8 Алтынньы 08.10
  • -0°
  • $ 96,06
  • 105,31

Ил Дархан нэдиэлэтэ: Саха сирэ бигэ туруктаахтык сайдар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ааспыт нэдиэлэҕэ Ил Дархан Айсен Николаев Дьокуускайга Историческай паарка былаһааккатыттан ВКС нөҥүө РФ Ыксаллаах быһыыга-майгыга, гражданскай оборонаҕа министиэристибэтэ ыытар «Куттала суох Арктика-2021» үөрэтиитин аһыллыытыгар кыттыыны ылла. Тэрээһин чэрчитинэн Саха сирин бигэ туруктаах уонна тирэхтээх сайдыытыгар сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолла. Сүрүн биэс хайысхаҕа (чэгиэн доруобуйа уонна этэҥҥэ буолуу, сир-уот уонна инфраструктура, экология, култуура, үөрэх уонна үлэлээх буолуу) Сэбиэт оробуочай бөлөҕө торумнанна. Тутаах оруол «Хоту дойду – тирэхтээх сайдыы сирэ-уота» аан дойду таһымнаах научнай-үөрэтэр кииҥҥэ сүктэриллэр.


Балаҕан ыйын 6 күнүгэр суһал ыстаап мунньаҕар санитарнай-эпидемиологическай быһыы-майгы тупсубакка, син биир тыҥааһыннааҕа бэлиэтэннэ. Саха сирэ көрдөрүүтүнэн дойду субъектарын ортолоругар 40-с-50-с миэстэҕэ сылдьар. Ил Дархан улуустар баһылыктара ойуур баһаарынан уонна кыстыкка бэлэмнэниинэн сибээстээн сыстыганнаах дьаҥы утары охсуһууну инники күөҥҥэ туппатахтарын эттэ уонна билигин күһүн ОРВИ турар кэмигэр коронавирус ыарыыта таһыччы тарҕаныытын таһаарбат туһуттан, эминэн хааччыллыыттан саҕалаан боппуруостары сүрүннүүллэригэр соругу туруорда. Нэһилиэнньэҕэ өйдөтөр-быһаарар үлэни ыытан, тумуу баара билиннэ да, тута медицинскэй көмө ылыахтаахтарын ыйда. Бу туох-ханнык иннинэ COVID-19 буолуон сөбүн кэмигэр быһааран, ыарыыны салгыы тэниппэт туһугар баһылыктар эмчиттэри кытары бииргэ үлэлэһэллэригэр, итиэннэ вакцинацияны уонна ревакцинацияны  тэтимнээхтик ыыталларыгар ыйда.

Балаҕан ыйын 6 күнүгэр Айсен Николаев Горнай улууһугар ойуур баһаарын кэнниттэн чөлүгэр түһэрии үлэтэ хайдах барарын билистэ. Бэс Күөлүгэр тиийээт, кини уопсастыбаннай норуодунай фронт чэрчитинэн 96 киһи көмөҕө кэлэн үлэлии сылдьарын көрсөн кэпсэттэ. Дойду 19 эрэгийиэниттэн араас идэлээх дьон – педагогтар, инженердэр бэйэлэрин үтүө санааларынан көмөлөһө кэлбиттэрин иһин Саха сирин олохтоохторун ааттарыттан махталын биллэрдэ. Салгыы өрөспүүбүлүкэ салайааччыта сэлиэнньэ эмсэҕэлээбит кыбаарталыгар сылдьан тутуу хаамыытын көрдө. Бөҕү-сыыһы ыраастаабыттар, сири дэхсилии кумах, буор кутуллубут. «Туймаада-строй» тэрилтэ 10 дьиэ тимир сыбаайатын түһэрбит, тутуу болдьох быһыытынан бара турар. 18 дьиэ кэмпилиэгэ бэлэмнэммитин таҥан саҕалаабыттар. Дьиэлэр бары сантехниканан, гаас тэрилинэн хааччыллыахтара. 100 ынах сүөһү туруохтаах саҥа хотонун акылаата ууруллубут. Былаан быһыытынан 34 саҥа дьиэ дьэндэйиэхтээх. Манна барыта 10 бэдэрээччит үлэлэһэр. Ил Дархан уопсай үлэ алтынньы 15 күнүгэр бүтэн, олохтоохтор саҥа дьиэлэргэ көһүөхтээхтэрин чиҥэтэн санатта.

