22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ил Дархан нэдиэлэтэ: Нэһилиэнньэ олоҕун тупсарыыга гаастааһын тыын суолталааҕа этилиннэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев нэдиэлэтээҕи үлэтин сырдатар рубрика салҕанар. Ил Дархан пресс-сэкирэтээрэ Афанасий Ноев Саха сирин салайааччыта ааспыт нэдиэлэтээҕи үлэтин кэпсииригэр «Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ 2700 км магистральнай гаас утаҕа уонна 5000 км ситим тардылынна. 10 улууска 104 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа гаас киирдэ, социальнай инфраструктура 626 объега гааска холбонно. Айсен Николаев нэһилиэнньэ олоҕун уйгутун тупсарыыга гаастааһын тыын суолталааҕын бэлиэтээтэ«, — диэн эттэ.


 Кулун тутар 29 күнүгэр Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап мунньаҕын ыытарыгар санитарнай-эпидемиологическай балаһыанньаҕа саҥа ирдэбиллэри туруорда. Мантан инньэ бырамыысыланнай тэрилтэлэр вахтанан үлэҕэ коронавирустан  быһыы ылбыт эрэ дьону ылаллара көҥүллэнэр. Ону сэргэ миэстэтигэр манна вакцинаны бастайааннай пропискалаахтар эрэр ылыахтара.

Кулун тутар 30 күнүгэр Ил Дархан өрөспүүбүлүкэни салгыы гаастааһыҥҥа сүбэ мунньах ыытта. Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ 2700 км магистральнай гаас утаҕа уонна 5000 км ситим тардылынна. 10 улууска 104 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа гаас киирдэ, социальнай инфраструктура 626 объега гааска холбонно. Айсен Николаев нэһилиэнньэ олоҕун уйгутун тупсарыыга гаастааһын тыын суолталааҕын бэлиэтээтэ. Кэлиҥҥи сылларга РФ Бырабыыталыстыбатын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын таһымнарыгар Уһук Илини уонна өрөспүүбүлүкэни гаастааһыҥҥа кэккэ дьаһал ылылынна. Регион баһылыга илин эҥэр, Бүлүү умнаһын нэһилиэнньэлээх пууннарыгар салгыы гаастааһын ыытыллыахтааҕын, ол иһигэр убатыллыбыт айылҕа гааһын тэйиччи сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга туһанар наадатын ыйда. Чугастааҕы кэмҥэ пилотнай бырайыак быһыытынан Хаҥалас улууһун Хачыкаат сэлиэнньэтин автономнай гаастааһыҥҥа көһөрүөхтэрэ. Салгыы бу холобуру өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕатар боппуруос көрүллүөҕэ. Ил Дархан дьиэлэргэ гааһы киллэриигэ нэһилиэнньэ кыаммат араҥатыгар көрүллэр субсидия кээмэйин 100 тыһ. солкуобайтан 150 тыһ. солкуобайга диэри улаатыннарарга сорудахтаата.

Кулун тутар 31 күнүгэр Айсен Николаев Дьокуускай саҥа талыллыбыт баһылыга Евгений Григорьевы кытта көрүстэ. Кэпсэтии Дьокуускай инники сайдыытыгар туһуланна. Национальнай бырайыак чэрчитинэн суолу оҥоруу, социальнай объектары тутуу, хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү, тупсарыы үлэтин боппуруостарын таарыйдылар. Сүрүн болҕомтону 2022-2032 сылларга Дьокуускай куорат социальнай-экономическай сайдыытын туһунан Ил Дархан ыйааҕын барылыгар уурдулар. Бу ыйааҕы ылынар туһунан Айсен Николаев ахсынньыга Ил Түмэҥҥэ Туһаайыы этиитигэр оҥорбута. Айсен Сергеевич өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбата уонна Дьокуускай дьаһалтата бииргэ үлэлэһэн, дьон олоҕун таһымын тупсаралларыгар, оттон саҥа талыллыбыт баһылыкка куорат уонна куорат олохтоохторун туһугар туох-баар кыһамньытын ууран үлэлииригэр ситиһиини баҕарда.

