Балаҕан ыйын 11 күнэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр балаҕан ыйын 8-10 күннэригэр Ил Дархан быыбара буолан ааста. Куоластааччылар баһыйар үгүс бырыһыаннарын ылан, быыбарга «Биир ньыгыл Россия» баартыйаттан турбут Айсен Николаев иккиһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханынан талылынна. Айсен Николаевка Саха сирин 238 427 олохтооҕо, ол эбэтэр быыбардааччы 75,77 % куоластаата.
Балаҕан ыйын 11 күнэ. Айсен Николаев Владивостокка Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа үлэтин саҕалаата.
Ил Дархан Роснедра салайааччыта Евгений Петровы кытта өрөспүүбүлүкэҕэ геологическэй чинчийиини сайыннарыы боппуруостарын ырыттылар. Кэлэр уон сылга геологическэй чинчийии былаана оҥоһуллар. Ахсынньыга Дьокуускайга Уһук Илиҥҥэ сир баайын туһаҕа таһаарааччылар бастакы форумнара ыытыллыаҕа. Ону таһынан бырамыысалыннас салаатыгар сыыппараны киллэриигэ үлэ болдьоҕун уонна көдьүүһүн туһунан кэпсэттилэр.
Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата уонна «ВЭБ.РФ» Дьокуускай куорат маастар-былаанын сүрүн инвестиционнай бырайыактарын үбүлээһинигэр бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэһиигэ илии баттаатылар. Бырайыактар истэригэр — Жатайдааҕы судоверфэ бастакы түһүмэҕин, тырааныспар-логистика киинин, COSMOS гостиницаны, успуорт комплексын тутуу, саҥа оптуобустары атыылаһыы, «Дьокуускай» аэропорт норуоттар икки ардыларынааҕы терминалын уларытан оҥоруу, куорат пааркатын, Комсомольскай болуоссаты тупсаран оҥоруу бааллар. Айсен Николаев «ВЭБ.РФ» кыттыытынан дойду үрдүнэн социальнай эбийиэктэри тутуу бырайыактара ситиһиилээхтик олоххо киирэллэрин бэлиэтээтэ.
Айсен Николаев Индия Арассыыйаҕа посола Паван Капуры кытта эргиэн-экэниэмикэ, наука-тиэхиньикэ уонна култуура хайысхаларыгар Саха сирэ уонна Индия Гуджарат эрэгийиэнэ бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэһии түһэрсиилэрин туһунан кэпсэттилэр. Саха сирин уонна Гуджарат эргиэн-бырамыысалыннас палааталара тэрилтэлэр дьыалабыай сибээстэрин сайыннарарга туһуламмыт үлэни ыытыахтара. Дьокуускай уонна Сурат куораттар бырааттыы сибээһи олохтуохтара.
Ил Дархан Айсен Николаев уонна Кемерово уобалаһын губернатора Сергей Цивилев эрэгийиэннэр атыы-эргиэн, экэнэмиичэскэй уонна инвестиционнай сибээстэрин сайыннарыыга бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэһиигэ илии баттаатылар.
Айсен Николаев креативнай экэниэмикэ сайдыытыгар анаммыт сессияҕа кытынна уонна Саха сирин уопутун туһунан кэпсээтэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ 2035 сылга экэниэмикэ креативнай салаатыгар үлэлиир киһи ахсаана 88,4 тыһыынчаҕа диэри улаатыаҕын эттэ. Билигин 45,8 тыһ. тахса киһи үлэлиир. Саха сирин ситиһиилэрин Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэлиэтээбитин уонна киинэ павильонун тутарга, итиэннэ «Экстра Синема» диэн киинэни көрдөрүүгэ туһуламмыт бырайыагы дойдуга тарҕатарга сорудах биэрбитин санатта. Ил Дархан ханнык баҕарар салаа, эйгэ, холобур, быраамысалыннас уонна наука, сайдыыта креативнай тэтимнээх буолуохтааҕын бэлиэтээтэ. Саха сиригэр киинэ курдук анимация сайдар кэскиллээҕин туһунан эттэ.
Ил Дархан килиимэккэ аналлаах Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум сессиятыгар Саха сиригэр энергетика саҥардыллар көрүҥнэрин сайдыыта бөдөҥ инвестиция бырайыактарын олоххо киллэрэргэ кыах биэриэҕэ диэн эттэ. Ордук билигин дизельнай ыстаансыйалар оҥорор энергияларын тарыыба биир киловатт иһин 100 солк. уонна онтон үрдүк сирдэригэр күн эбэтэр тыал энергиятын дьүөрэлии туттар дизельнай гибриднай уонна атомнай ыстаансыйалары оҥоруу тоҕоостоох. Билигин 29 энергетика саҥардыллар көрүҥнэрин эбийиэктэрэ 2,8 мөл. кВтч энергияны оҥорон таһаараллар. 2024 сыл бүтүөр диэри итинник эбии 72 эбийиэк баар буолуоҕп. Оччоҕо Арктикаҕа энергия 10% саҥардыллар көрүҥнэр көмөлөрүнэн оҥоһуллар буолуоҕа.
Айсен Николаев Кытай Хэйлунцзян провинциятын вице-губернатора Хань Шэнцзяны кытта эрэгийиэннэр икки ардыларыгар эргиэн сайдыытын, итиэннэ туризм бырайыактарын олоххо киллэрии кэскилин ырыттылар. Сибээһи күүһүрдүү хайысхаларын чопчулуурга Хэйлунцзян тэрилтэлэрэ Саха сиригэр кэлэн, миэстэтигэр билсэллэригэр анал тэрээһин оҥоруохтара.
Ил Дархан дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Уһук Илин куораттарын, ол иһигэр Нерюнгри куорат, сайдыытын бырагырааматын олоххо киллэрии туһунан ыыппыт мунньаҕар кытынна. Нерюнгри маастар-былаанын Бэрэсидьиэн өйүүрүн биллэрдэ, кэлим сайдыы былаанын бигэргэтэргэ уонна үбүлээһин хайдах оҥоһулларын быһаарарга сорудахтаата.
Балаҕан ыйын 12 күнэ. Айсен Николаев Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум чэрчитинэн губернатордар кулууптарыгар эрэгийиэннэр сайдыыларын стратегияларын ырытыыга кытынна. Өрөспүүбүлүкэ былааһын үлэтигэр сүрүн соругунан дьон олоҕо үтүө туруктаах буолуутугар кэнники сылларга ситиһиилэри бигэтитэн, улаатыннарыы буоларын бэлиэтээтэ. Билигин уустук усулуобуйаҕа экэниэмикэ уонна социальнай эйгэ салгыы сайдан, дьон олоҕун хаачыстыбата мөлтөөбөккө, тупсуохтаах диэн эттэ. Ааспыт быыбардар дойду үрдүнэн дьон ыарахан кэми ааһарга түмсэн, сомоҕолоһорго дьулуһарын көрдөрдүлэр диэтэ.
Салгыы Ил Дархан Саха сирин инвестицияҕа кыаҕын көрдөрөр тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ дойду экэниэмикэҕэ биир бөҕө тирэҕинэн буолан эрэрин бэлиэтээтэ. Биэс сыл аннараа өттүгэр ылыммыт сайдыыга үлэбит хайысхата сөптөөҕүн быыбар түмүгэ көрдөрдө диэн эттэ. Эрэгийиэн экэниэмикэтэ дойдуга орто көрдөрүүттэн 2,6 төгүл тэтимнээхтик улаатар. Валовай эрэгийиэннээҕи бородуукта биэс сыл иһигэр икки төгүл үрдээтэ. Сүрүн ситиһиинэн дьон олоҕо уһаан, ортотунан 73 сааска тиийбитин эттэ.
Айсен Николаев уонна Арассыыйаҕа Казахстан посола Даурен Абаев култуура, үөрэх, атыы-эргиэн эйгэлэригэр хардарыта сибээһи сайыннарыы туһунан кэпсэттилэр. Быйыл тохсунньуга Ил Дархан Казахстан Бэрэсидьиэнин кытары көрсүһүүтүн түмүгүнэн үлэни ырыттылар. 2024 сылга Казахстаҥҥа Саха сирин күннэрин ыытыыга бэлэмнэнии, наука уонна үөрэх эйгэтигэр бииргэ үлэлэһии боппуруостарын көрдүлэр.
Ил Дархан уонна Сбербаан бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Герман Греф искусственнай интеллект технологияларын сайыннарыы эйгэтигэр бииргэ үлэлээһии туһунан сөбүлэҥ түһэристилэр. Доруобуйа харыстабылыгар, тырааныспарга, тутууга, судаарыстыбаннай салайыыга аныгы технологиялары киллэриэхтэрэ. Онуоха үөрэтиигэ, сервистэри кэҥэтиигэ болҕомто ууруллуоҕа. Саҥа технологиялары оҥорорго туһуламмыт научнай-чинчийэр, айар үлэни ыытыы, куонкурустары уонна хакатоннары тэрийии былааннанар.
Күчүс бырамыысалыннас кластерын бырайыактарын олоххо киллэриитигэр бииргэ үлэлэһии туһунан түөрт өрүттээх сөбүлэһиигэ дойду Уһук Илин уонна Арктика сайдыытыгар министиэристибэтэ, Саха сирин бырабыыталыстыбата, «Росатом» уонна «Селигдар» хампаанньалар илии баттаатылар. Кластер биир сүрүн эбийиэгинэн сир үрдүнээҕи кыра кыамталаах атомнай ыстаансыйа буолуоҕа. Эбийиэк Усуйаана уонна Дьааҥы улуустарын энергиянан хааччыйыаҕа. Айсен Николаев билигин үлэлии турар дизельнай уот ыстаансыйаларын солбуйуоҕа диэн бэлиэтээтэ.
Уһук Илиҥҥэ куоратамнаан олорор кыбартыыраны оҥорууга дойду Бэрэсидьиэнин социальнай бырагырааматыгар анаммыт сессияҕа Айсен Николаев кытынна. Өрөспүүбүлүкэ барыта 850 куортамҥа бэриллэр кыбартыыраны тутар 11 бырайыагы Дьокуускайга, Мииринэйгэ, Алдаҥҥа уонна Томмокко олоххо киллэриэҕэ диэн иһитиннэрдэ.
«Российский экологический оператор» кытаанах хомунаалынай тобоҕу хомуйуу ситимин оҥорор хампаанньа Дьокуускай куоракка бөҕү араарар ыстаансыйаны тутууну үбүлээһиҥҥэ кыттарын туһунан сөбүлэҥи түһэристилэр. Айсен Николаев билигин бырайыак судаарыстыбыннай экспэртиисэни ааһа сылдьарын иһитиннэрдэ. Ыстаансыйа сылга 150 туонна кытаанах хомунаалынай тобоҕу араарар буолуоҕа. Дьокуускайга Бүлүү трагын 8 км ыстаансыйа тутуллуохтаах сирин бэлэмнииллэр.
Ил Дархан Арассыыйа успуордун миниистирэ Олег Матыцины кытта 2024 сылга Дьокуускайга буолуохтаах «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы ахсыс оонньууга бэлэмнэнии боппуруостарын ырыттылар, ол иһигэр успуорт эбийиэктэрин бэлэмнээһин, омук сириттэн хамаандалар кыттыыларын туһунан. Билигин күрэхтэһиилэр буолар эбийиэктэригэр хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар, элбэх хайысхалаах успуорт комплекса тутуллар. Барыта 25-тэн тахса дойдуттан кыттааччы кэлэрэ күүтүллэр.
Айсен Николаев уонна «ЭкоТехИнвест» хампаанньа бэрэстэбиитэлэ Алексей Александров сөбүлэҥ түһэристилэр. Ол чэрчитинэн хампаанньа өрөспүүбүлүкэҕэ убаҕас оттугунан үлэлиир 69 хочуолунайы уларыта тутан, гааска эбэтэр чоххо көһөрүөҕэ. Ол түмүгэр тулалыыр эйгэҕэ дьайыы аччыаҕа уонна энергияны оҥорон таһаарыы ороскуота кыччыаҕа.
Ил Дархан уонна Камчатка губернатора Владимир Солодов Саха сиригэр үөскээбит «Мин идэм – ИТ» куонкуруһу Камчаткаҕа ыытар туһунан дуогабарга илии баттаатылар. Куонкурус эрэгийиэҥҥэ сүүмэрдиир түһүмэҕэ алтынньыга Петропавловск-Камчатскайга буолуоҕа. Манна 30-тан тахса эдэр айти-исписэлиис кыттара күүтүллэр.
Саха сирин бырабыыталыстыбата уонна Кытай тас дойдуларга тэрилтэлэри сайыннарыытын ассоциацията (CODA) эргиэн-экэниэмикэ уонна инвестиция эйгэтигэр бииргэ үлэлээһиннэрин туһунан меморандумҥа Ил Дархан уонна ассоциация бэрэссэдээтэлэ Хэ Чжэньвэй илии баттаатылар. Айсен Николаев бииргэ үлэлэһии сиртэн хостонор баайы таҥастааһын, итиэннэ ИT-эйгэтигэр кэскиллээҕин эттэ.
Айсен Николаев дойдуга киинэ сайдыытыгар анаммыт сессияҕа Саха сирин уопутун туһунан кэпсээтэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ киинэни оҥорууну үбү-харчыны аҕалар туспа салаа буоларын туһугар үлэ ыытылларын эттэ. Билигин дойду эрэгийиэннэригэр уһуллар киинэ аҥарыттан ордуга Саха сиригэр оҥоһулларын бэлиэтээтэ.
Ил Дархан Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум пленарнай мунньаҕар кытынна. Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэйэтин этиитигэр креативнай индустриялары өйүүргэ Саха сирин ити эйгэни сайыннарарга бастыҥ уопутунан оҥоһуллубут стандарты эрэгийиэннэргэ тарҕатыахпыт диэн иһитиннэрдэ. Дойду аҕа баһылыга бырабыыталыстыбаҕа 2024 сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри Уһук Илиҥҥэ салгынынан таһыыны сайыннарыыга уонна саҥардыыга былааны бэлэмнииллэригэр сордахтаата. Биир кэлим былааҥҥа аэропортары тутуу уонна баар пуортары саҥардыы, дьоҕус авиация үлэтин ыстандаартарын тупсарыы, дойдуга оҥоһуллубут сөмөлүөттэринэн уонна бөртөлүөттэринэн хааччыйыы уонна авиахампаанньалар салгын суудунатыгар лизиннэрин ороскуоттарын аччатыы суотугар салгынынан көтүүнү улаатыннарыы киириэҕэ.
Балаҕан ыйын 13 күнэ. Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форумҥа Ил Дархан уонна Арассыыйатааҕы Бэрэсидьиэн бибилэтиэкэтин генеральнай дириэктэрэ Юрий Носов сөбүлэһиигэ илии баттаатылар. Саха сирин бары улууһугар Бэрэсидьиэн бибилэтиэкэтигэр киирэр кииннэр баар буолуохтара. Онон ааҕааччылар ыраах олорон, бибилэтиэкэ фондатынан туһанар кыахтаныахтара.
Форум «Муравьев-Амурскай – 2030: улахан соруктарга – саҥа каадырдар» диэн сиэссийэтигэр Айсен Николаев исписэлиистэр кэмпэтиэнсийэлэрин сөптөөхтүк сыаналааһын билигин ситэтэ суоҕун, онон Уһук Илиҥҥэ аналлаах саҥа тиһиги оҥорон таһаарар суолталааҕын туһунан эттэ. «Муравьев-Амурскай – 2030» бырагыраама Уһук Илин туспа уратыларын үөрэнэр дьоҥҥо дириҥник көрдөрөрүнэн, эрэгийиэннэр баһылыктарын өйүүргэ ыҥырда. Өрөспүүбүлүкэттэн бырагыраама бастакы сүүрээнигэр үөрэммит икки выпускник салайар үлэҕэ ананыахтара диэн эттэ.
Ил Дархан Лаос Норуодунай-Демократическай Өрөспүүбүлүкэ вице-бэрэсидьиэнэ Пани Ятхотуну кытта атыы-эргиэн, үөрэх, успуорт уонна туризм салааларыгар бииргэ үлэлээһин боппуруостарын кэпсэттилэр. Айсен Николаев муниципалитеттар бииргэ үлэлээһиннэрэ суолталаах хайысха буоларын, туризм эйгэтигэр, ол иһигэр дойду национальнай пааркаларын сайыннарыыга бииргэ үлэлээһиҥҥэ кыах баарын бэлиэтээтэ. Лаос хамаандатын VIII «Азия оҕолоро» аан дойдутааҕы успуорт оонньууларыгар кыттыыны ыларга ыҥырда. Вице-бэрэсидьиэн тыа хаһаайыстыбатын, атыы-эргиэн салаатыгар, каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ бииргэ үлэлээһин кэскиллээҕин туһунан эттэ.
Саха сирин бырабыыталыстыбата, Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыы корпорацията, «ДББ» ХЭТ Мииринэй улууһугар айылҕа гааһыттан гелийы арааран ылар комплексы тутуу бырайыагар бииргэ үлэлэһэргэ үс өрүттээх сөбүлэһии түһэристилэр. Комплекс Орто Ботуобуйаҕа ниэп-гаас хостонор сиригэр тутуллуоҕа. Гелийы оҥорон таһаарыы 2025 сылга саҕаланыахтаах. Сылга 4 мөл. куб. м. гелийы ылар соруктаахтар. Айсен Николаев саҥа үлэ миэстэлэрэ тэриллэллэрин, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн дохуота улаатарын, инфраструктура сайдарын бэлиэтээтэ. Бырайыак уруттаан сайдыы сирин-уотун чэпчэтиитинэн туһаныаҕа.
Ил Дархан сорудаҕынан Саха сирин көмөтүнэн Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ Кировскай куоратыгар бастакы ИТ-киин үлэҕэ киирдэ. Киини арыйыы тэрээһинигэр Айсен Николаев видео-сибээс нөҥүө кытынна. Манна 15 үлэлиир миэстэ аныгы тэрилинэн хааччыллыбыт. Онон ким баҕалааҕы — оҕону да, улахан дьону да үөрэтиэхтэрэ. Быйыл сыл бүтүөр диэри 100 киһини үөрэтэр былааннаахтар.
Айсен Николаев дойду энергетикаҕа миниистирэ Николай Шульгинов куттала суох уотунан хааччыйыыга ыыппыт мунньаҕар кытынна. Энергосистиэмэ бигэтик үлэлииригэр туһуламмыт биэс сыллаах үлэ былаанын көрдүлэр. Саха сирин энергетикатын эбийиэктэригэр саахал тахсыыта 20% аччыаҕа диэн этилиннэ. «Майа» уонна «Томмот» подстанцияларын саҥардыы түмүктэнэн эрэр.
Ил Дархан Вьетнам былааннааһыҥҥа уонна инвестицияҕа миниистирин солбуйааччыта До Тхань Чунгы кытта көрсүһүүтүгэр кэнники сылларга эргиэн сайдарын, ол эрээри өссө тэтимирэригэр кыах баарын туһунан этилиннэ. Холобура, сир баайын, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын экспорга таһаарыыга. Айсен Николаев дойду хамаандатын VIII «Азия оҕолоро» аан дойдутааҕы успуорт оонньууларыгар кыттыыны ыларга ыҥырда. До Тхань Чунг наука, үөрэхтээһин, туризм эйгэлэригэр сибээһи кэҥэтии оруннааҕын бэлиэтээтэ.
Креативнай эйгэҕэ «Арктическай стартап-экспедиция: Арассыыйа Уһук Илинэ уонна Арктиката» куонкурус саҕаланна. Ил Дархан Саха сирин бырайыага өрөспүүбүлүкэ таһыгар тахсыбытын, атын эрэгийиэннэргэ уопуту атастаһарга бэлэммитин туһунан эттэ. Стартап-экспедиция аҕыс хайысханан ыытыллыаҕа уонна Арктика, Уһук Илин 18 эрэгийиэнин хабыаҕа. Куонкурус хайысхалара — киинэ, анимация, архитектура, оонньуулары оҥоруу, таҥас дизайна. Бастыҥнар уопсайа 8 мөл. солк. наҕараадаланыахтара.
Кинилэри кытта Айсен Николаев «Муравьев-Амурский 2030» бырагыраама курсаннарын кытта көрүстэ. Кинилэр Саха сиригэр туризмы сайыннарыыга толкуйдаабыт бырайыактарын билиһиннэрдилэр. Бу сайын курсаннар Саха сиригэр стажировкаларын кэмигэр туризмы үөрэппиттэрэ, чинчийбиттэрэ. Онно кинилэргэ настаабынньык Ил Дархан этэ. Бырайыакка тырааныспар тиһигин табыгастаах оҥоруу, сынньалаҥы, маршруттары таларга анал систиэмэни оҥоруу киирбит.
Айсен Николаев балаҕан ыйын 10-13 күннэригэр Владивостокка ыытыллыбыт ахсыс Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум түмүгүн таһаарда. Быйылгы тэрээһиҥҥэ Саха сирэ 100 млрд солк. суумалаах 30-ча инвестиционнай бырайыактарга илии баттаста. Саха сирин Арктикатын сайдыытыгар улахан кэпсэтиилэр ыытыллыбыттарын Ил Дархан бэлиэтээтэ. Ол курдук, кэлэр икки-үс сылга Арктика бары улуустарыгар оптоволокно тардыллан, түргэн интернет киириэҕэ, итиэннэ кэлэр икки сылга эргиэн-логистика кииннэрэ баар буолуохтара.
Балаҕан ыйын 14 күнэ. Ил Дархан «Мин идэм — ИТ» диэн информационнай технология эйгэтигэр идэҕэ уһуйар куонкуруһу саҕалыыр тэрээһин кыттыылаахтарын эҕэрдэлээтэ. Саха сиригэр 2016 сылтан ыытыллар күрэхтэһии биһирэнэн, Арассыыйа бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин сорудаҕынан дойду таһымыгар таҕыста. Быйыл 10 эрэгийиэнтэн 25 тыһ. тахса оскуола үөрэнээччитэ уонна студент кыттыахтара. Финал сэтинньигэ Москваҕа буолуо5а. Дойду бөдөҥ технологическай хампаанньаларын сорудахтарын кыттааччылар толоруохтара. Бириис фондатын уопсай суумата 5 мөл. солк. тэҥнэһэр.
Балаҕан ыйын 16 күнэ. Айсен Николаев «Россия 24» телеханаалга ГТРК «Саха» «Быһа кэпсэтии» биэриитигэр көрөөччүлэр ыйытыыларыгар хоруйдаата. Алтынньы ый ортотугар өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата саҥа састааба бигэргэтиллиэҕэ диэн эттэ. Биэс сыл иһигэр уустук кэмҥэ бырабыыталыстыба сөптөөх үлэни ыытан кэлбитин, сайдыыга туһуламмыт бырайыактары, бырагыраамалары олоххо киллэриигэ, кэскиллээх сүүрээннэри тобулууга көдьүүстээх түмүк ситиһиллибитин бэлиэтээтэ. Ол эрээри саҥа хайысхалары тэтимнээхтик киллэрэр сорук турарынан, бырабыыталыстыбаҕа уларыйыы буоларын иһитиннэрдэ.
Балаҕан ыйын 17 күнэ. Ил Дархан Саха сирин ойуурун хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээтэ. Быйыл хаһаайыстыба үлэһиттэрэ 5,5 тыһыынча гектар ойууру чөлүгэр түһэриигэ үлэлииллэрин бэлиэтээтэ.
Балаҕан ыйын 17 күнэ. Айсен Николаев Сбербанк «21 оскуола» бырайыагынан алтынньыга Дьокуускайга аһыллар программирование оскуолатын төһө бэлэмнээҕин бэрэбиэркэлээтэ. Үс мэндиэмэннээх дьиэҕэ ыытыллар өрөмүөн үлэтин түргэнник бүтэрэргэ сорудахтаата. Оскуолаҕа 18-та үөһээ саастаах сүүмэрдээһини ааспыт киһи босхо үөрэнэн, ИТ-исписэлииһэ буолуон сөп. Билиҥҥи туругунан 3000 кэриҥэ сайаапка киирбит. Бастакы сүүмэрдээһин түһүмэҕэ алтынньы 23 күнүттэн саҕаланыаҕа.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Балаҕан ыйа хахсаат тыалынан, хаардаах ардаҕынан тымныы кэм чугаһаабытын биллэрдэр да, быыһыгар күн тыган, чуумпурар кэмигэр көмүс күһүҥҥэ айылҕа кэрэтин билиэххэ, үүнээйи хомуурун этэҥҥэ түмүктүөххэ, чэгиэн буолуохха.
Афанасий Ноев
This post was published on 18.10.2023 12:21 12:21