Алтынньы 31 күнэ. Айсен Николаев Саха сириттэн сенатордар Александр Акимовы, Егор Борисовы уонна Госдума дьокутааттара Галина Данчикованы, Юрий Григорьевы кытта көрсүһүүтүгэр бииргэ үлэлээһин тутаах соруктарын туһунан кэпсэттилэр. Байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥорууну сүрүннүүр киин үлэтигэр сенатордар уонна дьокутааттар кыттыылара федеральнай таһымҥа өйөбүл боппуруоһун быһаарыы көдьүүһүн үрдэтиэҕэ. Ил Дархан дойду атын эрэгийиэннэригэр эмтэниини ааһар байыаннай сулууспалаах биир дойдулаахтарбытын кытта үлэҕэ улахан болҕомтону уурарга эттэ. Маны таһынан кэлэр сылга дойду бүддьүөтүгэр уонна өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бырагыраамаларын үбүлээһиҥҥэ тохтоотулар.
Сэтинньи 1 күнэ. Ил Дархан нэдиэлэ аайы ыытар былаанныыр мунньаҕар бырабыыталыстыбаҕа байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр төлөбүрү тиэрдиини, атын өйөбүлү оҥорууну тэтимирдэргэ сорудахтаата. Онуоха туһааннаах биэдэмэстибэлэргэ муниципалитеттары кытта бииргэ үлэлээһини күүһүрдэргэ эттэ. Уопсастыбыннай тэриллиилэри, байыаннай сулууспалаахтар дьоннорун кытта үлэни, госпиталларга эмтэнэр байыастарга көмөнү тиһигин быспакка ыытар туһунан бэлиэтээтэ. Өрөспүүбүлүкэ кэлэр сыллааҕы бүддьүөтүн Ил Түмэн иккис ааҕыытыгар бэлэмнээһиҥҥэ көннөрүүлэри киллэриини дьокутааттары кытта бииргэ ыытарга ыйда. Бастатан туран, болҕомтону социальнай эйгэҕэ, тыа хаһаайыстыбатыгар уурарга эттэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай эбийиэктэри тутууга эбии федеральнай үбүлээһин көрүллүбүтүн туһунан иһитиннэрдэ. Биир кэлим Уһук Илиҥҥи субсидия чэрчитинэн кэлэр үп көмөтүнэн Горнай улууһугар Атамайдааҕы сынньалаҥ киинин уонна Үөһээ Бүлүүгэ Барахов аатынан култуура киинин тутуу саҕаланыаҕа диэн эттэ. Дойду бырабыыталыстыбата Арктикаҕа буортулаах эттиктэри быраҕыыны аччатыыга туһуламмыт миэрэлэри бигэргэттэ. Онуоха ыраастыыр эбийиэктэри модернизациялааһын уонна экологическай ыраас оттук көрүҥэр көһүү киирэр. Ил Дархан бырабыыталыстыбаҕа өрөспүүбүлүкэ эбийиэктэрэ ити бырагыраамаҕа киирэллэрин ситиһэргэ сорудах биэрдэ. Федеральнай бүддьүөттэн доруобуйа харыстабылын эйгэтин үлэһиттэрин хамнастарыгар анаан 1 млрд солк. тахса үп көрүлүннэ. Ил Дархан ити быһаарыы олоххо киириитин хонтуруоллуурга ыйда.
Сэтинньи 1 күнэ. Айсен Николаев дойду самбоҕа федерациятын салайааччыта Сергей Елисеевы кытта көрсүһүүтүгэр успуорт бу көрүҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ сайдыытыгар тохтоотулар. Ил Дархан Арассыыйа төрүт успуорда — самбо Саха сиригэр сайдар кэскиллээҕин, өрөспүүбүлүкэ спортсменнара дойду, норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кытталларын бэлиэтээтэ. «Самбо — оскуолаҕа» диэн федеральнай бырайыагы 2026 сылга диэри Саха сирин оскуолаларыгар киллэрэр туһунан кэпсэттилэр. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ самбонан 870-тан тахса киһи дьарыктанар, үгүстэрэ — оҕолор.
Сэтинньи 1 күнэ. Айсен Николаев байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр биир кэмнээх 200 тыһ. солк. төлөбүрү тириэрдии үлэтин чугастааҕы күннэргэ түмүктүүргэ соруйда. Анал мунньахха биир кэмнээх төлөбүрү оҥорууга нуорма-быраап аакталарыгар суруллубатах биирдиилээн түбэлтэлэргэ тохтоотулар. Төлөбүрү биэрии бэрээдэгэр уларытыылар киирбиттэр. Байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнэ, чугас аймаҕа суох буоллаҕына, биир кэмнээх төлөбүрү бэйэтэ ылар. Хас да киһиттэн сайабылыанньа биир байыаннай сулууспалаахха киирдэҕинэ уонна мөккүөр үөскүүр түгэнигэр, харчы байыаннай сулууспалаах тус бэйэтин счетугар ыытыллар. Ил Дархан муниципалитеттар уонна туһааннаах министиэристибэлэр таһымнарыгар социальнай миэрэлэри олоххо киллэриигэ тахсыбыт хойутааһыны бырабыыталыстыбаҕа быһаарарга ыйда. Госпитальга эмтэнэр байыастарга көмөнү оҥорорго уонна салгыы доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэллэригэр усулуобуйаны тэрийэллэригэр сорудах биэрдэ. Биир сүрүннүүр кииҥҥэ маныаха дойду киин куораттарыгар олорор биир дойдулаахтарбытын кытыннарарга эттэ. Айсен Николаев байыастары материальнай-тэхиньиичэскэй өттүнэн хааччыйыыны салгыырга эттэ.
Сэтинньи 2 күнэ. Ил Дархан сарсыарда Дьокуускайга эргиллэн кэлбит «Боотур» өрөспүүбүлүкэтээҕи добровольческай этэрээт 13 байыаһын аэропорка көрүстэ. Биһиги доброволецтарбыт анал байыаннай эпэрээссийэҕэ туруоруллубут соругу чиэстээхтик толордулар диэн бэлиэтээтэ. Байыастар биир дойдулаахтарын өйөбүллэрин билбиттэрин, ол кинилэргэ күүһү-уоҕу, эрэли биэрбитин туһунан эттилэр. Айсен Николаев бэйэбит өттүбүтүттэн сөптөөх көмөнү оҥоруохпут диэн эттэ. Ил Дархан сырдык тыыннарын толук уурбут этэрээт байыастарын чугас дьонноругар дириҥ кутурҕанын тиэртэ уонна дьоруойдар дьиэ кэргэттэригэр, чугас дьонноругар кыһамньыбытын ууруохпут диэтэ.
Сэтинньи 2 күнэ. Ил Дархан олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар тэрилтэлэргэ куттал суох буолуутун уонна терроризмтан көмүскэллээх буолууну хааччыйар миэрэлэри күүһүрдэргэ сорудахтаата. Бырамыысыланнас уонна оттук-энергетика эбийиэктэригэр саахалы туоратыыга эбии үөрэхтэр ыытыллыахтара. Айсен Николаев тырааныспар, коммуникация уонна сибээс, энергетика, ону тэҥэ дьон олоҕор уонна доруобуйатыгар кутталы үөскэтиэн сөптөөх эбийиэктэри чопчулуурга сорудахтаата. Хас биирдии эбийиэккэ үлэ ураты эрэсиимин киллэрэр тоҕоостооҕун көрүөхтэрэ.
Сэтинньи 2 күнэ. Айсен Николаев уонна Амма улууһун баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Степан Кузьмин улуус социальнай-экэнэмиичэскэй туругун уонна инники сайдыытын туһунан кэпсэттилэр. Ил Дархан инникитин улууска тыа хаһаайыстыбатын өйөбүлэ улаатыаҕын, бөдөҥ уонна фермерскэй хаһаайыстыбаларга хотоннору тутууга, бурдугу үүннэриигэ болҕомто күүһүрүөҕүн бэлиэтээтэ. Кэлэр өттүгэр улууска үрдүк күүрүүлээх «Сулҕаччы-Амма» уот ситимэ тардыллыаҕа уонна 110 кВ «Амма» аччыгый станцияны тутуллуоҕа. 2024 сылга Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыаҕа. «Тыа сирин кэлимник сайыннарыы» бырагыраамаҕа икки нэһилиэккэ култуура эбийиэгин тутуу киирдэ. Былаан быһыытынан 13,15 тыһ. кв. м. иэннээх хаарбах дьиэлэртэн олохтоохтору көһөрүөхтэрэ. Билиҥҥитэ номнуо 8 тыһ. кв. м. иэннээх дьиэлэртэн көһөрбүттэр. Алтанҥа уонна Аммаҕа ууну ыраастыыр эбийиэктэр үлэҕэ киириэхтэрэ. Улуус киинигэр лиссиэй саҥа дьиэтэ тутуллуоҕа. Улууска оскуолалары, уһуйааннары, хочуолунайдары тутуу үлэтэ салҕанан барыаҕа.
Сэтинньи 2 күнэ. Ил Дархан национальнай бырайыактар уонна судаарыстыбаннай бырагыраамалар чэрчилэринэн эбийиэктэр тутууларын сүрүннүүр суһал ыстаап мунньаҕар социальнай гаастааһын бырагырааматын туолуутун көрдө. Саха сиригэр былааны 52%-нан куоһарбыттар. 2 041 дьиэҕэ гаас утаҕа тардыллыахтааҕын, 3 109 сир учаастагар диэри босхо таппыттар. Айсен Николаев муниципалитеттар салалталара олохтоохторго социальнай гаастааһыҥҥа субсидия бэриллэрин туһунан иһитиннэрэр үлэни күүһүрдүөхтэрин наада диэн эттэ. Маны таһынан гаас оборудованиетын ыларга байыаннай сулууспалаахтарга субсидия бэриллэр.
Сэтинньи 2 күнэ. Айсен Николаев уонна Мииринэй куорат саҥа талыллыбыт баһылыга Алексей Тонких көрсүһүүлэригэр куорат социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын боппруостарыгар тохтоотулар. Чуолаан куорат маастар-былаанын оҥоруу туһунан кэпсэттилэр. Докумуон оҥоһуллан бүтэн эрэр. Куоракка билигин Иирэлээх үрэх аттыгар сынньанар сир, оҕо былаһааккаларын уонна элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тиэргэннэрин тупсаран оҥорууга үлэ ыытыллар. Маны тэҥэ 2030 сылга диэри Мииринэй улууһун сайдыытын ыйааҕар киирбит бырайыактар олоххо киириилэрин туһунан кэпсэттилэр.
Сэтинньи 3 күнэ. Ил Дархан Ньурбаҕа үлэлээтэ. Улууска тиийээт, өрөспүүбүлүкэ баһылыга биллиилээх судаарыстыбаннай, бэлитиическэй деятель, саха норуотун чулуу уола Степан Васильев пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурда. Айсен Николаев эрдэ бэлиэтээбитин курдук, Саха АССР 100 сылыгар биһиги Сахабыт сирэ инникилээх буолуутугар бигэ тирэҕи уурбут дьоммутугар сүгүрүйэбит. Степан Васильевич Васильев – өрөспүүбүлүкэни төрүттэспит бастакы наркомнартан биирдэстэрэ. Кини дойдуга идэлээх сойуустары, Саха сиригэр комсомолу тэрийсибитэ, Сэбиэскэй Сойууска бырамыысалыннас, кыһыл көмүһү хостооһуну сайыннарыыга быһаччы үлэлэспитэ, кылаатын киллэрбитэ.
Бу күн Ньурбаҕа судаарыстыбаннай көһө сылдьар драматическай театр саҥа таас дьиэтин арыйдылар. Бу иннинэ театр 1966 с. мас эргэ дьиэҕэ үлэлээн кэлбитэ.
«Саха АССР 100 сылыгар култуура бөдөҥ эбийиэктэрэ куораттарга эрэ буолбакка, тыа сиригэр эмиэ тутуллаллар. Төһө да уустук кэмнэр, дьаҥ, хааччахтар баалларын үрдүнэн, тутууну болдьоҕор түмүктээн, биир бастыҥ эбийиэги үлэҕэ киллэрдибит. Бу улуус олоҕор эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ, дойдуга бэлиэ түгэн. Култуура уонна театр искусствота – дьону өрүү сомоҕолуур. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит судургута суох да кэмнэргэ култуураны өйүүрэ уонна өйүө даҕаны. Ньурба театра инникитин даҕаны айар ситиһиитинэн үөрдэ турарыгар эрэллээхпин», — диэн Ил Дархан саҥа дьиэ аһыллыытыгар бэлиэтээн эттэ.
«Өр сыла кэтэспит ыра санаам туолбутунан, өрөгөй күммүт тосхойбутунан дьоллонон турабын. Щепкин аатынан театральнай училищены 1966 сыллаахха бүтэрбит, бу Ньурба театрын төрүттээбит саха студиятын уонна үлэлии сылдьар театрым коллективын аатыттан сүдү бэлэх оҥоһуллубутунан кылааттарын киллэрбит, төһүү буолбут дьоммутугар махтанабын», — диэн СӨ норуодунай артыыһа Валентина Николаева тириэртэ.
Саҥа дьиэҕэ 250 киһи киирэр улахан саалалаах, аччыгый уонна эрэпэтииссийэлиир саалалардаах, аныгы тэрилинэн толору хааччыллыбыт. Бүгүн театрга Щепкин аатынан театральнай училищены, Уһук Илиҥҥи искусство институтун, Свердловскайдааҕы театральнай институту уонна АГИКИ-ны бүтэрбиттэр үлэлииллэр. 56-с сезон устата 200-тэн тахса испэктээкил турда. Саҥа сценаҕа Саха АССР төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Степан Васильевка анаммыт Эдуард Данилов пьесатынан испэктээкили көрдөрдүлэр.
Ньурбаҕа сырыытын кэмигэр Айсен Николаев анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар аҕалаах Ильиннэр дьиэ кэргэни кытта көрүстэ. Аҕа баһылык Юрий Петрович — суоппар, алтынньыга хомуурга ыҥырыллыбыт уонна билигин Ростов уобалаһыгар 101-с биригээдэҕэ сулууспалыы сылдьар. Ийэлэрэ Александра Николаевна — дьиэ кэргэҥҥэ, оҕолорго көмөлөһөр кииҥҥэ педагог-тэрийээччи. Үс оҕолоохторуттан иккилэрэ устудьуон, кыра кыыс Настя төрдүс кылаас үөрэнээччитэ. Александра Николаевна этэринэн, кэргэнин кытта сибээһи тутуһар, этэҥҥэ сулууспалыы сылдьар. 200 тыһ. солк. биир кэмнээх көмөнү ылбыттар. Айсен Николаев устудьуон кыргыттарга үрдэтиллибит истипиэндийэ төлөнүллүөхтээҕин, дьиэ кэргэн тырааныспар нолуогуттан босхолонуохтааҕын эттэ. Дьиэ кэргэн бааҥҥа кирэдьииттээх, аҕаларын аатыгар сылдьарынан, төлөбүргэ каникул биллэриллибит. Айсен Сергеевич Ильиннэргэ бары үчүгэйи уонна тапталлаах аҕалара этэҥҥэ эргиллэн кэлэригэр баҕарда. Ил Дархан Настяҕа үөрэҕэр ситиһиилэри баҕаран туран ноутбук туттарда.
Сэтинньи 4 күнэ. Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Кини дойдубут бүгүн уустук тургутууну ааһарын, неонацизм алдьархайын сөргүппүт күүстэргэ утарылаһарын санатта. Польша уонна Литва халабырдьыттарыттан Москваны босхолооһуну өйдүүр-саныыр күммүт бүгүҥҥү күҥҥэ хаһааҥҥытааҕар да суолтата үрдүүрүн бэлиэтээтэ. «Модун судаарыстыбабыт устуоруйата Арассыыйа ааспыт көлүөнэлэрин улуу кыайыыларын, дойдуга уҕараабат тапталларын уонна бэриниилээх буолууларын кэрэһилиир. Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир сылбытыгар Саха сирин олохтоохторо, өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын төрүттээччилэрбит курдук түмсүүлээх уонна Аҕа дойдуга бэриниилээх буолуу холобурун көрдөрөллөр. Саха сирэ – модун Арассыыйа быстыспат сорҕото буолан, саха дьоно үлэбитинэн-хамнаспытынан дойду экэнэмиичэскэй кыаҕын бөҕөргөтөргө дьулуһабыт. Өрөспүүбүлүкэ бу улахан сыалы ситиһэргэ, дьон олоҕун тупсарыыга кыаллары барытын оҥоруоҕа диэн эрэнэбин», – диэтэ Ил Дархан.
Сэтинньи 4 күнэ. Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр Айсен Николаев «Саха сирэ сомоҕолуур. Ыччат омук — инники кэскилэ» Уһук Илин эрэгийиэннэрин норуоттарын киэҥ ыҥырыылаах форумун кыттыылаахтарын кытта көрүстэ, Национальнай галереяҕа тэриллибит улахан быыстапкаҕа сырытта.
Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Бүтүн Арассыыйатааҕы «Биһиги бииргэ» аахсыйаны өйөөн, патриотическай тэрээһин ыытылынна. «Биһиги билигин киэҥ хабааннаах утарсыыны көрсөбүт, ол эрэн биһиги бииргэбит! Өстөөхтөрбүт биһигини куттуохтарын, араас сааҥсыйаларынан самнарыахтарын баҕарбыттара. Кинилэр Арассыыйаны тобуктаппатылар. Биһиги дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин, судаарыстыбаннас идеяларын тула өссө күүстээхтик түмсэбит», – диэн Айсен Николаев эттэ.
Кини Сахабыт сирин дьоно, тэрилтэлэрэ хас эмэ туоннанан бородууктаны, гуманитарнай көмөнү уонна биир күннээх хамнастарыттан ыыппыттарын санатта.
«Хас биирдии киһи көмөтө олус суолталаах. Бүгүҥҥү аахсыйаҕа кыттыбыт дьон хас биирдиигит дууһаҕытын ууран туран, дойдутугар көмөлөһө сылдьаҕыт, күүстээх гражданскай позициялааххыт. Мин бүгүн манна оҕо уонна ыччат элбэҕиттэн үөрдүм. Эһиги хайдах дьон буолан иитиллэн тахсаргытыттан дойдубут инники сайдыыта тутулуктаах. Биһиги оҕолорбут, ыччаттарбыт бэйэлэрин эһэлэрин, хос эһэлэрин курдук дойдуга бэриниилээх буола улааталларыгар олус эрэнэбин», – диэн эдэр ыччакка туһаайан эттэ.
Айсен Николаев бастыҥ үөрэнээччилэргэ, актыбыыстарга саҥа пааспардарын туттарда, кинилэргэ ситиһиилэри баҕарда.
Бу күн Дьокуускайга буолбут уопсастыбаннас үөрүүлээх миитинигэр Айсен Николаев Норуот сомоҕолоһуутун күнэ дириҥ историческай уонна духуобунай суолталааҕын, Арассыыйа олохтоохторун түмэр, төрөөбүт дойдуларын көмүскүүргэ, дириҥ ытыктабылы, истиҥ тапталы үөскэтиигэ туһуланар бырааһынньык буоларын эттэ. «Соторутааҕыта баҕа өттүнэн хомуллан барбыт «Боотур» этэрээт дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Биһиги Донецкай уобалас Кировскай куоратын чөлүгэр түһэрэбит. Тыылга көмөлөһөбүт, байыаннай сулууспалааччыларга көмө хомуйабыт, кинилэр дьиэ кэргэттэрин кыһалҕаларын быһаарарга араас тэрээһиннэри ыытабыт. Омугуттан, социальнай балаһыанньатыттан, итэҕэлиттэн тутулуга суох биһиги бары — улуу Арассыыйа гражданнара буолабыт. Кыайыы биһиэнэ буолуоҕа!» – диэтэ Ил Дархан бэлиэтээтэ.
Сэтинньи 5 күнэ. Дойду үрдүкү уонна Донбасс салалталарын көрдөһүүлэринэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Бердников Донбасс Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин Мариуполь куоратыгар баһылыгы бастакы солбуйааччынан үлэҕэ көһөр буолла. Бу туһунан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Дмитрий Викторович алдьаммыт-кээһэммит, урусхалламмыт Мариуполь куораты чөлүгэр түһэриинэн быһаччы дьарыктаныаҕа. Кини бу дьыалаҕа улахан уопуттаах. Кини Иркутскай уобаласка халааҥҥа барбыт Тулун куораты саҥардыбыта. Былырыын кини салайыытынан кылгас кэм иһигэр Горнай улууһун Бэс Күөлэ чөлүгэр түһэриллибитэ. Дмитрий Бердников сүрүннээһининэн Саха сиригэр быйыл элбэх үөрэх тэрилтэтигэр хапытаалынай өрөмүөн ыытыллан саҥардылынна. Итиэннэ кини Донбасска Кировскай куоратын чөлүгэр түһэрии үлэтин салайда. «Дмитрий Бердниковтыын Дьокуускай уонна Иркутскай куораттары салайыахпытыттан бэйэ-бэйэбитин үчүгэйдик билсэбит, кини иннигэр туруоруллубут соруктары саҥа үлэтигэр кыайа-хото тутуоҕар эрэнэбин. Тус бэйэм уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун ааттарыттан Дмитрий Викторовичка Саха сирэ сайдарын туһугар улахан кыһамньытын иһин махтанабыт», – диэн Ил Дархан санаатын үллэһиннэ.
Афанасий Ноев, Ил Дархан пресс-сэкирэтээрэ
This post was published on 08.11.2022 15:33 15:33