Муус устар 5 күнүгэр Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ Чэбдигирии 10 сылын биллэрэрин туһунан иһитиннэрдэ. Кини «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр нэһилиэнньэ доруобуйатын бөҕөргөтүү уонна доруобуйа харыстабылын тиһигин сайыннарыы сүрүн хайысхаларын туcтарынан» ыйаахха илии баттаата. Биллэрин курдук, Ил Дархан ахсынньыга Ил Түмэҥҥэ Туһаайан этиитигэр Бырабыыталыстыбаҕа ыйааҕы бэлэмнииргэ сорудахтаабыта.
«Чэбдигирии уон сылын сүрүн сыала-соруга Саха сирин нэһилиэнньэтин олоҕун уһунун 80 сааска тиийэрин ситиһии буолар. Биһиги дьоммут-сэргэбит доруобуйата тупсарын туһугар тоҕоостоох усулуобуйаны уонна сөптөөх медицинскэй көмө оҥоһуллуутун тэрийиэхтээхпит», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Саҥа Ыйаахха этиллэринэн, 2022 сылтан Саха сирин бары олохтооҕо медицина сөптөөх көмөтүнэн толору хааччыллыахтаах. Эһиил 50 куойкалаах паллиативнай көмө киинэ, 2024 сылга 245 миэстэлээх өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй инфекционнай балыыһа уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһаҕа Суһал көмө салаата, 30 куойкалаах хоспис уо.д.а. доруобуйаны бөҕөргөтөргө аналлаах объектар үлэҕэ киириэхтэрэ, Национальнай медицина киинэ саҥардыллыа. Ил Дархан Бырабыыталыстыбаҕа Ыйаах былаанын, тэрээһинин олоххо киллэрэн саҕалыылларыгар сорудахтаата. Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ СӨ доруобуйа харыстабылын тиһигин сайыннарар Стратегияны оҥоруо.
Муус устар 5 күнүгэр регион баһылыга «Таас Юрях Нефтегазодобыча» тэрилтэ ааспыт сыллааҕы үлэтин түмүгүн уонна быйылгы былаанын көрдө. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, хампаанньа ньиэп, гаас салаатыгар биир бөдөҥнөрө буолар. Тэрилтэ бигэтик сайдар, 5-тии мөл. тонна ньиэби сыллата хостуур буолуо. Пандемияны аахсыбакка, ньиэби хостооһун кээмэйин 20% улаатыннарбыт, нолуокка эбэһээтилистибэтин толорбут. Социальнай тэрилтэлэргэ короновируһу утары охсуһууга улахан көмөнү оҥорбут. Маны сэргэ хампаанньа Мииринэй улууһун Таас Үрэх сэлиэнньэтигэр элбэх хайысхалаах спортивнай стадиону киллэттэрбит. Быйыл 150 миэстэлээх наука аччыгый академиятын комплексын тутуутун үбүлээбит. Айсен Николаев экологическай, промышленнай куттал суох буолуутун ирдэбиллэрин тутуһан, үлэни кэлимник аттаран туруоран, тэрилтэни өйүүргэ Бырабыыталыстыбаҕа сорудах биэрдэ.
Муус устар 6 күнүгэр Ил Дархан Дьокуускайга кикбоксиҥҥа улахан дьоҥҥо Россия чемпионата уонна оҕолорго Россия күрэхтэһиитэ саҕаламмытынан эҕэрдэлээтэ. Бу улахан түһүлгэ аатырбыт саха кикбоксера Александр Иванов сырдык кэриэһигэр ананна. Кини 30 сыллааҕыта ССРС спордун историятыгар Лондоҥҥа маҥнайгынан кикбоксиҥҥа аан дойду чемпиона буолан, сахаларга суолу тэлбитэ. «Александр Иванов кэнниттэн Саха сирин спортсменнара кикбоксиҥҥа ситиһиилэммиттэрэ. Кикбоксинг – көннөрү спорт эрэ буолбакка, үрдүк сыалы туруорунарга, утарсааччыны ытыктыырга, саҥа үктэллэри дабайарга үөрэтэр», — диэн туран, күрэхтэһии үрдүк таһымнаахтык ыытылларыгар, күрэхтэһээччилэр кыраһыабай киирсиилэри көрдөрөллөрүгэр ситиһиини баҕарда.
Муус устар 6 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ баһылыга СӨ ситэриилээх былааһын уорганнарыгар сыыппараҕа көһүү хаамыытын министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр салайааччыларын кытары дьүүллэстэ. Ил Дархан этэринэн, кэм-кэрдии ирдэбилэ буоларынан бу уларыйыыга улахан болҕомто ууруллуохтаах. Билигин салайар судаарыстыбаннай былаас уорганнарын үлэлэрин сыаналааһын биир сүрүн төрүтэ буолар. Бүгүҥҥү күҥҥэ 28 уоргаҥҥа 327 судаарыстыбаннай гражданскай сулууспалаах кыттыылаах судаарыстыбаннай салайыыга сыыппараҕа көһүү үлэтэ ыытыллар, министиэристибэлэргэ бырайыактыыр хамаандалар тэриллэллэр. Үлэ хаамыытыгар автоматизация ккирэр, административнай мэһэй аччыыр, кумааҕыны туттуу кэмчилэнэр. Биир бастыҥ уопут Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтигэр көстөр, социальнай өҥөлөр электроннай көрүҥҥэ көһөрүллэллэр. Айсен Николаев туруоруллубут сорукка болдьохтон хаалыыны таһаарымыахха наадатын, үлэни күүһүрдэргэ ыҥырда.
Муус устар 7 күнүгэр Айсен Николаев Россия култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үтүөлээх артыыһа, А.Е.Кулаковскай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Дьокуускай куорат уонна Уус Алдан улууһун бочуоттаах гражданина, алгысчыт Афанасий Федоров 80 сааһынан эҕэрдэлээтэ. «Айар үлэҕин П.А. Ойуунускай аатынан Саха драматическай театрыгар саҕалаабытыҥ. Сүүрбэ сыл устата театр сценатыгар үгүс умнуллубат уобараһы арыйбытыҥ, 100-чэкэ оруолга оонньооҥҥун көрөөччү киэҥ биһирэбилин ылбытыҥ. Эн сахалартан биир бастакынан дойду улахан киностудияларыгар уус-уран киинэлэргэ уһуллубутуҥ, искусство бу көрүҥэ Сахабыт сиригэр инникилээх буолуутугар суолу арыйбытыҥ. Ааспыт үйэ 80-с сс. саҕалаан күн бүгүҥҥэ диэри утумнаахтык ылсан, Үрдүк Айыылары кытта ситимнээх, айылҕаттан айдарыылаах ураты дьоҕургун өбүгэлэрбит үөрүйэхтэригэр тирэнэн, саха төрүт култууратын, баай үгэспитин, Улуу Тунах Ыһыах сиэрин-туомун тилиннэриигэ, норуоппут духуобунай сайдыытыгар аныыгын. Төрөөбүт дойдуҥ чэчириирин, дьоммут-сэргэбит чөл туруктаах буоларын туһугар күн сылаас сыдьаайын иҥэрэр, илгэлээх ардаҕы түстүүр сырдык ыралаах Алгыскынан инникигэ кынаттыыгын. Уһуйааччы быһыытынан мунньуммут баай уопуккун култуураҕа саҥа ааттар тахсыыларыгар үллэстэҕин, үүнэр көлүөнэни иитиигэ сүҥкэн кылааккын киллэрэҕин. Тапталлаах Сахаҥ сирэ чэчирии сайдарыгар уҕараабат күүскүн-уоххун, сөҕүрээбэт сыраҕын-дьаныаргын уурарыҥ иһин Эйиэхэ барҕа махталбын биллэрэбин», — диэн Ил Дархан эҕэрдэ тылыгар Афанасий Семеновичка үтүө тыллары анаата.
Муус устар 8 күнүгэр регион баһылыга Хаҥалас улууһун Чапаево сэлиэнньэтигэр тахсыбыт алдьархайынан дириҥ кутурҕанын тириэртэ. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ, улуус салалтатыгар баһаарга эмсэҕэлээбиттэргэ көмө оҥороллоругар сорудахтаата. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы э.т. Дмитрий Садовников суһал хамыыһыйа мунньаҕын ыытта. Икки мэндиэмэннээх олорор дьиэҕэ баһаар буолбута, икки оҕо, икки улахан киһи сырдык тыына быстыбыта. Бу дьиэҕэ 68 киһи, ол иһигэр 27 оҕо олорбута. Кинилэри наука аччыгый академиятын интернатыгар уонна аймахтарынан көһөрдүлэр. Психологическай өйөбүл оҥоһуллар. Эмсэҕэлээбиттэргэ Бырабыыталыстыба саппаас фондатыттан үбүнэн көмө көрүллүө.
Муус устар 9 күнүгэр Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун уопсастыбаннай территорияны тупсарыыга аанан ыытыллар онлайн-куоластааһыҥҥа көхтөөхтүк кытталларыгар уонна кыайыылаах бырайыагы быһааралларыгар ыҥырда. Куоластааһын муус устар 26 күнүттэн ыам ыйын 30 күнүгэр диэри «Госуслуги» порталга буолуо. «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак «Табыгастаах куорат эйгэтин үөскэтии» федеральнай бырайыагын чэрчитинэн ыытыллар куонкуруска бастыҥ бырайыактарга 2022 сылга федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи үбүлээһин көрүллүө. Ол аата хас биирдии киһи куолаһыттан ханнык территория тупсара тутулуктаах. Куонкуруска Дьокуускай, Алдан, Ленскэй, Мирнэй, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Покровскай, Айхал, Майа, Нам, Сунтаар, Чурапчы кыттыахтара.
Муус устар 11 күнүгэр Ил Дархан Саха сирин кикбоксердарын Россия чемпионатыгар ситиһиилэринэн эҕэрдэлээтэ. «Петр Васильевы уонна Тимофей Сивцевы үрдүк кыайыыгытынан, Россия чемпионун аатын сүкпүккүтүнэн эҕэрдэлиибин! Чемпионакка Денис Андреев үрүҥ көмүс мэтээли, Иван Захаров, Айаал Местников, Михаил Иванов, Христина Васильева, Айталина Оконешникова боруонса мэтээллэри ыллылар! Маладьыастар! Барыгытыгар кытаанах доруобуйаны, ситиһиилэри уонна кыайыы пьедесталын үктэлин барытын баһылыыргытыгар баҕарабын! Чемпионакка кыттыбыт бары спортсменнарга, итиэннэ күрэхтэһии үрдүк таһымҥа ааспытынан тэрийээччилэргэ махталбын биллэрэбин. Россия уонна аан дойду таһымнаах спортивнай тэрээһиннэр Сахабы сиригэр өссө даҕаны ыытыллыахтара диэн бигэ эрэнэбин», — диэн Айсен Николаев үллэһиннэ.
Муус устар 11 күнүгэр Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун Уол оҕо күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Бэлиэ күн 2017 сыллаахха «Россия ийэлэрэ» Бүтүн Россиятааҕы уопсастыбаннай хамсааһын Саха сиринээҕи салаатын көҕүлээһининэн олохтоммута. Бу үгэс соторутааҕыта үөскээбитэ эрээри, номнуо дьон сөбүлүүр бырааһынньыгар кубулуйда. Төрөппүттэр оҕолоругар өбүгэ үгэһин, олох үөрүйэхтэрин тириэрдэллэригэр, дьиэ кэргэҥҥэ ытыктабыллаах сыһыаны үөскэтэллэригэр аналлаах. Ил Дархан уолаттарга туһаайан дьиэ кэргэҥҥэ тирэх, дурда-хахха, холобур буола улааталларыгар баҕарда. «Оҕолорбут дойдуларыгар бэриниилээх, үтүө дьон буолалларыгар бу курдук бүттүүн санаабытын ууруоҕуҥ», — диэтэ Айсен Николаев.
This post was published on 13.04.2021 10:15 10:15