От ыйын 26 күнүгэр Ил Дархан Нерюнгри оройуонун баһылыга Роман Щегельняктыын көрүстэ. 2025 сылга оройуон тэриллибитэ 50 сылын, оттон 2026 сылга Чульман уонна Иенгра 100 саастарын туолаллар. Роман Щегельняк Айсен Николаевка ити үбүлүөйдээх тэрээһиннэргэ бэлэмнэнии хайдах ыытылларын кэпсээтэ.
Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Нерюнгри оройуонун биэс сыллааҕы социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын былаанын кытта билистэ. Докумуоҥҥа инфраструктураны сайыннарыыны сэргэ суоллары өрөмүөннээһин үлэтэ киирдэ. Роман Щегельняк бары суолу өрөмүөннүүргэ 1 млрд 900 мөл. солкуобай ирдэнэрин эттэ.
Инфраструктураны сайыннарыы чэрчитинэн куорат «Водоканалын» реконструкциялааһын ыытыллыахтаах. Бу үлэ бастакы түһүмэҕэ ааспыт сыл ахсынньы ыйыгар түмүктэммитэ. Ол курдук, уунан хааччыйар систиэмэлэр саҥардыллыбыттара – ыраас уу икки резервуара, насоснай станциялар тутуллубуттара. Манна 400 мөл. солкуобай көрүллүбүтэ. Иккис түһүмэххэ куорат былааһа аны уу барар систиэмэтин, ол иһигэр канализация 16 насоснай станциятын саҥардарга былаанныыр.
Инфраструктурнай уонна социальнай эбийиэктэр туһунан кэпсииригэр Роман Щегельняк Чульмаҥҥа 9№-дээх оскуоланы тутуохха наадатын бэлиэтээтэ. Бу үөрэх кыһатын дьиэтэ бүгүн саахалланар туруктаах. Маны сэргэ кини Чульмаҥҥа култуура дьиэтин, спортивнай сааланы, Иенграҕа – бааһырынай депону, Нерюнгри техническэй институтугар – уопсай дьиэни, Золотинкаҕа ууну ыраастыыр эбийиэги тутууну туруоруста. Балар үксүлэрэ судаарыстыбаннай бырагыраамалар көмөлөрүнэн олоххо киириэхтэрэ. Холобура, дьиэлэр тиэргэннэрэ «Формирование городской среды» федеральнай бырайыагынан тупсарыллар. Оройуоҥҥа 2019-2024 сылларга доруобуйа харыстабылын систиэмэтин сайыннарыыга туспа стратегия оҥоһуллубута. Ити чэрчитинэн былырыын Нерюнгригэ Оҕо поликлиникатын хапытаалынай өрөмүөнэ ыытыллан бүппүтэ. Быйыл дьахтар консультациятын дьиэтин, балыыһа комплексын «Б» куорпуһун уонна КВД дьиэтин реконструкцията саҕаланар.
2022-2023 сылларга улахан дьон поликлиникатын, балыыһа комплексын А» уонна «В» куорпустарын, ол кэнниттэн психоневрологическай диспансер уонна пищеблок реконструкциялара ыытыллыаҕа.
От ыйын 27 күнүгэр Айсен Николаев видеосибээс нөҥүө Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин Уһук Илин сиригэр-уотугар ыксаллаах быһыы-майгы боппуруостарыгар ыыппыт мунньаҕар кытынна. Манна тыа баһаардарыгар улахан болҕомтону уурдулар. Ил Дархан Саха сиригэр кэлиҥҥи кэмҥэ хаһан да буолбатах уот кураан туран, тыа баһаардара уустук балаһыанньаны үөскэппиттэрин бэлиэтээтэ.
Айсен Николаев Арассыыйа Бырабыыталыстыбатыгар уонна Михаил Мишустиҥҥа Саха сиригэр тыа баһаардарын умуруорууга улахан көмөнү ыыппыттарын иһин махталын биллэрдэ. Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ бэс ыйын саҕаланыытыттан баһаары утары охсуһар федеральнай резервэ бөдөҥ бөлөҕө кэлэн үлэлээтэ. Барыта 800-тэн тахса киһи кэлбититтэн, билигин 634 специалист үлэлии-хамныы сылдьар. Маны сэргэ Саха сиригэр тыаҕа турбут уоту умуруорууга МЧС – сэттэ, Дойдуну көмүскүүр министиэристибэ – алта, эрэгийиэн авиахампааньыйаларын – уон аҕыс көтөр ааллара кытыннылар. Ону таһынан ардаҕы аҕалар АН-26 зондировщик-сөмөлүөт көдьүүстээхтик үлэлээтэ. Ил Дархан тыа баһаарын кытта охсуһуу бастакы түһүмэҕин соруга туолла – уоту нэһилиэнньэлээх пууннарга киллэрбэтибит диэн эттэ.
Айсен Николаев мунньахха тыаҕа сыһыаннаах боппуруостарга харчыны тыырыы саҥа методикатын киллэриини түргэтэтэри, Саха сиригэр баһаары утары охсуһууга аналлаах оборудованиелаах ДТ-75 тыраахтырдары эбии биэриини, өрөспүүбүлүкэҕэ тыа баһаардарын умуруоруу киинин тэрийиини, итиэннэ уот кураантан кыһарыйтарбыт тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуустары уустук балаһыанньаттан таһаарыыга, кыстыыр отторун атыылаһыыга уонна атын эрэгийиэннэртэн тиэйэн аҕалыыга үбүнэн көмөнү туруоруста.
От ыйын 28 күнүгэр Ил Дархан ковиды утары охсуһууга өрөспүүбүлүкэ суһал штабын уочараттаах мунньаҕын ыытта. Манна кини Саха сиригэр коронавируһунан ыалдьыбыт дьон ахсаана элбээбитин бэлиэтээтэ. Айсен Николаев онон ситимнээн кэлэр күннэргэ Саха сиригэр сорох хааччахтар төттөрү киллэриллиэхтэрин сөбүн эттэ. Ол курдук, бу күннээҕи туругунан, эбии 122 киһи ыалдьыбыта, онтон үксүлэрэ Дьокуускай куоракка олороллоро биллэр.
От ыйын 29 күнүгэр Айсен Николаев уот кураан кэлбитинэн ситимнээн Саха сирин 10 оройуонугар уонна Дьокуускай куоракка ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимин киллэрэр туһунан Ыйаахха илии баттаата.
Ыксаллаах быһыы-майгы ардах түспэтэҕин, кураантан от үүммэтэҕин түмүгэр от ыйын 29 күнүттэн Мэҥэ-Хаҥалас, Ньурба, Сунтаар, Нам, Уус-Алдан, Хаҥалас, Томпо, Өлүөхүмэ, Өймөкөөн, Чурапчы улуустарыгар уонна Дьокуускай куоракка биллэрилиннэ.
От ыйын 29 күнүгэр Ил Дархан тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүн саҥа мэхэньиисимнэрин олоххо киллэрии хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Айсен Николаев мунньахха тыа хаһаайыстыбатын өйөбүлүн харчыта-үбэ дьиҥ сиргэ үлэлии сылдьар, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар дьоҥҥо тиийиэхтээх диэн тоһоҕолоон эттэ.
Чочуллубут систиэмэ 2021 сыл бастакы аҥаарын түмүгүнэн үчүгэй көрдөрүүлэрдээх. Ити, бастатан туран, ынах сүөһүнү иитиинэн дьарыктанар кэтэх хаһаайыстыбалары, итиэннэ үүтү туттарааччылары өйөөһүн саҥа мэхэньиисимнэригэр сыһыаннаах. Бу үлэҕэ дьоһун хардыынан тыа хаһаайыстыбатыгар ыытыллар үп-харчы 63% — нын муниципальнай тэриллиилэр таһымнарыгар биэрии буолла. Саҥа уларыйыылар итиэннэ икки сүрүн хайысханы – кэтэх хаһаайыстыбалаах дьоҥҥо сүөһүлэрин ахсаанын сыл бүтэһигэр диэри аччаппат түгэннэригэр биир төбө ынахха 35 тыһыынча солкуобай субсидияны көрүүнү уонна үүтү туттарыыга субсидияны биэрии мэхэньиисимин 35 солкуобайтан 50 солкуобайга диэри хос көрүүнү таарыйдылар. Маны сэргэ үчүгэй көмөнөн үүтү, эти, хортуоппуйу, оҕуруот аһын уонна бурдугу оҥорон таһаарыыны өйөөһүн буолла. Итиниэхэ улуустарга бэриллибит харчы иһинэн субсидияларын кээмэйин бэйэлэригэр быһаарар кыах бэрилиннэ. Бүгүн ынах сүөһү төбөтүгэр бэриллэр судаарыстыбаннай субсидиянан 9,5 тыһыынча тыа олохтооҕо туһанна. Бу көмөнү дьон-сэргэ лаппа биһирээтэ. Ол курдук, субсидия өрөспүүбүлүкэҕэ ынах сүөһү элбииригэр төһүү күүс буолла. Саха сиринээҕи статистика тэрилтэтэ ааҕыытынан от ыйын 1 күнүгэр эрэгийиэҥҥэ ынах сүөһү ахсаана 6 947 төбөнөн, ол иһигэр нэһилиэнньэ хаһаайыстыбаларыгар 2 787 элбээтэ. Былырыыҥҥы көрдөрүүнү кытта тэҥнээтэххэ, эбиллии 4,4% тэҥнэстэ. Кэтэх хаһаайыстыбаларга ити сыыппара – 6,4%.
Ыаммытынан үүтү тутууга субсидияны биэрии мэхэньиисимин хос көрүү, биир киилэ үүккэ харчыны 6,4%-нан улаатыннарыыга, сокотуопкалыыр сыана үрдүүрүгэр тиэртэ. Ол билигин 60 солкуобайга тэҥнэһэр. Харчыны ылааччыларынан сокотуопкалыыр тэрилтэлэр уонна тэриллиилээх хаһаайыстыбалар буолаллар диэн быһаардылар. Маныаха өйөөһүн мэхэньиисимин быһыытынан бааһынай хаһаайыстыба курдук регистрацияламмыт кэтэх хаһаайыстыбалар бу субсидияны эмиэ ылыахтарын сөп.
Быйылгы сыл бастакы аҥаарыгар өрөспүүбүлүкэҕэ 23 тыһыынча туонна үүтү ыатылар. Ити былаан 40%-гар тэҥнэһэр. Маны сэргэ сокотуопкалааччылар бэйэлэрин үптэригэр кэтэх хаһаайыстыбалартан уонна потребительскай кооперативтартан 338 туоннаттан тахса ыаммытынан үүтү туттулар.
От ыйын 30 күнүгэр Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ национальнай бырайыактар уонна судаарыстыбаннай бырагыраамалар чэрчилэринэн тутуллар эбийиэктэргэ үлэ хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Мунньахха «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллар Өрөспүүбүлүкэтээҕи кардиологическай киин уонна «Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак 2019-2025 сылларга дьону хаарбах дьиэттэн көһөрүүгэ бырагыраамата көрүлүннүлэр.
Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри тутууга былааннаммыт графиктан хаалыыны суох оҥорор туһуттан Айсен Николаев оробуочайдар эбии биригээдэлэрин наймылаһыыны түргэтэтиҥ диэтэ. Бу иннинэ ресурсанан хааччыйар тэрилтэлэр ситимнэригэр техническэй холбонууга суһал миэрэлэр ылыллыбыттара. Ил Дархан бу боппуруоһу кытаанах хонтуруолга ылар дьаһалы биэрбитэ.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи кардиологическай киин 150 миэстэлээх иккис уочаратын быйыл ахсынньы ыйга тутан бүтэрэргэ былаанныыллар. Айсен Николаев маны сэргэ сыста сытар сири тупсарыыга уонна эбийиэккэ тиэрдэр суолу тутууга үлэни ыытарга соруйда. Ол курдук, «Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагынан Мерзлотнай уулусса суола өрөмүөннэниэхтээх.
Ил Дархан министиэристибэлэр, биэдэмэстибэлэр, улуустар уонна тутуу тэрилтэлэрин салайааччыларыгар үлэ түргэнник барыытын сэргэ хаачыстыбатын эмиэ хонтуруоллуохха наадатын өссө төгүл эттэ.
От ыйын 31 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ баһылыга “О приостановлении до особого распоряжения действия Указа Главы Республики Саха (Якутия) от 25 июня 2021 г. № 1918 «О создании безопасных условий для граждан при осуществлении деятельности отдельных организаций и индивидуальных предпринимателей в период режима повышенной готовности на территории Республики Саха (Якутия)» диэн ыйаахха илии баттаата. Бу докумуон «коронавирустан көҥүл тэрилтэлэр» – COVID-free зоналар мантан ылата хааччахтыыр миэрэ эрэһиимин тутуһан үлэлиир буолалларын ирдиир.
Ыйааҕы өрөспүүбүлүкэ сүрүн санитарнай бырааһын этиитинэн коронавируска эпидемиологическай балаһыанньа мөлтөөбүтүнэн таһаардылар.
От ыйын 31 күнүгэр Ил Дархан 2025 сылга Таатта улууһун Ытык Күөл бөһүөлэгэр былааннаммыт спорт национальнай көрүҥнэригэр «Манчаары оонньуулара» XXII спартакиадаҕа бэлэмнэниигэ анаммыт мунньаҕы ыытта.
Тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнии чэрчитинэн кэккэ эбийиэктэри, ол иһигэр Ытык Күөлгэ 1 тыһ. миэстэлээх трибуналаах, сүүрэр ыллыктаах стадиону, Элбэх функциялаах чэбдигирдэр-спортивнай комплексы, ипподрому уонна А.Е. Мординов аатын сүгэр 450 миэстэлээх лицейи уонна 100 миэстэлээх интернаты тутарга былааннанар.
Айсен Николаев мунньахха бу спартакиада күрэхтэһиилэри эрэ ыытаары буолбакка, улуустар инфраструктураларын сайыннараары тэриллэрин, итиэннэ Тааттаҕа ордук болҕомтону Ытык Күөлгэ ууруохха наадатын тоһоҕолоон эттэ. Эрэгийиэн салайааччыта экэниэмикэ миниистиригэр «Манчаары оонньууларын» былаанын көрөрүгэр бөһүөлэги бары өттүттэн сайыннарыыны учуоттуурга ыйыы-кэрдии биэрдэ. Ол курдук, докумуоҥҥа ЖКХ, суол, сибээс боппуруостара барыта киириэхтээхтэр. Маны сэргэ Ил Дархан өр сылларга туруорсуллар А.Е. Мординов аатын сүгэр 450 миэстэлээх лицейи уонна 100 миэстэлээх интернаты тутуу боппуруоһа быһаарыллыахтааҕын бэлиэтээтэ. Итини таһынан кини кэлэр үс сылга Ытык Күөлгэ кыайан ситэри тутуллубакка турар Элбэх фукнциялаах оҕо киинин ситэриигэ харчыны тыырар туһунан сорудах биэрдэ.
От ыйын 31 күнүгэр Ил Дархан оттооһун боппуруоһугар мунньах ыытта. Быйыл уот кураан туран Саха сиригэр от үүнүүтэ быстар мөлтөх. Итиннэ өссө тыа баһаардара харгыс буоллулар. Онон үгүс улуустар быйыл оту бэлэмнээһиҥҥэ былааннарын толорор кыахтара суох. Айсен Николаев итинэн ситимнээн өрөспүүбүлүкэҕэ суһал штаб тэриллэн үлэтин саҕалаабытын эттэ.
Мунньахха баһылык хайа улуус төһөнү оттуур кыахтааҕын, кыстыырыгар төһө тиийбэтин, ону хантан атыылаһарын, аҕаларын быһаарыста. Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэ быйылгы окко былаана – 457, 5 тыһ. туонна. Ити кээмэйтэн 364,5 тыһ. туоннаны эрэ бэлэмниир кыах баар. Тиийбэт 93 тыһ. туонна оту улуустар атын оройуоннартан уонна чугастааҕы эрэгийиэннэртэн атыылаһар, оттон сороҕун мобильнай биригээдэлэри ыраах баар ходуһаларга ыытан оттотор былааннаахтар. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ мобильнай биригээдэлэри тэрийиигэ 51 мөл. солкуобай харчыны көрүөҕэ.
Айсен Николаев Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустинтан өрөспүүбүлүкэҕэ уот кураантан үөскээбит ыарахан балаһыанньаттан тахсарга үп-харчы өттүнэн көмө көрдөөбүтэ. Дойду тыа хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтигэр сайаапка түһэриллиэхтээх. Ол быһыытынан Айсен Николаев Александр Атласовка улуустартан ирдэнэр докумуоннары түргэнник хомуйарыгар дьаһайда.
Мунньахха улахан суолталаах быһаарыынан мобильнай биригээдэлэргэ субсидияны биэрии усулуобуйатыгар оттуур сир ырааҕын 60 килэмиэтиртэн 40 килэмиэтиргэ диэри кыччатыы буолла.
Ил Дархан тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр улуустар оту тиэйиигэ ороскуоттарын сабарга уонна мобильнай биригээдэлэри мэктиэ суруктарынан уматыгынан хааччыйарга сорук туруорда.
This post was published on 04.08.2021 09:30 09:30