Муус устар 4 күнэ. Бэрэсидьиэн Владимир Путин көҕүлээһининэн оскуолаларга хапытаалынай өрөмүөнү ыытыы дойдуга биир тутаах бырайыак буоларынан, материальнай-техническэй инфраструктураны бөҕөргөтүү, үөрэх тэрилтэлэрин эбийиэктэрин саҥардыы болҕомто киинигэр турар. Бу хайысхаҕа үлэ көдьүүстээхтик уонна үрдүк хаачыстыбалаахтык барыахтааҕын туһунан Ил Дархан Бырабыыталыстыба чилиэннэригэр ыыппыт мунньаҕар бэлиэтээн эттэ. 2022-2023 сылларга бу бырайыагы олоххо киллэриигэ Саха сиригэр федеральнай бүддьүөттэн 2 млрд 889 мөл. солк. көрүллүбүт. Ити суумаҕа 25 улууска, ол иһигэр арктическай улуустары киллэрэн туран, 58 оскуолаҕа өрөмүөн ыытыллыахтаах. Айсен Николаев иһитиннэрбитинэн, былааҥҥа киирбит 58 оскуолаттан 40-гар эрэ билиҥҥитэ хантараак түһэрсиллибит. Оборудованиенан хааччыйыыга Дьокуускайга, Нерюнгрига кэккэ эбийиэккэ хантараак түһэрсиллэ илик. Онон өрөмүөн ыытыллыыта бытаарар туруктаммытынан, үлэни тэтимирдэргэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга ыҥырда. Ил Дархан туһааннаах боппуруос күннэтэ хонтуруолга туруохтааҕын тоһоҕолоон эттэ. Үөскээбит быһыыны-майгыны аахсан туран, Айсен Николаев СӨ бастакы вице-премьерэ Дмитрий Бердников салалтатынан биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы ыстаабы тэрийэн, балаһыанньаны күннэтэ хонтуруоллуурга, суһал быһаарыылары уталыппакка ыларга сорудахтаата.
Бырабыыталыстыба чилиэннэрин кытта кэпсэтиигэ Ил Дархан тыа хаһаайыстыбатын бопппуруоһугар болҕомтону уурда. Кыстыгы туоруурга Уус Алдан, Чурапчы улуустарыгар от кырыымчыгынан сүөһү аһылыгар тыҥааһыннаах балаһыанньа үөскээбит. Ил Дархан тиийбэт оту атын сиртэн түргэнник тиэйэн аҕалалларыгар, сүөһүнү биитэмиининэн хааччыйыыны сорудахтаата. Маны сэргэ үүт сыанатыгар болҕомто уурулунна. Айсен Сергеевич кэтэх хаһаайыстыбаларга лиитэрэ үүтү 20 солк. быһалларыгар эттэ. Ити сууманы толуйарга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн субсидия көрүллүөҕэ.
Муус устар 4 күнэ. Айсен Николаев «Саха» НКИХ ханаалынан «Якутия, вперед» биэриигэ ааспыт ыйга өрөспүүбүлүкэҕэ туох үлэ ыытыллыбытын н кэпсээтэ. Арҕаа дойдулар санкция ылынар кэмнэригэр эрэгийиэн экэниэмикэтигэр ылыллар миэрэлэр, эргиэн тэрилтэлэрин, тутуу салааларын өйөөһүн, ойуур баһаарын уонна халаан уутун сезонугар бэлэмнэнии, федеральнай министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр салайааччыларын кытары өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй туругун бөҕөргөтүүгэ туох кэпсэтии ыытылларын, сөмөлүөтүнэн көтүүгэ субсидиялаах рейстэри кэҥэтии, суолу-ииһи тутуу, өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар ыытыллар тэрээһиннэр тустарынан үллэһиннэ.
Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн баһаар сезонугар бэлэмнэниигэ 912 мөл.солк. көрүллүөҕэ. Федеральнай киинтэн кэлэр сууманы кытта холбоон барыта 2,6 млрд солк. үбүлэниэҕэ. Быйыл былырыыҥҥы сыллааҕы ойуур баһаарын иэнин 50% аччатар сорук турар. Билиҥҥитэ улуустарга бэлэмнэнии үлэтигэр үөрэх саҕаланна.
«Арҕаа дойдулар Арассыыйаны утары түһэрэр санкциялара бородууксуйаны тиэрдии логистикатыгар мэһэйи үөскэттэ. Маныаха сөптөөх миэрэни ылынан, бастакы уочаратынан сыана аһара үрдээбэтин ситиһэр инниттэн атыынан дьарыктанар урбаанньыттарга, кууһунан атыылааччыларга чэпчэтиилээх кирэдьиити көрбүппүт. Билигин ити миэрэ көдьүүстээҕин көрдөрөр. Кууһунан атыылыыр тэрилтэлэр туруоруллубут сыалы-соругу ситистилэр. Үс ыйга тиийэр биирдиилээн атыылыырга аналлаах бородуукта саппааһа мунньулунна. Ону тэҥэ түөрт ыйга кууһунан атыылыырга тиийэр бородуукта саппааһа баар буолла. Итиннэ эбии таһаҕас тиэллэр. Аллараа Бэстээххэ күн аайы 150-170 вагон сүөкэниллэр. Онон бородуукта, табаар кырыымчык буолуута тахсыа суоҕа. Билигин олохтоох аһы-үөлү элбэтиигэ сөптөөх үлэ ыытылларыгар, күүһүрдэргэ сорудахтары биэртэлээтим. Тыа сиригэр баар кэтэх хаһаайыстыбалары өйүүргэ туһуламмыт ыанар ынах аайы 35-тии тыһ. солк. көрүллэрин таһынан, соҕотуопкаһыттарга үүттэрин киилэтин 20 солк. кырата суохха туттарыахтара. Ити үп өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн субсидия быһыытынан толуйуллуоҕа. Маннык өйөбүл киирдэҕинэ, инники өттүгэр үүт ас бородууксуйата элбииригэр тиэрдиэҕэ», — диэн Айсен Сергеевич быһааран биэрдэ. Айсен Николаев Москваҕа оробуочай сырыытыгар федеральнай минстиэристибэлэри кытта үлэ түмүгүнэн хотугу сиргэ таһаҕаһы тиэйиигэ болҕомто хаһааҥҥытааҕар күүскэ ууруллуоҕа. «Төһө даҕаны ыарахаттар, уустуктар баалларын үрдүнэн биһигии биир сиргэ олорон хаалыа суохтаахпыт. Ону ситиһэргэ Арассыыйа тутаах министиэристибэлэриттэн өйөбүлү ылары ситистибит. РФ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга миниистирэ Алексей Чекунковтуун көрсөн, хоту таһаҕаһы тиэйиигэ сөптөөх өйөбүл баар буолуохтааҕын кэпсэттибит. Ити боппуруоһу быһаарыыга ханнык механизмнар баалларын билиһиннэрдибит.
Муус устар 5 күнэ. Санкция кэмигэр РФ Бырабыыталыстыбата экэниэмикэни уонна нэһилиэнньэни өйүүр 200-тэн тахса миэрэни ылыммыта. Саха сиригэр федеральнай таһымнаах инники күөҥҥэ турар миэрэлэри олоххо киллэрэргэ, өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын чилиэннэрэ тус эппиэтинэһи сүгүөхтэрэ. Бу туһунан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин сайыннарыыны хааччыйыыга туһуламмыт суһал ыстаап мунньаҕар эттэ. «Федеральнай таһымҥа нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутуттан саҕалаан, олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар сүрүн тэрилтэлэргэ тас дойдулартан киирэр бородууксуйаны солбуйууга кэккэ миэрэ ылыллар. Балары олоххо киллэриигэ биһиги көхтөөхтүк кыттабыт. Маныаха федеральнай биэдэмэстибэлэргэ, сайдыы институттарга быһаччы толорооччулары кытта салгыы үлэлэһэр уонна өрөспүүбүлүкэ бырайыактара олоххо киирэллэрин ситиһэри ирдиибин», — диэн Айсен Николаев эттэ. Таһаҕаһы тиэйиигэ өрөспүүбүлүкэ тэрилтэлэригэр чэпчэтиилээх кирэдьиит уонна оттук сезонугар бэлэмнэнии – бастакы уочарат быһаарыллар соруктар диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ. РФ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэни кытта Уһук Хоту уонна таһаҕаһы таһарга болдьохтоох сирдэргэ, уматыгы атыылаһыыга уонна тиэрдээччи, оҥорон производственнай-тиэхиньиическэй бородууксуйаны илдьээччи тэрилтэлэргэ чэпчэтиилээх кирэдьиит механизмын олохтуохтара. Систиэмнэй тэрилтэлэр федеральнай испииһэктэригэр, Саха сириттэн 21 тэрилтэ, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ хоту таһаҕаһы тиэрдэр 8 тэрилтэ киирбитэ. Суһал ыстаап мунньаҕар информационнай өттүнэн куттал суох буолуутугар туспа болҕомтону уурдулар. Информацияны көмүскүүр, дааннайдары куттала суох харайар уонна информационнай кыах бигэтик үлэлиирин хааччыйар инниттэн судаарыстыбаннай былаас бары уорганнарын уонна биэдэмэстибэлэрин саайтарын дойду хостиннарыгар көһөрөргө этилиннэ.
Муус устар 5 күнүгэр Айсен Николаев Сиваглинскайдааҕы тимир баайдаах сири туһаҕа таһаарыы бырайыагын көрдө. Саха сиригэр тимир рудата аан бастаан хостонуоҕа. Лицензиялаах «Мечел» ПАУо «Саха сиринээҕи рудалаах хампаанньа» ХЭТ-а быйыл 4 кыбаарталга үлэтин саҕалыахтаах. Геологическай-чинчийэр үлэлэр толору ыытыллыбыттар. Бу учаастакка 20 мөл. тахса туонна тимир рудатын саппааһа, ол иһигэр 8 мөл. тахса туонна байытыллыбат руда баарын быһаарбыттар. Сылга 1,2 мөл. туонна бэлэм руда тахсыахтаах. «Тиит» тимир суол ыстаансыйатыгар тиийэр 10 км массыына суолун тутуохтара. Бырайыак олоххо киирдэҕинэ 450 үлэ миэстэтэ тэриллиэҕэ. Олохтоох каадырдары үлэҕэ ылыахтара. Ил Дархан Бырабыыталыстыбаҕа бырайыагы олоххо киллэриигэ көмөлөһөргө сорудахтаата.
Муус устар 5 күнэ. Айсен Николаев иһитиннэрбитинэн, Никита Александрович Павлов СӨ Нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан ананна. Бу иннинэ Никита Александрович «Якутия» авиа-хампаанньаҕа сирдээҕи тутуулары эксплуатацияҕа дириэктэринэн үлэлээбитэ. Эмиэ бу күн Надежда Вячеславовна Мохначевская СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистири солбуйааччытынан аныыр туһунан Ил Дархан ыйаах таҕыста. Бу иннинэ Надежда Вячеславовна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Уопсастыбаннай палаататын аппараатын салайааччытынан үлэлээбитэ.
Муус устар 6 күнэ. М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет «Приоритет-2030» диэн Уһук Илиҥҥи уокурук университеттарын ортолоругар ыытыллар куонкуруска кыттыыга өрөспүүбүлүкэ үрдүк үөрэҕин кыһаларын бэлэмниир. Куонкурус кыайыылаахтара наукаҕа, үөрэххэ бырайыактары олоххо киллэрэргэ граннары ылыахтара. Бу туһунан Ил Дарханы кытта көрсүһүүгэ университет ректора Анатолий Николаев иһитиннэрдэ. Айсен Николаев дойду бастыҥ үрдүк үөрэҕин кыһаларын өйүүр бырагыраамаҕа кыттыы суолталааҕын, куонкурус түмүгүнэн научнай-чинчийэр, инновационнай, үөрэх бырайыактарыгар өйөбүлү ылаллара тоҕоостооҕун бэлиэтээтэ.
Маны таһынан ректор университет базатыгар байыаннай үөрэх киинин тэрийии хаамыытын кэпсээтэ. Бу кииҥҥэ устудьуоннар үөрэхтэриттэн тэйбэккэ эрэ алын сүһүөх байыаннай бэлэмнэниини ааһыахтара. Манна икки идэҕэ үөрэтии барыаҕа итиэннэ отделениелар хамнадыырдарын, старшай стрелоктары бэлэмниэхтэрэ. Көрсүһүү кэмигэр университекка аныгы кампуһу, мединститут саҥа үөрэнэр куорпуһун тутуу боппуруоһун туһунан кэпсэттилэр.
Муус устар 6 күнэ. Судаарыстыбаннай былаас уонна олохтоох салайыныы уорганнара хоруупсуйаны уонна сокуону кэһиилэри таһаарбаттарын туһугар профилактическай үлэни күүһүрдүөхтээхтэр. Бу туһунан Айсен Николаев ыыппыт СӨ хоруупсуйаны утары үлэни сүрүннүүр хамыыһыйатын мунньаҕар этилиннэ. Дуоһунастаах сирэйдэр дохуоттарын, ороскуоттарын, баайдарын-дуолларын тустарынан ыспыраапкаларын бэрэбиэркэлээһин кытаатыахтаах, хас биирдии быһаарыллыбыт чахчыга бэрэбиэркэ федеральнай сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн ыытыллыахтаах. Маны таһынан былаас уорганнара судаарыстыбаннай гражданскай уонна муниципальнай сулууспаҕа үлэҕэ киирэр дьон докумуонугар сөптөөх бэрэбиэркэни ыытыахтаахтар. Онон үлэ кэлимник барыахтаах. Итиэннэ национальнай бырайыактары, федеральнай бырагыраамалары олоххо киллэрэр былаас бары уорганнарыгар үбү хонтуруоллааһын кытаанах буолуохтаах. Ил Дархан 131 №-дээх сокуонунан хоруупсуйаны утары миэрэлэри ылыыга улуустарга, куораттааҕы уокуруктарга үлэ барыытын ырытарга сорудахтаата. Улуустар, куораттааҕы уокуруктар баһылыктара муниципальнай тэриллиилэр Сэбиэттэригэр хоруупсуйаны утары туох үлэни ыыталларын отчуоттуулларыгар этии киллэрдэ.
Муус устар 7 күнэ. Айсен Николаев Нам улууһун баһылыгын Юрий Слепцовы кытта көрсүһүүтүгэр дьиэ-кэргэн экэниэмикэтин өйүүр тэрээһиннэргэ тохтоотулар. Улууска 2019 сылтан анал бырагыраама үлэлиир. Быйыл ыалларга куурусса, сибиинньэ, куруолук, коза иитэллэрин хааччыйыахтара. Билигин сайаапка хомуйаллар. Улуус дьаһалтата өйөбүл көрүҥнэрин үөрэтэн баран, «Туймаада» ҮХАПК уонна агропромышленнай комплексы өйүүр фонданы кытта үлэлэһиэҕэ.
Муус устар 7 күнэ. Киинэ тыйаатырдарга билиэттэри онлайн атыылаһыыга саҥа платформа муус устарга оҥоһуллуоҕа. Өрөспүүбүлүкэ салалтата киинэ тыйаатырдарын субсидиялыаҕа, ол иһигэр саха киинэтин прокакка таһааралларын иһин. Киинэни оҥорор олохтоох салааҕа 80 мөл. солк. өйөбүл оҥоһуллуоҕа. Оттон успуорт эйгэтигэр мас тардыһыыга уонна көҥүл тустууга Бүтүн Арассыйатааҕы аһаҕас күрэхтэһиилэр ыытыллыахтара. Манна доҕордуу сыһыаннаах дойдулартан хамаандалар кыттыыны ылыахтара. Бу туһунан туһааннаах министиэристибэлэр салайааччылара Айсен Николаевка буолбут мунньахха иһитиннэрдилэр.
Муус устар 7 күнэ. Айсен Николаев олохтоох оҥорон таһаарыы сайдыытыгар ыыппыт мунньаҕар хас биирдии хайысханы туспа ырытар тоҕоостооҕун эттэ. Урбаанньыттары кыттыһыннаран, ханнык хайысхаҕа инвестиция оҥорору быһаарарга сорудахтаата. Эти оҥорон таһаарааччылары өйүүргэ 70 мөл. солк. көрүллүбүт. Ыам ыйын бүтүүтүгэр диэри улуустарынан эти тутааччылары быһаарыахтара. Быйыл 815 туонна ынах уонна 284 туонна сылгы этин оҥорору былаанныыллар. «Сахабулт» тэрилтэҕэ олоҕуран, чэпчэки бырамыысалыннас өрөспүүбүлүкэтээҕи кластерын тэрийэри Ил Дархан өйөөтө. Экэниэмикэ министиэристибэтэ олохтоох оҥорон таһаарааччылары өйүүргэ этиилэри бэлэмниэҕэ. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ үбүлэниэн сөптөөх бырайыактары быһаарыа, ол иһигэр Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатын сайдыытын торумнуоҕа. Оттон урбаан уонна инновация министиэристибэлэригэр олохтоох бородууксуйаны батарарга анал информационнай платформаны тэрийэргэ этилиннэ.
Муус устар 8 күнэ. Айсен Николаев Горнай улууһугар үлэлээтэ. Норуодунай суруйааччылар Семен, Софрон Даниловтар пааматынньыктарыгар сибэкки дьөрбөтүн уурда. Бэрдьигэстээххэ олорор дьиэ кыбаарталын уонна саҥа оскуола тутууларын хаамыытын көрдө. Элбэх кыбартыыралаах үстүү мэндиэмэннээх 7 дьиэҕэ 116 ыал хаарбах дьиэлэртэн көһөн киириэхтэрэ. Кыбартаалга 550 миэстэлээх оскуола тутулла турар. Саҥа эбийиэк 2022 сыл төрдүс кыбаарталыгар тутуллан бүтүөхтээх.
Салгыы Айсен Николаев 50 миэстэлээх интэринээттээх ытыыга Саха сиригэр бастакы анал комплекс аһыллыытыгар кытынна. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ ытар успуорт сайдыытыгар олук уурулунна диэн бэлиэтээтэ. Итиэннэ саҥа комплекска 500 тыһ. солк. сэртипикээти бэлэхтээтэ. Бу икки мэндиэмэннээх эбийиэк 3600 кв.м. иэннээх, аныгы тэриллэринэн толору хааччыллыбыт үөрэтэр кылаастардаах уонна эрчиллэр саалалардаах. Манна өрөспүүбүлүкэтээҕи успуорт оскуолатыттан оҕолор кэлэн эрчиллиэхтэрэ, үөрэниэхтэрэ.
Муус устар 8 күнэ. Өрөспүүбүүкэ экэниэмикэтин сайдыытын суһал ыстаабыгар эминэн хааччыйыыны уонна тыа хаһаайыстыбатын өйөбүлүн көрдүлэр. Айсен Николаев таһаҕаһы таһыыга суһал миэрэлэри ылыммыт Бырабыыталыстыба уонна ыстаап чилиэннэригэр махтанна: Уһун кэмҥэ тиийэр наадалаах ас-үөл уонна табаар аҕалыллыбытын бэлиэтээтэ. Саха сиригэр билигин эмп-томп саппааһа баар. Чэпчэтиилээх категорияҕа киирсэр, тастан эмтэнэр ыарыһахтар эмтэрэ 3-13 ыйга, стационардарга эмп 3-6 ыйга тиийэр баар. Ил Дархан Бырабыыталыстыбаҕа Арктика улуустарыгар уонна аҕыйах нэһилиэнньэлээх пууннарга эми-тому барытын бастакы уочарат тиэрдиллэр таһаҕас испииһэгэр киллэрэргэ сорудахтаата. Ас-үөл өттүнэн куттала суох буолууга Тыа хаһаайыстыбын министиэристибэтигэр федеральнай биэдэмистэбилэри кытта ыкса үлэлэһэргэ сорудах биэрдэ. Дьокуускайдааҕы уонна Ньурбатааҕы көтөрү иитэр фабрикалар оборудованиелара саҥардыллыаҕа. Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтигэр бурдук атыылаһалларыгар 114,3 мөл. солк. көрүллүбүт. Сааскы ыһыыга 2,5 тыһ. туонна хортуоппуйу уонна биир тыһ. тахса туонна минеральнай уоҕурдууну атыылаһыахтара. Көтөрү уонна сибиинньэни иитэр тэрилтэлэр комбикуорумунан хааччыллыахтара.
Муус устар 8 күнэ. Ньурбаҕа 2027 сылга Саха сирин норуоттарын IX спортивнай оонньууларын көрсө 3 тыһ. көрөөччү киирэр стадиона уонна бассейннаах спортивнай комплекс тутуллуоҕа. Бу туһунан Айсен Николаев Ньурба улууһун баһылыга Алексей Иннокентьевы кытта кэпсэттилэр. Эбийиэктэр «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн «Спорт – норма жизни» бырагыраама федеральнай үбүнэн тутуллуохтара. Комплекс бырайыактыыр-симиэтэлиир докумуона оҥоһулла сылдьар. Стадион бырайыага судаарыстыбаннай экспертизаны ааспыт. Ил Дархан сорудаҕынан Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай тыйаатыр дьиэтэ атырдьах ыйыгар үлэҕэ киириэҕэ. Ону тэҥэ быйыл Чаппандаҕа 100/50 миэстэлээх оскуола-саад, Күндээдэҕэ 176 миэстэлээх оскуола үлэҕэ киириэҕэ. Ньурба куоратыгар 360 миэстэлээх оскуола бастакы сыбаайатын түһэриэхтэрэ. Оскуола тутуутун улуус уонна АЛРОСА үбүлүөхтэрэ.
Муус устар 9 күнэ. Киин куорат Кангаласс микро-оройуонугар 220/100 миэстэлээх оскуола-саад икки мэндиэмэннээх саҥа таас дьиэтэ үлэҕэ киирдэ. Бу үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Айсен Николаев кыттыыны ылла. Урукку өттүгэр оҕолор эргэ, саахаланар туруктаах дьиэҕэ үөрэммиттэрэ, оттон уһуйаан кэмбинээт дьиэтигэр үлэлээбитэ. Саҥа үөрэх кыһата өрөспүүбүлүкэ 100 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт социальнай эбийиэк буолар. Ол курдук, Уһук Илиҥҥэ экэнэмиэкэ кииннэрин сайыннарар бырагыраама чэрчитинэн полпред Юрий Трутнев сорудаҕынан тутулунна. «2016-2017 сс. хаарбах оскуола оннугар саҥаны тутууга мөккүөр баара. Мин ол саҕаттан Кангаласс Дьокуускай сайдыытын түстэһиэхтээх диэн толкуйдааҕым. Манна аан бастакынан урутаан сайдар территория арыллыбыта, саҥа производстволар уонна технологиялар баар буолбуттара. Оҥорон таһаарыы салгыы сайыннаҕына, өссө да атын социальнай объектары тутуохпут. Бөһүөлэк инникилээх буолуоҕа», – диэтэ Айсен Николаев. Ил Дархан сорудаҕынан Дьокуускай дьаһалтата «Шахтер» спортивнай киини эмиэ саҥардыахтаах. Оскуола-саады тутуу 2019 сыллаахха саҕаламмыта. Билигин үөрэх кыһата аныгы тиэхиньикэнэн уонна тэрилинэн толору хааччыллыбыт. Туспа лабораториялар бааллар, кыргыттары ас астыырга, кулинарнай технологияны баһылыырга, иискэ үөрэтэр кабинеттар, уолаттарга аналлаах лазернай станоктар, библиотека, киэҥ-куоҥ успуорт саалата, улахан актовай саала, таһырдьа оонньуур уонна успуорт балаһааккалара бааллар. Сонун хайысха быһыытынан оскуолаҕа «Кангаласскай» разрезка таас чоҕу хостооһун историятын музейын арыйбыттар.
Муус устар 9 күнэ. Айсен Николаев Капитоновкаҕа «Саха сирэ» урутаан сайдыы сиригэр үлэлиир уонна үлэлиэн баҕалаах урбаанньыттары кытта оҥорон таһаары саҥа хайысхаларын кэпсэттилэр. Ил Дархан резиденнэр «Экосип» и «ВитаНорд» тэрилтэлэри көрдө. Онтон «Туус лааппыта», «Туйгун», «Айылга», «Саха сирин туризма», «Көмүлүөк» тэрилтэлэр бырайыактарын билиһиннэрдилэр. Урутаан сайдыы сиригэр аһылык бородууксуйатын оҥорон таһаараааччыларга анаан бары ирдэбилгэ эппиэттиир былаһаакка оҥоруохтара. Маны тэҥэ тутуу матырыйаалын оҥорор аччыгый уонна орто урбааҥҥа анаан өссө биир дьиэни тутуохтара. Ис туризмы сайыннарар инниттэн куорат таһыгар сынньалаҥы тэрийэр урбаанньыттарга өйөбүл оҥоруохтара.
Муус устар 9 күнэ. Ил Дархан Дьокуускайтан Намныыр суол өрөмүөнүн хаамыытын билистэ. Үлэни балаҕан ыйыгар эрдэлээн бүтэриэхтэрэ. Былаан быһыытынан больдоҕо эһиил алтынньыга диэн этэ. Өрөмүөннэнэр суол уһуна 7,21 км. Түөрт балаһалаах буолар. Анал эргиирдээх суол силбэһиитин, Жатайга уонна Кангаласска суол туорааһыннарын, киэҥ тротуардары оҥоруохтара. 12 оптуобус тохтобулун, хас да светофору туруоруохтара. Бастакы түһүмэххэ 3,6 км оҥорбуттар. Бэс ыйыттан бу учаастакка сигналлыыр тэриллэри туруоруохтара, ууну аһарар турбалары бу ый бүтүүтэ түһэриэхтэрэ. Билигин Можайскай аатынан уулуссаттан тахсан Пилоттар – Быковскай (Үрүҥ Күөл) уулуссаларга силбэһэр эргиир суол симиэтэтэ оҥоһуллар. Быйыл Саха сиригэр 500 км итэҕэһэ суох суол оҥоһуллуохтаах. Онтон Дьокуускайга 35 км усталаах суол өрөмүөннэниэҕэ уонна саҥардыллыаҕа.
Муус устар 10 күнэ. Ил Дархан Саха сирин олохтоохторун Уол оҕо күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Уол оҕо, эр киһи — дьиэ кэргэни, Аҕа дойдуну көмүскээччи, удьуору утумнааччы, дьиэ кэргэн дьыалатын салҕааччы буолар диэн бэлиэтээтэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр уол оҕону дойдуга бэриниилээх буолууга иитиигэ улахан болҕомто ууруллар. Саха сиригэр үөрэх тиһигэр 284 байыаннай-патриотическай кулууп, кадеттарга 7 кылаас, көрдүүр-ирдиир 54 этэрээт, казактар 11 кулууптара, эдэр армеецтарга 167 этэрээт 87 оскуолаҕа баар. Бүгүҥҥү күҥҥэ эрэгийиэҥҥэ Дьокуускайдааҕы кадеттар оскуола-интэринээттэрэ уонна Мииринэйгэ эрэгийиэннээҕи тэхиньиичэскэй колледжка Г.Н.Трошев аатынан кадеттар оскуолалара үлэлииллэр. Былырыын Дьокуускайдааҕы кадеттар оскуола-интэринээттэрин баазатыгар «Авангард» ыччаты байыаннай-патриотическай иитиигэ үөрэтэр-методическай киин арыллыбыта.
Афанасий Ноев, Ил Дархани пресс-сэкирэтээрэ
This post was published on 14.04.2022 09:01 09:01