Бэс ыйын 20 күнэ. Саха сиригэр Олоҥхо дьиэлэрэ мантан инньэ биир ситимнээхтик үлэлиэхтэрэ, оттон олоҥхоһуттарга, оһуохайдьыттарга уонна уустарга ый ахсын истипиэндийэ көрүллүө. Бу туһунан саҥа ыйаахха Айсен Николаев Үөһээ Бүлүүгэ сылдьан, Олоҥхо ыһыаҕын аһыллар күнүгэр илии баттаата. «Олоҥхо ыһыаҕа өрөспүүбүлүкэбитигэр 2006 сылтан ыытыллар. Бу сыллар тухары биһиги эпоспытын инникилиир үгүс чинчийэр үлэ ыытыллар. Онон салгыы төрүт үгэспитин, норуот айар нэһилиэстибэтин сайыннарарбытыгар баазаны бөҕөргөтөр кэмэ тирээтэ. Олоҥхо дьиэлэрин ситимэ Саха сирин култууратын аан дойду, Арассыыйа таһымыгар таһаарарга тирэх буолуо. Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин биллэрбит Арассыыйа норуоттарын култуураларын нэһилиэстибэтин сылыгар бу биһиги сүрүн киллэрэр кылааппыт буолуоҕа», — Ил Дархан бэлиэтээтэ.
Олоҥхо дьиэлэрэ улуустарга, нэһилиэктэргэ духуобунай уонна култуурунай эйгэни сүрүннүүр кииннэринэн буолаллар. Онон Олоҥхо дьиэлэрин биир ситимнээх оҥоруу үлэ хаамыытын өссө тупсарыа. Маннык кииннэр Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыбыт улуустарыгар бааллар. Маны сэргэ Айсен Николаев 7 олоҥхоһукка, 7 оһуохайдьыкка, 7 ууска — барыта 21 киһиэхэ ый ахсын 30 тыһ. солк. истипиэндийэни анаата.
Бэс ыйын 20 күнэ. Үөһээ Бүлүү улууһун киинигэр, Түгэхтэй алааска өрөспүүбүлүкэтээҕи XV Олоҥхо ыһыаҕын үөрүүлээхтик астылар. Ыҥырыылаах ыалдьыттар, ытык-мааны олоҥхоһуттар түһүлгэ киинигэр сэлэлии хаамсан киирдилэр. Хотун Бүлүү туонатыгар ыытыллар ыһыах үгэс быһыытынан Үрдүк Айыыларга сүгүрүйэр алгыстан саҕаланна. Кымыс иһиитин сиэрин-туомун ситэрбит кэннэ театрализованнай дьүһүйүү буолла. Ыраахтан-чугастан мустубут бар дьону Ил Дархан эҕэрдэлээтэ. «Биһиги, сахалар, дьоллоох дьоммут. Бэйэбит оһуокайдаах, уустардаах, түҥ былыргы сиэрдээх-туомнаах, ону ситимнээбит олоҥхолоох буоламмыт, ис күүстээхпит. Кыра эрдэхпиттэн олоҥхоһут эһэбин кытта ыһыахтарга сылдьан, биһиги үгэстэрбитигэр сүгүрүйэр ураты омук буоларбытын өйдөөбүтүм. Олоҥхобут тилиннэ, аан дойдуга билиннэ, уустарбыт сайыннылар. Ол эрээри күн-дьыл тэтимнээхтик барар, биһиги култуурабытын, үгэстэрбитин аан дойдуга таһаарыахтаахпыт. Ол иһин бу сарсыарда анал ыйаахха илии баттаатым. Сыллар ааһыахтара, ол тухары саха оһуохайа иһиллиэ, олоҥхото эйээриэ, оҥоһуктара тарҕаныахтара, тоҕо диэтэр, биһиги тулуурдаахпыт, инникигэ барар дьулуурдаахпыт!», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээн эттэ уонна XV-с Олоҥхо ыһыаҕа саҕаламмытын биллэрдэ, Ытык Дуоҕаны күөрэччи тутан сэргэҕэ аста.
