Балаҕан ыйын 26 күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев быстах хомуурга – мобилизацияҕа ыҥырыллыбыт байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин өйүүр туһунан ыйаахха илии баттаата. Ыйаахха этиллэринэн, дьиэ кэргэҥҥэ 200 тыһ. солк. суумалаах көмө оҥоһуллар. Төрөппүт хомуурга хабыллан сулууспалыыр кэмигэр уһуйааҥҥа сылдьар оҕолоро төлөбүртэн босхолоноллор. Хомуурга хомуллубут төрөппүттээх 5-11 кылаастарга үөрэнэр оҕо оскуолаҕа босхо аһылыгынан хааччыллар. 6,5 сааһыттан 18 сааһыгар диэри оҕо доруобуйатын көннөрүнэр лааҕырга босхо путевканан сынньана барар кыахтанар. Хомуурга барбыт байыаннай сулууспалаах оҕото үрдүк, орто анал үөрэх кыһатыгар киирэригэр бастакы уочарат ылыллар. Үрдүк уонна орто анал үөрэххэ киирэригэр төрөппүтэ сулууспалыыр кэмигэр үрдүк стипендия бэриллэр. Сулууспалааччы төрөппүттэрэ санаторийга-курорка босхо бараллар.
Балаҕан ыйын 26 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар биир дойдулаахтарбыт ийэлэрин, кэргэттэрин кытта көрүстэ. «Сахабыт сирин олохтоохторо, атын субъектар бэрэстэбиитэллэрин курдук, бэйэлэрин ытык иэстэрин толоро сылдьаллар, Украина нацистарыттан Ийэ дойдубут инникитин хорсуннук көмүскүү сылдьаллар. Бу кэм биһиэхэ барыбытыгар уустук, тыҥааһыннаах, ордук чуолаан байыаннай эпэрээссийэҕэ аҕалара, кэргэттэрэ, уолаттара, бырааттара, убайдара кыттар дьиэ кэргэттэргэ. Кинилэргэ тулуурдарын, өйөбүллэрин иһин махтанабыт. Биһиги хаһааҥҥытааҕар да бэйэ-бэйэбитигэр өйөһүөх, көмөлөһүөх, сомоҕолоһуох тустаахпыт», – диэтэ Ил Дархан.
Көрсүһүү кэмигэр быстах хомуур, сулууспалыы сылдьааччылар, кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйөөһүн туһунан кэпсэттилэр. Ийэлэр, кэргэттэр этиилэрин болҕойон иһиттилэр, ханнык кыһалҕа баарын үллэһиннилэр. Холобур, сулууспалаан кэлээччилэргэ юридическай, психологическай, медицинскэй көмөнү оҥоруу, үлэ миэстэтинэн хааччыйыы, эчэйбит дьоҥҥо сыаналаах эминэн хааччыйыы, ханнык чэпчэтиилэр көрүллэллэрин тустарынан ырыттылар.
Балаҕан ыйын 26 күнэ. Айсен Николаев саха телевидениетын, радиотын ханаалынан уонна социальнай ситиминэн аһаҕас эфиргэ тахсан, икки чаастан ордук кэмҥэ нэһилиэнньэ ыйытыытыгар хоруйдаата, өрөспүүбүлүкэ сүрүн суолталаах боппуруостарын тула кэпсэттэ. Быһа линия көмөтүнэн барыта 1117 ыйытыы киирдэ.
Баһыйар үгүс боппуруос быстах хомуур тула буолла. Сорох улуустар хомуур былаанын толорбуттар. Айсен Николаев этэринэн, хомуурга алҕас быһыы-майгы тахсарыгар сорох улуустарга анал байыаннай комиссариаттар суохтара атахтаабыт.
«Биһиги дойдубутугар бу маннык улахан хомуур барбатаҕа 80-ча сыл буолла. Байыаннай комиссариаттар да аҕыйахтара үгүс боппуруоһу таһаарда. Холобур, Чурапчы, Үөһээ Бүлүү курдук тыа сирин улахан улуустарыгар анал үлэһитэ суох олорор. Эгэ, хотугу улуустарбытын этиэхпит дуо? Онон мобилизация бастакы күнүгэр ыарахаттары көрүстүбүт. Ол эрээри билигин бэрээдэк баран эрэр. Бастакы күннэргэ 120-чэ киһи дьиэтигэр төнүннэ. Бу үлэ салгыы ыытыллыаҕа», – диэн иһитиннэрдэ Айсен Сергеевич.
