Ил Дархан Айсен Николаев ааспыт нэдиэлэҕэ улуустар, куораттар баһылыктарыгар туһаайан эттэ: «Олохтоох салайыныы уорганнара көдьүүстээхтик үлэлиир эрэ буоллахтарына, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай өттүнэн тэтимнээхтик сайдар кыахтаах, ол эһиги хас биирдиигититтэн тутулуктаах. Ол быһыытынан күүспүтүн түмэн, туруоруллубут соруктары толорорго, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн олох-дьаһах хаачыстыбатын үрдэтэргэ бигэ эрэллээхпин». Бу дойдуга Олохтоох сайлайыныы күнүгэр анаммыта.
Муус устар 19 күнүгэр Айсен Николаев региоҥҥа эбии хааччахтыыр миэрэлэри киллэрэр туһунан ыйаах таһаарда. Саҥа ыйааҕынан өрөбүл уонна бырааһынньык күннэргэ онлайн көрүҥтэн ураты өрөспүүбүлүкэҕэ уонна улуустарга сүрүн тэрээһиннэри, конференциялары, форумнары ыытыы бобулунна. Оттон үлэ күнүгэр суһал ыстаап сөбүлэҥинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ мустар киһи ахсаана 50-тэн тахсыа суохтаах. Маны таһынан уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэрэ, ол иһигэр банкеттыыр саалалар муус устар 20 күнүттэн түүн 12 чаастан сарсыарда 6 чааска диэри сабыллыахтара. Театрдарга, кинотеатрдарга, концертарга, кулууптарга көрөөччү сааланы 50% эрэ толоруохтаах.
Муус устар 20 күнүгэр Ил Дархан суһал ыстаап мунньаҕар өрөспүүбүлүкэҕэ эпидемиологическай быһыы-майгы тыҥааһыннааҕын эттэ. Саха сиригэр коронавирус британскай штамма икки киһиэхэ бэлиэтэммитин иһитиннэрдэ. Турцияттан сынньанан кэлбит Дьокуускайга олорор дьиэ кэргэн вирус саҥа көрүҥүн аҕалбыт. Кутталлааҕа диэн бу штамм быдан түргэнник тарҕанар. Маныаха билиҥҥитэ биир дойдулаахтарбытыттан элбэх киһи кыраныысса таһыгар тахсыбыта, Турцияҕа уо.д.а. атын дойдуларга сынньана сылдьара биллэр. Саҥа штамм өссө да кэлэрэ сабаҕаланыан сөп. Ол иһин Ил Дархан омук сирдэриттэн төннөр дьону хонтуруоллаан, кэлээттэрин кытары ПЦР туттарыахтаахтарын, анаалыстарын түмүгүн «Госуслуги» порталга таһаарыахтаахтарын эттэ. Айсен Николаев улуустар суһал ыстааптарыгар нэһилиэнньэҕэ өйдөтөр-быһаарар үлэни ыыталларыгар, эпидемиологическай хонтуруолу күүһүрдэллэригэр сорудахтаата, нэһилиэнньэни хааччахтыыр миэрэлэри тутуһарыгар ыҥырда, дьиэ кэргэнинэн, аймаҕынан элбэх киһини мунньан тэрэээһиннэри ыытартан туттуналларыгар, айылҕаҕа, маевкаларга коллективынан тахсыбаттарыгар сүбэлээтэ. Ордук улахан болҕомтону үөрэх тэрилтэлэригэр уурары ыйда. Вакцинаны ыларга «Госуслуги» порталынан эбэтэр олорор сиргитинэн поликлиникаҕа суруттарыахха сөп.
Муус устар 20 күнүгэр Москваҕа үлэтин чэрчитинэн Айсен Николаев Россия вице-премьерэ Марат Хуснуллины кытта Өлүөнэ муостатын тутуутун туһунан кэпсэттилэр. Бу бырайыагы саҕалааһыҥҥа федеральнай уонна регион структураларын кыттыыларын быһаарыстылар. Марат Хуснуллин бырайыагы өйүүрүн, маныаха федеральнай бюджеттан үбүлээһин 50% таһымынан буолуохтааҕын эттэ. Маны таһынан көрсүһүүгэ Саха сиригэр национальнай бырайыактар олоххо киириилэрин ырыттылар. Национальнай бырайыагынан быйыл 264 км суол үлэҕэ киирэрэ былааннанар, ол иһигэр 216 км – өрөспүүбүлүкэ таһымнаах суол, 48 км Дьокуускайга оҥоһуллуоҕа. Ону сэргэ дьиэ-уот тутуутун хаамыытын, хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү, кыттыгас тутуу кыттааччыларын бырааптарын көмүскээһин, уопсастыбаннай уонна олорор тиэргэннэр территорияларын тупсарыы боппуруостарын ырыттылар.
Муус устар 21 күнүгэр Айсен Николаев дойдуга бэлиэтэнэр Олохтоох салайыныы күнүнэн улуустар, нэһилиэктэр, куораттар баһылыктарын, дьокутааттары, муниципальнай таһымҥа үлэлэлээччилэри эҕэрдэлээтэ. Олохтоох салайыныы норуокка саамай чугас, миэстэтигэр күннэтэ быһаччы алтыһар, былааһы кытта ситимниир. Нэһилиэнньэ олоҕор үтүө уларыйыылар төһө тэтимнээхтик бараллара муниципалитеттар көхтөөх үлэлэриттэн тутулуктаах. «Олохтоох салайыныы уорганнара көдьүүстээхтик үлэлиир эрэ буоллахтарына, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай өттүнэн тэтимнээхтик сайдар кыахтаах, ол эһиги хас биирдиигититтэн тутулуктаах. Ол быһыытынан күүспүтүн түмэн, туруоруллубут соруктары толорорго, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн олох-дьаһах хаачыстыбатын үрдэтэргэ бигэ эрэллээхпин», — диэтэ регион баһылыга.
Муус устар 21 күнүгэр Айсен Николаев омук сиригэр олорор биир дойдулаахтарбыт дьыалаларыгар уонна аан дойдутааҕы гуманитарнай бииргэ үлэлээһиҥҥэ Федеральнай агентство салайааччыта Евгений Примакову кытта көрүстэ, икки өттүттэн сөбүлэһии түһэрсии боппуруоһун кэпсэттилэр. Саха сирэ ЮНЕСКО, Арктическай сэбиэт, Хотугу форум, АРАССВА уо.д.а аан дойдуга аптарытыаттаах тэрилтэлэр бырагыраамаларыгар көхтөөхтүк кыттар. Эһиил Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар, Дьокуускай төрүттэммитэ 390 сылыгар бөдөҥ тэрээһиннэр былааннаммытар, ол иһигэр Парижка ЮНЕСКО штаб-квартиратыгар өрөспүүбүлүкэ бырайыактарын билиһиннэриэхтэрэ. Евгений Примаков Саха сирин бырайыактара улахан суолталаахтарынан кини салайар Федеральнай агентствота өйүүрүн эттэ. Агентство 80 дойдуга баар былаһааккатын туран биэрэн, быыстапкалары, көрсүһүүлэри ыытарга, култуурабытын билиһиннэриигэ, итиэннэ Саха сирин бизнеһэ тас ырыынакка тахсыытыгар көмөлөһөргө бэлэмин эттэ. Арктика тематыгар конференция тэрийиигэ өйөбүлү оҥоруоҕун эттэ. Айсен Николаев федеральнай былаас биир тутаах уорганын кытта норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыактары олоххо киллэриигэ үлэлэһэргэ бэлэмин, маныаха ведомство методическай көмө оҥоруута тыын суолталааҕын эттэ. Тас дойдуларга саха култууратын, бизнеһин, гуманитарнай, экономическай хайысхалаах бырайыактарын көҕүлээн таһаарыыны өйүүрэ Саха сирин сайдыытыгар тоҕоостооҕун эттэ.
Муус устар 21 күнүгэр Айсен Николаев Россия Бэрэсидьиэнэ Федеральнай Мунньахха Анал этиитин оҥорор официальнай тэрээһинигэр кыттыыны ылла. Ил Дархан санаатын үллэстэригэр, Владимир Путин иһитиннэрбит өйүүр миэрэлэрэ хас биирдии киһини таарыйарын, кини судаарыстыба социальнай бэлиитикэтин сайдар суолун ыйбытын, быйылгы этии социальнай хабааннааҕын бэлиэтээтэ. Ол курдук, дьиэ кэргэни, оҕо аймаҕы өйөөһүн, доруобуйа харыстабылын, үөрэхтээһин эйгэтин сайыннарыы буолар. Биир сүрүн болҕомто хамсык дьаҥыттан нэһилиэнньэ доруобуйатын чөлүгэр түһэриигэ ууруллар, сааһыттан тутулуга суох диспансеризация, профилактическай көрүү бырагыраамата кэҥэтиллэр. Анал үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр бөлөҕүнэн үөрэтии куратордарын өйөөһүн үөрэх хаачыстыбатын үрдэтиэҕэ, Саха сиригэр итинник төлөбүрү 1 тыһ. куратор ылыаҕа. ВЭБ.РФ көмөтүнэн дойдуга 2024 сылга диэри 1300 оскуоланы тутуу иккис сменанан үөрэтиини тохтотуоҕа. Судаарыстыба өҥөлөрүн өрөбүлэ, тохтобула суох дистанционнай көрүҥҥэ көһөрүү барыаҕа. Биир сүрүн болҕмто регионнарга инфраструктура кредиттэрин биэрии боппуруоһугар уурулунна. Путин быһаарыытынан 2023 сылга диэри бу сыалга 500 млрд солк. көрүллүөҕэ. Маныаха өрөспүүбүлүкэ Өлүөнэ муостатын тутуутугар кредит ыларга сайаапка түһэриэҕэ. Ол түмүгэр итинник инфраструктура кредитэ өрөспүүбүлүкэ бюджетыгар бырайыагы чэпчэтиэҕэ диэн Ил Дархан эттэ.
Муус устар 22 күнүгэр Айсен Николаев Ленскэй кулууп былаһааккатыгар кыттан, Россия Бэрэсидьиэнин Анал этиитигэр Саха сиригэр тыын суолталаах боппуруостары таарыйбытын бэлиэтээтэ. Аҕыйах иэстээх региоҥҥа инфраструктураҕа ботуччу кредит тыырыллыаҕа. “Дойдуга кирэдьиит рейтинигэр бастыҥ көрдөрүүлээх, ис иэһин салайынар Саха сиригэр маннык миэрэ олус суолталаах”, — диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга бэлиэтээтэ. Саха сирэ чугастааҕы сылларга инфраструктураҕа кэккэ бырайыактары киллэрэр соруктаах. Өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, дойду хотугулуу илин өттүгэр Өлүөнэ муостата тыын суолталаах буолуоҕа. Маны тэҥэ “ДОМ РФ” Уһук Илиҥҥэ тутааччыларга сыллааҕыта 3-4 % иэс биэриэҕэ. Маны сэргэ сыыппаранан бырайыактааһыны туһаныыга бэлэмнээһин, кэтэх олорор дьиэни тутууну өйөөһүн туһунан миэрэлэр саахалланар туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү бырагырааматын түргэнник олоххо киллэрэргэ көмөлөһүөхтэрэ. Владимир Путин бары судаарыстыбаннай өҥөлөрү 24/7 туһанарга электроннай көрүҥҥэ түргэнник көһөрүүгэ быһаарыыта киэҥ сирдээх-уоттаах Саха сирин олохтоохторун олоҕун таһымын үрдэтиэҕэ диэн Ил Дархан эттэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Бэрэсидьиэн дойду үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар саҥа бүддьүөт миэстэлэрин тэрийэр туһунан сорудаҕа, итинтэн 70% регионнарга бэриллэрэ ыччакка саҥа кыахтары арыйар. Маны сэргэ Айсен Николаев Россия Наукаларын академиятын Бэрэсидьиэнэ Александр Сергеев соторутааҕыта сырыытын кэнниттэн “Хоту” научнай-үөрэтэр киин Уһук Илин эрэгийиэннэригэр үлэтин саҕалаабытын иһитиннэрдэ. “Хоту” киин быйыл аан дойду таһымнаах научнай-үөрэтэр киин ахсааныгар киирэр кыахтаах диэн эттэ.
Муус устар 23 күнүгэр Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаевы кытта Владимир Путин Анал этиитин тула кэпсэттилэр. Кинилэр судаарыстыба баһылыгын быйылгы туһаайыыта регионнар сайдыыларыгар суолталааҕын бэлиэтээтилэр. Михаил Николаев этэринэн, Бэрэсидьиэн бу курдук болҕомто уурара, дойду күүһэ регионнартан салалларын туоһулуур. Бастакы Бэрэсидьиэн Ил Дархан регион сайдыытыгар уустук боппуруостары быһаарыыга, тутаах бырайыактары олоххо киллэриигэ дьаныардаахтык үлэлэһэрин ыйда. Чуолаан Өлүөнэ муостатын туттарыы, чох бырамыысалыннаһын кыамтатын улаатыннарыы, БАМ илиҥҥи учаастагын саҥардыы боппуруостарын санатта. Саха сирэ инникитин Уһук Илиҥҥэ Россия кыаҕын сайыннарыыга төһүү буолуоҕун, Россия уопсай интэриэһин кытта ситимнээҕин эттэ. Маны сэргэ Айсен Николаев Михаил Николаевтыын доруобуйа харыстабылын эйгэтин, наука, технология сайдыытын, агропромышленнай комплекс боппуруостарын дьүүллэстилэр.
Муус устар 24 күнүгэр регион баһылыга суһал ыстаап мунньаҕар уопсай быһыы-майгы тыҥааһыннааҕын, хамсык дьаҥа 70% киин куоракка тарҕанарын, ордук ыччат уонна аҕа саастаахтар ыалдьалларын иһитиннэрдэ. Маныаха Мэҥэ Хаҥаласка үөскээбит балаһыанньа долгутарын, былырыын баччаларга өрүс суола сабыллыытыгар ыарыһах ахсаана эмиэ улааппытын, онон бу көстүү хатыламмытын эттэ. Ол иһин улуус салалтатыгар, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр, Роспотребнадзору суһал миэрэлэри ылалларыгар сорудахтаата. Уһун өрөбүллэр буолалларынан, региоҥҥа уопсастыбаннай миэстэлэргэ бары ирдэбил тутуһуллуутун кытаанахтык хонтуруоллуурга ыҥырда. Уон күннээх сынньалаҥ кэмигэр вакцинация пууннара күннэтэ үлэлиэхтэрэ. Айсен Николаев Москваҕа сырыытыгар РФ доруобуйа харыстыбалын миниистирэ Миахил Мурашконы кытта вакцина эбии партия кэлиитин кэпсэппитин, онон улуустарга бу күннэргэ тарҕаныаҕын эттэ.
Муус устар 24 күнүгэр Ил Дархан региону салайыыга киин – ЦУР методологическай, аналитическай, социологическай блоктарын үлэни хайдах ыытарын көрдө, дьүүллэстэ. Атын регионнарга курдук ЦУР былырыын сэтинньигэ Владимир Путин быһаччы сорудаҕынан тэриллибитэ. Сүрүн сыала-соруга регион былааһа нэһилиэнньэни кытта социальнай ситиминэн сибээһи олохтооһуна тирээн турар кыһалҕалары уталыппакка быһаарыыга көмөлөөх буолуутун ситиһии. Бу кииҥҥэ «Тепловой карта» көмөтүнэн интернетинэн былаас уорганнарыгар нэһилиэнньэттэн ханнык кыһалҕалаах боппуруостар киирэллэрин сүрүннүүллэр. Билигин вакцинация, ОДьКХ, социальнай хааччыйыы, доруобуйа харыстабылын, суолу-ииһи оҥоруу хайысхалара таарыллаллар. Ордук Дьокуускай, Нерюнгри, Ленскэй, Алдан, Мирнэй улуустарын олохтоохторо элбэх туруорсуулаахтар. Билиҥҥитэ ЦУР муниципальнай таһымҥа маннык кииннэр улахан куораттарга аһыллыылларыгар үлэ ыытар, ол иһигэр быйыл – Дьокуускайга. Айсен Николаев киин куоракка сотору суолу оҥорууга, өрөмүөннээһиҥҥэ улахан хамсааһын барыахтааҕынан ЦУР үлэһиттэригэр киин куорат дьаһалтатын кытта уопсастыбаннай тырааныспар сырыытын схематын оҥорууга нэһилиэнньэ санаатын учуоттуур наадалааҕын эттэ. Санатар буоллахха, Ил Дархан Анал этиитин чэрчитинэн быйыл Дьокуускайга ааспыт сыллааҕар икки бүк элбэх суол өрөмүөннэниэҕэ, 42 км саҥардыллыаҕа.
Муус устар 25 күнүгэр Айсен Николаев «Глобальный бизнес-2020» диэн үөрэх бырагырааматын кыттааччыларын кытары көрүстэ. Бу креативнай экономика эйгэтинэн уһуйууну СӨ Сайдыытын корпорацията регион салалтатын өйөбүлүнэн тэрийэн ыытта. Сүрүн сыала — Саха сирин компанияларын тас ырыынакка тахсыыларын кэҥэтии. Маныаха бу бөдөҥ судаарыстыбаннай тэрилтэлэр үлэһиттэрэ аан дойду таһымыгар биллэр Россия экспертэригэр маркетинг, бренд-менеджмент хайысхаларынан үөрэтиини бараннар, коллективтарыгар аныгылыы көрүүлээх, хамсатыылаах бырайыактары толкуйдааһыннара буолар. Бу бырагыраама атырдьах ыйын 5 күнүгэр саҕаламмыта уонна 8 ый устата барда. Куратор МГУ преподавателэ Андрей Пуртов Саха сирин салалтата креативнай экономика ис хоһоонун таба өйдүүр биир соҕотох уонна инникилээх регион буоларын бэлиэтээтэ. Кини бу үөрэҕи бүтэрээччилэргэ өрөспүүбүлүкэ бизнеһигэр үтүө уларыйыылары аҕалалларыгар баҕарда. Хамаандаларга СӨ телевидениетын, радиотын биэриитин техническэй киинин, Дьокуускайдааҕы килиэп комбинатын, АГИКИ, «Сахабулт», «Якутия» авиакомпания, «Алмаасэргиэнбаан» бэрэстэбиитэллэрэ киирбиттэр, кинилэр тэрилтэлэрин стратегиятыгар саҥа бородууксуйаны таһааралларыгар бырайыактары оҥорбуттарын Ил Дархаҥҥа көрдөрдүлэр. Айсен Николаев хас биирдии бырайыакка сыанабыл биэрдэ. Кини бу бырайыактар олоххо киириилэрэ тэрилтэ салайааччылара төһө кыттыһалларыттан, интэриэстээхтэриттэн улахан тутулуктааҕын өйдөттө. Бу оҥоһуллубут бырайыактар таах хаалбаттарын туһугар, СӨ Баай-дуол сыһыаннаһыытыгар министиэристибэтигэр хас биирдии стратегия олоххо киириитин кэтээн көрөрүгэр сорудах биэрдэ. Маннык үөрэтии туһалааҕын этэн туран, бу бырагырааманы салгыырга, атын тэрилтэлэр үлэһиттэрин кыттыннарарга сүбэлээтэ.