Бэс ыйын 20 күнэ. Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын биир бэлиэ түгэнинэн Олоҥхо дьиэтэ аһыллыыта буолла. Үөрүүлээх күҥҥэ мустубут дьону Айсен Николаев эҕэрдэлииригэр улуустарга тутуллуохтаах Олоҥхо дьиэлэрэ маннык моһуоннаах буолуохтаахтарын ыйан туран, Олоҥхо дьиэлэрин тиһигэ хаҥыырын уонна кинилэри өйүүргэ сөптөөх болҕомто ууруллуохтааҕын туһунан бэлиэтээтэ. «Дьиэ үрдүн чыпчаала Дьокуускайга тутулла турар Эпос уонна искусство Арктикатааҕы киинин сирэйдиэ. Бу Арктикатааҕы кииҥҥэ улуустарга уонна нэһилиэктэргэ баар Олоҥхо дьиэлэрин үлэлэрэ түмүллэн, аан дойду таһымыгар тахсыа, — диэн туран, өрөспүүбүлүкэ аҕа баһылыга Олоҥхо дьиэлэрин тиһигэр бастакынан киирэр 11 улуус Олоҥхо дьиэтигэр анал бэлиэлэри туттарда. Бүгүҥҥү күҥҥэ маннык төгүрүк тииптээх 27 Олоҥхо дьиэтэ Сахабыт сиригэр баар. Аныгы дизайн ураһаны кытта ситимнээҕэ – ураты көстүүнү саҕар.
Саҥа киирбит Олоҥхо дьиэтигэр үөһээ бүлүүлэр киэн туттар биир дойдулаахтара Андрей Титович Титаров «Хардааччы Бэргэн» олоҥхотун Олоҥхо тыйаатыра испэктээкил быһыытынан туруорда. Премьераны Айсен Николаев кэлэн көрдө, итиэннэ кини эһэтин, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕын айымньытын үйэтиппиттэригэр артыыстарга, туруорааччыларга махтанна. Испэктээкил биир уратытынан аныгы технология туһанылынна. Үөрүүлээх тэрээһин кэмигэр Андрей Титаров «Хардааччы Бэргэн» олоҥхотун сахалыы, нууччалыы, английскайдыы тылбаастаан бэчээттээбиттэрин сүрэхтээтилэр.
Бэс ыйын 20 күнэ. Олоҥхо ыһыаҕын кэмигэр Үөһээ Бүлүүгэ Айсен Николаев Кыргызстан судаарыстыбаннай сэкирэтээрэ Суйунбек Касмамбетовы кытта көрүстэ. Көрсүһүүгэ норуот тылынан уус-уран айымньытын нэһилиэстибэтин харыстааһыҥҥа, гуманитарнай бырайыактары олоххо киллэриигэ салгыы бииргэ үлэлээһин хайысхаларын кэпсэттилэр. Саха сиригэр, Москваҕа, Кыргызстаҥҥа ыытыллыахтаах уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Максим Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах тэрээһиннэргэ тохтоотулар.
Бэс ыйын 20 күнэ. «Олоҥхо сиригэр ЮНЕСКО шедеврдэрин көрсүһүүтэ» IV норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕар аһылынна. Айсен Николаев тэрээһин кыттыылаахтарын кытта көрсүһүүтүгэр төрүт үгэстэрин, тылын илдьэ сылдьар, сайыннарар омук инникилээх диэн бэлиэтээтэ. Онуоха сүҥкэн кылааттарын киллэрэр аан дойдуга биллибит норуот уус-уран айымньытын, ырыатын, үҥкүүтүн толорооччуларга махтанна. Инникитин да Саха сирэ эһигини бииргэ түмэ туруо диэн эттэ.
Бэс ыйын 21 күнэ. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун Үрүҥ Тунах ыһыаҕынан эҕэрдэлээтэ. Кини Ыһыах биһиэхэ элбэх омуктаах өрөспүүбүлүкэбитин түмэр сүрүн бырааһынньыкпыт, саха норуотун култууратын, историятын уонна төрүт үгэстэри чөл хаалларыы, утумнааһын чаҕылхай туоһута буоларын санатта. Оруобуна бу күҥҥэ Саха АССР 100 сылыгар анаммыт үбүлүөйдээх Олоҥхо Ыһыаҕа Үөһээ Бүлүү улууһугар буола турарын, Россия эрэгийиэннэриттэн тиийэ ыалдьыттар уонна аан дойдутааҕы фестиваль кыттааччылара айылҕаҕа сүгүрүйүү сиэриттэн-туомуттан уонна фольклортан саҕалаан тыйаатыр искусствотыгар тиийэ аан дойду норуоттарын култуураларын билиһиннэрэллэрин бэлиэтээн эттэ. Ил Дархан Саха сирин дьонугар-сэргэтигэр Үрүҥ Тунах ыһыах сыллааҕы эрчими эптин, өҥ дьыл буоллун диэн баҕа санаатын тириэртэ.
Бэс ыйын 21 күнэ. Айсен Николаев Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин тупсаран оҥоруу хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Нэһилиэк баһылыга Максим Силигияновтыын Куорамыкы күөл кытылыгар ыытыллар үлэни көрдө. Эбийиэк 90% бэлэм буолбут. Күөлү, кытыытын ыраастаан, кумах куппуттар, аччыгый архитектура оҥоһуктарын бэлэмнээбиттэр. Сэбиэскэй кэмтэн хаалбыт сыбаайаларга оҕо былаһааккатын туппуттар. Художественнай оскуола оҕолоро уруһуйун оҥорбуттар. Сотору бүрүөһүнүн, тротуар билииккэтин ууруохтара. Салгыы Ил Дархан сынньалаҥ уонна култуура паркатын көрдө. Уот-күөс киллэрбиттэр, 2 км уһуннаах суолу аспааллыыллар, аччыгый архитектура оҥоһуктарын туталлар.
Бэс ыйын 21 күнэ. Айсен Николаев XV Олоҥхо Ыһыаҕын сабыллыытыгар олоҥхоһуттар күрэстэрин «Кылаан чыпчаал» бирииһин — 700 тыһ. солк. сэртипикээти оҕолорго Амматтан Мира Егороваҕа, ыччаттарга Намтан Яна Ньургусоваҕа, улахан дьоҥҥо Тааттаттан Афанасий Поповка туттарда. «Дарханнар дарханнара» үрдүк ааты Сунтаартан Михаил Евсеевка-Кураһаайга иҥэрдилэр. Ил Дархан эһэтэ, олоҥхоһут Андрей Титаров аатынан анал бирииһи Дьокуускайтан Афанасий Алексеев ылла. Айсен Николаев Олонхо Ыһыаҕын үрдүк таһымҥа тэрийэн ыыппыт Үөһээ Бүлүү олохтоохторугар махтанна. Улууска тупсаран оҥорууга, суолу тутууга улахан үлэ барбытын бэлиэтээтэ. Кэлэр Олоҥхо Ыһыаҕа Өймөкөөҥҥө ыытыллыа. Ыһыах бэлиэтин – Ытык дуоҕаны Өймөкөөн баһылыга Иннокентий Сивцев тутта.
Бэс ыйын 22 күнэ. Арассыыйаҕа Кэриэстэбил уонна курутуйуу күнэ. Аҕа дойду Улуу сэриитэ биһиги дойдубутугар 27 мөлүйүөн киһи олоҕун илдьэ барбыта. “Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмыт күнүгэр биһиги Кыайыы туһугар охсуспут дьону барыларын ахтан-санаан ааһыахтаахпыт. Аан дойдуга фашизм хаттаан төбөтүн өндөппөтүн, маннык суостаах-суодаллаах идеология аны суох буоларын туһугар тугу барытын оҥоруохтаахпыт”, — диэн Айсен Николаев бу күн «Россия 24» телеканалга ГТРК «Саха» биэриитигэр быһа эфиргэ тахсарыгар эттэ.
Быһа кэпсэтии кэмигэр Ил Дархан Украина балаһыанньатын уонна кинилэргэ хайдах көмөлөһүөххэ сөбүн туһунан ыйытыыга хоруйдаата. «Үгүстэр Украинаҕа чөлүгэр түһэрэр үлэлэргэ барыахтарын баҕараллар. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Донецкай уобалас Кировскай куоратын кытары шефтэһэр. Бу биһиги Мииринэйбит саҕа кээмэйдээх куоракка урусхалланыы элбэх. Билигин өрөспүүбүлүкэттэн антах тиийэннэр үлэлии сылдьаллар. Бу куоракка кырдьаҕастар уонна оҕолор эрэ хаалбыттар. Онон чөлүгэр түһэрэр үлэҕэ Саха сирэ көмөлөһөр”, — диэтэ. Украинаҕа хантараагынан барар дьон олорор сирдэринэн байыаҥкамааттартан ыйыталаһалларыгар сүбэлээтэ.Украинаҕа анал эпэрээссийэҕэ барарга сүүһүнэн сайабылыанньа киирэн сытарын туһунан эттэ. Ил Дархан хантараагынан барар дьону өйөөн, үгүс атын эрэгийиэннэр курдук, кинилэргэ 200 тыһ. солк. төлөбүрү оҥорон туһунан иһитиннэрдэ.
Саха сиригэр сааскы халааҥҥа тахсыбыт хоромньу кээмэйэ 200 мөл. кэриҥэ солкуобайга тэҥнэстэ. Онно сүрүн ирээти суоллары чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ уонна халаантан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо төлөбүрдэр ылаллар. «Баайдара-дуоллара уонна дьиэлэрэ эмсэҕэлээбит дьоҥҥо төлөбүрдэр хамыыһыйа үлэтэ түмүктэннэҕинэ оҥоһуллуохтара. Суоллары чөлүгэр түһэрэр үлэ ыытылла турар”, — диэн СӨ Ил Дархана быһа эфиргэ иһитиннэрдэ.
Бэс ыйын 22 күнэ. «Олоҥхо сиригэр ЮНЕСКО шедеврдэрин көрсүһүүтэ» IV норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл чэрчитинэн Дьокуускайга буолбут симпозиум пленарнай мунньаҕар 7 тас дойдуттан уонна 7 дойду эрэгийиэниттэн учуонайдар, чинчийээччилэр норуоттар култуураларын нэһилиэстибэтин хайдах харыстыыр уонна киэҥ араҥаҕа тарҕатар туһунан дьүүллэстилэр. Айсен Николаев Саха сиригэр экэниэмикэҕэ уонна социальнай эйгэҕэ норуот үгэс буолбут ураты төрүттэригэр олоҕурарбыт дойду биир тутаах эрэгийиэнэ буоларбытыгар төһүү күүс буолар диэтэ. Ил Дархан олоҥхону уонна олоҥхоһуттары салгыы сайыннарар төрүттэри бөҕөргөтөр уолдьаспытын бэлиэтээтэ. Айар бырайыактары уонна Олоҥхо дьиэлэрин баазаларын хаҥатыыга сыл ахсын 50 мөл. солк., итиэннэ олоҥхоһуттарга, оһуохайдьыттарга, уустарга истипиэндийэ төлүүргэ 7,5 мөл. солк. үп өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүллүөҕүн туһунан эттэ. 2027 сылга диэри эпос уонна искусство Арктикатааҕы киинэ улуустарга баар Олоҥхо дьиэлэрин биир тиһиккэ түмүөхтээҕин ыйда.
Бэс ыйын 22 күнэ. Мас тардыһыыга аан дойду IV чемпионатын чэрчитинэн ыытыллыбыт федерация кэнгириэһин мунньаҕар Ил Дархан улахан күрэхтэһии өрөспүүбүлүкэ үбүлүөйүн биир суолталаах тэрээһининэн буолар диэн эттэ. Мас-рестлины олимпиада бырагырааматыгар киллэриигэ үлэлээһин үрдүк ситиһиилэр успуортарыгар сүрүн хайысханан буоларын бэлиэтээтэ. Саха төрүт көрүҥүн сайыннарыыга мас-рестлинг аан дойдутааҕы киинэ тэриллэрин туһунан иһитиннэрдэ.
Быйыл Россияҕа ыытыллар соҕотох аан дойду чемпионатыгар 41 дойду, 150-ча спортсмен кыттарын бигэргэппитэ. «Олус элбэх үлэ, ол иһигэр Александр Акимов салайар аан дойдутааҕы федерация көмөтүнэн ыытылынна. Хаһан эрэ Арассыыйа спортсменнарыгар сааҥсыйа уһуллуоҕар эрэнэбин. Мас тардыһыыта инникитин успуорт олимпийскай көрүҥүнэн буолар кэскиллээх”, — диэтэ Ил Дархан.
Бэс ыйын 22 күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев уонна Вьетнам Владивостокка генеральнай консула Нгуен Данг Хиен бырамыысыланнаска уонна туризмҥа кэскиллээх бииргэ үлэлээһин бырайыактарын туһунан кэпсэттилэр. Ол курдук, таас чоҕу Саха сириттэн тириэрдиини, эргиэнҥэ сибээһи кэҥэтиэхтэрэ. Генеральнай консул Ил Дархан ыҥырыытынан Туймаада ыһыаҕар ыалдьыттыы кэлбит.
Бэс ыйын 23 күнэ. Дьокуускайга бу күн Арассыыйа Ыксаллаах быһыыга-майгыга саҥа анаммыт миниистирэ Александр Куренков оробуочай сырыынан кэлэ сырытта. Ил Дархан кинини кытары Бүлүү тыраагар былырыын саас аһыллыбыт баһаарынай-быһыыр чааска тиийэннэр, инфраструктураны уонна МЧС Саха сиринээҕи управлениетын сүрүн састаабын кытта билистилэр. Федеральнай миниистир ааспыт сайын ойуур баһаарыгар хорсуннук үлэлэспит ЫБММ Саха сиринээҕи управлениетын, Авиалесоохрана, Саха сиринээҕи баһаары утары судаарыстыбаннай сулууспатын үлэһиттэригэр Арассыыйа ЫБММ мэтээллэрин туттартаата. Алексей Куренков маны сэргэ Урал Next 5 автоцистернаны ыларга уонна баһаарынай техниканан сэбилэниигэ сертификаттары туттарда.
Салгыы Александр Куренков уонна Айсен Николаев баһаартан сэрэхтээх буолуу сезонун хаамыытын, кэккэ субъекка тахсыбыт баһаардары умулларыыга сүбэ мунньахха кытыннылар. ВКС нөҥүө бу мунньахха РФ айылҕа ресурсаларыгар, экологияҕа миниистирэ Александр Козлов кытынна. Мунньахха этиллибитинэн, Саха сиригэр быйылгы сезон билиҥҥитэ бигэтик баран иһэр, ол эрээри инники өттүгэр күн-дьыл туругуттан быһыы-майгы уларыйан уустугуруон сөп, онон балаһыанньаны кытаанах хонтуруолга тутар ирдэниллэр.
Бэс ыйын 23 күнэ. «Уһук Илиҥҥэ уонна Арктикаҕа демография сайдыыта» VII Бүтүн Арассыыйатааҕы кэмпириэнсийэ пленарнай мунньаҕар Айсен Николаев элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда. Амма Эмис нэһилиэгиттэн төрүттээх Новиковтар дьиэ кэргэҥҥэ үс көлүөнэ тухары 10-тан тахсалыы оҕолоохтор. Эбэлэрэ, Дьоруой-ийэ, 44 сыл ыанньыксыттаабыт тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ Елена Петровна Новикова 11 оҕону төрөтөн улаатыннарбыт, 49 сиэннээх, 58 хос сиэннээх. Кини уола Петр Степанович кэргэнэ Татьяна Никифоровналыын 11 оҕону төрөппүттэр. Сиэнэ Туйаара Петровна 10 оҕолоох. Айсен Николаев Татьяна Никифоровнаҕа «Ийэҕэ үрдүкү махтал» бэлиэни, Туйаара Петровнаҕа “Гражданскай килбиэн” бэлиэни туттарда. Маны сэргэ Айсен Николаев «Гражданскай килбиэн» бэлиэнэн 14 оҕолоох Сунтаар Тэҥкэтиттэн Айталина Максимованы уонна 8 оҕону иитэ ылбыт Горнай Дьиикимдэтиттэн Тамара Петрованы наҕараадалаата.
«Оҕо төрөөһүнүн ахсаанынан биһиги өрөспүүбүлүкэбит биир бастыҥ көрдөрүүлээх. Саха сиригэр 32 тыһыынча элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн олорор, кинилэргэ уопсайа 110 тыһыынча оҕо баар. Көлүөнэлэр утумнаһыылара, элбэх оҕолонуу – бу сахалар үтүө үгэспит. Маннык бастыҥ ыаллар холобур буолаллар. Үбүлүөйдээх сылга Саха сирин нэһилиэнньэтин мөлүйүөн ахсааҥҥа тириэрдэр саҥа киһи төрүөҕэр эрэнэбин», — диэн Айсен Сергеевич эттэ.
Бэс ыйын 23 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Дьокуускайга “Арассыыйа – мин историям” музейга ыытыллыбыт Биир дойдулаахтар пуорумнарыгар кытынна. Бу аан дойду араас муннуктарыгар олорор, Саха сириттэн төрүттээх дьон аан бастаан Саха АССР 100 сылыгар түмүстүлэр. Бу тэрээһини көҕүлээччинэн Бастакы Бэрэсидьиэн Михаил Николаев буолан, мустубут дьону эҕэрдэлээтэ. Пленарнай мунньаҕы Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин I солбуйааччы Александр Жирков иилээн-саҕалаан ыытта. Форум үлэтигэр Арассыыйа норуотарын Ассамблеятын салайааччыта, Евразия норуоттарын Ассамблеятын Генеральнай сэкиритээрин бастакы солбуйааччы Светлана Смирнова кытынна.
Айсен Николаев бэйэтин этиитигэр биһиги өрөспүүбүлүкэбит атын эрэгийиэннэри, дойдулары кытары сибээскэ куруук аһаҕаһын, бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Николаев салалтатынан норуоттар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлэһии саҕаламмытын, ХНТ, ЮНЕСКО, Арктикатааҕы Сэбиэт таһымынан үлэ барбытын аҕынна. «Аан дойду үрдүнэн норуодунай дипломатия сайдыбыта, уопсастыбаннай уонна айар сибээстэр бөҕөргөөбүттэрэ. Атын эрэгийиэннэргэ уонна дойдуларга олорор дьоммут өрөспүүбүлүкэ олоҕун, сайдыытын кэтээн көрөллөр уонна кыахтара баарынан көмөлөһөллөр, өйүүллэр, — диэн кини эттэ. Айсен Николаев тас дойдулары, норуоттары кытары сыһыаны бөҕөргөтүүгэ өр сылларга көхтөөхтүк үлэлээбит дьоҥҥо судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда.
Бэс ыйын 23 күнэ. Ил Дархан мас тардыһыытыгар аан дойду IV чөмпүйэнээтин кыттыылаахтарын уонна ыалдьыттарын эҕэрдэлээтэ. Айсен Сергеевич чөмпүйэнээт үһүс төгүлүн Дьокуускайга ыытылларын, быйылгы тэрээһин Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар ананарын, күрэхтэһиигэ 41 дойдуттан күүстээх мадьынылар кытталларын эттэ. Бэс ыйын 25 күнүгэр аан бастаан мас-рестлинг аан дойдутааҕы күнэ бэлиэтэнэр. Норуоттар икки ардыларынааҕы федерация президиума бэлиэ күнү сылын ахсын бэс ыйын төрдүс субуотатыгар олохтуур туһунан быһаарыы ылынна. Чөмпүйэнээт кэмигэр Дьокуускайга мас тардыһыытыгар аан дойдутааҕы кэнгириэс ыытылынна. Билиҥҥинэн саха төрүт көрүҥүнэн 50-тан тахса дойдуга 32 тыһ. киһи дьарыктанар, ол иһигэр Арассыыйаҕа – 16 тыһ. тахса киһи. Мас тардыһыытын салгыы сайыннарар инниттэн Мас-рестлинг норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ тэрилиннэ. Ил Дархан мас тардыһыыта олимпийскай көрүҥ буоларыгар эрэнэрин биллэрдэ.
Бэс ыйын 23 күнэ. «Эллэй Боотур» муус дыбарыаска «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэт ыстаап-кыбартыырата аһылыытыгар Айсен Николаев кытынна уонна бу бэлиэ түгэнинэн эҕэрдэлээтэ. Манна 350 кв.м. иэҥҥэ 9 кабинет уонна оонньуулар историяларын кэрэһилиир музей баар буолла.
Бэс ыйын 24 күнэ. Саха сиригэр Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин күннэрэ саҕаламмыттарынан Дьокуускайга Татарстан Бэрэсидьиэнэ Рустам Минниханов кэллэ. Кинини аэропорка Ил Дархан көрүстэ. Бу күн Айсен Николаев уонна Рустам Минниханов Платон Ойуунускай пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.Санатар буоллахха, былырыын Казань куоракка Татарстан Өрөспүүбүлүкэтэ төрүтттэммитэ 100 сылыгар Саха сирин күннэрэ ыытыллыбыттара. Ол онно икки эрэгийиэн бииргэ үлэлэһиигэ дуогабар түһэрсибитэ. Бу сырыыга эмиэ холбоһуктаах бырайыактар тустарынан кэпсэттилэр. Ил Дархан былырыыҥҥы кэпсэтиилэр түмүктэринэн, үгүс эйгэҕэ, ол иһигэр бырамыысыланнаска, тыа хаһаайыстыбатыгар, сонун хайысхалар арыллыбыттарын, икки эрэгийиэн таһымыгар Бырабыыталыстыбалары таһынан, биирдиилээн тэрилтэлэр, муниципальнай тэриллиилэр үлэлэһэн эрэллэрин эттэ. Билигин айти-технология сайдыытыгар болҕомто ууруохтара. Оттон Рустам Минниханов: «Биһиги уруулуу эрэ норуот буолбатахпыт, үгүс эйгэҕэ бииргэ үлэлэһэрбит биир ситимниир. Саха сирэ билигин үгүс эйгэҕэ инники күөҥҥэ иһэр. Кэнэҕэскитин сүбэбитин холбоон бииргэ үлэлээтэхпитинэ, федерация киинигэр да бэйэбит интэриэспитин туруулаһарбытыгар төһүү буолуоҕа», – диэн бэлиэтээн эттэ.
Бэс ыйын 24 күнүгэр “Татарстан-Саха сирэ” дьыалабыай форумҥа 300-тэн тахса киһи кытынна. Ол иһигэр эрэгийиэннэр салайааччылара, бырамыысыланнас, тырааныспар, суол-иис, саҥаны киллэрии эйгэтигэр үлэлии сылдьар хампаанньалар, тэрилтэлэр кытыннылар, уопут атастастылар. Гаастааһыҥҥа, энергетика, тырааныспар, тыа хаһаайыстыбатын, үөрэх, култуура эйгэлэригэр үгүс бырайыагы билиһиннэрдилэр.
Бэс ыйын 22-25 күннэригэр Татарстан күннэрин чэрчитинэн суруйааччылары кытта көрсүһүүлэр, быыстапкалар тэрилиннилэр. Буинскайдааҕы драматическай тыйаатыр артыыстара Нуучча театрыгар испэктээкил туруордулар, Татарстан үҥкүүтүн судаарыстыбаннай ансаамбылын уонна искусство маастардарын гала-кэнсиэртэрэ Опера уонна балет театрыгар ыытылыннылар.
Бэс ыйын 24 күнэ. Дьааҥы улууһун Верхоянскай куоратыгар аныгы гибриднай энергокомплексы үлэҕэ киллэрдилэр. 3,7 МВт кыамталаах саҥа эбийиэк уотунан хааччылыыны тупсарыа, оттук ыарахан көрүҥүн туһаныыны аччатыа, бүддьүөт үбүн кэмчилиэ. ВКС көмөтүнэн энергокомплекс аһыллыытыгар Айсен Николаев уонна РусГидро салалтатыттан Роман Бердников кыттыыны ыллылар. Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, станция Дьааҥы улууһун уонна Арктика сайдыытыгар хамсааһыны таһаарыа. Бу иннинэ бастакы пилотнай бырайыак улуус Табалаах нэһилиэгэр былырыын күһүн олоххо киирбитэ. Итинник станциялар аны Муома улууһугар тутуллуохтара.
Бэс ыйын 25 -26 күннэрэ. Үс Хатыҥҥа 25-с төгүлүн Туймаада ыһыаҕа үрдүк таһымнаахтык ааста. Туймаада Ыһыаҕа Арассыыйа үрдүнэн саамай бөдөҥ, сүҥкэн национальнай бырааһынньыгынан билиниллибитэ. Икки сыллаах тохтобул кэнниттэн быйылгы үбүлүөйдээх ыһыахха өтөрүнэн хаһан да мустубатах үтүмэн үгүс киһи сырытта. Тэрийээччилэр аахпыттарынан туһугар рекорд олохтонон, икки күн устата Үс Хатыҥҥа ыраахтан-чугастан 220 тыһ. киһи ыһыах үөрүүтүгэр кыттыста. Бочуоттаах ыалдьыттар ортолоругар РФ Бэрэсидьиэнин дьаһалтатын салайааччытын солбуйааччы, национальнай политика боппуруоһун сүрүннүүр Магомедсалам Магомедов, Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнэ Рустам Минниханов, Новосибирскай уобалас губернатора Андрей Травников, Ханты-Мансийскай автономнай уокурук – Югра губернатора Наталья Комарова, Камчатка кыраайын губернатора Владимир Солодов, араас дойдулар генеральнай консуллара уо.д.а. бааллар.
“Төһө да дьаҥ, уот, араас моһоллор мэһэйдээбиттэрин да иһин, бары кыһалҕалары туораан, өссө күүскэ сомоҕолоһон, түмсэн, күүһүрэн, бииргэ буоларбытыттан үөрэбин. Саха дьонугар махтанабын – ыарахан түгэҥҥэ биир сомоҕо буоларгытыгар, олоххо дьулуургутугар. Дьон-сэргэ ыһыаҕы ахтыбыта тута көстөр, түһүлгэ аайы тоҕуоруһа муһунна. Күммүт-дьылбыт да анаабыт курдук туран биэрдэ Биһиги эрэ буолбатах, Бүтүн Арассыыйа ыһыах буоларын кэтэстэ, бүгүн 50-тан тахса дойдуттан, элбэх эрэгийиэнтэн ыалдьыттар кэлэн, үөрүүбүтүн үллэстэллэр. Саха сирин ыһыаҕа саҥа таһымҥа тахсан билигин үгүс норуоту түмэр тэрээһин, доҕордоһуу, ил, эйэ бырааһынньыга буолла”, — диэн Айсен Сергеевич эҕэрдэ тылыгар эттэ.
Быйылгы ыһыахха үс улуу хочону ситимниир алгыс Туймаада, Эркээни, Эҥсиэли хочолоругар тэҥинэн ыытылынна. Ыһыах Саха АССР 100 сылыгар анананна. Быйылгы Ыһыах түһүлгэтигэр Саха сиригэр Татарстан күннэрин чэрчитинэн Сабантуй – татаардар национальнай бырааһынньыктара болҕомтону тарта. «Азия оҕолоро» VII Аан дойдутааҕы спортивнай оонньууларын уотун туттарыы сиэрэ-туома буолла. Эр дьоҥҥо уонна дьахталларга мас-рестлинг абсолютнай ыйааһыҥҥа аан дойду чемпионатын финала, үгэс курдук Дыгын оонньуулара элбэх дьон интэриэһин тарта. Ыһыах култуурунай бырагырааматыгар «Олоҥхо сиригэр ЮНЕСКО шедеврдарын кытта көрсүһүү» фестиваль уонна «Этно-Эрато-2022» национальнай таҥас үрдүкү муодатын Евразийскай куонкуруһун кыттаачылара киэргэттилэр.
Күндү доҕоттор, ыһыахпыт тыына күүспүтүгэр күүһү эптин, санаабытын кынаттаатын, алгыс тыла хас биирдиибитигэр табыллыыны уонна үтүө уларыйыылары түстээтин!
Афанасий Ноев, Ил Дархан пресс-сэкирэтээрэ
This post was published on 29.06.2022 14:01 14:01