Саха сирэ федеральнай кииҥҥэ өссө 11 аэропорду саҥардан тутууну туруорсар. Бу туһунан Ил Дархан быһа эфир кэмигэр иһитиннэрдэ. Ил Дархан этэринэн, ити боппуруоска Федерация Сэбиэтин сис кэмитиэтэ өрөпсүүбүлүкэ этиитин өйүүр. 2019 сыллаахха Саха сирин салалтата 15 аэропорду саҥаттан тутуу испииһэгэр киллэттэрбитэ.
Национальнай бырайыак чэрчитинэн улуустар киин балыыһаларын аныгы технологиянан оҥоһуллубут сыаналаах анал оборудованиеларынан хааччыйыы барар. Былырыын көмпүүтэр томографията Уус Алдан, Чурапчы, Томпо уонна да атын оройуоннарга туруоруллубута. Быйыл алтынньы бүтэһигэр итинник томограф Орто Халыма улууһугар тиийиэҕэ.
Ил Дархан Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ улуустарга онколог, офтальмолог уонна невролог быраастартан турар медицинскэй десаннары оҥорору сорудахтаабыта. Онуоха мобильнай десаннары элбэтэргэ анаан КамАЗ базатыгар көһө сылдьар 14 комплекс былырыын атыылаһыллыбыта. Балаҕан ыйыгар харах балыыһатыгар эмиэ итинник курдук офтальмология көһө сылдьар комплекса аҕалыллыбыта. Бу күннэргэ харах быраастара Алдаҥҥа, Нерюнгрига бараллар. Алтынньы 24 күнүгэр Ленскэйгэ үлэлиэхтэрэ. Аҕыйан ыйынан суол турдаҕына Эбээн Бытантайга тиийиэхтэрэ. Итинник десаннар маршруттара кэҥээн иһиэҕэ.
Быһа эфир кэмигэр Ил Дархан кыстыкка киирии, оскуолаларга хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыытын, хоту улуустарга субсидиялаах авиабилиэтинэн көтүү, хаарбах дьиэлэртэн дьону көһөрүү, ойуур баһаарын, суолу-ииһи тупсарыы, олохтоох каадыры бырамыысалыннаска үлэнэн хааччыйыы, урбаанньыттарга чэпчэтиилэри көрүү, оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйөөһүн туһунан боппуруостары сиһилии быһааран биэрдэ.
Балаҕан ыйын 27 күнэ. Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун Судаарыстыбаннаһын күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Саха автономиятын төрүттээбит Максим Аммосов, Былатыан Ойуунускай, Исидор Бараахап уонна да атын чулуу дьоммут түстээбит ураты сыаннастарын чөл хаалларарга уонна элбэтэргэ төһүү күүс буолбут Бастакы Президеммитигэр Михаил Николаевка уонна кини биир санаалаахтарыгар махтанна. Хотугу дойду инники дьылҕатын быһаарбыт дьаһаллар сөпкө ылыныллыбыттарын кэм-кэрдии дьэҥкэтик көрдөрдө. Саха сирэ – модун дойду биир тэтимнээхтик сайдар эрэгийиэнэ буоларын, Уһук Илиҥҥи уокурукка экэниэмикэ, социальнай эйгэ үгүс салааларыгар инники күөҥҥэ сылдьарын санатта. Саха АССР 100 сылынан федеральнай киин уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн суотугар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 100 дьоһун суолталаах эбийиэк тутулларын, олортон баһыйар өттө үлэҕэ киирбитин Ил Дархан бэлиэтээн эттэ.
Балаҕан ыйын 27 күнэ. Бэлиэ күҥҥэ Айсен Николаев саха норуотун чулуу уола, автономияны төрүттэспит уһулуччулаах судаарыстыбаннай диэйэтэл Былатыан Ойуунускай пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурда.
«Саха сирин сайдарын туһугар Былатыан Ойуунускай олоҕун анаабыта. Инники олоххо бырааптаах буоларбыт иһин хас биирдиибит күүстээх санаалаах, бөҕө туруктаах буоларын кини айан-тутан хаалларбыта үөрэтэр», — диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга эттэ.
Балаҕан ыйын 27 күнэ. Саха сирин Судаарыстыбаннаһын күнүгэр Айсен Николаев дойду уонна өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар уһулуччу кылааттарын киллэрбит араас эйгэ үлэһиттэригэр, барыта 52 киһиэхэ РФ уонна СӨ үрдүкү судаарыстыбаннай наҕараадаларын туттарда. Россия Наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын кыһалҕаларын уонна гуманитарнай чинчийии институтун научнай салайааччыта, историческай наука доктора, профессор, СӨ наукатын үтүөлээх диэйэтэлэ Анатолий Алексеев «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах гражданина» буолла. «Хотугу сулус» уордьанынан Удачнайдааҕы хайа-байытар кэмбинээт дириэктэрэ Сергей Павленко бэлиэтэннэ. «Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта» үрдүк аат Елена Слепцова-Куорсуннаахха уонна Дмитрий Наумовка иҥэрилиннэ.
«Билигин бары, биһиги өрөспүүбүлүкэбит уонна дойдубут кытаанах тургутууну ааһабыт. Дойдуга ыарахан кэмнэргэ Саха сирин дьоно дойду көмүскэлигэр турбуттара. Биһиги Саха сирин олохтоохторугар – анал эпэрээссийэ, Арассыыйа инникитин, куттал суох буолуутун уонна көҥүл иһин охсуһуу кыттыылаахтарыгар норуот махталын биллэрэбит”, — диэн Ил Дархан ойуччу бэлиэтээтэ уонна анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сырдык тыыннарын биэрбит, дьоруйдуу хорсун быһыыны көрдөрбүт уолаттар – Петр Корнилов, Иннокентий Михайлов, Николай Сибиряков.аймахтарыгар «Эр санааланыы» уордьанын туттарда.
Балаҕан ыйын 27 күнэ. Айсен Николаев Үп миниистирэ Валерий Жондоровы кытары көрүстэ. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн быйылгы сокуонугар уларытыылары киллэриигэ хотугу улуустарга көтүүнү субсидиялааһыҥҥа, тыа хаһаайыстыбатыгар сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ, анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар дьоҥҥо көмө уо.д.а. төлөбүрдэр учуоттаныахтара. Ил Дархан быйылгы сыллаах бүддьүөт сокуонугар уларытыылары киллэриигэ социальнай бырагыраамаларга болҕомто ууруллуохтааҕын эттэ. Ону таһынан мобилизацияҕа ыҥырыллыбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр көмөҕө эмиэ үбүлээһин көрүллүөхтээҕин бэлиэтээтэ.
Валерий Жондоров бүддьүөт сокуонун барылыгар үөрэхтээһиҥҥэ, доруобуйа харыстабылыгар, салгын тырааныспарынан көтүүгэ, о.д.а. боппуруостар учуоттаныллыахтарын эттэ. «Үөрэхтээһин эйгэтигэр судаарыстыбаннай стандарты киллэриигэ үөрэх тэрилтэлэригэр эбии үбүлээһин көрүллүөн наада. Ону таһынан кыра хамнаһы тэҥнээһиҥҥэ 1,1 млрд солкуобай ирдэниллэр. Салгын тырааныспарынан көтүүнү субсидиялааһын, санитарнай рейстэри ыытыы, сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин эмиэ туспа үбүлээһини ирдииллэр. Ил Дархан министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр, судаарыстыбаннай тэрилтэлэр ороскуоттарын көрүнэллэригэр эттэ», – диэн көрсүһүү кэнниттэн Үп миниистирэ иһитиннэрдэ.
Балаҕан ыйын 28 күнэ. Айсен Николаев экэниэмикэ сүрүн хайысхаларын сыыппараҕа көһөрүүгэ аналлаах бырайыактыыр офис уочараттаах мунньаҕын ыытта. Санатар буоллахха, быйыл атырдьах ыйыгар экэниэмикэ салааларын сыыппараҕа көһөрүү стратегията оҥоһуллубута. Стратегияны олоххо киллэриигэ оробуочай бөлөҕү Ил Дархан салайар. Мунньахха судаарыстыбаннай, муниципальнай өҥөлөрү оҥоруу рейтинин, коммунальнай хаһаайыстыбаҕа, тутууга сыыппараҕа көһөрүү бырайыактарын көрдүлэр.
«Өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай палаатата мобилизацияҕа барар дьоҥҥо көмө быһыытынан сүрүннүүр киини арыйан үлэлэтэн эрэр. Бу кииҥҥэ итиэннэ «122» уопсай нүөмэринэн үгүс ыйытыы киирэр. Дьиэ кэргэҥҥэ төлөнөр харчыттан саҕалаан социальнай көмө, кредиккэ чэпчэтиилэр тустарынан. Онуоха тута сөптөөх эппиэт биэрэргэ, боппуруостары быһаарыыга сүрүннүүр киин үлэтэ чуолкай уонна түргэн-тарҕан буолуохтаах», – диэн эттэ Ил Дархан уонна министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр салайааччыларын болҕомтолорун туһаайалларыгар ыҥырда.
Балаҕан ыйын 29 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга «РусГидро» хампаанньа генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччы Роман Бердниковы кытта көрсөн, Дьокуускайга ититии тиһигэр биир тэрилтэни тэрийии, «Якутскэнерго» ПАУо базатыгар Саха сиригэр баар уот ситимин түмүү туһунан кэпсэттилэр. Бүлүү суолун 9 км Дьокуускайдааҕы ГРЭС-2 диэри технологическэй суол учаастагын бииргэ туттуу боппуруостарын таарыйдылар. Магадан уобалаһыгар Халыма өрүскэ тутуллуохтаах балыгы үөскэтэр собуот бырайыагар балык сэдэх көрүҥнэрин киллэрии туһунан ырыттылар.
Балаҕан ыйын 29 күнэ. Уһук Илиҥҥэ уонна Арктикаҕа энергия атын көрүҥнэрин тус суолталаах туһаныыны Саха сирэ салгыы ыытыаҕа. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев “Арктика түөлбэтигэр уонна Уһук Илин эрэгийиэннэргэ саҥардыллар уонна атомнай энергетика: сайдыыны хамсатааччылар” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы VI кэмпириэнсийэ Дьокуускайга буолан ааспыт пленарнай мунньаҕар эттэ. «Геополитикаҕа тахсар быһыыга-майгыга биһиги эрэгийиэммит Арассыыйа Илин диэки туһаайыытыгар тутаах сиринэн буоларынан энергетикаҕа куттал суох буолуута, бигэ уонна туруктаах энергетика дьоһун судаарыстыбаннай суолталаахтар. Бу саҥа усулуобуйа кэмигэр Саха сирэ килиимэт уларыйыытын содулларын аччатыыны, энергия экологияҕа буортута суох көрүҥнэрин туһаныыттан туора турбат уонна көхтөөхтүк кыттар», — диэтэ Айсен Николаев.
Бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ күн күүһүнэн үлэлиир 28 уонна тыал күүһүнэн үлэлиир биир эбийиэк баар. 2021 сылтан Саха сиригэр «РусГидро» хампаанньа инвестордары кытта Муомаҕа, Дьааҥыга 6 гибриднэй ыстаансыйаны үлэҕэ киллэрбитэ. 2024 сыл бүтүөр диэри өссө 66 гибриднэй комплекс үлэлиэхтээх. «Росатом» госкорпорацияны кытта Саха сирэ Усуйаана улууһун Уус Куйга бөһүөлэгэр дьоҕус кыамталаах атомнай ыстаансыйаны тутуу бырайыагын торумнууллар, үлэҕэ 2028 сылга киириэхтээх. Ыстаансыйа эрэгийиэни уоттан тутулуга суох буолуутун уонна бырамыысыланнас тэрилтэлэрин хааччыйыаҕа.
Балаҕан ыйын 29 күнэ. Билиилээх судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятель Алексей Алексанлрович Томтосов 80 сааһын туолбутунан чиэстээтилэр. Үбүлүөйүнэн кинини Ил Дархан эҕэрдэлээтэ уонна өрөспүүбүлүкэ үрдүк наҕараадатын «Хотугу сулус» уордьаны туттарда. Ил Дархан чаҕылхай, эппиэтинэстээх, дьону угуйар кыахтаах, мэлдьи инники кэккэҕэ сылдьар Алексей Томтосовка лидер буоларыгар патриотизм олук уурбутун, Саха сирэ уонна Арассыыйа тосту уларыйар кэмнэригэр судаарыстыбаннай салалтаҕа кыттар дьылҕатыгар аартык арыйбытын бэлиэтээтэ.
Алексей Томтосов 1942 сыллаахха Уус Маайа улууһун Аллаах Үүн бөһүөлэгэр төрөөбүтэ. 70-с сылларга Саха сирин комсомолун уобластааҕы кэмитиэтинбатсакы сэкирэтээринэн, 90-с сс. Дьокуускай куорат мэрынан, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйаачынан, 1996-2001 сылларга Арасссыыйа национальностарга уонна федеративнай сыһыаннаһыыларга миниистирин солбуйааччынана үлэлээбитэ.
Балаҕан ыйын 29 күнэ. Дьокуускайга РФ Юстицияҕа министиэристибэтэ тэриллибитэ 220 сылыгар аналлаах мунньах буолла. Саха сиригэр Юстиция губернскай отдела аһыллыаҕыттан, өрөспүүбүлүкэҕэ юстиция ураты историялаах. Бу кэмтэн юстиция уорганнара кэм ирдэбилинэн сайдан, уларыйан испиттэрэ. «Саха АССР үбүлүөйдээх сылыгар судаарыстыбаннай институттар сайдыыларыгар юстиция үлэһиттэрин кылааттарын чорботон бэлиэтиэхпин баҕарабын. Саха автономията ылыллыаҕыттан, суут тиһигэ, нотариат, адвокатура тэриллэн, сокуону оҥорууга, тутуһууга үлэ кэлимник барар», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
2008 сыллаахха Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтин управлениета Саха сиригэр тэриллиэҕиттэн, юстиция уорганнарын үлэтигэр саҥа тыын биллибитэ. Управление көҕүлээһининэн, 2013 сыллаахха юристар бастакы сийиэстэрэ ыытыллыбыта. Быйыл сийиэс төрдүс төгүлүн ыытыллыаҕа. Айсен Николаев нэһилиэнньэҕэ босхо юридическай көмөнү оҥорууга өрөспүүбүлүкэ бастыҥ уопуттааҕын ыйда.
Балаҕан ыйын 30 күнэ. Москваҕа Кириэмил дыбарыаһын Георгиевскай саалатыгар дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уонна Донбасс Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин аҕа баһылыга Денис Пушилин, Луганскай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ аҕа баһылыга Леонид Пасечник, Запорожскай уобалас байыаннай-гражданскай дьаһалтатын баһылыга Евгений Балицкай, Херсонскай уобалас баһылыга Владимир Сальдо Арассыыйаҕа түөрт эрэгийиэн холбоһорун туһунан дуогабарга илии баттаатылар. Бу историческай тэрээһин сиэригэр-туомугар Ил Дархан Айсен Николаев кытынна уонна ол туһунан бэйэтин санаатын бу курдук үллэһиннэ.
«Бүгүҥҥү күн — дойдуга уонна аан дойдуга ураты суолталаах историяҕа киирэр күн Түөрт эрэгийиэн дьоно-сэргэтэ биһиги улахан дойдубут гражданиннарынан буолалларэ. Кинилэр биһиги өйөбүлбүтүн билиэхтээхтэр. Ол курдук Саха сирэ Донбасска Кировскай куораты чөлүгэр түһэриигэ көмөтүн салгыаҕа. Биһиги дойдубут көҥүлүн инникитин туһугар арҕаа күүстэри кытта охсуһуубутугар бары түмсүүлээх буолуоххайын!».
Алтынньы 1 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга аҕам саастаах дьон күнүнэн эҕэрдэлииригэр олохторун, бэйэлэрин харыстаабакка сыралаахтык үлэлэлээн, бүгүҥҥү экэниэмикэ уонна духуобунас өттүгэр сүҥкэн сайдыылаах Саха сирин баар оҥорбут дьоҥҥо дириҥ ытыктабылын биллэрдэ. «Биһиги дойдубут мөлүйүөнүнэн дьон көҥүлүн уонна олорор быраабын иһин кырдьыктаах охсуһууну ыыта турар кэмигэр эһиги бөҕө санааҕытыттан, дьулуургутуттан, мындыр өйгүтүттэн күүс эбинэбит. Бу күннэргэ эһиги муспут уопуккут хаһааҥҥытааҕар да ордук сыаналаах. Эһиги эдэр дьону дойдуга бэриниилээх буоларга үөрэтэҕит. Бэйэҕит холобургутунан Аҕа дойду туһугар үлэҕэ угуйаҕыт, төрөөбүт дойдуга тапталы үөрэтэҕит. Биһиги ытык иэспит – аҕа саастаах көлүөнэҕэ дьоһун олоҕу хааччыйыы. Бу өрөспүүбүлүкэ судааарыстыбыннай социальнай бэлиитикэтин тутаах соругунан буолар. Аҕа көлүөнэ дьоммутугар төрөөбүт дойдубут чэчирии сайдарыгар кылааттарын иһин ис сүрэхпиттэн махтанабын. Чэгиэн доруобуйаны, уһун үйэни, дьолу-соргуну баҕарабын!», — диэн бэлиэтээтэ.
Алтынньы 1 күнэ. Ил Дархан Сургукка үлэлээтэ. Саха сирин баһылыга Айсен Николаев уонна Ханты-Мансийскай автономнай уокурук – Югра губернатора Наталья Комарова бииргэ үлэлээһин чэрчитинэн былааны ылыннылар. Санатар буоллахха, бу сайын эрэгийиэннэр сөбүлэһии түһэрсэн тураллар. Былаан биэс сыллаах, үөрэх, үлэ, дьарыктаах буолуу эйгэтигэр, култуурунай нэһилиэстибэ эбийиэктэрин харыстааһыҥҥа бииргэ үлэлэһиэхтэрэ.
Салгыы Айсен Николаев «Сургутнефтегаз» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Владимир Богдановы кытары көрүстэ. «Сургутнефтегаз» 18 сыл устата Саха сиригэр сиртэн хостонор баайдаах сирдэри баһылыыр, сыл аайы 10 мөл. тахса туонна ньиэби хостуур. Билигин хампаанньа Ленскэй, Мииринэй, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Булуҥ улуустарыгар чинчийэр үлэни ыытар. Нолуогу төлөөһүҥҥэ АЛРОСА хампаанньа кэнниттэн иккис миэстэҕэ иһэр, биһиги өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар кылаатын киллэрэр. Билигин «Сургутнефтегаз» хампаанньаҕа 1,5 тыһ. Саха сирин олохтооҕо үлэлиир, биһиги арҕаа оройуоннарбыт сайдаллар. Хоту сир дьонугар хампаанньа экологияҕа эппиэтинэстээх сыһыаҥҥа холобур көрдөрөрө суолталаах, — диэтэ Айсен Николаев.
Саха сирэ кэнники сылларга ньиэби хостооһуҥҥа үрдүк көрдөрүүлэри ситистэ, 17,3 мөл. туонна ньиэби хостоото. Ити, чуолаан Ленскэйдээҕи ньиэп-гаас конденсаттаах сири туһаныыны арыйыы уонна хостооһуну саҕалааһын көмөтүнэн ситиһиллибитэ. Бу сиргэ 40 мөлүйүөн туоннаттан тахса ньиэп саппааһа баар. Хампаанньа 2021 сыллаахха 25 млрд тахса солк. инвестициялаабыта. Тэрилтэ өйөбүлүнэн социальнай эбийиэктэр тутуллаллар.
Афанасий Ноев, Ил Дархан пресс-сэкирэтээрэ
This post was published on 05.10.2022 09:33 09:33