэстибэннэй тэрилтэлэригэр коррупцияны утары үлэни сүрүннүүллэригэр, ол үлэҕэ төрүт буолар быраап докумуоннарын тэрилтэлэргэ оҥорон, олоххо киллэрэргэ этилиннэ.
Ахсынньы 8 күнэ. Ил Дархан «Үтүө санаа харыйата» аахсыйаҕа кытынна. Икки оҕо Саҥа дьыл бырааһынньыгар үлэспит бэлэхтэрин суруйбут аккырыыккаларын харыйаттан талан ылла. Бастакы кылаас үөрэнээччитэ Илинаҕа куукуланы уонна бэһис кылааска үөрэнэр Славаҕа оонньуур наборун бэлэх оҥордо.
Ахсынньы 8 күнэ. Айсен Николаев фашизмы утары бастакы пуорум пленарнай мунньаҕар тыл эттэ. Дьокуускайга Юрий Гагарин аатынан култуура уонна аныгы ускуустуба киинигэр буолбут тэрээһиҥҥэ байыастар, волонтердар, ытык кырдьаҕастар, ыччаттар, дойду атын эрэгийиэннэриттэн ыалдьыттар кытыннылар. Ил Дархан биһиги Улуу Кыайыыбытын өйбүтүгэр-санаабытыгар куруутун илдьэ сылдьабыт диэн эттэ. Аҕа дойду Улуу сэриитэ Арассыыйа хас биирдии дьиэ кэргэнин хаарыйбытын, Саха сириттэн уоттаах сэриигэ 62 тыһыынча киһи кыттыбытын санатта. 81 сыл анараа өттүгэр, балаҕан ыйын 6 күнүгэр 1942 сыллаахха, Дьокуускайга дыраама тыйаатырыгар фашизмы утары норуот миитинэ буолбутун, ол уустук кэмҥэ Кыайыыны уһансарга ким да саарбахтаабатаҕын бэлиэтээтэ. Билигин биһиги байыастарбыт хорсуннарын-хоодуоттарын көрдөрөллөр, кинилэринэн киэн туттабыт диэн эттэ.
Пуорумҥа Ил Дархаҥҥа «Щит Отечества» мэтээли туттардылар. Полковник Анатолий Матвийчук дойду саҥа эрэгийиэннэрин чөлүгэр түһэриигэ, онно дьон олоҕун хаачыстыбата тупсарыгар оҥоһуллар үлэҕэ Айсен Николаев тус кылаатын бэлиэтээтэ.
Ахсынньы 9 күнэ. Ил Дархан «Борустуой тылларынан» диэн аудио-биэриитин саҥа таһаарыыта өрөспүүбүлүкэҕэ успуорт эйгэтэ сайдыытыгар ананна. Саха сирин олохтоохторо көхтөөхтүк успуортунан дьарыктаналларын бэлиэтиир. 2023 сылга эрэгийиэҥҥэ уопсайа 1900 успуорт эбийиэгэ үлэлиирин, кКэлин биэс сылга 29 улахан эбийиэк үлэҕэ киирбитин туһунан кэпсиир. Аан дойдутааҕы «Азия оҕолоро» успуорт оонньуулара Арассыыйаҕа биир саамай биллэр, дьон интириэһин тардан күрэхтэһии буолар диэн этэр.
Ахсынньы 9 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүнэн Саха сирин олохтоохторун эҕэрдэлээтэ. «Бу күн биһиги Аҕа дойдубутун көмүскээччилэр хорсун быһыыларын көрдөрбүт дьоммутугар сүгүрүйэбит, кинилэри ахтабыт-саныыбыт, чиэстиибит. Саха сириттэн Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 25 киһи Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун уонна Арассыыйа Федерациятын Дьоруойун аатын сүкпүттэрэ, 5 киһи Албан аат уордьанын толору истиэпэннээх кавалердара буолбуттара. Бу судаарыстыбаннай бырааһынньык суолтата бүгүҥҥү күҥҥэ өссө үрдээтэ. Улуу Кыайыыны ситиспит дьоруойдарбытын утумнаан, билиҥҥи көлүөнэ эмиэ инники күөҥҥэ сылдьар, нацистары утары кыргыһыыга хорсун быһыытын көрдөрөр. Быйыл түөрт биир дойдулаахпыт Арассыыйа Дьоруойа үрдүк ааты ыллылар. Биһиги Александр Колесовынан, Алексей Неустроевынан, Филипп Евсеевынан, Дмитрий Егоровынан киэн туттабыт. Кинилэр Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу бастыҥ холобурун көрдөрдүлэр», — диэн Ил Дархан эҕэрдэ тылыгар бэлиэтээтэ.
Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүгэр Айсен Николаев Мэҥэ Хаҥалас улууһун Сыымах сэлиэнньэтигэр сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 1943 сыллаахха Днепр өрүһү туорааһыҥҥа хорсун быһыыны көрдөрбүт Федор Попов пааматынньыгар уонна Дьоруой Ийэлэр мемориалларыгар сибэкки дьөрбөтүн уурда. «Биһиги фашистскай Германияны кыайбыт бэтэрээннэрбитинэн, сэрии кэннинээҕи сылларга дойдуну чөлүгэр түһэрбит дьоммутунан киэн туттабыт», — диэтэ кини.
Ил Дархан Федор Попов аатынан түмэл үлэһиттэрин кытары көрүстэ. Түмэл 1947 сыллаахха үлэтин саҕалаабыта. Билигин манна 500 тахса экспонат баар, ол иһигэр Федор Попов тус маллара. Айсен Николаев түмэл кэлэктиибигэр дьоруой олоҕун, хорсун быһыытын үйэтитиигэ, эдэр ыччаты патриотизм тыыныгар иитиигэ ыытар үлэлэрин иһин махтанна.
Ил Дархан Федор Попов аатынан Баатара орто оскуолатын үөрэнээччилэрин, кадет кылаастарын иитиллээччилэрин уонна «Хаардаах барс» байыаннай-спортивнай оонньуу улуустааҕы түһүмэҕин кыттыылаахтарын эҕэрдэлээтэ. Оҕолорго маннык тэрээһиннэргэ кыттаннар өй-санаа, эт-хаан өттүнэн бэлэмнээх, дойдуга бэриниилээх гражданин буола улааталларыгар уонна күрэхтэһиигэ бастыҥтан бастыҥ кыайарыгар баҕарда.
Сыымахха роботизированнай сүөһү иитэр комплексын тутуу бырайыагын Айсен Николаевка көрдөрдүлэр. Комплекска сылга 1200 туонна үүт ыаныаҕа, онон нэһилиэнньэни сибиэһэй бородууктанан хааччыйыахтара, 30 үлэ миэстэтин тэрийиэхтэрэ. Быйыл кулун тутар ыйга «Саҥа олох» ХЭТ Вологодскайтан Голштинскай боруода ынахтары аҕаларга дуогабар түһэрсибитэ. Улуус пиэрмэ турар сирин учаастагын, мэччирэҥин сирин быһаарбыт. Саҥа комплекс эһиил атырдьах ыйыгар үлэҕэ киириэхтээх.
Айсен Николаев Мэҥэ Хаҥаласка СВО кыттыылааҕа Петр Григорьев дьиэ кэргэнигэр сырытта. «Петр ийэтэ Анна Федоровна уолун туһунан киэн туттан кэпсээтэ. Сулууспалыы барыан иннинэ Петр ОДьКХ Мэҥэ Хаҥаластааҕы салаатыгар үлэлээбит. Кини бойобуой сорудаҕы толоро сылдьан бааһырбыт, онтон эмтэнэн, доруобуйатын чөлүгэр түһэрэн баран, салгыы сулууспалыы барбыт. Анна Федоровна бэлиэтээбитинэн, биир дойдулаахтара өйүүллэр, күүс-көмө буолаллар», — диэн Ил Дархан иһитиннэрдэ уонна Петр төрөөбүт дойдутугар этэҥҥэ эргиллэн кэлэригэр баҕарда.
Ахсынньы 9 күнэ. Айсен Николаев Дьокуускайга өрүс пордун эҥэр «Өлүөнэ үрдэлэ» олорор дьиэ саҥа комплексын тутуутун бастакы сыбаайатын туруорууга кытынна. Бырайыак Дьокуускай куорат маастар-былааныгар киирбитин РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөөбүтэ. Манна 7,6 тыһыынча кыбартыыра, 350 миэстэлээх 4 уһуйаан, хас биирдиитэ 1100 миэстэлээх икки оскуола тутуллуо.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Бытархан тымныылар кэннэ арыый сылыйдар да, кыһын бэйэтин киэбигэр киирдэ. Онон сылы түмүктүүр түбүктээх кэмҥэ бэйэбит турукпутун көрүнэн, чөл, доруобай буолуохха.
Афанасий Ноев
This post was published on 13.12.2023 10:02 10:02