Балаҕан ыйын 7 күнүгэр Саха сирин 12 улууһугар 43 нэһилиэнньэлээх пуун түргэн интернеккэ холбонно, оптоволокно ситимэ тардылынна. Бу историяҕа киирэр бэлиэ түгэнинэн Айсен Николаев видеоконференцсибээһинэн эҕэрдэлээтэ. Кини бу пандемияны уонна сайыҥҥы ойуур баһаардарын аахсыбакка, «Ростелеком» хампаанньа үлэһиттэрэ туруоруллубут соругу хорсуннук олоххо болдьоҕор киллэрбиттэрин иһин махтанна. «Ханна аныгы сибээс киирэр, ол сиргэ сайдыы барар, олох таһыма үрдүүр. Кэлиҥҥи сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ 8,5 тыһ. км уһуннаах оптоволокно тардылынна. Ол эбэтэр нэһилиэнньэ 88% хабылынна. Уһук Илин уокуругар түргэн сибээстээҕинэн Саха сирэ инники күөҥҥэ сылдьар», — диэтэ эрэгийиэн салайааччыта.

Балаҕан ыйын 7 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ салайааччыта Дьокуускайга Историческай паарка былаһааккатыттан ВКС нөҥүө РФ Ыксаллаах быһыыга-майгыга, гражданскай оборонаҕа министиэристибэтэ ыытар «Куттала суох Арктика-2021» үөрэтиитин аһыллыытыгар кыттыыны ылла. Манна дойду Арктика зонатыгар киирсэр 7 субъега ыксаллаах быһыыга-майгыга төһө бэлэмнээхтэрин көрдөрдүлэр. Ил Дархан Саха сирэ бу үөрэтиигэ кыттарга бэлэмин иһитиннэрдэ. Киэҥ хабааннаах тэрээһин өрөспүүбүлүкэ 13 улууһун хабар. Манна тустаах биэдимистибэлэр сотрудниктарын сэргэ учуонайдар кытталлар. Эрэгийиэн баһылыга Историческай пааркаҕа Арктикаҕа куттала суох буолуутугар аналлаах тиэхиньикэ быыстапкатын көрдө.

Бу күн Айсен Николаев Ил Дархан иһинэн Саха сирин бигэ туруктаах уонна тирэхтээх сайдыытыгар сэбиэтин бастакы мунньаҕын ыытта. Мунньахха Арассыыйа уонна тас дойдулар научнай-чинчийэр оскуолаларын бэрэстэбиитэллэрэ, бырамыысыланнас бөдөҥ хампаанньаларын, сайдыы аныгы институттарын салайааччылара кытыннылар. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Саха сирин аналын туохха көрөрүн, тирээн турар соруктар уонна сэбиэт итиннэ көмөтүн туһунан санаатын үллэһиннэ. Сүрүн соругунан аан дойдуга холобур буолар быһаарыылары көрдөөһүн диэтэ. Сүрүн биэс хайысхаҕа (чэгиэн доруобуйа уонна этэҥҥэ буолуу, сир-уот уонна инфраструктура, экология, култуура, үөрэх уонна үлэлээх буолуу) Сэбиэт оробуочай бөлөҕө торумнаммыта. Тутаах оруол «Хоту дойду – тирэхтээх сайдыы сирэ-уота» аан дойду таһымнаах научнай-үөрэтэр кииҥҥэ сүктэриллэр.

Балаҕан ыйын 8 күнүгэр Ил Дархан Дьокуускай куорат Дууматын  31-с  сессиятыгар кыттыыны ылла. Маныаха куорат бигэтик сайдыытын түстүүргэ  дьоһун суолталаах түгэн буолла. Айсен Николаев  «Саха Өрөспүүбүлүкэтин киин куората – Дьокуускай куорат 2032 сылга диэри сайдыытын туһунан» Ыйаахха илии баттаата. Бу Ыйаах кэлэр уон сылга Дьокуускай куорат сайдыытын тутаах хайысхаларын чопчулуур. Кэлэр уон сылга Дьокуускай олоҕун хаачыстыбатынан уонна сайдыытынан бастыҥ куораттары кытары биир кэккэҕэ туруохтаах. Киин куорат 400 сылыгар ирбэт тоҥҥо бастыҥ куорат быһыытынан тупсуохтаах, дьон олороругар бары тоҕоостоох  усулуобуйа тэриллиэхтээх. Бастакы уочарат кыбаарталлары тутууга сөптөөх архитектурнай былаан оҥоһуллуохтаах. Куорат эйгэтэ эстетическэй көрүҥнээх буолуохтаах, куорат күөҕүнэн симэниэхтээх. 150 кыбаартал иһинээҕи уонна 300 тиэргэн сирин-уотун тупсаҕай оҥоруохтара. Аныгы куорат саҥа киинин кэнсиэпсийэтэ олоххо киириэхтээх. «Мас Дьокуускай. Аппа уҥуор» харыстанар түөлбэни сайыннарыы көрүллэр. Уу сүүрэр ханаала ыраас буолуохтаах. Кытылы бөҕөргөтөр үлэ ыытыллыахтаах. Ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар дьиэлэргэ инженернэй өттүнэн куттал суоһуо суохтаах. 2032 сылга саахалланар туруктаах элбэх кыбартыыралаах мас дьиэлэртэн толору көһөрөн бүтэриэхтээхтэр. Дьон олорор кыбаарталларыгар уонна дьоҕус оройуоннарга гаас киириэхтээх. Бөҕү-сыыһы арааран тутуу тэриллиэхтээх. 2023 сылга бөҕү харайар саҥа полигон үлэҕэ киириэхтээх. 2026 сылга диэри уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр 17 тыһ. саҥа үөрэх миэстэтэ тэриллиэхтээх. 20 тыһ. итэҕэһэ суох саҥа үлэ миэстэтэ арыллыаҕа. Маныаха куорат дьоно экэниэмикэ креативнай уонна сервиснэй кииннэригэр үлэлиир буолуохтара. Дьокуускай куорат 2032 сылга диэри бу Ил Дархан Ыйааҕар олоҕуран сайдыахтаах. Онон Бырабыыталыстыбаҕа уонна куорат дьаһалтатыгар улахан эппиэтинэс сүктэрилиннэ.

Балаҕан ыйын 8 күнүгэр Ил Дархан «Ойууру харыстыыбыт» диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы акцияҕа кытынна, «Бүлүү» федеральнай суол 44-с км, уруккута суол тутууга туһаныллыбыт карьер оннугар бэс маһы олордууга кытынна. Бу сиэмэнэн олордуллубут кыра бэстэри Хабаровскай питомнигыттан аҕалбыттар. Акция көмөтүнэн барыта 10 тыһ. мас олортулар.  Арассыыйа үрдүнэн биллэриллибит акция Саха сириттэн, чуолаан Нерюнгри улууһуттан саҕаламмыта. Салгыы Горнай улууһа эстафетаны ылбыта.Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 25 тыһ. мас олордулунна. Айсен Николаев бу бырайыак хабар сирэ сыллата кэҥээн иһэринэн, тыһыынчанан киһи бэйэтин баҕатынан мас олордон, ойууру чөлүгэр түһэриигэ бэйэтин кылаатын киллэрэрин бэлиэтээтэ.

Балаҕан ыйын 8-9 күннэригэр Айсен Николаев Мирнэй улууһугар үлэлээтэ. Удачнайга «Аэропорты Севера» федеральнай тэрилтэ филиалын «Полярнай» аэропордугар тутуу туругун көрдө. Сибэтиэй Серафим Саровскай аатынан таҥара дьиэтигэр сырытта. Удачнай куорат киин болуоссатын тупсарыыга үлэ хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Маҥнайгы геологтар уонна Лариса Попугаева мемориалларыгар сибэкки дьөрбөтүн уурда. Удачнай куорат уопсастыбыннаһын кытта көрүстэ. Надежнай уонна Дорожнай бөһүөлэктэргэ сырытта. Айхалга «АЛРОСА» «Заря», «Удачнай» рудниктарын үлэтин көрдө. Саахалланар туруктаах дьиэлэр хаһаайыттарын кытта көрүстэ. Хаарбах дьиэттэн көһөрүү хаамыытын билистэ.  «Айхал» рудник бастакы дириэктэрэ Георгий Кадзов пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурда. «Северное сияние» култуура дьиэтигэр олохтоохтору кытта көрсүһүү ыытта.

Балаҕан ыйын 10 күнүгэр Ил Дархан Өлөөн эбэҥки национальнай улууһугар Харыйалаах бөһүөлэгэр 120/75 миэстэлээх саҥа оскуола-уһуйаан үлэҕэ киирэр үөрүүлээх тэрээһинигэр кыттыыны ылла. 3,5 тыһ. кв. м. аныгы тупсаҕай таас дьиэ бары ирдэбилгэ толору эппиэттиир. Бу эбийиэк «АЛРОСА» хампаанньа дивидиэнин уонна өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай бырагырааматын үбүлээһинин суотугар тутулунна. Харыйалаахтар оскуоланы ааспыт үйэ бүтүүтүттэн туруорсубуттара, өр кэтэспиттэрэ. Бу иннинэ Ээйиккэ, Дьэлиҥдэҕэ, улуус киинигэр оскуолалар тутуллубуттара. Маныаха Ил Дархан Айсен Николаев оскуола тутуллуутугар кини доҕоро, Өлөөн оройуонун урукку баһылыга Александр Степанович Иванов өҥөлөөҕүн, үлэтин үтүө түмүгэ буоларын бэлиэтээн эттэ.

Балаҕан ыйын 10 күнүгэр дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа 12 куоратыгар Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыыга олохтоохтор сүҥкэн кылааттарын, байыаннай уонна гражданскай бородууксуйанан быыстала суох хааччыйбыттарын, маныаха дьоруойдуу үлэни маассабайдык ыытыыларын иһин «Килбиэннээх үлэ куората» бочуоттаах ааты иҥэрэр туһунан ыйаахха илии баттаата. Бу куораттар ортолоругар Саха сириттэн Алдан куорат маннык үрдүк аакка тигистэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, сэрии кэмигэр Алдан горняктара 16 тонна кыһыл көмүһү хостообуттара, дойду үрдүнэн хостонор сүлүүдэ үксүн, хайа хурустаалын байыаннай бырамыысалыннаска туттулларын хааччыйбыттара. Алдан военкоматыттан сэриигэ 11 740 киһи барбыта. Кинилэртэн 7 киһи Сэбиэскэй Сойуус Геройун үрдүк аатын ылбыта. 2023 сылга Алдан төрүттэммитэ 100 сылын туолар. Онон бу үбүлүөйү көрсө дьоһуннаах бэлэх буоларын Ил Дархан эттэ. Алдан бу бочуоттаах аакка тиксэрин иһин үтүө көҕүлээһини 92 тыһыынча киһи куоластаан өйөөтө.

Балаҕан ыйын 12 күнүгэр Дьокуускай төрүттэммитэ 389 сылын бэлиэтиир күҥҥэ, Лермонтов уулуссатын 25/2 №-гэр тиэргэн арыллыытын үөрүүлээх түгэнэ буолла. «Куораппыт сүрүн баайа — оҕолор. Куорат дьаһалтата, «Индрайвер» үтүө санаа пуондата СӨ Бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн үүнэр көлүөнэҕэ бэлэх оҥорбут былаһааккаларыгар элбэх оҕо оонньуу сылдьарыттан, кинилэр олус астыммыттарыттан үөрдүм». – диэтэ Айсен Николаев. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ киинигэр быйыл дьиэ-уот таһынааҕы 15 тиэргэн тупсарыллыбытын, кэлэр сылга 45 тиэргэн оҥоһуллуоҕун, онтон 2023 сылга диэри бу көрдөрүү 300 тиэрдиллиэҕин туһунан иһитиннэрдэ, диэн суруйда Афанасий Ноев, Ил Дархан пресс-сэкиритээрэ.

Хаартыска: Андрей Сорокин түһэриитэ

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА