Ил Дархан нэдиэлэтэ: Саха сирэ Арассыыйа экономическай кыаҕын бөҕөргөтүүгэ бэйэтин кылаатын киллэрэр

Балаҕан ыйын 25 күнэ.

Ил Дархан Саха сирин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) 7 ыҥырыытын бастакы мунньаҕын арыйда. Айсен Николаев Ил Түмэн дьокутаатын үрдүк статуһа – Саха сирин үгүс омуктаах норуотун көҥүлүн этиитэ, дьон итэҕэлэ уонна билиниитин бэлиэтэ буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Кини дьокутааттар парламент үлэтигэр өрөспүүбүлүкэ уонна Саха сирин дьонун-сэргэтин интэриэстэрин сүрүннүүллэригэр эрэлин биллэрдэ.

Айсен Николаев 7 ыҥырыылаах Судаарыстыбаннай Мунньах (Ил Түмэн) дьокутааттарын биир сүрүн соруктарынан федеральнай сокуону таһаарыыга көдьүүстээхтик кыттыы буоларын эттэ. «Норуот дьокутааттара Судаарыстыбаннай Дума уонна Федерация Сэбиэтин кэмитиэттэрин кытта дьүүллэһиигэ кыттааччы эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ көҕүлээһиннэрин киллэрээччи буолуохтаахтар. Федеральнай сокуон барылын олоххо киллэриигэ дьиҥ сабыдыалы ситиһэн үлэлиэхтээхпит», – диэтэ Айсен Николаев.

Балаҕан ыйын 25 күнэ. СӨ судаарыстыбаннаһын күнүн иннинэ дойду уонна Саха сирин судаарыстыбаннай наҕараадаларын туттарыы буолла. Айсен Николаев эҕэрдэ тылыгар бүгүн дойду көҥүлүн уонна инники кэскилин туһугар охсуһарын уонна үлэлиирин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Саха сирэ бу уустук кэмҥэ Арассыыйа экономическай кыаҕын бөҕөргөтүүгэ бэйэтин кылаатын киллэрэр. «Бүгүн биһиги Саха сирэ киэн туттар, бастыҥ дьоммутугар судаарыстыбаннай наҕараадалары туттардыбыт. Өрөспүүбүлүкэ сүрүн баайа – талааннаах, үлэһит дьон, кинилэр айар-тутар кыахтара. Бүгүн биһиги сайдыы саҥа биэс сыллаах кэрдииһигэр киирэбит. Өссө сүҥкэн соруктары туруорабыт. Ону барытын кыайыахпыт диэн эрэллээхпин», — диэтэ Айсен Николаев.

Ил Дархан Арассыыйа Федерациятын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин 35 наҕараадатын туттарда.
«Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах олохтооҕо» үрдүк ааты сэрии, үлэ, Сэбилэниилээх күүстэр уонна быраабы араҥаччылыыр уорганнар сэбиэттэрин президиумун чилиэнигэр, «Бочуот Знага» уордьан кавалерыгар, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитигэр Надежда Иксановаҕа иҥэрдилэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Хотугу сулус» уордьанынан СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Горнай улууһун уонна Амма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Хотугулуу — Илиҥҥи федеральнай университет прогрессивнай технологияларын уонна декоративнай — прикладной искусствотын Үөрэтэр лабораториятын сэбиэдиссэйэ Августина Филиппова уонна филологическай наука дуоктара, Саха АССР уонна РФ наукатын үтүөлээх деятелэ, П.А. Ойуунускай аатынан СӨ наукаҕа уонна тиэхиньикэҕэ, судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Петр Слепцов наҕараадаланнылар.

Балаҕан ыйын 25 күнэ. Айсен Николаев Арассыыйа киин баанын Уһук Илиҥҥэ кылаабынай управлениетын салайааччыта Ирина Карлаши кытта көрүстэ. Кэпсэтии сүрүн хайысхатынан нэһилиэнньэҕэ үп-харчы өттүнэн өҥөлөр тиийимтиэ буолууларыгар уонна дьон-сэргэ үп-харчы ыйытыыларыгар билиитин үрдэтиигэ туһуламмыт бырагыраамалары олоххо киллэрии буолла. Маны сэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ сыыппара солкуобайы киллэрии, үп ырыынагын сайыннарыы кэскиллэрин дьүүллэстилэр. «Дьон үп сервиһигэр киирэр кыаҕы ылалларын сэргэ түөкүттэртэн хайдах көмүскэнэри билиэхтээхтэр», – диэн эттэ Ирина Карлаш.
«Билиҥҥи усулуобуйаҕа нэһилиэнньэ ортотугар түөкүннээһини профилактикалыырга систиэмэлээх үлэ ирдэнэр. Саха сирэ Арассыыйа баанын кытта үп — харчы өттүгэр билии таһымын үрдэтии стратегиятын чэрчитинэн ыкса үлэлэһиэҕэ», — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Маны таһынан Ил Дархан тыа сиригэр, ыраах, аҕыйах нэһилиэнньэлээх нэһилиэктэргэ үп тиийимтиэ буолуутун сайыннарыы наадатын эттэ.

Балаҕан ыйын 26 күнэ.

Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев библиотекатыгар өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын күнүгэр аналлаах үөрүүлээх мунньах буолла. Айсен Николаев саҥа үгэһи төрүттээтэ – бу сылтан өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын күнүн тэрээһиннэрэ СӨ Бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев төрөөбүт нэһилиэгэр ыытыллыахтара. «Бу биһиэхэ барыбытыгар ураты күн. 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр Михаил Ефимович Николаев баһылыктаах Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин ХІІ ыҥырыытын дьокутааттара судаарыстыбаннай суверенитет туһунан Декларацияны ылыммыттара. Судаарыстыба устуоруйатыгар сүҥкэн уларыйыылаах кэмнэргэ Саха сирэ Арассыыйаны кытта биир сомоҕо буоларын бигэргэппитэ. Хас биирдии норуокка дьылҕатын туһугар сүҥкэн эппиэтиһи сүгэр лидердэр бааллар. Маннык лидеринэн Саха сиригэр Михаил Ефимович Николаев буолар. Бүгүн саҥа үгэһи олохтообуппутуттан олус үөрэбин уонна киэн туттабын. Мантан ылата бу күнү Бастакы бэрэсидьиэммит төрөөбүт дойдутугар бэлиэтиэхпит», — диэн эттэ Айсен Николаев.

Балаҕан ыйын 26 күнэ.

Ил Дархан тэлэбиидэнньэҕэ, радиоҕа, социальнай ситимнэргэ уочараттаах быһа биэриитэ буолла. Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун экэниэмикэ сайдыытын, байыаннайдары өйөөһүн, хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү, олох-дьаһах кыһалҕаларын быһаарыы ыйытыыларыгар хоруйдаата. Быһа эфир кэмигэр өрөспүүбүлүкэ баһылыга барыта 39 ыйытыыга эппиэттээтэ. Эфир 3 чаас устата барда. Быһа биэрии кэмигэр барыта 1 294 ыйытыы киирдэ. Ордук элбэх боппуруос Дьокуускай (45%), Нерюнгри (14%), Мирнэй (8%), Алдан (4%), Томпо (3%), Хаҥалас (2%) олохтоохторуттан киирдэ. Саамай долгутар тиэмэлэринэн суол уонна транспорт (22%), хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү (18%), социальнай өйөбүл (14%), инфраструктураны тутуу уонна тупсарыы (12%) буоллулар. Быһа эфир кэмигэр киирбит ыйытыыларга барытыгар эппиэт бэриллиэҕэ.
Балаҕан ыйын 27 күнэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүгэр Дьокуускайга Д.К. Сивцев — Суорун Омоллоон аатын сүгэр Опера уонна балет судаарыстыбаннай театрыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын дуоһунаһыгар киирэр үөрүүлээх сиэрэ- туома ыытылынна. Саха сирин киин быыбардыыр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Евгений Федоров тэрээһиҥҥэ быыбар официальнай түмүктэрин иһитиннэрдэ уонна Айсен Николаевка Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханынан талыллыбытын туһунан дастабырыанньаны туттарда.

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституциятыгар уҥа илиитин ууран туран, өрөспүүбүлүкэ икки судаарыстыбаннай тылынан – нууччалыы уонна сахалыы мэктиэ тылын биэрдэ. Кини эбээһинэстэрин үтүө суобастаахтык толорорго, Арассыыйа Федерациятын уонна эрэгийиэн сокуоннарын тутуһарга, өрөспүүбүлүкэ национальнай — судаарыстыбаннай статуһун уонна кини элбэх омуктаах норуотун интэриэһин көмүскүүргэ, киһи уонна гражданин быраабын ытыктыырга андаҕайда. «Мин билигин миэхэ биэс сыллааҕыта Бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев туттарбыт церемониальнай бэлиэни кэтэн турабын. Ити миэхэ утумнааһын, эстафета бэлиэтэ. Михаил Ефимович бу быыбары күүппүтэ, норуот миигин өйүөҕэ диэн эрэммитэ. Бу миэхэ биһиги Бастакы бэрэсидьиэммит олоҕун анаабыт дьыалатын салгыырга сүҥкэннээх эппиэтинэс буолар», – диэн эттэ Айсен Николаев.

Балаҕан ыйын 28 күнэ.

Ааспыт 5 сылга салайан кэлбит Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата анаммыт болдьоҕо бүтэн, үлэтин түмүктээтэ. Ил Дархан Айсен Николаев бырабыыталыстыба чилиэннэригэр бу сыллар усталарыгар ыыппыт үлэлэрин иһин махталын биллэрдэ. «Ааспыт биэс сыл судургу буолбатахтар. Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын биир да састааба итинник элбэх уустуктары көрсүбэтэҕэ буолуо: коронавирус туруута, санкциялар киириилэрэ, анал байыаннай операция саҕаланыыта. Бырабыыталыстыба туруоруллубут соруктары ситиһэргэ дьоһуннаахтык үлэлээбитин бэлиэтиэхпин баҕарабын. Биһиги сайдыы сүрүн хайысхаларын көрдөрүүлэрин намтаппакка, өссө тупсардыбыт», — диэтэ Айсен Николаев.

Ил Дархан Саха сирэ ситиһиллибит түмүктэринэн киэн туттар бырааптаах диэн эттэ. Ол курдук, 2017 сыл түмүгүнэн эрэгийиэн баалабай бородууктата 900 млрд солкуобай эбит буоллаҕына, 2022 сыл түмүгүнэн 2 трлн кэриҥэ солкуобайга тэҥнэстэ.
Балаҕан ыйын 28 күнэ. Ил Дархан ааспыт быыбарга талыллыбыт улуус баһылыктарын кытта көрүстэ. Көрсүһүүгэ былаас уорганнарын кытта бииргэ үлэлэһии боппуруостарын дьүүллэстилэр. Балаҕан ыйын 8-10 күнүгэр Саха сиригэр 9 улуус баһылыктарын быыбара буолла. Куоластааһын түмүгүнэн Горнай, Кэбээйи уонна Нам оройуоннарын баһылыктарын хат таллылар. Алта оройуоҥҥа – Үөһээ Дьааҥыга, Тааттаҕа, Уус Алдаҥҥа, Уус Майаҕа, Усуйаанаҕа уонна Эбээн Бытантайга саҥа салайааччылар кыайыылаах таҕыстылар. «Биһиги дойдуга судургута суох кэмҥэ талылынныбыт. Олохпут сайдыыта былаас уорганнарын үлэлэриттэн, хас биирдии үлэһиттэн олус элбэх тутулуктаах. Биһиги биир улахан хамаанда буолабыт. Мин бэйэм икки төгүл өрөспүүбүлүкэ саамай бөдөҥ муниципалитетын баһылыгынан талыллыбытым, онон эһиги үлэҕит уустугун бэркэ өйдүүбүн. Эһиги дьоҥҥо саамай чугаскыт. Оройуоннар сайдыыларын ыйытыыларыгар мин өйөбүллэр эрэниэххитин сөп», – диэн эттэ Айсен Николаев.
Көрсүһүүгэ нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын үрдэтиигэ уонна улуустары сайыннарыыга бииргэ үлэлэһии боппуруостарын туһунан кэпсэттилэр. Ил Дархан баһылыктарга былааннарын олоххо киллэриигэ, үлэҕэ — хамнаска ситиһиилэри баҕарда.
Балаҕан ыйын 28 күнэ. Айсен Николаев дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ааспыт быыбарга талыллыбыт эрэгийиэннэр баһылыктарын кытта көрсүһүүтүгэр кытынна.
Бэрэсидьиэн бүгүн дойду сүрүн соруктарынан ыаллар олохторун тупсарыы, дохуоттарын үрдэтии, демографическай уонна социальнай ыйытыылары быһаарыы, эрэгийиэннэргэ экэниэмикэни сайыннарыы, каадыр, үөрэх, технологическай баазалары бөҕөргөтүү, үлэ саҥа миэстэлэрин таһаарыы буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. «Саха сирин бары олохтоохторун ааттарыттан Владимир Владимировичка биһиги өрөспүүбүлүкэбитин бары өттүнэн өйүүрүн иһин улахан махталбын тиэрдэбин», — диэн эттэ Айсен Николаев.

Балаҕан ыйын 29 күнэ.

Айсен Николаев «ЭЙГЭ: кварталга кэпсэтии» архитектураҕа Саха сирин бастакы фестивалын арыйда. «Бүгүн биһиги дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көмөтүнэн Дьокуускай уонна Нерюнгри маастар — былааннарын олоххо киллэриигэ улахан бырайыактаахпыт. Өрөспүүбүлүкэ бары улахан нэһилиэнньэлээх пууннарын маастар — былааннарын бэлэмниибит. Маны олоххо киллэрии архитектура, урбаан уонна дизайн боппуруостарыгар киэҥ дьүүллэһиини ирдиир», – диэтэ Айсен Николаев.
Ил Дархан тутуу улахан бырайыактарын олоххо киллэрии саҥа стандартынан барыахтааҕын бэлиэтээтэ. «Эбийиэктэри тупсаҕай эрэ буолбакка, кэрэ көстүүлээх оҥоруохтаахпыт», – диэн эттэ Айсен Николаев.
Дьокуускай маастар — былаанын үбүлээһинин кээмэйэ 500 млрд солкуобай. 2030 сылга диэри ити чэрчитинэн 90 — ча дьаһал олоххо киириэхтээх.

Балаҕан ыйын 29 күнэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоох бэйэни салайыныыга Сэбиэтин мунньаҕар Айсен Николаев 2023 сылга муниципальнай оройуоннарга инвестиционнай килиимэт туругун рейтинин бастыҥнарын бэлиэтээтэ. Бастакы миэстэҕэ иккис сылын Горнай улууһа, иккискэ – Анаабыр, үһүскэ – Ленскэй оройуоннара таҕыстылар. Быйылгы сылтан саҕалаан ТОП — 3 рейтиҥҥэ киирбит муниципальнай оройуоннарга уонна куорат уокуруктарыгар 1 мөл. солкуобай кээмэйдээх эбии дотация бэриллиэҕэ.
Сэбиэт мунньаҕар Саха сиригэр саахалланар туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү бырагырааматын толоруу хаамыытын көрдүлэр. Ол курдук, 2023 сыл бүтүөр диэри Саха сиригэр элбэх квартиралаах 90-ча дьиэ үлэҕэ киирэрэ былааннанар. «2025 сыл бүтүөр диэри өрөспүүбүлүкэ аадырыстаах бырагырааматын чэрчитинэн хаарбах дьиэттэн 61,3 тыһыынчаттан тахса киһини көһөрөргө былаанныыбыт», – диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Бырагырааманы олоххо киллэрии уопсай сыаната 120 млрд тахса солкуобай, ол иһигэр территорияны сайыннарыы фондатын үбүн суотугар — 89 млрд 750,4 мөл. солкуобай.
Ил Дархан дьону хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү үлэтэ график быһыытынан баран иһэрин эттэ. Бу хайысхаҕа улахан соруктар 2024-2025 сылларга тураллар. Маны сэргэ Ил Дархан мунньахха дьадаҥы буолууну кытта охсуһууга миэрэлэр туһунан ыйаахха илии баттаабытын иһитиннэрдэ. Бу докумуон сыалынан – кэлэр 5 сыл устатыгар нэһилиэнньэ дьадаҥы буолуутун таһымын икки төгүл кыччатыы буолар.

Балаҕан ыйын 30 күнэ.

Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаевка анаммыт мемориальнай комплекс бырайыагын оҥорууга аһаҕас архитектурнай — уус-уран куонкуруһу ыытар туһунан ыйаахха илии баттаата.

Куонкуруһу СӨ Ил Дарханын иһинэн үлэлиир архитектура уонна куораты тутуу управлениета тэрийэр. Манна монументальнай искусствоҕа, архитектураҕа, дизайн айымньыларын оҥорууга идэтийбит, билиилээх- көрүүлээх, дьоҕурдаах дьон бэйэлэрэ да, айар бөлөх састаабыгар да кыттыахтарын сөп. Куонкурус үлэтин сыаналааһын критерийдэринэн тематика, уус-уран көстүүтэ, М.Е. Николаевы киһи быһыытынан уобараһын биэрии, пааматынньык ыаллыы сытар территорияны уонна тулалыыр эйгэни кытта дьүөрэлэһиитэ, бөҕөтө-таҕата буолаллар. Үлэлэри куонкуруһу ыытыы туһунан иһитиннэрии тахсыбытын кэнниттэн 60 күн устата ылаллар.
Үлэни кумааҕыга эбэтэр электроннай көрүҥүнэн Дьокуускай куоракка Аммосов уулуссатын 8№-дээх дьиэтигэр, 202 кабинекка ылаллар, ону сэргэ uaig_sakha@mail.ru электроннай аадырыска ыытыахха сөп.

Афанасий Ноев.

This post was published on 05.10.2023 11:05 11:05