Олунньу 7 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга суһал ыстаап мунньаҕар иһитиннэрбитинэн, Дьокуускай куоракка коронавирус дьаҥын тарҕаныыта арыый намырыах курдук, ыалдьааччы ахсаана аччыыр. Үтүөрээччи ахсаана эбиллэр, ааспыт өрөбүллэргэ 7 тыһ. кэриҥэ киһи үтүөрбүт. Онон сибээстээн чугастааҕы күннэргэ киин куоракка хаччаахтыыр миэрэлэри сымнатар ыйаах тахсыаҕа. Дьокуускайга ыарыы улаатар тэтимэ бытаарбыт, «Триумф» успуорт комплексыгар үлэлиир амбулаторияҕа көрдөрө кэлэр киһи ахсаана икки төгүл аҕыйаабыт. Ол оннугар билиҥҥитэ улуустарга ыарыы элбии турар. Ил Дархан Дьокуускайтан улуустарга телемедицина консультациятын улаатыннарарга, ону сэргэ ревакциянация тэтимэ намтаабытынан, итиннэ үлэни күүһүрдэргэ сорудахтаата. Холобур, Дьокуускайга ревакцинация тэтимэ 48% диэри түспүт. Уопсай ыалдьыбыт дьонтон быһыы ылбыта 12%, иккистээн ыалдьыбыта 13% тэҥнэспит. Айсен Николаев улуустарга эминэн-томунан уонна экспресс-тиэһинэн хааччыллыыны ураты хонтуруолга тутарга, муниципалитеттарга доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөҕүн үлэтин күүһүрдэргэ ыйда.
Олунньу 7 күнэ. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ бизнес-түмсүүтүн кытта видеокэмпириэнсийэ нөҥүө тыын суолталаах боппуруостары дьүүллэстэ. «Төһө да хамсык дьаҥа ааҥнаабытын иһин, урбаанньыттар үлэ миэстэтин тутаннар, дьоҕус бизнеһи сайыннараллар. Бу эйгэҕэ дьарыктанааччы ахсаана ааспыт сылга аан бастаан 100 тыһ. тахсыбыт. Маныаха гражданнар бэйэ дьарыктаах быһыытынан регистрацияламмыттара төһүү буолла. Билигин бу көрдөрүү 116,8 тыһ. киһиэхэ тиийбитин ситиһиинэн ааҕабын», — диэн кини бэлиэтээтэ. Ил Дархан этэринэн, дьоҕус бизнес судаарыстыбаттан тиһиктээх көмөҕө наадыйар. Салгыы өйөммөтөҕүнэ, өрө тахсыы төттөрүтүн таҥнары түһүөн сөбүн эттэ. Урбаанньыттар хамсыгы утары хааччахтыыр миэрэлэри сыыйа тохтотору туруорсаллар. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап дьаһаллара туох-ханнык иннинэ дьон доруобуйатын көмүскүүргэ ылылалларын санатта. Кини нэдиэлэ бүтүүтэ Дьокуускайга хааччахтыыр миэрэлэри сыыйа сымнатыахтарын туһунан иһитиннэрдэ. Ол эрээри мааскалаах сылдьыы, дезинфекцияны ыытыы оннунан хаалыаҕа. Көрсүһүүгэ чааһынай уһуйааннар көрсөр ороскуоттарын 2022 сыл иккис аҥарыгар толуйары туруорустулар. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр уларытыы киирэригэр бу хайысхаҕа үп-харчы көрүллүөхтээҕин эттэ. Үөрэх эйгэтигэр үлэлиир урбаанньыттар аһары отчуоту ирдээһини тохтоторго уонна чааһынай уһуйааннары экспресс-теһинэн хааччыйарга этии киллэрдилэр. Маны таһынан нолуок бэлиитикэтин, каадырынан хааччыллыы үлэни биэрээччи быраабын көмүскээһини боппуруостарын тула кэпсэттилэр. Көрсүһүү кыттыылаахтара Ил Дархаҥҥа аһаҕас кэпсэтии иһин махтаннылар, бизнес уонна былаас биир сүбэнэн үлэлиирэ кыһалҕаны быһаарыыга тирэх буоларын бэлиэтээтилэр.
Олунньу 8 күнэ. Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун Арассыыйа наукатын күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Кини Саха науката үгүс хайысхаҕа ситиһиилээҕин бэлиэтээн туран, бу кыах Уһук Хоту сиргэ дьон-сэргэ олоҕун таһымын үрдэтиигэ туһуланыахтааҕын бэлиэтээтэ. Өрөспүүбүлүкэбит научнай уопсастыбаннаһа, дойдубут кыаҕын, баайын-дуолун, хамсыыр харамайын эгэлгэтин, ураты култууратын толору туһанан, араас уларыйыыларга дьоһун харданы утары уунарын тоһоҕолоото. Айсен Николаев, былырыын Наука уонна технология сылыгар аан дойду таһымнаах киин статуһун ылбыт «Хотугу: туруктаах сайдыы территорията» научнай- үөрэх киинэ бу хайысхаҕа үлэлэһэрин эттэ. «Биһиги учуонайдарбыт сүүнэ айар-тутар дьоҕурдаахтар, научнай уопсастыбаннаспыт ситиһиитэ Саха сиригэр эрэ буолбакка, тас дойдуга эмиэ киэҥник биллэр. Учуонайдарбыт медицинэҕэ, үөрэҕириигэ, тыа хаһаайыстыбатыгар, бырамыысалыннаска, айылҕаны туһаныыга, энергетикаҕа уо.д.а. атын салааларга үлэлэрин ситиһиилээхтик туһаналлар», — диэтэ кини. Ил Дархан учуонайдарга саҥа арыйыылары, интэриэһинэй бырайыактары олоххо киллэрэллэригэр баҕарда.
Олунньу 8 күнэ. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ бэйдиэ сылдьар ыттары тутууга, приюттары оҥорууга 100 мөл. солк. эбии бэриллиэҕэ диэн иһитиннэрдэ. Эрэгийиэн бүддьүөтүгэр уларытыыны киллэрэр сокуон барыла кулун тутар 4 күнүгэр буолуохтаах Ил Түмэн мунньаҕар көрүллүөҕэ. Ити иннинэ бүддьүөккэ бу кыһалҕаны быһаарыыга 60 мөл. солк. тыырыллыбыта, ол онтон 28 мөл. солк. Дьокуускай куоракка көрүллүбүтэ. Ил Дархан сорудаҕынан Бырабыыталыстыба тохсунньуга бэйдиэ сылдьар ыттары көрүү-харайыы боппуруостарын бэрээдэктээһиҥҥэ туһуламмыт тэрээһиннэри бигэргэппитэ. Чуолаан дьиэ кыылын бас билээччи дьон эппиэтинэһин үрдэтиигэ болҕомто ууруллар. Дьиэ кыылын булгуччу регистрациялыахтаахтар уонна ыты тутуу быраабылатын кэстэхтэринэ ыстырааптыахтара. Айсен Николаев бүддьүөттэн бэриллэр үп туттуллуута кытаанахтык хонтуруолланыахтаах диэн эттэ.
Олунньу 8 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ киин куоратын саҥа ылыллыахтаах маастар-былаанын сүрүн эбийиэктэринэн «Мас Дьокуускай. Залог», орто анал үөрэх «Суперкампус» кластера, Инновацияҕа наука-технология киинэ, Мамонт аан дойдутааҕы киинэ буолуохтара. Ол туһунан Айсен Николаев Дьокуускай маастар-былаанын оҥорууга куонкурус саҕаланыытыгар анаммыт пресс-кэмпириэнсийэҕэ эттэ. 2032 сылга куорат төрүттэммитэ 400 сылын бэлиэтиэхпит. Кэлэр уон сылга Дьокуускайга 13,5 тыһ. миэстэлээх 26 оскуола тутуллуоҕа. 2021 сылга Дьокуускай сайдыытын туһунан ылыныллыбыт Ил Дархан Ыйааҕын сүрүн соругунан эрэгийиэн киинэ дьон олоҕун хаачыстыбатынан уонна сайдыытынан дойду уонна аан дойду бастыҥ куоратын кытары биир кэккэҕэ туруохтаах. Онуоха маастар-былаан тирэх буолуохтаах. Олунньу 8 күнүттэн кулун тутар 15 күнүгэр диэри маастар-кылаас былаанын оҥорууга куонкуруска сайаапкалары тутуохтара. Кулун тутар 31 күнүгэр үс финалиһы, онтон от ыйын 13 күнүгэр кыайыылааҕы быһаарыахтара.
Олунньу 9 күнэ. Ил Дархан Саха сирэ бигэтик сайдыытын Сэбиэтин оробуочай бөлөҕүн экспиэртэрин кытары үөрэх тиһигин сайдыытын, каадыры бэлэмнээһин, эдэр специалистары үлэнэн хааччыйыы боппуруостарын ырыттылар. Үөрэх тиһигин уонна каадыры бэлэмнээһин сүрүн соругунан кэмпитиэнсийэлэри баһылааһыны сэргэ, өрөспүүбүлүкэ инникитигэр эппиэтинэстээх буолууну ситиһии диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ. Үлэ биэрээччилэр ирдэбиллэригэр эппиэттиир специалистары бэлэмнээн таһаарарга ураты болҕомто ууруллуохтаах. Экспиэртэр уопсай, эбии, анал үөрэх тэрилтэлэрэ бөдөҥ бырамыысыланнас хампаанньаларын, бизнеһи кытта бииргэ үлэлииллэригэр туһуламмыт кластердары тэрийиигэ Саха сирин уопутун биһирээтилэр.
Олунньу 9 күнэ. Айсен Николаев дойду Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Андрей Белоусов эрэгийиэннэргэ аччыгый уонна орто урбааны өйүүр дьаһаллары тупсарыы боппуруостарыгар ыыппыт мунньаҕар кытынна. Арассыыйа Бэрэсидьиэнин ыйааҕар туруоруллубут сорук быһыытынан дойдуга 2024 сылга аччыгый уонна орто урбаан эйгэтигэр 23 мөл. тиийэ киһи дьарыктаах буолуохтаах. 2021 сыл түмүгүнэн көрдөрүү бары эрэгийиэннэргэ иннинээҕи сыллары кытта тэҥнээтэххэ улааппыт эрээри, сүрүннээн бэйэ дьарыктаах киһи ахсаана элбээбит. Онон үөскээбит быһыыны-майгыны ырытан баран, федеральнай уонна эрэгийиэн таһымнарыгар эбии дьаһаллары ылыахтара. Саха сиригэр аччыгый уонна орто урбаан эйгэтигэр 116,8 тыһыынча киһи дьарыктаах. Онтон 16,7 тыһыынча киһи бэйэ дьарыктаах, ол ааспыт сыллааҕар 3,3 төгүл улааппыт. 2022 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ аччыгый уонна орто урбааны өйүүргэ 250 мөл. солк. кэриҥэ үп, ол иһигэр 170,5 мөл. солк. федеральнай бүддьүөттэн көрүллүбүт.
Олунньу 10 күнэ. Эрэгийиэн баһылыга «Эльгауголь» тэрилтэ сыллааҕы үлэтин түмүгүн таһаарар мунньаҕы ыытта. 2021 сылга хампаанньа 14,7 мөл. туонна чоҕу хостообут, бу иннинээҕи сыл көрдөрүүтүн 2,1 төгүл куоһарбыт. 14,6 туонна чох атыыламмытыттан экспорга 14 мөл. туонна тахсыбыт. Хампаанньа чоҕу хостуур уонна батарар кээмэйинэн дойдуга уонна аан дойдуга биир бөдөҥ буоларга үлэлэһэр. «Төһө да пандемиянан хааччахтар баалларын үрдүнэн, хампаанньа тэтимнээхтик сайдар, байытар 5 фабрика тутуллар, тырааныспар уонна социальнай инфраструктура саҥардыллар. Элгэ инникитин өрөспүүбүлүкэ соҕуруулуу-илиҥҥи туһаайыытыгар форпост буолуоҕа», — диэн Ил Дархан бэлиэтиир. 24 мөл. туонна чоҕу тиэйэргэ анаан тимир суолу кэҥэтиигэ үлэ барар. 1 400 киһи олорор вахтовай бөһүөлэгэ тутуллубут. Олохтоох нэһилиэнньэттэн 159 киһи үлэҕэ киирбит, ол иһигэр 87 ыччат. 2024 сылга диэри 2100 олохтоох каадыры үлэҕэ ылыахтара. Мунньахха хампаанньа өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар анаммыт социальнай бырайыактарга кыттыытын кэпсэттилэр. Сотору хампаанньа уонна Нерюнгри улууһа, өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбата эрэгэйиэн социальнай-экономическай сайдыытыгар сөбүлэһии түһэрсиэхтэрэ. Маны сэргэ тэрилтэ Нерюнгритээҕи ГРЭС-кэ, Нерюнгри, Алдан улуустарыгар коммунальнай хаһаайыстыбаны чоҕунан хааччыйыытын боппуруоһун көрдүлэр. 2026 сылга диэри хампаанньа сылга 38,5 мөл. туонна кыамталаах фабрикалардаах кластеры, итиэннэ 2,5 км усталаах көтөр балаһалаах аэропорду тутуоҕа.
Олунньу 10 күнэ. Айсен Николаев Алдан улууһугар үлэлээтэ. Биллэрин курдук көмүстээх Алдан кыһыҥҥы успуорт көрүҥүн киинэ буолар. Арассыыйа биатлоҥҥа, хайыһарга сүүмэрдэммит хамаандалара манна кэлэн эрчиллэллэр, олор истэригэр Пекиҥҥэ бастакы мэтээли аҕалбыт Наталья Непряева, Александр Большунов дьарыктаналлар. Айсен Сергеевич, бастатан туран, хайаҕа тутуллубут хайыһар трассатын көрдө. Бу 650 миэтэрэ уһуннаах трасса олунньу бүтүүтэ аһыллыаҕа. Тутуутугар көмүс хостуур хампаанньалар көмөлөспүттэр. Хайыһарынан түһэр-тахсар сири оҥорууга, хайа ньуурун солоон ыраастыырга үлэ барбыт, уот-күөс киллэрбиттэр, подъемник таҥмыттар. Маастар-былаанынан манна 52 тыһ.кв.м. иэннээх сиргэ инфраструктураны тупсарыахтара, техническэй сылаас дьиэни тутуохтара, хайыһар уларсар пууну, кафе, фуд-корт үлэлэтиэхтэрэ, олимпийскай резервэ оскуолатын иитиллээччилэригэр тэриллэри ылыахтара. Бу эбийиэк маассабай уонна идэтийбит успуорт сайдыытыгар, итиэннэ улууска туристар кэлиилэригэр, Саха сиригэр хайыһар успуорда саҥа таһымҥа тахсыытыгар төһүү буолуоҕа.
Салгыы өрөспүүбүлүкэ баһылыга улууска суһал ыстаап мунньаҕын ыытта. Төһө да быһыы-майгы судургута суоҕун иһин, улууска билиҥҥитэ ыалдьар киһи ахсаана аччаан эрэр, балыыһаҕа киирэн эмтэнээччи ахсаана эмиэ намтаабыт. Ол иһин оҕолор оскуолаҕа баран үөрэниэхтэрэ. Болҕомтону эминэн, экспресс-тиэһинэн хааччыйыыга, ревакцинация тэтимин күүһүрдэргэ, ордук чуолаан бырамыысалыннас тэрилтэлэрин үлэһиттэригэр ыытарга сорудахтаата.
Олунньу 11 күнэ. Алдан улууһугар сырыы иккис күнүгэр Айсен Николаев Томмот куоракка сырытта. Манна соторутааҕыта «Северное» диэн саппаастаах сир базатыгар Эльконнааҕы хайа-металлургическай кэмбинээт көмүс хостуур тэрилтэни үлэлэтэн эрэр. Сыллата 1,3 туоннаттан итэҕэһэ суох кыһыл уонна үрүҥ көмүһү хостуур былааннаах. Ил Дархаҥҥа саҥа бырайыагы билиһиннэрдилэр. 2021 сыл барыллаан түмүгүнэн саппаастаах сиргэ 36 туонна кыһыл көмүс саппааһа баар, кэлэр өттүгэр 50 туоннаҕа тириэрдэр сорук турар.. Ил Дархан бэлиэтииринэн, Алдан улууһун экэниэмикэтин сайыннарааччынан бырамыысалыннас буолар. «Селигдар», «Полюс холода» курдук бөдөҥ хампаанньалары сэргэ Эльконнааҕы хайа-металлургическай кэмбинээт производствотын кыамтатын улаатыннарар. Тэрилтэ саҥа бырайыага улууска үлэ саҥа миэстэтин таһаарыыга, нолуок киириитигэр төһүү буолуоҕа. Бүгүҥҥү күҥҥэ тэрилтэҕэ 200 киһи үлэлээн эрэр. Бастакы кутуулаах кыһыл көмүһү ахсынньыга ыллылар.
Эмиэ бу күн Айсен Николаев Алдаҥҥа Үөһээ паарка диэн сири кытта билистэ. Бу куорат киинигэр баар миэстэҕэ олохтоохтор куоластааһыннарынан «Килбиэннээх үлэ куората» стеланы туруорарга быһаарбыттар. Тыылга үлэлээбит дьон аата суруллубут пааматынньыгы САССР төрүттэммитэ 100 сылын көрсө оҥоруохтара. Санатар буоллахха, ааспыт сылга дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан Алдаҥҥа «Килбиэннээх үлэ куората» бочуоттаах аат иҥэриллибитэ. Салгыы Ил Дархан «Демография» национальнай бырайыагынан тутуллубут «Дельфин» уһуйааны көрдө. Солнечнай микро-оройуоҥҥа баар саҥа эбийиэк 120 миэстэлээх, уруккута 1988 сыллааҕы эргэ дьиэттэн көһөллөр. Уһуйаааҥҥа кырачааннар балтараа саастарыттан ыла сылдьыахтара. Оҕо тэрилтэтэ бу ыйга үлэтин саҕалыаҕа. Бары ирдэбилгэ эппиэттиир аныгы уһуйааҥҥа 14 иитээччи үлэлиэҕэ.
Олунньу 11 күнэ. Айсен Николаев Алдан улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын боппуруостарыгар мунньах ыытта. Улуус салалтатыгар нэһилиэнньэлээх пууннары гаастааһын уонна хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагыраамалара олоххо киириилэригэр хонтуруолу күүһүрдэргэ ыйда. Тутуллар дьиэ хаачыстыбатыгар, олох-дьаһах, социальнай, тырааныспар инфраструктуратынан хааччыллыытыгар болҕомто ууруллуохтаах. Тутааччылар инженернэй ситимнэри тардыыга уонна территорияны тупсаран оҥорууга ороскуоттарын толуйуу боппуруоһун көрөргө эттэ. Национальнай бырайыактары олоххо киллэрии тэтимнээхтик барар. 2021 сылга улууска 24 тыһ. кв. м. кэриҥэ иэннээх олорор дьиэ тутуллубут, ол онтон 16,5 тыһ. кв. м. хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан. Томмокко, Алдаҥҥа, Лебединэйгэ, Аллараа Кураанахха элбэх кыбартыыралаах 7 дьиэни киллэрбиттэр. 2022 сылга уопсайа 712 кыбартыыралаах 14 дьиэни Алдаҥҥа, Томмокко, Ленинскэйгэ, Аллараа и Үөһээ Кураанахха, Якокикка тутуохтара. Быйыл улууска култуура-успуорт комплексын киллэриэхтэрэ. Кутанаҕа уһуйаан тутуута саҕаланыаҕа. Аллараа Кураанахха искусство оскуолатын тутууга бэлэмнэнии үлэтэ саҕаланар. Алданҥа «Газпром» катоктаах физкультура-чэбдигирии киинин тутуутун түмүктүөҕэ. Маны тэҥэ «Газпром» гаастааһынын бырагырааматынан Хатыыстыырга, Аллараа Кураанахха, Алдаҥҥа, Ленинскэйгэ, Лебединэйгэ диэри магистральнай гаас утаҕын бырайыактааһын уонна тутуу көрүллүбүт.
Олунньу 11 күнэ. Айсен Николаев дойду судаарыстыбаннай сэбиэтин «Тырааныспар» хайысхаҕа хамыыһыйатын семинар-мунньаҕар видеосибээс нөҥүө кытынна. Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан уопсастыбаннай тырааныспар сайдыытыгар биир кэлим бырайыак оҥоһуллар. Онуоха Саха сирэ бэйэтин этиилэрин киллэриэҕэ. Чуолаан кыра куораттарга уопастыбаннай тырааныспар састаабын саҥардыыны өйүүр дьаһаллары кэҥэтиини туруорсуоҕа. Билигин улахан кылаастаах эрэ оптуобустары атыылаһыы федеральнай бырайыагынан өйөнөр. Олор техническэй көрдөрүүлэринэн кыра куораттарга сөп түбэспэттэр. Саха сиригэр «САССР 100 сылыгар — 100 автобус» бырайыак олоххо киирэр. Лизинҥэ оптуобуһу ылыыга бастакы төлөбүр сорҕотун өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн толуйаллар. Бу саас 65 КаВЗ уонна гааска олоҕурбут 34 «Вектор» опутобуһу аҕалыахтара. Мунньахха эрэгийиэннэр салайааччылара тырааныспар инфраструктуратын нэһилиэнньэлээх пууннар генеральнай былааннарынан социальнай эбийиэктэр, дьон олорор кыбаарталлара турар миэстэлэригэр сөп түбэһиннэрэн модернизациялааһын, инвестицияны тардыы туһунан эттилэр.
Олунньу 11 күнэ. Кылаабынай судаарыстыбаннай санитарнай быраас этиилэрин учуоттаан туран, өрөспүүбүлүкэҕэ коронавирус утары хааччахтааһын миэрэлэрин сымнатар туһунан Ил Дархан ыйаах таһаарда. Докумуоҥҥа олоҕуран, вакцинаны ылбыт уонна ыалдьан бүппүт дьонтон Дьокуускайга атыы-эргиэн кииннэригэр киирэллэригэр QR-куод ирдэниллибэт. Үлэһит уоппускаттан эбэтэр өрөспүүбүлүкэ таһыттан сынньанан, командировкаттан кэллэҕинэ, ПЦР уонна экспресс-тиэст туттарбатт. Киин куоракка уопсастыбаннай аһылыгы тэрийэр сирдэр түүн 12 ч. диэри үлэлиэхтэрэ.
Олунньу 13 күнэ. Айсен Николаев Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн Саха сирин олохтоохторун эҕэрдэлээтэ. «Омук бэйэтин тылынан саҥарарын тухары – тыыннаах» диэн бэргэн этии баар. Ол иһин хас биирдиибит: төрөөбүт тылбытынан төһө ыраастык уонна элбэхтик саҥарабытый, оҕолорбут төрөөбүт тылларын билэллэр дуо, дьиэбитигэр төрөөбүт тылбытынан саҥарабыт дуо? – диэн толкуйдуохтаах уонна бу мантан бүтүн норуот тылын дьылҕата улахан тутулуктааҕын өйдүөх тустаах. Ол иһин биһиги биир сүрүн сорукпутунан саха тылын уонна хотугу тыллар туттуллар эйгэлэрин кэҥэтии буолар. Төрүт тыллары сыыппараҕа көһөрүүгэ үлэ барар. 80 тыһ. тахса тыллаах, 15 туомнаах Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытын таһаарыы уонна сыыппараҕа киллэрии Аан дойдутааҕы тыл култууратыгар сүҥкэн кылаат буолла. Литературабыт баай нэһилиэстибэтэ эмиэ электроннай көрүҥҥэ көһөрүллэр.
«Тэтим» араадьыйа сахалыы онлайн-сыһыарыыта дойдуга итинник араадьыйа-сыһыарыылар ортолоругар 10 бастыҥ ахсааныгар киирдэ.
Ааспыт сылга AYANA диэн нуучча тылыттан эбэҥки тылыгар саҥаран тылбаастыыр сыһыарыы баар буолла. Кэлиҥҥи сылларга саха тылын наукаҕа олоҕуран дириҥник чинчийии уонна үөрэтии хайысхата уларыйда. Бу эйгэни түмэн, үлэни биир суоллаан-кииннээн, киэҥ далааһыннаахтык сайыннарар санаа баарын толору өйүүбүн. Сылтан сыл оҕолорун сахалыы тылынан үөрэттэриэн баҕалаах төрөппүт ахсаана элбиир. Киин куоракка сахалар түөлбэлээн олорор сирдэригэр – «Саталга» 450 миэстэлээх саҥа оскуола тутуллуоҕа. Бу оскуола саха тылын дириҥник үөрэтэр национальнай статустаах оскуола буоларын толору өйүүбүн. Дьокуускайга «Прометей» кыбаарталга 990 миэстэлээх Саха сиригэр саамай улахан оскуола быйыл үлэҕэ киирэригэр саха кылаастара тэриллиэхтэрэ. Саҥа үөрэх кыһаларын, уһуйааннары тутуу, төрөөбүт тылынан үөрэнэр оҕо ахсаанын элбэтии, аныгы методиканы туһаныы, кадрынан хааччыллыы – барыта тэҥҥэ сайдыахтаах. Оччоҕо эрэ дохсун үйэбит тэтимин баттаһыахпыт, оҕолорбутугар үрдүк хаачыстыбалаах билиини иҥэриэхпит. Хас биирдии киһи төрөөбүт тылын таптыырыгар, ытыктыырыгар, төрөөбүт тылын баайыттан күүһү, көтөҕүллүүнү сомсон, туохтааҕар да күндү баай быһыытынан оҕолоругар хаалларарыгар баҕарабын! Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, омукпут сайдар суолун кэҥэтэ тур, тапталлаах Ийэ тылбыт!», — диэн Ил Дархан эҕэрдэтигэр бэлиэтээн эттэ.
Афанасий Ноев, Ил Дархан пресс-сэкирэтээрэ