24 Сэтинньи 24.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Ил Дархан нэдиэлэтэ: Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр үп ноҕуруускатын намтатар сыал турар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ааспыт нэдиэлэҕэ Ил Дархан Москваҕа үлэлээтэ. Айсен Николаев оробуочай сырыытыгар Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын итиэннэ тас дойдулар санкцияларын ыгыытын кэмигэр Саха сирин олохтоохторун дохуотун таһымын намтаппат туһугар суолталаах боппуруостары быһаарыста, федеральнай министиэристибэлэр, госкорпорациялар, сайдыы институттарын салайааччыларын кытта көрүстэ. Маны сэргэ кини ВКС көмөтүнэн мунньахтары ыытта.

Кулун тутар 28 күнэ. Навигация саҕаланыар диэри Саха сирин бары нэһилиэнньэлээх пууннарын социальнай суолталаах табаарынан хааччыйар туһунан өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар сорудахтаата. Айсен Николаев хас биирдии бөһүөлэккэ ас-үөл саппааһа баар буолуохтааҕын, ордук чуолаан ыраах сытар уонна суола-ииһэ хааччахтаах сирдэри болҕомто киинигэр тутары ыйда. Бу дьаһаллар тустарынан уонна сыана туругун хонтуруоллааһыны өрөспүүбүлүкэтэээҕи суһал ыстаап мунньаҕар көрдүлэр.

Ил Дархан бородууктаны кууһунан уонна кэлиминэн атыылыыр тэрилтэлэргэ өрөбүл күн ахсын дезинфекцияҕа сабыллар ирдэбили уһуларга сорудахтаата. Маныаха тэрилтэлэр мааскалаах режими, уочаракка социальнай арыттаһыыны, атыы-эргиэн миэстэлэригэр санитарнай өттүнэн сууйуну-сотууну тутуһуохтаахтар.

Мунньахха этиллибитинэн, «Саха сирин тимир суоллара» тэрилтэ тимир суолунан бородууктаны тиэммит 2 тыһ. тахса вагона айаннаан иһэр, олортон 1 413 вагон Аллараа Бэстээх станциятыгар табаары тириэртэ.

Кулун тутар 28 күнэ. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин туруктаах буолуутугар мунньах ыытта. Нэһилиэнньэ дохуоттаах, дьарыктаах буолуутугар, аһы-үөлү хааччыйыыга, коммунальнай хаһаайыстыбаҕа, тыа хаһаайыстыбатыгар, дьоҕус бизнеһи сайыннарыыга миэрэлэри бигэргэттэ. Бу миэрэлэр барыта 14,9 млрд солк. тэҥнэһэллэр. Ол курдук, аһынан-үөлүнэн хааччыллыыга 2,4 млрд солк. барыаҕа. Бу социальнай суолталаах табаардарга сыана өрө тахсыбатын хааччыйыаҕа. Дьиэлэри тутууга 2,2 млрд солк., тутуу эйгэтигэр үлэлии сылдьар урбаанньыттарга 2,6 млрд солк. көрүлүннэ. Кыра дохуоттаах дьиэ кэргэҥҥэ уонна биирдиилээн дьоҥҥо барыта 72,8 мөл. солк. көмө оҥоһуллуоҕа. Ону сэргэ социальнай хантараактары түһэрсии суумата 300 тыһ. солк., кэтэх хаһаайыстыбаны тэринии 250 тыһ. солк. диэри улаатыаҕа. Кулун тутартан үлэлэриттэн уурайбыт дьоҥҥо эмиэ көмө барыаҕа, кинилэр тиийинэн олоруу алын кээмэйин ылыахтарын сөп. Манна барытыгар 30,6 мөл. солк. көрүлүннэ.

Кулун тутар 29 күнэ. Айсен Николаев дойду Тас дьыалаларга миниистирин солбуйааччы, статс-сэкиритээр Евгений Ивановтыын өрөспүүбүлүкэ экэнитэмикэҕэ уонна инвестицияҕа кыаҕын көрдөрөр тэрээһин туһунан кэпсэттэ. САССР 100 сыллаах үбүлүөйүн уонна Саха сирэ Арассыыйаҕа көҥүл өттүнэн киирбитэ 390 сылын чэрчитинэн ыытыыллар улахан тэрээһин бу сыл ахсынньытыгар дойду Тас дьыалаларга министиэристибэтин иһинэн үлэлиир култуура киинигэр буолуоҕа.

Кулун тутар 29 күнэ. Ил Дархан дойду Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга миниистирэ Алексей Чекунковы кытта хоту таһаҕаһы тиэйии боппуруостарын ырыттылар. Аһылыгы, күннэтэ туттуллар табаардары уонна энергетика ресурсаларын сыанатын үрдэппэт туһунан кэпсэттилэр. Уһук Хоту оройуоннарын хааччыйыыга туһуламмыт кирэдьииттэр бырыһыаннарын ыстаапкатын толуйуу, Хотугу муора суолун устун таһаҕаһы тиэйиини субсидиялааһын боппуруостарыгар тохтоотулар. Ону тэҥэ олорор дьиэни уонна производство кыамталарын тутууга бырайыактары судаарыстыба өттүттэн өйөөһүн ньымаларын таарыйдылар. Министиэристибэ уматыгы уонна аһылыгы хааччыйар Саха сирин тэрилтэлэрин сүрүн суолталаах сис тэрилтэлэр ахсааннарыгар киллэриини көрүөҕэ.

Кулун тутар 30 күнэ. Айсен Николаев Саха сириттэн сенатор Александр Акимовтыын хоту таһаҕаһы тиэйиини федеральнай бүддьүөттэн субсидиялааһын, Хотугу муора суолунан уонна өрүстэринэн таһаҕаһы тиэйиини сайыннарыы туһунан кэпсэттилэр. Ити боппуруостарга бэс ыйыгар Дьокуускайга Федерация Сэбиэтин сис кэмитиэтин көһө сылдьар мунньаҕа ананыа. Өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын туһунан Федерация Сэбиэтин уурааҕа бэлэмнэнэр. Онно аччыгый авиация, тимир суолу салгыы уонна Өлүөнэ муостатын тутуу уонна да атын инфраструктураны оҥоруу бырайыактара киириэхтэрэ.

Кулун тутар 31 күнэ. Саха сиригэр «Ростех» госкорпорация кыттыылаах олоххо киирэр бөдөҥ инвестиционнай бырайыактар тустарынан Айсен Николаев бу корпорация салайааччыта Сергей Чемезовы кытта дьүүллэстэ. Бэлиэтээн эппиттэрин курдук, эрэгийиэн уонна «Ростех» бииргэ үлэлээһиннэрэ тэитмнээхтик сайдан иһэр. Экэниэмикэни уонна социальнай инфраструктураны, научнай-техническэй уонна производственнай кыаҕы сайыннарар бырайыактарга хампаанньа көхтөөхтүк кыттар. Көрсүһүү кэмигэр салгыы үлэ былаанын ырыттылар.

Кулун тутар 31 күнэ. Айсен Николаев Москваҕа оробуочай сырыытын кэмигэр үп миниистирэ Антон  Силуановы кытары кириисиһи утары көрүллэр бырагыраамаларынан сибээстээн, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн туолуутун уонна уларытыылары киллэрии туһунан кэпсэттэ. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр үп ноҕуруускатын намтатар сыалтан, эрэгийиэн кэмиэрчэскэй кирэдьииттэрин 5,6 млрд солк. диэри бүддьүөт кирэдьиитинэн солбуйар туһунан дьүүллэстилэр. Айсен Николаев Үп миниистиригэр өрөспүүбүлүкэҕэ болҕомтотун уурарыгар уонна үп-харчы өттүнэн көмө сыллата улаатан иһэринэн махталын биллэрдэ.