Кулун тутар 31 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ баһылыга «Суперкампус: Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2025 сылга «WorldSkills Russia» Национальнай чемпионат финалын ыытыыга инфраструктура» диэн ааттаах форсайт-сессия пленарнай мунньаҕар кыттыыны ылла. Киирии тылыгар Айсен Николаев Хаҥалас бөһүөлэгэр суперкампуһу тэрийии профхтехүөрэхтээһин эйгэтигэр улахан хамсааһыны, сайдыыны аҕалыаҕын эттэ. «Икки сыллааҕыта биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр түргэнник уонна көдьүүстээхтик сайдыыны киллэриэхпитин баҕарар буоллахпытына, профтехүөрэхтээһин тиһигин тупсарыах тустаахпытын өйдөөбүппүт. Ол иһин Россияҕа бастакынан пилотнай бырайыак киллэрэргэ быһаарыммыппыт. Бу куорат уокуругун сиригэр-уотугар туспа турар биир кэлим үөрэх, наука, култуура, уопсастыбаннай эйгэни үөскэтиэхтээхпит. Манна биһиги саҥа идэлэргэ уһуйарбытын сэргэ индустриальнай хайысхалары сайыннарыахтаахпыт. Профтехүөрэхтээһин материальнай-техническэй базатын эрэ буолбакка, аныгы технологияны киллэриэхтээхпит. Суперкампуска орто үөрэҕи эрэ буолбакка, үрдүк үөрэх уонна наука алтыһыытын быһыытынан холбоһуктаах тэрилтэлэри, лабораториялары тэрийиэххэ», — диэтэ регион салайааччыта.

Кулун тутар 31 күнүгэр Айсен Николаев коронавирус тарҕаныыта аччаабытынан хааччахтааһын миэрэлэрин туһунан ыйаахха уларытыылары киллэрдэ. Саҥа ыйааҕынан култуура дьиэлэригэр, кинотеатрдарга, кэнсиэрдиир сирдэргэ көрөөччүлэр саала 75%-нын толороллоро көҥүллэннэ. Ол эрээри түүҥҥү кулууптарга, караоке-саалаларга, атыы-эргиэн кииннэригэр баар сааратар объектарга хааччахтааһын муус устар 30 күнүгэр диэри уһатылынна.  Уопсастыбаннай аһыыр сирдэргэ остуоллар арыттаһыылара 1,5 миэтэрэҕэ диэри кыччаата. 65-тэн аҕа саастаах уонна дьарҕа ыарыылаах дьоҥҥо бэйэни хааччахтаныы эрэсиимэ эмиэ муус устар ый бүтүөр диэри уһатылынна.

Муус устар 1 күнүгэр Айсен Николаев «Тотальнай дьыктаан» фонда дириэктэрэ Ольга Ребковеһы, «Тотальнай дьыктаан» фонда бырабылыанньатын чилиэнэ, уһуйааччы Вячеслав Беляковы уонна Саха сириттэн төрүттээх Россияҕа биллэр суруйааччы  Андрей Геласимовы кытары көрүстэ. Ил Дархан  Дьокуускай куорат Тотальнай дьыктаан быйылгы сыллааҕы киинэ буолбутунан, Саха сирэ тэрээһини үрдүк таһымнаахтык ыытыаҕар эрэллээҕин биллэрдэ. Ольга Ребковец  дьыктаан чэрчитинэн Таба суруйуу фестивала ыытылларын туһунан кэпсээтэ. Кулун тутар 22 күнүттэн преподавателлэр идэлэрин үрдэтэр онлайн-куурустары ыыталлар. Андрей Геласимов  21-с №-дээх оскуолаҕа уонна ХИФУ-га айар көрсүһүүлэр буолаллара былааннаммытын иһитиннэрдэ. Кини «Жажда» диэн айымньыта сахалыы тылбаастанан, «Утатыы» диэн  ааттанан тахсыбыт кинигэтэ сүрэхтэниэхтээх. Муус устар 8 күнүгэр Тотальнай дьыктаан ааптара  Дмитрий Глуховскай Саха сиригэр кэлиэхтээх. Дьыктаан муус устар 10 күнүгэр ыытыллыахтаах.

Муус устар 1  күнүгэр Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ олорор дьиэ тутуутун боппуруоһугар мунньах ыытта. Территорияны биир кэлимник сайыннарыы туһунан ааспыт сыл бүтүүтүгэр ылыллыбыт федеральнай сокуон хаарбах туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүүнү түргэтэтэргэ туһуламмыт. Урукку өттүгэр саҥа дьиэни тутуу ороскуотун улахан өттө бас билээччилэртэн сири уонна онно баар объектары атыылаһары кытта сибээстээҕэ. Билигин саҥа сокуонунан судаарыстыба эбэтэр муниципалитет сир учаастагын бэйэтигэр ылар бырааптаах, хамсаабат баай сыанатын бас билээччигэ толуйан туран. Айсен Николаев Дьокуускайга квартира сыаната олоҕо суох үрдүгүн ыйда уонна бу кыһалҕаны быһаарарга территорияны биир кэлимник сайыннарыыга регионнааҕы оператор баар буолуохтааҕын бэлиэтээтэ. Регионнааҕы операторынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотечнай агенство буолуон, ити тэрилтэ акцияларын өрөспүүбүлүкэ атыылаһыан сөбүн туһунан эттэ. Оччоҕо туһааннаах докумуоннары, инженернай инфраструктураны оҥорууну, территорияны биир кэлимник сайыннарыыга бэлэмнээһини тэрийэр аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир үлэ түмүгэр дьиэни тутуу кээмэйэ улаатыа.

Муус устар 2 күнүгэр Айсен Николаев Жатайдааҕы суудуна оҥорор верфь кэлим инвестиционнай бырайыагын олоххо киириитин хаамыытыгар мунньах ыытта. Тутуу бигэргэммит графигар сөп түбэһэн үлэни хааччыйыы, олохтоох каадыры бэлэмнээһин, үлэһиттэргэ анаан тыраанспар уонна социальнай инфраструктураны оҥорор туһунан сорудаҕы Бырабыыталыстыбаҕа биэрдэ. Үрдүк технологиялаах объегы тутууну кэлимник көрөр наадатын эттэ. Холобур, үлэһиттэргэ  анаан 200 миэстэлээх уопсай уонна олорор дьиэни тутарга ыйда. Ону сэргэ уһуйаан, оскуола, саҥа балыыһа тутар туһунан толкуйдуурга ыҥырда. Суудунаны оҥорор верфы тутууга үлэ нулевой түһүмэҕэ бүппүт, сыбаайалар түспүттэр, металлоконструкцияны таҥаллар, бетоннай блок истиэнэлэрин уураллар. Ууну, ититиини, гааһы хааччыйар ситиминэри оҥорууга үлэ барар. Ил Дархан графиктан баар хаалыыны ситэрэргэ, тутуу бүтэр чопчу болдьоҕун быһаарарга сорудахтаата. Маны сэргэ каадырынан хааччыллыыга болҕомто уурдулар. 2025 сылга манна 664 киһи үлэлиирэ былааннанар. Жатай техникумугар билигин 25 киһини үөрэттэрэн бэлэмнииллэр.

Муус устар 2 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ Гражданскай активист күнэ бэлиэтэннэ. Ил Дархан бэйэтин эҕэрдэтигэр хайа да кэмҥэ олоххо көхтөөх буолуу, дьоҥҥо болҕомтолоох сыһыан, кыһамньылаах буолуу, үтүө дьыаланы оҥоруу үрдүктүк сыаналанар диэтэ. 2020 сылга биһиги олохпутугар улахан тургутунуу аастыбыт. Уопсастыбаннай тэрилтэлэр көхтөөхтөрүн көрдөрдүлэр, хас улуус, куорат ахсын волонтердар ыстааптара үлэлээтэ. 4 тыһ. тахса волонтер кырдьаҕастарга, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо, медиктэргэ көмөлөстүлэр. Айсен Николаев Сахабыт сирин уопсастыбанньыктарыгар, волонтердарга махталын биллэрдэ.

Муус устар 2 күнүгэр Айсен Николаев ТАСС информационнай агентствоҕа пандемия экономикаҕа дьайыытын уонна дойду сайдыытыгар сыыппараҕа көһүү оруолун туһунан кэпсэтиигэ кытынна. Регион баһылыга 2020 сыл сыыппараҕа көһүүгэ улахан хамсааһыны таһаарбытын эттэ. «Саха сиригэр, эрдэттэн биһиги IT-индустрияҕа, инфокоммуникационнай технологияҕа сайдыы барыахтааҕын суоттаммыппыт. Ол иһин ааспыт сылга үчүгэй түмүгү, уопуту ыллыбыт. Ол курдук, дистанционнай үөрэххэ көһүүгэ дойдуга биир бастыҥ көрдөрүүлэннибит. Сыыппараҕа көһүү телемедицинаны сайыннарда. Дьокуускай, Москва, Санкт-Петербург быраастара онлайн 40 тыһ. тахса сүбэ биэрдилэр, тыһыынчанан киһи олоҕо быыһанна. Медицинаҕа, биотехнологияҕа Саха сиригэр искусственнай интеллект көмөтүнэн айыллыбыт бырагыраама тыҥаны түһэрэн ыарыыны быһаарар кыаҕы биэрдэ. