Кулун тутар 1 күнүгэр Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ бэйэни хааччахтаныы режимин кулун тутар 15 күнүгэр диэри уһатар туһунан ыйааҕы таһаарда. Билиҥҥитэ күннэтэ 40-чалыы киһи короновируһунан ыалдьар, онон инфекцияҕа хаптарыы тохтуу илик. Ол иһин хааччахтаныы режимэ салҕанар. Арай сымнатыы быһыытынан спортивнай объектар киэһээҥҥэ диэри үлэлииллэрэ көҥүллэннэ. Бу иннинэ сарсыардатын үлэлии турбуттара. Күн-дьыл сылыйарынан тумуу, грипп ыарыыта эбиллэр туруктаах. Онон мааскалаах сылдьан, бары миэрэлэри тутуһан, бэйэни харыстанар ордук.
Кулун тутар 1 күнүгэр Айсен Николаев Москваҕа федеральнай министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр салайааччыларын кытары көрсөн, регион социальнай-экономическай сайдыытын боппуруостарыгар үлэлэстэ.
Кулун тутар 2 күнүгэр Ил Дархан дойду президенэ Владимир Путин чох салаатын сайдыытыгар ыыппыт мунньаҕар кытынна. Путин чох бырамыысалыннаһа дойду оттугун-энергетикатын комплексыгар биир тутаах салаа буоларынан, чоҕу хостуур регионнар сайдыыларыгар улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ. 2017 сылтан саҕалаан 400 мөл. тахса туонна чох сылын ахсын хостонор, ол онтон улахан аҥара экспорга, сүрүннээн АТР регионугар барар. Экспорт кыаҕын улаатыннарыы тыраанспар тиһигэр уонна логистикаҕа саҥалыы сыһыаны ирдиир.
Саха сиригэр 2010 сылтан чоҕу хостооһун икки төгүл улаатта уонна 20 мөл. туоннаҕа тэҥнэстэ. 2021 сылга хостооһун кээмэйэ икки төгүл эбиллэн, 39 мөл. туоннаҕа тиэрдиллиэ. Оттон 2024 сылга 80 мөл. туоннаҕа диэри улаатыннарар сорук турар. Бу Россия көрдөрүүтүн тупсарыа уонна Австралия кэнниттэн экспорга аан дойдуга иккис миэстэҕэ таһаарыа.
Айсен Николаев бэйэтин этиитигэр Саха сиригэр чоҕу хостооһуҥҥа саҥа байытар кыамталар киирэллэрин эттэ. Ол эрээри Россия тырааныспарга инфраструктурата илиҥҥи туһаайыыга Саха сирин чоҕун бырамыысалыннаһын үүнэр тэтимиттэн хаалан иһэрин бэлиэтээтэ. Онон сиэттэрэн Владимир Путин РФ Бырабыыталыстыбатыгар Саха сириттэн чоҕу илиҥҥи туһаайыыга тиэйиини улаатыннарар сыаллаах БАМ илиҥҥи учаастагын кэҥэтэргэ эбии этиилэри киллэрэргэ, бырайыагы үбүлээһиҥҥэ механизмы толкуйдуурга сорудах биэрдэ.
Айсен Николаев бу быһаарыы региоҥҥа эрэ буолбакка, бүтүн Россия чоҕун салаатыгар хамсааһыны таһаарыа, экономикаҕа сабыдыаллыа диэн этэр. БАМ суолун кэҥэтии суотугар АТР ырыынагар Саха сирин чоҕун экспорга таһаарыыны улаатыннарыа. Нолуоктан киирии 2024 сылга 6 төгүл, ол эбэтэр 40 млрд солк. диэри эбиллэрэ сабаҕаланар, Саха сиригэр бу салааҕа үлэлээччи ахсаана 2024 сылга диэри икки төгүл, ол эбэтэр 21 тыһ. киһиэхэ диэри элбиэ.
Кулун тутар 3 күнүгэр «Хуа Но Э Сян» диэн Кытайга российскай эргиэн хампаанньатын кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ Айсен Николаев бу хампаанньа дириэктэрдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Артем Шарову кытта дуогабар түһэристэ. Онно олоҕуран Кытай ырыынагар Саха сирин тэрилтэлэрин бородууксуйаларын уонна өҥөлөрүн таһаарыы буолуо. Ил Дархан бу сөбүлэһии суолталааҕын, өрөспүүбүлүкэбит хостонор баайтан ураты атын бородууксуйаны экспорга таһаарыыга, Кытайтан инвестицияны тардыыга үлэлэһэргэ интэриэстээҕин биллэрдэ.
Кулун тутар 4 күнүгэр Россия Президенин гранын фондата уопсастыбаннай тэрилтэлэри өйүүр сыаллаах регионнар бырагыраамыларын үбүлээһиҥҥэ эбии үп көрөр сыаллаах куонкуруһу биллэрбитэ. Субъектар ортолоругар ыытыллыбыт бастакы куонкурус түмүгэ таҕыста. Уһук Илин уокуругар бастыҥ көрдөрүүлээҕинэн Саха сирэ ааттанна уонна регионнартан биир ботуччу сууманы — 41,9 мөл.солк. үбүлээһини ылар буолла. Бу үп-харчы быйылгы сыллааҕы Ил Дархан граныгар ыытыллар иккис өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус үбүлээһинигэр эбии көмө быһыытынан ыытыллыа. Норуоттан тахсар бырайыактары өйөөһүҥҥэ быйыл Ил Дархан граныгар куонкурус саас биллэриллиэ. Былырыын Улуу Кыайыы 75 сылыгар уопсастыбаннай тэрилтэлэри өйүүр сыаллаах Ил Дархан гранын ылыы иһин бастакы куонкурус ыам ыйын 9 күнүгэр биллэриллибитэ. Ол көрүүгэ улуустартан, куораттан 250-тан тахса бырайыак кыттыбыта. Түмүгүн атырдьах ыйыгар таһаарбыттара. Экспертэр быһаарыыларынан 43 НКО кыайыылаах тахсан, Ил Дархан граныгар тиксэн, үбүнэн көмө ылбыттара. Быйлыгы куонкурус туһунан сиһилии One click Yakutia (yakutia.click.ru) cайтан билсиэххитин сөп.
Кулун тутар 4 күнүгэр Айсен Николаев региоҥҥа территорияны кэлимник сайыннарыы (ТКС) механизмын олоххо киллэриигэ сүбэ мунньах ыытта. Кини былырыын саҥа федеральнай сокуон ылыллыбытын, онно сөп түбэһиннэрэн субъектар кэлимник сайдыы территориятын бэйэлэрэ быһааралларын санатта. Онуоха кэлимник сайдыы территориятыгар тутуу барыахтаах сирэ-уота бүтүннүү киирэр. Онон судаарыстыбаннай, муниципальнай наадыйыыга хамсаабат баайдаах-дуоллаах объектардаах сир учаастактарын ылар бырааптаахтар. Судаарыстыба, муниципалитет өттүттэн инвестордарга көмө оҥоһуллар. Билигин регион Бырабыыталыстыбата федеральнай сокуоҥҥа регион нуормаламмыт правовой акталарын сөп түбэһиннэриигэ уонна ТКС туһунан сокуону оҥорууга үлэни ыытар. Тутуу министиэристибэтэ тутуллубут сир-уот дуогабардарын ТКС механизмыгар көһөрүүгэ үлэни саҕалаабыт. Холобур, билиҥҥитэ Дьокуускайа итинник 13 дуогабар баар. Бу дуогабарынан 208 дьиэ көтүрүллүөхтээх, билиҥҥитэ 19 дьиэ көтүрүллүбүт. Айсен Николаев мунньах түмүгүнэн Бырабыыталыстыбаҕа дуогабардары хаттаан түһэрии үлэтин түргэтэтэргэ сорудахтаата. Бу олорор дьиэни эрэ буолбакка, социальнай объектары, офис дьиэлэрин, бырамыысалыннас кластердарын таарыйарын эттэ. ТКС механизма бырайыактары олоххо киллэриини тэтимирдэргэ көмөлөөх буолуо.
Кулун тутар 5 күнүгэр Ил Дархан үөрүүлээх быһыыга-майгыга элбэх оҕолоох ийэлэргэ судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда. «Киһини төрөтөн, улаатыннаран таһаарыы — бу дьол уонна улахан эппиэтинэс. Бүгүн биһиги ийэ буолууну, оҕо төрөөһүнүн күүскэ өйүүбүт. Былырыын оҕолоох ыаллары өйөөһүҥҥэ анаан 2,5 төгүл элбэх үп-харчы көрүллүбүтэ. Биһиги ийэлэр оҕолорун сөптөөх усулуобуйаҕа иитэн-үөрэтэн таһааралларыгар анаан бары күүспүтүн ууруохпут», — диэн Айсен Сергеевич бэлиэтээтэ. Итиэннэ Дьахталлар аан дойдутааҕы күннэринэн өрөспүүбүлүкэ кэрэ аҥардарын ис сүрэҕиттэн эҕэрдэлээтэ.
«Ийэ албан аатын III истиэпэнэ” бэлиэ 23 ийэҕэ туттарылынна. «Ийэ албан аатын II истиэпэнэ» бэлиэнэн аҕыс оҕолоох — Чурапчы Мындаҕаайытыттан Жанна Кожурова, Үөһээ Бүлүү Хомустааҕыттан Татьяна Обоева, Уус Алдан Дүпсүнүттэн Саинара Соловьева, «Ийэ албан аатын I истиэпэнэ» бэлиэнэн Уус Алдан Чараҥыттан 9 оҕолоох Айталина Макеева наҕараадаланнылар. Ийэлэр ааттарыттан Евдокия Лукина Ил Дархаҥҥа элбэх оҕолоох ыаллары куруук өйүүрүн иһин махтанна.
Кулун тутар 6 күнүгэр быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастаан Табаһыт күнэ бэлиэтэннэ. Ил Дархан бэйэтин эҕэрдэтигэр Саха сирин табаһыттара күүстээх санаалаах, тулуурдаах, үлэһит дьон буолалларын, кинилэр үлэлэрэ улахан күүһү, сыраны эрэйэрин, ол иһин бу хайысханы ис-иһиттэн билэр, төрүт дьарыгы дьиҥ өйдүүр, көс олоҕу билэр, тутуһар дьон эрэ кыайа-хото туталларын бэлиэтээн эттэ. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ 106 ыстаадаҕа 1200-тэн тахса киһи үлэлиир, таба ахсаана 155 тыһыынчаттан таҕыста. Өрөспүүбүлүкэҕэ таба иитиитигэр, племенной үлэҕэ, мэччирэҥ сирин харыстааһыҥҥа, адьырҕа кыылтан дьиэ кыылын-сүөлүн харыстааһыҥҥа судаарыстыба өттүттэн өйөбүлгэ болҕомто ууруллар. Таба иитиитин сайыннарыыга удьуор общиналар улахан кылааттаахтар. Эдэр табаһыттары өйөөн, ааспыт сылтан өрөспүүбүлүкэҕэ «Эдэр табаһыт» диэн бырагыраама олоххо киирбитэ. 35 саастарын ситэ илик табаһыттар 1 мөл. солк. дьиэ атыылаһарга эбэтэр туттарга анаан ылар кыахтаннылар. Былырыын көмө харчыны 11 эдэр табаһыт ылбыта. Тыа хаһаайыстыбатын салаатынан ыстаадаларга олорорго уонна үлэлииргэ сөптөөх усулуобуйаны тэрийэргэ утумнаах үлэ ыытыллар: табаһыттар баазалара, таба тутар харааллар тутуллаллар, хаарынан, уустук сирдэринэн айанныыр тиэхиньикэ атыылаһыллар. Туспа болҕомто чуум үлэһиттэригэр ууруллар.
Бу күн Ил Дархан Томпо улууһун Тополинайыттан Вениамин Баишевка Василий Кладкин аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэтин аныыр туһунан ыйаах таһаарда. Вениамин Григорьевич «Томпо» тыа хаһаайыстыбатын кооперативын 1 №-дээх ыстаадатын биригэдьиирэ. Кыра эрдэҕиттэн ыстаадаҕа такайыллыбыт удьуор табаһыт, 1981 сыллаахха оскуоланы бүтэриэҕиттэн дьарыктанар. Билигин ыстаадатыгар 1230 табалаах. 2001 сылга Баишевтар дьиэ кэргэн бастыҥ көс ыал аатын ылбыта. Кини — СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ. Баишевтар түөрт оҕолоохтор. Улахан уол төрөппүттэрин кытта бииргэ үлэлэһэр, Россия күрэхтэрин кыайыылааҕа. Кыыстара Наталия Москватааҕы гражданскай авицаия техническэй университетын бүтэрбитэ, билигин табаһыт-чуум үлэһитэ, эмиэ дьонун кытта үлэлиир. Баишевтар үүнэр көлүөнэҕэ бастыҥ холобурга сылдьаллар. Айсен Николаев Вениамин Григорьевичка уонна бары табаһыттарга уустук үлэлэригэр ситиһиини баҕарда, төрүт дьарыгы сайыннаралларын иһин махтанна.
Кулун тутар 6 күнүгэр Айсен Николаев үгэс быһыытынан Дьокуускай куорат объектарыгар сырытта. Бу сырыыга суолу өрөмүөннээһини уонна хаары тиэйэр, мунньар полигон үлэтин бэрэбиэркэлээтэ. Окружной шоссеҕа Жорницкай уулуссаттан Бүлүү тыраагар диэри учаастакка капитальнай өрөмүөнү «Дорстрой» ХЭТ ыыта сылдьар. Быйыл хаһааҥҥытааҕар да улахан былаан — киин куоракка 48 км усталаах суолу-ииһи оҥорор сорук турар. Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, бу саҥа үйэ бастакы уон сылыгар өрөмүөннэммит уулуссалардааҕар икки бүк элбэх. Ол курдук, Окружной шоссе хас биирдии өттүгэр иккилии балаһалаах буолуо. Суолу өрөмүөннээһиҥҥэ «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах автомобильнай суол-иис»национальнай бырайыагынан 832 мөл.солк. үбүлээһин көрүллэр. Бу учаастак 4,2 км. уһуннаах буолар. Былырыын сир болотунатын кэҥэппиттэр. Бүлүү тыраагар эргимтэтэ кэҥэтиллиэ. Ил Дархан 2021 сылга сүрүн объекка үлэ түмүктэниэ, чугастааҕы кэмҥэ атын уулуссаларага үлэ саҕаланыа диэн ыйда.
Кулун тутар саҕаланыытыттан киин куорат коммунальщиктара күүстээх режимҥэ көстүлэр. Айсен Николаев этэринэн, куорат салалтата хаары таһыыны быйыл болдьоҕор саҕалаабыт. Чааһынай территориялартан хаары ыраастаан тиэйэллэрин бэлиэтээтэ. Номнуо былырыыҥҥы сыллааҕар элбэх хаар таһыллыбыт. Бу үлэ салҕаныа, онон ааспыт сылга курдук ууга барыы бэлиэтэниэ суоҕа диэн регион баһылыга эттэ.
Маны сэргэ куорат дьаһалтата ОДьКХ, энергетика министиэристибэтин кытары Роспотребнадзор сэрэтиитин туоратыыга үлэлэһэр. Сокуонунан хаары чөмөхтөөһүн полигонун сорҕото бетон бүрүйүүлээх буолуохтаах. Билигин бырйыак-смета докумуона оҥоһуллан, сөптөөх үп көрүллэн, бу өттүгэр үлэ барыа.
Кулун тутар 6 күнүгэр регион баһылыга 203 микро-оройуоҥҥа үөрэх объектарын көрдө. Айсен Николаев «Звездочка» уһуйааҥҥа уонна саҥа үлэҕэ киириэхтээх гимназияҕа сырытта. Билиҥҥитэ уһуйаан объегын бэдэрээччитэ – «Сахастрой 2002» ХЭТ надзор уорганнарын ирдэбиллэринэн оҥоһуллубут сэрэтиилэри туоратыыга үлэ ыытан, уһуйаан чугастааҕы кэмҥэ оҕолору көрсөргө бэлэм. Бу атыттартан ураты, доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго анаан тутуллубут куоракка бастакы уһуйаан буолар. Үс тыһыынчаттан тахса кв.м. иэннээх, 240 миэстэлээх туох-баар аныгы усулуобуйа көрүллүбүт.
«Глобальнай үөрэхтээһин киинэ» диэн ааттаах саҥа гимназияҕа муус устартан 1 кылааска оҕолору ылыыга сурутуу саҕаланыа. Итиэннэ лицензия докумуонун толорбуттарын кэннэ бары кылаастарга оҕолору сүүмэрдээһин саҕаланыа. Үс мэндиэмэннээх объект 360 миэстэлээх, 25 кабинеттаах, икки спортивнай былаһааккалаах. Айсен Николаев этэринэн, саҥа үөрэх тэрилтэтэ балаҕан ыйын 1 күнүгэр аһылыннаҕына 203 микро-оройуоҥҥа оҕолору үөрэҕинэн хааччыйыы кыһалҕата быһаарыллыа.