Кулун тутар 31 күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан 2022 сылга табаны иитии салаатын өйөөһүн биллэрдик улаатта. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр бу сыалга 1 млрд 45 мөл. солк. тахса үп көрүллэн турар. Ол быһыытынан Саха сиригэр табаҕа көрүллэр субсидияны улаатыннарыахтара. Бу миэрэ табаһыттар хамнастарын үрдэтэргэ төһүү буолуоҕа. Сокуон туһааннаах барылын эрэгийиэн бырабыыталыстыбатыгар көрдүлэр, “СӨ муниципальнай оройуоннарын уонна куораттааҕы уокуруктарын олохтоох салайыныыга уорганнарын тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын судаарыстыба кэккэ боломуочуйаларын биэрэр туһунан” сокуоҥҥа уларытыылары киллэриини өйөөтүлэр. Сокуон барыла хотугу дьиэ табатын иитиини өйөөһүн субвенциятын кээмэйин нуорматын биир таба төбөтүгэр 4 122,6 солкуобайтан 4 995, 5 солкуобайга диэри үрдэтэр сыаллаах уонна табаны иитэр хаһаайыстыбалар үлэһиттэрин хамнастарын төлөбүрүн кээмэйин алын таһымын учуоттаан сүрүннүүр коэффициеннэри уларытыынан, табаны ыстаадаҕа көрүүгэ көрүллэр ороскуоту ааҕыынан торумнаммыта. Салгыы сокуон барыла Ил Түмэн көрүүтүгэр киириэҕэ.

Муус устар 1 күнэ. Ил Дархан быһаарыытынан, арҕааҥы дойдулар биллэрбит хааччахтарын кэмигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин экэниэмикэтин өйүүргэ бастакы түһүмэх миэрэнэн барыта 14 млрд солк. тахса үп көрүлүннэ. Бородуукта сүрүн көрүҥнэрин саппааһын хааччыйыыга «Якутоптторг» нөҥүө 408 мөл. солк. көрүллүөҕэ. Аччыгый уонна орто биисинэскэ кирэдиит быһыытынан 819 мөл. солк. бэриллиэҕэ. Бу иэһинэн урбаанньыттар табаары атыылаһан, саппаастарын хаҥатыахтаахтар. Нолуокка эмиэ кэккэ чэпчэтии баар буолуоҕа. Сааскы ыһыыга хортуоппуйу уонна уоҕурдууну ыларга эбии 88,7 мөл. солк. көрүллүөҕэ. Килиэп, бурдук ас сыанатын үрдээппэт инниттэн ороскуоту толуйалларыгар 114 мөл. солк. былааннанна. 358 мөл. солк. үбүлээһини сибиинньэ уонна көтөр аһылыгар ыытыахтара. Түргэнник ситэр салааны сайыннарыыга, дьиэ кэргэн экэниэмикэтигэр анаан 600 мөл. солк. көрүлүннэ. Муус устар 1 күнүттэн бүддьүөт үлэһиттэрин хамнаһа 6,4% үрдээтэ. Аҕыйах дохуоттаах ыалларга уонна соҕотоҕун олорор кыаммат дьоҥҥо 72 мөл. солк. эбии үбүлэниэҕэ. Социальнай хантараак ИП-ларга 300 тыһ. солк. буолла, кэтэх хаһаайыстыбаҕа 250 тыһ. тиийдэ. 8-тан 16-гар диэри саастаах оҕолорго көмө харчытыгар 412 мөл. солк. үбүлэниэҕэ. Итинник көмөнү 40 тыһ. тахса оҕо ылыаҕа. Салгын тырааныспарын тутаах тэрилтэлэригэр 600 мөл. солк. көрүллүөҕэ. Бу үп сөмөлүөттэр көтөллөрүн хааччыйарга уонна лизинг төлөбүрүгэр субсидия быһыытынан барар. Тастан киирэр табаары солбуйарга анаан бырамыысалыннас сайдыытын пуондатыгар үбүлээһини 100 мөл. солк. улаатыннарбыттар. Тутуу салаатыгар 2 млрд солк. тахса үбүлээһин барыахтаах. Тимир-бетон оҥоһуктарын собуота тутуллуоҕа. IT-хампаанньалары өйүүргэ уонна үлэ миэстэтин хааччыйалларыгар 353 мөл. солк. көрүллүөҕэ.

Муус устар 1 күнэ. Айсен Николаев Арассыыйа бөдөҥ баанын — Сбербаан салайааччыта Герман Грефтыын бииргэ үлэлээһин боппуруостарын быһаарыста. «ВЭБ.РФ» сайдыы судаарыстыбаннай корпорациятын бэрэссэдээтэлэ Игорь Шуваловтыын Саха сиригэр олоххо киирэр бөдөҥ бырайыактары дьүүллэстилэр, ол иһигэр үөрэх эйгэтигэр бырайыактары көрдүлэр.

Муус устар 2 күнэ. Бу күн Саха сиригэр Булчут күнэ бэлиэтэннэ. Бэйэтин эҕэрдэтигэр өрөспүүбүлүкэ баһылыга Саха сирэ — Арассыыйа аар айылҕатын чиэппэрэ буоларын санатта. «Былыргы үйэттэн аҕалар уолаттарын булт-алт араас албаһыгар эрэ буолбакка, төрөөбүт айылҕаларыгар харыстабыллаах сыһыаҥҥа такайаллар. Бэйэ ииттинэн олороругар сөп буолары ылыы, бу айылҕа суруллубатах сокуона, ону бары тутуһаллара. Үтүө үгэс көлүөнэттэн көлүнэҕэ бэриллэн, салҕанан, тутуһуллан кэллэ. Бэлиэтээн эттэххэ, бу күннэргэ Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын уурааҕынан, хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттарга бултуур-алтыыр сир иэнин төлөбүрүгэр ыстаапка кыччатылынна. Бу бииргэ тиһиктээхтик үлэлэһин түмүгэр ситиһилиннэ. Бу федеральнай таһымҥа бигэргэтиллибит кыччатыллыбыт ыстаапка үгэс буолбут булду сайыннарыыга тирэх буоларыгар эрэнэбин. Булчуттар түмсүүлэрин көхтөөх үлэлэрин түмүгэр, дойдуга булт саҥа быраабылаларын оҥорууга, булт болдьоҕор уонна ньыматыгар сыһыаннаах этиилэр киллэриллибиттэрэ. Кэм ирдэбилинэн, бултааһыҥҥа көҥүлү үллэрии ньымата уларытыллыбыта — булка-алка көҥүлү судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр порталларын нөҥүө киирэн ылыахха сөп. Бу бэлиэ күн туох-ханнык иннинэ үйэлэри уҥуордаан кэлбит булт үгэһигэр, сиэригэр-туомугар сүгүрүйүүнү көрдөрөр. Ону тэҥэ бу булка-алка сиэрдээхтик сыһыаннаһыыга уонна хотугу сир уйан айылҕатыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга төһүү буолар. Бу туһунан умнумуоҕуҥ», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээн эттэ.

