Атырдьах ыйын 16 күнүгэр Айсен Николаев баһаары утары охсуһууга суһал ыстаап уочараттаах мунньаҕын ыытарыгар кэккэ улууска ардах түспүтүнэн дьоҕус баһаардары бохсорго, умулларарга ыҥырда, оттон улахан баһаардарга минерализованнай балаһаларга, утары уокка, ситэри умуруорууга үлэни түргэн соҕустук ыытарга сорудахтаата.
Атырдьах ыйын 16 күнүгэр Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ телевидениетыгар нэһилиэнньэҕэ туһаайыылаах таҕыста. Кини үс ыйтан ордук кэм устата ойуур баһаардарын утары охсуһуу быһаарыылаах түһүмэххэ кэлбитин бэлиэтээтэ. Итиэннэ уоту умулларыгаа сыралаһан үлэлиир дьоҥҥо махталын биллэрдэ. Арҕаа, киин улуустарга кэтэһиилээх ардах түспүтүн, зондировщик-сөмөлүөт улахан көмө буолбутун ыйда. Уоту утары охсуһууга хара маҥнайгыттан федеральнай былаастартан күүс-көмө оҥоһулларын, Рослесхоз, ЫБММ, Оборона министиэристибэтин авиацията, байыаннай техниката үлэлиирин санатта. Улахан өйөбүлү Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин оҥорор. «Судаарыстыба баһылыгын көмөтүнэн суһаллык тыын суолталаах боппуруостар быһаарыллаллар. Биһиги көрдөһүүбүтүнэн Дьокуускай аэропуордун көтөр-түһэр балаһатын өрөмүөнэ түргэтээтэ. Билигин ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин ахсаанын, техниканан хааччыллыыны элбэтиигэ үлэ ыытыахтаахпыт. Өссө биир тыын боппуруоһунан умайбыт ойууру чөлүгэр түһэрии буолар. Бырабыыталыстыба килиимэт уларыйыытын учуоттаан ойуурдары баһаартан көмүскүүр саҥа бырагырааманы оҥороругар сорудахтыыбын. Маныаха муниципалитеттары кытта наука тэрилтэлэрин тардан күүскэ үлэлиэҕэ. Сомоҕолоһон, биир санаалаах буолан, айылҕаны көмүскээн, кыайыылаах тахсыахпыт», – диэн эттэ Ил Дархан.
Атырдьах ыйын 17 күнүн сарсыардата үтүө сонуннаах буолла. Дьокуускай аэропуордун көтөр-түһэр балаһата аһыллаатын кытары, бастакынан Бе-200 сөмөлүөт кэлэн түстэ. Бу күн Ил Дархан Россия ЫБММ миниистирин I солбуйааччыта Александр Чуприяны кытта Нам, Уус Алдан улуустарыгар бара сырытта. Ми-26 вертолетунан электростанциялары, балааккалары, мотопуомпалары тириэртилэр. Иннинээҕи нэдиэлэҕэ бу икки улууска ордук уустук быһыы-майгы үөскээбитэ, баһаар уота сэлиэнньэлэргэ киирэр куттала суоһаабыта. Федеральнай биэдэмистибэлэр, байыаннайдар, баҕа өттүлэринэн үлэлээччилэр, олохтоохтор уопсай көмөлөрүнэн нэһилиэнньэлээх пууннарга уот киирбэтэҕэ, баһаар 10 км сиргэ тэйэн биэрбитэ. Намҥа миэстэтигэр суһал мунньах буолбутугар ууну ыһар Ми-26 вертолету ыытарга быһаарыы ылылынна. Айсен Сергеевич Уус Алдаҥҥа Найахы нэһилиэгэр минерализованнй балаһаны оҥоро сылдьар олохтоохтору кытта көрсөн кэпсэттэ. Балаһалары кэҥэтии, тулалыыр сири-уоту ыраастааһын инникитин сэлиэнньэлэр көмүскэллээх буолууларыгар туһалыаҕа диэн этэн туран, Ил Дархан нэһилиэнньэ бүттүүн турунан сыралаһа сылдьарыгар, үлэ миэстэтигэр сөптөөхтүк аттарыллыбытыгар махтанна.
Атырдьах ыйын 17 күнүгэр Айсен Николаев Федерация Сэбиэтин аграрнай бэлиитикэҕэ, айылҕаны туһаныыга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта, сенатор Егор Борисовы кытта көрсөн өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын тула кэпсэттилэр. Егор Борисов Федерация Сэбиэтигэр ыытыллар үлэ туһунан билиһиннэрдэ. Дьоҕус хаһаайыстыбаларга, фермердэргэ, тыа хаһаайыстыбатын кооперациятыгар тус сыаллаах өйөбүл оҥорор инниттэн тустаах сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэргэ Егор Афанасьевич салайар оробуочай хамыыһыйата үлэлэһэ сылдьар. Егор Борисов өрөспүүбүлүкэ салалтата ойуур баһаардарын бохсууга тэрийэн ыытар үлэтин сөптөөҕүнэн аахта. Федеральнай Бырабыыталыстыба уонна Владимир Путин болҕомтолоро кэмигэр тардыллыбытын үрдүктүк сыаналаата. Билигин сүрүн болҕомто кыстыкка туһаайылларынан, отунан хааччыйыыга бэйэтин көрүүтүн үллэһиннэ.
Атырдьах ыйын 18 күнүгэр Айсен Николаев баһаары утары охсуһууга суһал ыстаап сарсыардааҥҥы мунньаҕар быһыы-майгы тупсубутун, уот суоһуур нэһилиэнньэлээх пуунун ахсаана аччаабытын, минерализованнай балаһалары оҥорууга Уус Алдан улууһун үлэтэ көдьүүстээҕин бэлиэтээтэ. Ил Дархан сүрүн болҕомто билигин Уус Маайа улууһугар турбут баһаардарга туһаайылларын, бары күүһү онно уурарга эттэ.
Атырдьах ыйын 18 күнүгэр Айсен Николаев онлайн сибээһинэн Юрий Трутнев Владивостокка ыыппыт мунньаҕар Саха сиригэр үөскээбит быһыы-майгы туругун кэпсээтэ. Мунньах түмүгүнэн Трутнев уот нэһилиэнньэлээх пуннарга суоһуур куттала туоратыллыбытын, умайар сир иэнэ аччаабытын, техникэнэн хааччыллыы толорутун, онон балаһыанньа тосту уларыйбытын эттэ. Санатар буоллахха, Трутнев Нам улууһугар уонна Горнай Бэс Күөлүгэр сылдьыбыта, сити күн Владимир Путиҥҥа мунньах буолбута. ЫБММ көмөтүнэн баһаартан эмсэҕэлээбиттэргэ 100 тыһ. көрүллүөҕэ. Тымныы түһүөр диэри сэлиэнньэни чөлүгэр түһэриэхтэрэ, билиҥҥитэ Бэс Күөл оҕолоро уонна улахан дьон лааҕырдарга, санаторийдарга сынньанар кыахтаннылар.
Атырдьах ыйын 18 күнүгэр Айсен Николаев видеосибээс нөҥүө Токиотааҕы Паралимпиадаҕа Саха сириттэн кыттыахтаах Анастасия Диодорованы, Степанида Артахинованы, Алена Дмитриеваны кытары көрүстэ. Дойду сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэннэрэ харбааһыҥҥа, оҕунан ытыыга, олорон эрэ волейболга кыттыыны ылыахтара. Ил Дархан кыргыттарга Саха сирин бары олохтоохторун ааттарыттан эҕэрдэлээтэ уонна бастыҥ көрдөрүүнү ситиһэллэригэр, дойдуларыгар мэтээллээх төннөллөрүгэр баҕарда. «Биһиги Токиоҕа ыытыллар оонньуулары долгуйа көрүөхпүт, эһиги кыайыыларгытыгар эрэллээхпит», — диэн Айсен Николаев спортсменнарга туһаайан эттэ. Паралимпиада Японияҕа атырдьах ыйын 24 күнүттэн саҕаланар.
Атырдьах ыйын 19 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур баһаардарыгар быһыы-майгы бигэтийэн эрэрин Айсен Николаев суһал ыстаап мунньаҕар эттэ. «Билигин күн-дьыл туругун баттаһан, улуустарга суһал ыстааптар ойуур баһаардарын умуруорууга уонна бохсууга үлэни салгыы сөпкө ыыттаххытына, чугастааҕы күннэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур баһаардарын балаһыанньатын төрдүттэн быһаарарга тоҕоостоох буолуоҕа», — диэтэ Ил Дархан.
Эмиэ бу күн регион баһылыга хамсык дьаҥын утары үлэлэһэр суһал ыстаап мунньаҕар билиҥҥи быһыы-майгы кытаанаҕын, сүүстэн тахса киһи реанимацияҕа сытарын, оҕолор ыалдьыылара, балыыһаҕа киириилэрэ элбээн иһэрин, уоппуска түмүктэнэринэн, үөрэх дьыла саҕаланарынан ыарыы күһүҥҥү долгунун кутталын аччатыыга эрдэттэн үлэ ыытарга, хааччахтыыр миэрэлэри сымнаппакка, хонтуруолу күүһүрдэргэ, вакцинацияны тэтимнээхтик ыытарга улуус баһылыктарыгар туһаайан эттэ.
Атырдьах ыйын 19 күнүгэр Айсен Николаев Уфаҕа ыытыллар «Эдэр профессионаллар» («WorldSkills Russia») дойду IX Национальнай чемпионатын финалыгар барыахтаах хамаанданы кытта көрүстэ. Быйыл Саха сириттэн 26 компетенцияҕа 32 киһи кыттар. Ил Дархан күрэхтэһии кыттыылаахтарыгар өрөспүүбүлүкэҕэ олус наадалаах саҥа технологиялары баһылыырга дьулуургутунан, билиини, үөрүйэҕи ылынаргытынан уонна үллэстэргитинэн атыттарга холобур буолаҕыт диэн эттэ. РФ Судаарыстыбаннай Сэбиэтин «Үөрэхтээһин» хайысхаҕа хамыыһыйатын «Орто анал үөрэхтээһин» оробуочай бөлөҕүн салайааччыта Айсен Николаев дойдуга орто анал үөрэх ситимин саҥардыыга үлэ бара турарын бэлиэтээтэ. Ил Дархан хамаандаҕа ситиһиини, таһымнарын өссө үрдэтэллэригэр баҕарда.
Атырдьах ыйын 19 күнүгэр Айсен Николаев «АЛМАС» диэн маһы таҥастааһыҥҥа өрөспүүбүлүкэ биир бөдөҥ хампаанньатын сыаҕар сылдьан, Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр баһаартан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо тутуу матырыйаалларын, чуолаан панеллары хайдах бэлэмнээн эрэллэрин билистэ. Саҥа дьиэлэри аныгы МХМ технологиянан оҥоһуллут экологичнай матырыйаалтан тутуохтара. Билиҥҥитэ үс дьиэ матырыйаала бэлэмнэммит. Балаҕан ыйын 8 күнүгэр диэри 18 дьиэ, балаҕан ыйын 25 күнүгэр диэри 7 дьиэ матырыйаала бэлэмнэниэхтээх. Маннык бөҕө-таҕа, биир кэлим панелларынан оҥоһуллубут дьиэ кыһын сылаас буолар дииллэр тутааччылар. «АЛМАС үлэлээбитин тухары бэйэтин үчүгэй эрэ өттүнэн көрдөрбүтэ. Биһиги дьиэлэри кылгас болдьоххо, алтынньы ортотугар дьон дьиэлэргэ көһөн киирээрин курдук тутуохтаахпыт. Матырыйаалы бэлэмнээччилэр, тутааччылар ону өйдүүллэр, сыаллаах-соруктаах үлэлии-хамсыы сылдьаллар», – диэтэ Айсен Николаев.
Атырдьах ыйын 20 күнүгэр Ил Дархан Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр ойуур баһаарыгар эмсэҕэлээбит «Кэскил» түөлбэни чөлүгэр түһэрии үлэтин билистэ итиэннэ бастакы дьиэ сыбаайатын түһэриигэ кытынна. Манна барыта 34 толору хааччыллыылаах олорор дьиэни алтынньы 15 күнүгэр үлэҕэ киллэриэхтэрэ. Бастакы уон дьиэни Бэс Күөлтэн төрүттээх Андрей Данилов салайар «ТуймаадаСтрой» хампаанньа тутар. Андрей Лукич дьиэлэр үчүгэй хаачыстыбалаах тутуллалларын мэктиэлиир. Мин онуоха эрэнэбин, кыстыгы көрсө ыаллар толору хааччыллыылаах дьиэлэргэ киириэхтэрэ диэн Айсен Сергеевич эттэ. Маны сэргэ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин нөҥүө хаһаайыстыбаннай тутуулары чөлүгэр түһэрэргэ, ороскуоту уйунарга быһаарыы ылынныллыбытын, нэһилиэккэ суол-иис, сотору кэминэн саҥа оскуола, элбэх хайысхалаах киин тутуллуоҕун санатта.
Атырдьах ыйын 20 күнүгэр регион баһылыга Чурапчы улууһугар үлэлээтэ. Айсен Николаев Мэлдьэхси учаастагар тиийэн, ойуур баһаарын утары охсуһууга үлэлиир дьону кытта көрүстэ, кинилэргэ түмсүүлээхтик, хорсуннук үлэлээн, уоту тохтоппуттарыгар махтанна. Бу улууска турбут баһаардартан улаханнарын минерализованнай балаһаны оҥорон, утары уот ыытан учаастакка киллэрбэтэхтэр. Билигин салгыы баһаары төгүрүйүүгэ үлэ барар. Олохтоохтор Ил Дархаҥҥа ыарахан күүстээх техникэнэн көмөлөһөрүгэр эттилэр. Онуоха Айсен Николаев Юрий Трутнев өйөбүлүнэн федеральнай киинтэн бэриллибит 150 мөл. солк. үбүнэн өрөспүүбүлүкэ ДТ-75 тыраахтардары уонна траллары атыылаһар, онтон Чурапчыга бэриллиэ диэтэ. Владимир Путин Федеральнай Лесоохрана Саха сиринээҕи филиалын кэҥэтэргэ быһаарбытын регион баһылыга иһитиннэрдэ.
Салгыы Айсен Николаев Чурапчыга сырыытыгар илин эҥэр улуустарын баһылыктарын кытары сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин боппуруостарын көрдө. Быйыл сайын хаһааҥҥытааҕар да курааннаан, өрөспүүбүлүкэҕэ 80-ча тыһ. туонна от кыайан тиийбэт туруктаах. Ону ыаллыы регионнартан атыылаһар уонна мобильнай биригээдэлэр көмөлөрүнэн соҕотуопкалыыр сорук турар. Кыһыҥҥы айан суола аһыллыар диэри от тиийиэ суоҕунан, бастатан туран, Томпо, Уус Алдан, Өймөкөөн улуустарыгар тиксэриэхтэрэ. Сүбэ мунньах түмүгүнэн Ил Дархан Бырабыыталыстыбаҕа сүөһү аһылыгын соҕотуопкалааһыҥҥа, тырааныспар ороскуотугар анаан эбии үп тыырарга, Ветеринария департаменыгар сүөһүнү этэҥҥэ кыстатарга анаан эми-тому, битэмиини хааччыйарыгар сорудахтаата.
Атырдьах ыйын 21 күнүгэр Ил Дархан Хатаска Иннокентий Захаров аатынан 7 №-дээх оҕо спортивнай оскуолатын саҥа дьиэтин бастакы сыбаайатын түһэрии сиэригэр-туомугар кытынна. Кэлэр сылга өрөспүүбүлүкэ 100 сылын көрсө 400 олорор миэстэлээх трибуналаах, спорт саалалаах, оонньуур хонуулаах, боксанан, тустуунан дьарыктанар анал саалалаах эбийиэк тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Айсен Николаев куорат баһылыга Евгений Григорьевтыын Дьокуускай сайдыытын тэтимирдэр туһунан сүбэлэһэллэригэр биир бастакынан Хатаска спорт саалатын тутары кэпсэппиттэрин туһунан эттэ. Бырабыыталастыба, Ил Түмэн өйөөннөр, тутуу саҕаланыытыгар өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан үп көрүлүннэ.
Быйыл национальнай бырайыак чэрчитинэн киин куоракка 50 км тахса усталаах суол тутуллуохтаах, өрөмүөннэниэхтээх. Бүгүҥҥү туругунан аспаал бастакы араҥата 70%, иккиһэ 56% ууруллубут. Үлэни болдьоҕор түмүктүүр былааннаахтар. Ил Дархан Покровскайдыыр эргэ суолга, Иван Кульбертинов уулуссатыгар ыытыллыбыт үлэни көрдө уонна суоллар кытыыларын сатыы дьон хаамарыгар мэһэйдээбэт, табыгастаах гына оҥорууну түргэтэтэргэ, тутуу бөҕүн хомуйарга эттэ. Айсен Николаев саҥа сүүрээнинэн Иван Кульбертинов уулуссатыгар уонна Объездной шоссеҕа бэлисипиэт суолларын тутуу буоларын бэлиэтээтэ.
Салгыы Ил Дархан куорат киинигэр Таалай күөл тулатынааҕы сири-уоту тупсарыы бырайыага олоххо киирбитин көрдө. 2014 сыллаахха Айсен Николаев куорат баһылыгынан үлэлиирин саҕана дойдуга биир бастакынан уопсастыбаннай эйгэни тэрийии куонкуруһун биллэрэн, бастакы хамсааһын саҕаламмыта. Ил Дархан кэнники үс сылга улахан үлэ ыытыллыбытын уонна тупсаҕай оҥоһуулаах күөл кытыыта дьон сөбүлээн сынньанар сирэ буолан иһэрин бэлиэтээтэ. Күөлгэ фонтаннары туруордахха, бырайыак силигин ситиэ диэн эттэ уонна куорат дьаһалтатын болҕомтотун эбийиэги көрүүгэ-харайыыга, ыраастык тутууга туһаайда.
Айсен Николаев Дьокуускайга Лермонтов уулуссатын 23/2 №-дээх дьиэтигэр тиэргэни тупсаран оҥорбуттарын бэрэбиэркэлээтэ. Ил Дархан бу сылтан саҕалаан Дьокуускай баһылыгын кытары «Мин тиэргэним» бырайыагы олоххо киллэриэхтэрэ, сылын ахсын куоракка элбэх кыбартыыралаах 30 дьиэ таһынааҕы тиэргэн саҥардыллыаҕа. Куоракка тутуу, өрөмүөн үлэтин бэрэбиэркэлээһин түмүгүнэн Айсен Николаев көҥүлэ суох сыбаалкалар элбээбиттэрин, тутуу бөҕө бытааннык хомулларын ыйда уонна Дьокуускай салалтатыгар атырдьах, балаҕан ыйдарыгар ыраастааһын үлэтин тэрийэргэ эттэ.
Атырдьах ыйын 22 күнүгэр Айсен Николаев суһал ыстаап мунньаҕар Амма, Уус Маайа, Алдан, Томпо улуустарыгар V, оттон Эбээн Бытантайга IV кылаастаах ойуур баһаара суоһуура сабаҕаланарын, онон уоскуйарга төрүөт суоҕун эттэ. Билигин сүрүн болҕомто Уус Маайаҕа туһаайыллар, уоту утары охсуһар күүһү улаатыннараллар. Бу улууска 13 ойуур баһаара бэлиэтэнэр. Дьокуускайтан тиһиликтээх тыраахтары, икки туонна таһаҕаһы уонна 20 киһилээх састаабы көтөр аалларынан тиэрдибиттэр. Эбии үс тыраахтары Уус Алдантан, Горнайтан, Дьокуускайтан илдьиэхтэрэ. Оптуорунньукка Амурскай уобаластан байыаннай техника кэлэн, Чурапчы улууһугар үлэлиэҕэ. Айсен Николаев салгынтан кэтээн көрүүнү күүһүрдэн, умуруоруллубут, төгүрүтүллүбүт баһаардарга быһаарыы ылынан, олохтоох дьону, техниканы босхолуурга, бу боппуруоһу суһал ыстаап ураты хонтуруолга ыларга сорудахтаата.