Ил Дархан нэдиэлэтэ: Саха сирэ Уһук Илинҥи уокурукка оҕо төрөөһүнүгэр бастыҥ көрдөрүүлээх

Ахсынньы 12 күнэ. Ил Дархан Саха сирин олохтоохторун Арассыыйа Федерациятын Конституциятын күнүнэн эҕэрдэлээтэ. 1993 сыл ахсынньы 12 күнүгэр ылыныллыбыт Төрүт сокуон судаарыстыба суверенитетын уонна биир кэлим сирин-уотун бөҕө акылаатынан буолбута. 2020 сылга Владимир Путин көҕүлээһининэн Арассыыйа олохтоохторун баһыйар куолаһынан Конституцияҕа уларытыылары ылынан, дойдубут устуоруйатын кырдьыгын уонна кэскилин көмүскүүргэ олук уурдубут, элбэх омуктаах судаарыстыбабыт култууратын, тылын эгэлгэтин чөл хаалларыыны уонна сайыннарыыны мэктиэлээтибит, федерациябытын бөҕөргөттүбүт диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга бэлиэтээтэ.

Ахсынньы 12 күнэ. Айсен Николаев Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын чэрчитинэн Москваҕа Федерация Сэбиэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин күннэригэр кытынна. Саха сирин официальнай дэлэгээссийэтэ дойду киин куоратыгар Александровскай саадка Аҕа дойду уоттаах сэриитин толоонугар охтубут Биллибэт саллаат уҥуоҕар сүгүрүйдэ. Ил Дархан дьоруойдарбыт тустарынан өйдөбүлү харыстааһын, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдии күүһүрэр диэн бэйэтин телеграм ханаалыгар суруйда.

Ахсынньы 12 күнэ. Айсен Николаев Федерация Сэбиэтигэр Федеративнай тутулга, эрэгийиэннээҕи бэлиитикэҕэ, олохтоох салайыныыга уонна Хотугу сир дьыалаларыгар кэмитиэтигэр «Саха сирин кэлимник сайыннарыы» диэн киэҥ ыҥырыылаах мунньахха кытынна. Кини Дьокуускай куоракка хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү 2019-2025 сыллардааҕы бырагырааматын иккис түһүмэҕин болдьоҕун иннинэ 2023 сылга түмүктээн, бырагыраамаҕа киирбэтэх дьиэлэри көтүрүүнү саҕалыыры былаанныылларын туһунан эттэ. Онуоха Арассыыйа Бырабыытыластыбатын резервнэй эбии пуондатыттан Кэлимник сайдыы бырагырааматынан хаарбах дьиэлэртэн көһөрүүгэ анаан саҥа дьиэлэри тутууга эбии үбүлээһини көрүүнү кэмитиэт мунньаҕар өйөөтүлэр.

Ахсынньы 12 күнэ. Саха сирэ уонна Газпромбаан үөрэхтээһин эбийиэктэрин, ол иһигэр уһуйааннары тутуу уонна гаас уматыгын ырыынагын кэҥэтии бырайыактарыгар бииргэ үлэлээһиннэрин туһунан Айсен Николаев уонна баан бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Акимов кэпсэттилэр. Маны тэҥэ чааһынай дьиэлэри гаастааһыҥҥа анал чэпчэтиилээх кирэдьиити биэрии туһунан боппуруоһу көрдүлэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ номнуо Газпромбаан үп өттүнэн өйөөһүнүнэн Судаарыстыбаннай филармония уонна Арктикатааҕы эпос уонна искусство киинин кластердара, аныгы поликлиника тутуллаллар.

Ахсынньы 13 күнэ. Ил Дархан Федерация Сэбиэтигэр Саха сирин күннэрин чэрчитинэн социальнай бэлиитикэҕэ кэмитиэт Арктикаҕа мэдиссиинискэй көмөнү оҥорууга анаммыт мунньаҕар кытынна. Айсен Николаев кэлэр сылтан өрөспүүбүлүкэҕэ Арктика улуустарыгар анал мэдиссиинэ көмөтүн оҥорууга пилотнай бырайыак үлэҕэ киириэхтээҕин туһунан бэлиэтээтэ. Улуустарга үлэлиир мобильнай биригээдэлэр эрэгийиэннээҕи кииннэрэ тэриллэр. Быраастар хас биирдии нэһилиэнньэлээх пууҥҥа сылга түөртэ чопчу тиийэн уонна аныгы технологияларга олоҕурбут дистанционнай мэдиссиинэ нөҥүө көмө оҥоруохтара. Сенатордар бырайыагы, маны тэҥэ Дьокуускайга 245 миэстэлээх инфекционнай балыыһа уонна элбэх хайысхалаах икки успуорт саалатын тутууну өйөөтүлэр.

Ахсынньы 13 күнэ. Айсен Николаев Федерация Сэбиэтин экэнэмиичэскэй бэлиитикэҕэ кэмитиэтин киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕар Саха сиригэр суол-иис, тырааныспар сайдыытын боппуруостарын туруорда. «Кыһыҥҥы суол» диэн өйдөбүл сокуонунан бигэргэниэхтээх диэн бэлиэтээтэ. Ол курдук, федеральнай таһымҥа «кыһыҥҥы суол» диэн өйдөбүл суоҕа итинник суолу оҥорууга, көрүүгэ-харайыыга үбүлээһин көрүллэрин уустугурдар. Сенатордар этиини өйөөтүлэр. Сокуон барыла дойду  Бырабыыталыстыбатыгар дьүүллэһиигэ киллэриллиэ.

Ахсынньы 14 күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев дойду олимпийскай кэмитиэтин бэрэсидьиэнэ Станислав Поздняковы кытта көрсүһүүтүгэр Саха сиригэр успуорт национальнай көрүҥнэрин сайыннарыы, «Азия оҕолоро» сайыҥҥы оонньууну 2024 сылга Дьокуускайга ыытыы туһунан кэпсэттилэр, Дьокуускайга икки успуорт комплексын тутууга федеральнай үбү көрүү боппуруоһа быһаарылла сылдьар.

Ахсынньы 14 күнэ. Айсен Николаев Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвиенколыын көрсүһүүтүгэр өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын боппуруостарын туһунан кэпсэттилэр. Валентина Матвиенко Өлүөнэ муостатын тутууну Саха сирин олохтоохторо бары кэтэһэллэрин, онуоха федеральнай өйөбүл наадатын туһунан бэлиэтээн эттэ. Маны тэҥэ өрөспүүбүлүкэ көҕүлээбит социальнай бырайыактарын, ол иһигэр «Арктика оҕолоро» бырайыагы олоххо киллэриигэ тохтоотулар. Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар анаммыт быыстапканы көрөн, инновационнай уонна креативнай бырайыактарга, чуолаан «Саха сирин технопаарката», «Дьокуускайдааҕы IТ-паарка», биотехнологическай кластер резиденнэрин бородууксуйатыгар үрдүк сыанабылы биэрдэ.

Ахсынньы 14 күнэ. Ил Дархан Федерация Сэбиэтин 535-с пленарнай мунньаҕар «Арассыыйа Федерациятын субъегын чааһыгар» Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй туругун туһунан дакылаат оҥордо. Өрөспүүбүлүкэ Уһук Илинҥэ баалабай эрэгийиэннээҕи бородууксуйа кээмэйинэн, экэниэмикэҕэ инвестиция оҥоһуллуутунан инники күөҥҥэ сылдьарын бэлиэтээтэ. Бу сыл уон биир ыйдааҕы көрдөрүүтүнэн, бырамыысалыннас үүнүүтүгэр дойду үрдүнэн биир бастыҥ көрдөрүүлээх. Туһалаах баайы-дуолу хостооһуҥҥа Уһук Илиҥҥэ бастакы, оттон Арассыыйаҕа бэһис миэстэҕэ сылдьар. Экэниэмикэҕэ хамсааһын дьон олоҕун таһымын тупсарарга төһүү күүс буолар. Саха сирэ Уһук Илинҥи уокурукка оҕо төрөөһүнүгэр бастыҥ көрдөрүүлээх, ол түмүгэр ыаллыы эрэгийиэннэртэн манна эрэ ааспыт сылга нэһилиэнньэ ахсаана эбиллибитин туһунан Айсен Николаев эттэ. Ил Дархан Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвиенкоҕа Дьокуускайга Онкологическай киин тутуутун үбүлээһинин боппуруостарын быһаарыытыгар көмөлөспүтүн иһин махтанна уонна кэлэр сылга киин аһыллыытыгар ыҥырда.

Айсен Николаев «Синергия Арктики» бырайыак туһунан кэпсээтэ. Оптоволокно ситимэ тутулуннаҕына Арктика улуустарыгар интэриниэккэ холбонуу сыаната сүүс төгүл аччыахтаах. Сенатордар бырайыагы өйөөтүлэр. Валентина Матвиенко боппуруоска ураты болҕомто ууруллуоҕа, туһааннаах таһымҥа таһаарыахпыт диэн эттэ.

Маны тэҥэ Ил Дархан Өлүөнэ муостатын тутуутун кыттыгас үбүлээһин, чуолаан федеральнай үп инвестиция уопсай кээмэйин аҥарыттан аччыгый буолуо суохтааҕын туһунан этиитин Федерация Сэбиэтигэр өйөөтүлэр. Тутууга үп федеральнай бүддьүөт бырайыагар 2025 сылга көрүллэрэ былааннаммыт. Валентина Матвиенко бырайыак судаарыстыбаннай экспертизаны ааста даҕаны, муостаны тутуу үлэтэ саҕаланыахтааҕын туһунан эттэ. «Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай-экэнэмичэскэй сайдыытыгар судаарыстыбаннай өйөбүл» туһунан Федерация Сэбиэтин уурааҕын барылыгар дойду Бырабыыталыстыбатыгар Өлүөнэ муостатын тутууну «Тырааныспар тиһигин сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн кыттыгас үбүлээһини оҥорорго этилиннэ.

Айсен Николаев чэпчэки көтөр аалларга «Хотугу сир аэропортара» тэрилтэ аэропортарыгар өҥөнү оҥоруу тарыыбыгар нуул ставканы туттарга этии оҥордо. Билигин билиэт сыанатын 20% тиийэ итинник өҥөнү оҥоруу иһин төлөбүр ылар. Чэпчэтии киириитэ аччыгый авиация сайдыытыгар, дьон айанныырыгар төһүү күүс буолуоҕа.

Ил Дархан дойду экэниэмикэтигэр, чуолаан Азия-Чуумпу акыйаан эрэгийиэннэригэр экспорга Саха сирэ уонна ыаллыы эрэгийиэннэр кылааттара улаатарыгар тырааныспар аныгы ситимин тэрийии ирдэнэр диэн эттэ. Маныаха дойду далааһыннаах сайдыытын стратегиятыгар уларытыы киирэрэ тоҕоостооҕун туһунан эттэ. Саха сирин уонна Магадан нөҥүө Уһук Илинтэн Охотскай муораҕа үргүлдьү тахсар массыына суолун, Илин Сибиири уонна Уһук Илини ситимниир Өлүөнэ өрүһү туоруур муостаны тутуу туһунан бэлиэтээтэ. Тырааныспар көрүдүөрүн сэргэ энергетика ситимэ тэриллиэхтээх. Билигин баар кыах экэниэмикэ бүгүҥҥү ирдэбилигэр эрэ эппиэттиир. Валентина Матвиенко тырааныспарка уонна энэргиэтикэҕэ аныгы инфраструктурата суох бырамыысыланнаһы сайыннарар кыаллыбатын, маны федеральнай киин өйөбүлэ суох быһаарар табыллыбатын туһунан бэлиэтээтэ.

 Ахсынньы 14 күнэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ Наукаларын Академиятын бэрэсидьиэнэ Леонид Владимировы кытта «Хотугу сир: туруктаах сайдыы территорията» научнай-үөрэх киинин чэрчитинэн бырайыактары сайыннарыы туһунан ырыттылар. Айсен Николаев энергетикаҕа, биотехнологияҕа, мэдиссиинэҕэ, тыа хаһаайыстыбатыгар омук технологияларын солбуйар саҥа төрүттэри оҥоруу билигин ирдэнэрин бэлиэтээтэ.

Ахсынньы 15 күнэ. Айсен Николаев Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ Саха АССР үбүлүөйүгэр аналлаах «Бырамыысыланнас уонна уонна геологическай чинчийии: 100 сылы нөҥүөлээн» пуорумҥа кытынна. Ил Дархан геологическай чинчийии өрөспүүбүлүкэ дьылҕатын кытта ыкса сибээстээҕин, Саха сирэ хостонор баай саппааһынан дойдуга бастакы миэстэни ыларын, бырамыысалыннас оҥорон таһаарыыта улаатан иһэрин бэлиэтээтэ. Айсен Николаев минеральнай-сырьевой базаны хаҥатыыга геологическай чинчийиилэри федеральнай бүддьүөттэн үбүлээһин кээмэйин улаатыннарар тоҕоостооҕун туһунан эттэ. Хотугу сир уонна Арктика айылҕата уйанынан, тулалыыр эйгэни харыстыыр технологиялаах ньыманы туттуу ирдэнэр диэтэ. Пуорумҥа дойду уонна Уһук Илин 100-тэн тахса бөдөҥ хампаанньатын, биэдэмистибэлэр салайааччылара кытыннылар.

Ахсынньы 15 күнэ. Дьокуускайга Арассыыйа хаҥкыһыттарын сойууһун кубогар шорт-треккэ күрэхтэһии финалыгар бу сойуус бэрэсидьиэнэ Николай Гуляев кэлэн кытынна. Бу күн кини өрөспүүбүлүкэ баһылыгын кытта көрсөн, эрэгийиэҥҥэ шорт-трек сайдыытын туһунан кэпсэттэ. Айсен Николаев Саха сирэ шорт-трек сайдарыгар интэриэстээҕин, өрөспүүбүлүкэ успуорт саҥа көрүҥнэринэн дьарыктаныыга болҕомтону уурарын, спортсменнары бэлэмнииллэрин, саҥа эбийиэктэри тутарын эттэ.  Николай Гуляев Хаҥкыһыттар сойуустара эрэгийиэн көҕүлээһиннэрин өйүүргэ бэлэмин биллэрдэ. Ол курдук, кэлэр сылга шорт-трегинэн дьарыктаныыга аналлаах комплексы биэриэҕэ.

Ахсынньы 15 күнэ. Айсен Николаев «Үтүө санаа харыйата» аахсыйаҕа кытынна. Кини «Берегиня» иитиллээччитин уонна анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын оҕолорун баҕа санааларын толордо.
Аахсыйа номнуо сэттис төгүлүн ыытыллар.
Ил Дархан «Берегиня» киин 8 кылааһын үөрэнээччитэ Максим Рясикка квадрокоптер, анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын икки кырачааныгар куукула уонна оонньуурдаах көбүөр бэлэхтээтэ.
Айсен Николаев оҕолорго кыһамньы уонна болҕомто мэлдьи ууруллуохтааҕын, Саха сирин олохтоохтора үтүө санаа аахсыйатыгар көхтөөхтүк кытталларыгар баҕарда.

Ахсынньы 15 күнэ. Ил Дархан «Бырамыысыланнас уонна геологическай чинчийии: 100 сылы нөҥүөлээн» пуорум бастакы күнүн түмүгүнэн сир баайын туһаныыга федеральнай ааҕыныстыба (Роснедра) салайааччыта Евгений Петровы кытары көрүстэ. Көрсүһүү кэнниттэн Роснедра салайааччыта пуорумҥа сир баайын хостооччулар, наука дьоно уонна былаас уорганнара бары мустан аһаҕастык кэпсэппиттэриттэн, маннык тэрээһин элбэх боппуруоһу быһаарарга табыгастааҕын эттэ. «Биһиги сүрүн сорукпут – баайдаах сирдэри тэтимнээхтик баһылааһыны көҕүлээһин, саҥа сиргэ ханнык кыһалҕалар үөскүүллэрин уонна кинилэргэ туох мэһэйдиирин билэн, ону көннөрөргө үлэни ыытыы. Хас биирдии хостонор баайдаах сир тус-туспа уратылаах, онно чопчу универсальнай модель суох, ол иһин биир кэлим хайысханы тобулуохтаахпыт», — диэн Евгений Петров бэлиэтээтэ.

Айсен Николаев федеральнай ааҕыныстыба салайааччытыгар мамонт муоһун хомуйуу лицензиятын болдьоҕун 1 сылтан 5 сылга диэри уһатан биэрэри туруоруста. Кини лицензия болдьоҕо кылгаһынан, сотору-сотору саҥардыллыахтааҕынан, манна кыттааччылар «хара» ырыынакка баралларын эттэ. Ол иһин Саха сирэ «Сир баайын туһунан» федеральнай сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэри көҕүлүүр. Евгений Петров бу этиини тоҕоостооҕун уонна федеральнай таһымҥа көрүллүөҕүн туһунан эттэ.

Ахсынньы 16 күнэ. РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Дьокуускайга үлэлээтэ. Кини сырыытын «Үлэ кыбартаала» кластердан саҕалаата. Кини креативнай кластер резиденнэрин бырайыактарын сэргээтэ. Ол курдук, «Сахафильмы» сайыннарар кэнсиэпсийэттэн саҕалаан, ExtraCinema кинопроекторы, таҥаһы тигээччилэри, «Арктик-Телеком» хампаанньа «Арктик Медиа» бырайыагын, «Кындыкаан» мультимедийнэй бырайыагы, «Tundra» анимационнай устуудьуйаны уонна аныгы XR-устуудьуйаны билиһиннэрдилэр.

Юрий Трутнев байыаннай тиэхиньикэни  уонна байыаннайдары  харыстыыр таҥаһы оҥорор «Хоту тент» хампаанньа оҥоһуктарын интэриэһиргээтэ. Хампаанньа байыаннай хайысхатын салайааччы Дуолан Андреев иһитиннэрбитинэн, «Иваново» диэн научнай-чинчийэр киини кытары бииргэ үлэлэһэллэр. Кинилэр матырыйаалга патеннарын биэрбиттэрин чэрчитинэн сабар-бүрүйэр таҥастары, снайпер көстүүмнэрин, балааккалары, утуйар мөһөөччүктэри, тиэхиньикэ  сабыыларын, о.д.а. оҥорон таһаараллар. Оҥоһуктар тепловизорга көстүбэттэр, онон байыаннай дьайыыга туһалаахтарын бэлиэтээтилэр.

Юрий Трутнев Саха сирин бырайыактары үрдүктүк сыаналаата уонна ситиһиилэри баҕарда. Санатар буоллахха, «Үлэ кыбартаала» креативнай кластер Уһук Илиҥҥэ аан бастакынан сэтинньи 23 күнүгэр аһыллыбыта, билиҥҥитэ манна 70 резидент баар. 2025 сылга IT, киинэ, анимация, муода, дизайн, муусука, компьютернай графика, уруһуйдуур ускуустуба, хаартыскаҕа түһэрии уонна видеопродакшн хайысхатынан үлэлиир 150 урбаанньыт резидент буолуохтаах, 1250 саҥа үлэ миэстэтэ тахсыахтаах.

Ахсынньы 16 күнэ. Саха сиригэр пилота суох көтөр аппарааттар оператордарын бэлэмниир киин П.И. Дудкин аатынан сибээс уонна энергетика коллеһын базатыгар бу сыл ахсынньы бүтүүтэ аһыллыаҕа. Бырайыагы Юрий Трутневка билиһиннэрдилэр. Үөрэммит дьоҥҥо анал сибидиэтилистибэ бэриллиэҕэ. Айсен Николаев киин инспиэктэрдэрэ Донбасска баар Владимир Жога аатынан пилота суох систиэмэлэр кииннэригэр баран билиилэрин таһымын үрдэтэн кэлбиттэрин бэлиэтээтэ. Бастакынан үөрэҕи «Боотур» этэрээт доброволецтара, Росгвардия уонна ИДЬМ үлэһиттэрэ ааһаллар. Маннык исписэлиистэргэ Саха сиригэр айылҕа көстүүлэрин, чуолаан тыа баһаарын, халааны кэтээн көрүүгэ наадыйаллар.

Ахсынньы 16 күнэ. Байыаннай-патриотическай иитиини күүһүрдэргэ анаан дойду эрэгийиэннэригэр үөрэтэр-эрчийэр кииннэр арыллыахтара. Саха сиригэр снайпердары бэлэмниир ытыы комплексын тэрийиини Юрий Трутнев өйөөтө. Кини Саха сирэ Аҕа дойду Улуу сэриитигэр снайпердарынан аатырбытын, кинилэринэн киэн туттарын туһунан эттэ. Айсен Николаев киин кэлэр сыл бастакы аҥарыгар үлэҕэ киириэҕин, ыраахха уонна таһыччы ыраахха ытааччылары эрчийии соруга турарын бэлиэтээтэ. Манна 9 мэндиэмэннээх үөрэтэр-эрчийэр дьиэни тутуохтара, ытарга аналлаах сири оҥоруохтара. Ил Дархан инструктордарынан бойобуой уоппуттаах байыаннай сулууспалаахтар үлэлииллэригэр этии киллэрдэ.

Ахсынньы 16 күнэ. Юрий Трутнев Уһук Илиҥҥэ уонна РФ Арктикатааҕы зонатыгар тарыыптары тэҥниир механизм  боппуруостарыгар мунньаҕы ыытта. Вице-премьер санаппытынан, 2017 сылтан РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһаарыытынан Уһук Илин сиригэр-уотугар уот энергиятыгар тарыыптары тэҥнээһин механизма үлэлиир. 2022 сылтан тарыыптары тэҥнээһин механизмыгар уларыйыылар киирбиттэрэ, туһанааччыларга, ол иһигэр ОДьКХ тэрилтэлэригэр субсидияны түһүмэҕинэн кыччатыы саҕаламмыта. Ол уот тарыыба базовай көрдөрүүттэн улаатарын таһаарбат туһугар эрэгийиэн бүддьүөтүн ороскуота биллэ улаатарыгар тиэрдибитэ. Юрий Трутнев эппитинэн, Арассыыйа Бырабыыталыстыбата тэҥнээһин механизмыттан үрдүк барыстаах тэрилтэлэри ылан кэбиһэргэ, бүддьүөт эйгэтин уонна ОДьКХ тэрилтэлэригэр тарыыбы тэҥнииргэ субсидияны түһүмэҕинэн кыччатарга быһаарыы ылыммыта. Онуоха эрэгийиэннэри өйүүргэ федеральнай бүддьүөттэн үбүнэн көмө көрүллүбүтэ. «Биһиги билигин бу үбү толуйуу хайдах барарын бэрэбиэркэлиибит, тоҕо диэтэххэ, санаалар хайдыспыттара», — диэтэ Юрий Трутнев.

«Былырыын бу сыалга-сорукка 1,2 млрд солк. үп тиийбэтин бигэргэппиппит. Онтон 2023 сылга — 3,6 млрд солк., 2024 сылга 4,6 млрд солк. тэҥнэстэ», – диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

Юрий Трутнев Арассыыйа Үпкэ министиэристибэтигэр, Монополияны хааччахтыыр Федеральнай сулууспаҕа, Энергетика, Экэниэмикэ сайдыытын, Уһук Илин сайдыытын министиэристибэлэригэр, СӨ Бырабыыталыстабытыгар «РусГидро» ПАУо-ны кытары тарыыбы тэҥнээһин механизма уларыйыытыттан бүддьүөт эбии ороскуотун ырытарга, РФ бүддьүөтүн тиһигин суотугар толуйуу оҥоһулларын туһунан этиилээх дакылааты Арассыыйа Бырабыыталыстыбатыгар киллэрэргэ сорудахтаата.

Мунньах түмүгүнэн брифиҥҥэ Юрий Трутнев бэлиэтээн эппитинэн, Арассыыйаҕа киирэн эрэр саҥа энерготарыыптары тэҥниир мэхэньиисим Уһук Илин энэргиэтикэтин туругун балачча уларыппытын, дьүүллэһии барбытын, ол иһин РФ Бырабыыталыстыбата ньиэби, кыһыл көмүһү хостуур тэрилтэлэргэ сөбүлэһиллибит быһаарыыны ылыммыт. «Билигин Саха сирин бүддьүөтүгэр ити үбү толуйуу хайдах бара турарын, эбии үп көрүллэрин бэрэбиэркэлиибит. Бүгүҥҥү мунньахха санаалар уратылаахтара көһүннэ. Үп министиэристибэтэ бүддьүөттэр икки ардыларынааҕы бэрээдэктээһин механизмын оҥорууга барытын учуоттаабыппыт диир эрээри, өрөспүүбүлүкэ салалтата атын чахчыны этэр. Онон икки нэдиэлэ иһигэр туһааннаах федеральнай министиэристибэлэр, Моноиполияны хааччахтыыыр федеральнай сулууспа уонна өрөспүүбүлүкэ өттүттэн тэҥнээн көрөн түмүгү биэрэллэригэр сүбэлэстибит», – диэтэ Юрий Трутнев.

Брифиҥҥэ маны тэҥэ Юрий Трутнев дойду креативнай технологияларын атыылааһынын 75 %-ын Саха сирэ ыларынан,  ити таһымы ыһыктыбакка, өссө салгыы сайыннарарга баҕарарын уонна бу хайысхаҕа өрөспүүбүлүкэ улахан кылааты киллэрэрин бэлиэтээтэ.

Саха сиригэр биир кэлим субсидиянан Кардиология киинин, «Үлэ кыбартаала» креативнай кластер курдук бөдөҥ эбийиэктэр үлэҕэ киирдилэр. Эһиил Онкология киинэ киирэрэ былааннанар. «2018 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ бу механизмынан 11 млрд солк. инвестицияламмыта, онтон 9 млрд солк. — федеральнай үбүлээһин. Кэлэр сылга 2,5 млрд солк. федеральнай бүддьүөттэн көрүлүннэ. Эһиил өссө 19 эбийиэк эбилиннэ, онон Нерюнгригэ доруобуйа харыстабылын үс эбийиэгэ, Чульмаҥҥа саҥа оскуола тутуута, Дьокуускайга, Мииринэйгэ, Алдаҥҥа түөрт успуорт саалата, о.д.а тутуллуоҕа», – диэтэ.

Ил Дархан Айсен Николаев РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһаччы дьаһалынан,  Юрий Трутнев өйөбүлүнэн былырыын баһаартан эмсэҕэлээбит Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр Култуура киинэ тутуллуоҕун бэлиэтээн эттэ.

Ахсынньы 17 күнэ. Айсен Николаев быраабы араҥаччылыыр уорганнар уонна бырабыыталыстыба бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах сүбэ мунньаҕы ыытта. Мунньахха  сэби-сэбиргэли, сааны-саадаҕы сокуоннайа суох эргитии, Саҥа дьыллааҕы уонна Ороһуоспатааҕы бырааһынньыктарга бэрээдэги, куттал суох буолуутун хааччыйыы боппуруостара көрүлүннүлэр. Уопсастыбаннай миэстэлэргэ баһаар куттала уонна бэрээдэк кэһиитэ тахсыбатын туһугар үлэ күүһүрүөҕэ. Быраап уорганнарын, коммунальнай хаһаайыстыба, энергетика, доруобуйа харыстабылын, үөрэх тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ күүһүрдүллүбүт эрэсиим үлэтигэр көһөрүллүөхтэрэ. Оҕолорго аналлаах Саҥа дьыллааҕы тэрээһиннэртэн ураты, уопсастыбаннай миэстэлэргэ атын улахан тэрээһиннэр ыытыллыбаттарын туһунан этилиннэ.

Ахсынньы 17 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Ленскэй улууһугар үлэлээтэ. Бу күн Ленскэйдээҕи технологическай техникум саҥа үөрэтэр-лаборатория куорпуһа үөрүүлээхтик аһылынна. Үөрэх кыһата бырамыысыланнас тэрилтэлэригэр каадырдары иитэн таһаарар. Техникум устудьуоннарын, преподавателларын уонна олохтоохтору Ил Дархан эҕэрдэлээтэ. Кини манна үс сыллааҕыта кэлэ сылдьыбыта. «Өссө үс сыл анараа өттүгэр Ленскэйгэ техникумҥа анаан «Алмаас» стадионтан уонна успуорт саалаларыттан чугас баар дьиэни көрбүппүт ырааппыт курдук. Онно  өрөспүүбүлүкэ  өрөмүөн улахан аҥарын бэйэтигэр ыларын курдук дуогабардаспыппыт. Онтон бүгүн ыытыллыбыт үлэ түмүгүнэн биһиги технологическай техникуммут маннык үчүгэй дьиэлэннэ», – диэтэ Айсен Николаев. Саҥа дьиэҕэ уотун-күөһүн, сантехникатын барытын уларыттылар, вентиляция уонна видео-тэрил оҥордулар. Ону таһынан кэбиниэттэри кэҥэттилэр, бибилэтиэкэ уонна буфет эбилиннилэр.

Айсен Николаев аныгыскы хардыынан куорпус чугаһыгар баар учаастакка уопсай дьиэни тутуу буолуохтааҕын бэлиэтээн эттэ. «Ньиэп-гаас бырамыысыланнаһыгар олохтоох нэһилиэнньэ кыттара улахан суолталаах. Чуолаан Ленскэй олохтоохторо манна үлэлиэхтээхтэр, үрдүк дохуоттанар курдук хамнастаныахтаахтар», – диэн Айсен Николаев олохтоох нэһилиэнньэҕэ баар кыахтары бэлиэтээтэ. Санатар буоллахха, оҥоһуллубут бырагыраама быһыытынан өрөспүүбүлүкэҕэ  орто анал үөрэх 25 тэрилтэтэ толору өрөмүөннэниэхтээх уонна саҥардыллыахтаах, аныгы технологическай базалаах буолуохтаах.

Ил Дархан  техникум кэлэктиибигэр уус-уран кинигэни атыылаһалларыгар 100 тыһ. солк. сэртипикээти бэлэхтээтэ. Билигин техникум бибилэтиэкэтэ 7500 кинигэлээх, онтон 5 тыһ. тахсата -– учуобунньуктар. Ленскэй техникума быйыл үйэ аҥаардаах үбүлүөйүн бэлиэтиир. Сыл аайы 100-чэ устудьуон үөрэҕин бүтэрэр. Манна өрөспүүбүлүкэ атын улуустарыттан эмиэ кэлэн үөрэнэллэр. Устудьуоннар улахан аҥардара үөрэх кэнниттэн Ленскэй улууһугар бырамыысыланнас уонна ньиэби хостуур тэрилтэлэргэ үлэлии хаалаллар.

Ахсынньы 17 күнэ. Ленскэй улууһугар сырыытын кэмигэр Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ ньиэп-гаас бырамыысыланнаһын салаатыгар каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ сүбэ мунньах ыытта. Тэрээһин кыттыылаахтара  ньиэп-гаас салаатыгар исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ этиилэрин киллэрдилэр. Чугастааҕы сылларга  туһааннаах салааларга биир тыһыынча кэриҥэ исписэлиис наада буолуоҕа.  Ньиэп-гаас салаатыгар хамнас орто кээмэйэ  128 тыһ. солк. тэҥнэһэр. Идэтийбит үлэһиттэр тиийбэттэрэ каадырдары бэлэмнээһин хойутаан ыытылларын кытары сибээстээх.

«Биһиги эрэгийиэммитигэр бырамыысыланнас балысханнык сайдар. Онон хампаанньалар үрдүк таһымнаах исписэлиистэргэ наадыйыылара улаатан иһэр.  Бүгүн ньиэп-гаас бырамыысыланнаһын хампаанньаларын таһынан таас чоҕу, кыһыл көмүһү, алмааһы хостуур тэрилтэлэргэ оробуочай каадыр тиийбэтэ баар суол», —  диэтэ Ил Дархан.

Айсен Николаев Бырабыыталыстыбаҕа, улуустар баһылыктарыгар чопчу хайысхаларынан каадыры бэлэмнээһиҥҥэ сорудах биэрдэ. Бырамыысалыннас хампаанньаларга оскуолаларга идэҕэ туһаайыыга болҕомтону ууралларыгар сүбэлээтэ.  Холобурга «Роснефть» хампаанньа түөрт фирменнэй кылааһы арыйан үлэлэтэрин аҕалла.

Ахсынньы 17 күнэ. Ил Дархан Ленскэйгэ «Саханефтегазсбыт» хампаанньа автозаправката саҥардыллан аһыллыытыгар сырытта. Билигин манна тырааныспары бензининэн, дизель уматыгынан уонна айылҕа гааһынан сапыраапкалыахха сөп. Бу өрөспүүбүлүкэҕэ Дьокуускай кэнниттэн элбэх уматыгынан сапыраапкалыыр иккис ыстаансыйа буолар. Айсен Николаев Саха сиригэр гаас уматыгы туттууну кэҥэтии олоххо киирэн эрэрин бэлиэтээтэ. Былаан быһыытынан 2030 сылга диэри эрэгийиэҥҥэ саҥа гааһынан сапыраапкалыыр 40 ыстаансыйа баар буолуоҕа.

Ахсынньы 17 күнэ. Айсен Николаев Ленскэйгэ анал байыаннай эппэрээссийэҕэ кыттан кэлбит Василий Никитины кытта көрсөн сулууспатын иһин махтанна. Ил Дархан Саха сириттэн байыастарга тиийэр көмө туһунан ыйыппытыгар, Василий өрөспүүбүлүкэ тугу барытын хааччыйарын, арай анал техника наадатын туһунан эттэ. Байыас биир дойдулаахтарбыт хорсуннарын, кытаанах усулуобуйаттан толлубаттарын, сатабыллаахтарын бэлиэтээтэ. Кини кэргэнэ Анна Никитина эрэгийиэн көмөтүн барытын кэмигэр ылалларын туһунан эттэ. Айсен Николаев Никитиннар оҕолоругар үөрэхтэригэр ситиһиини баҕарда, ноутбук уонна Саҥа дьыллааҕы минньигэс кэһиини туттарда.

This post was published on 21.12.2022 09:01 09:01