Бу күн Саха сиригэр Гражданскай актыбыыс күнэ бэлиэтэннэ. Хоту сиргэ аһыныгас, киһи киһиэхэ көмөлөһөр майгыта мэлдьи өрө тутуллар диэн Айсен Николаев этэр. Үтүө дьыаланы оҥоруу бастыҥ холобурга сылдьар. Ол да иһин Дьокуускай куорат 2016 сыллаахха Арассыыйаҕа саамай үтүө санаалаах куорат быһыытынан билиниллибитэ. Биһиги ситиһиилэрбит федеральнай таһымҥа ырылхайдык көстөллөр. Саха сиригэр волонтердар хамсааһыннарын тэнитии эрэгийиэн ыытар бэлитиикэтигэр биир тутаах хайысханан буолар. Уопсастыбаннай тэрилтэлэри өйүүр граннарга өрөспүүбүлүкэ бырайыактара мэлдьи бэлиэтэнэллэр. Дьон-сэргэ пандемия кэмигэр бэйэ-бэйэтигэр көмөтө ордук көһүннэ. Билигин биһиги эрэгийиэммит олохтоохторо Донецкай уонна Луганскай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэргэ гуманитарнай көмөнү көхтөөхтүк оҥорор. Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сиригэр 15 тыһ. киһи волонтер үрдүк аатын сүгэр. Күннэтэ кэккэлэрэ араас идэлээх дьонунан эдэриттэн эмэнигэр тиийэ хаҥыыр. Биһиги кинилэринэн киэн туттуохтаахпыт диэн туран, Ил Дархан бу хамсааһыҥҥа кыттар бар дьоҥҥо махталын биллэрэр.

Ил Дархан Дьокуускайга информацияны түмэр, харайар киин үлэтин бэрэбиэркэлээтэ. Модульнай, көһө сылдьар кыахтаах киин кулун тутар 31 күнүгэр үлэтин саҕалаабыта. Өрөспүүбүлүкэ информацияҕа тиһиктэрэ бигэтик, куттала суох үлэлииллэрин хааччыйар. Дойдуга оҥоһуллубут бырагыраамаларынан, тымныыны тулуйар оборудованиенан таҥыллыбыт. Манна былаас уорганнарын уонна биэдимэстибэннэй тэрилтэлэр информацияларын тиһигэ уонна ресурсата харайыллар. Ил Дархаҥҥа Дьокуускай уулуссаларыгар тырааныспар сырыытын салайыы, тыа баһаардарын кэтээн көрүү уонна да атын цифровой тиһиктэр хайдах үлэлииллэрин көрдөрдүлэр. Салгыы киин чааһынай тэрилтэлэргэ өҥөнү оҥорор кыахтаныа.

Муус устар 3 күнэ. Ил Дархан Саха сирин аҕаларын күнүнэн ис сүрэхтэн эҕэрдэлээтэ. Аҕа оруола хас биирдии киһи олоҕор дьоһун суолталаах. Оҕотугар бэйэтинэн тус холобур буолуохтаах. Аҕа күнэ төрөппүттэр уонна оҕолор бэйэ-бэйэлэрин кытта сыһыаннарын, аҕа буолуу эппиэтинэһин, тапталын түстүүр күн буолар. Бииргэ сынньалаҥ, успуордунан дьарыктаныы, биир дьарыктаах буолуу уонна үлэ дьиэ кэргэни тирэҕирдэр, көлүөнэлэр утумнаһыыларын бөҕөргөтөр. Оттон чөл туруктаах дьиэ кэргэн, ис киирбэх сыһыан уопсастыба уонна судаарыстыба тирэхтэринэн буолаллар диэн Айсен Николаев бэйэтин эҕэрдэтигэр бэлиэтээн эттэ.

Бу күн Чурапчы улууһугар Сылаҥҥа 17 хамаанда кыттыылаах өрөспүүбүлүкэтээҕи Аҕа күрэҕэ ыытылынна. Күрэхтэһиигэ улуустартан аҕалар уолаттарын кытта кэлэн икки күн устата кытыннылар. Түмүккэ Таатта улууһун Түөрэ Күөлүттэн Петр Романович Чупров орто уолунаан – 11 кылаас үөрэнээччитэ Арсенныын кыайыылаах үрдүк аатын ыланнар, Ил Дархан туруорбут бирииһин – квадроциклы туттулар. Иккис миэстэҕэ Чурапчы улууһуттан Кривошапкиннар, үһүскэ Дьокуускайтан Винокуровтар таҕыстылар.

Афанасий  Ноев,

Ил Дархан пресс-сэкирэтээрэ

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА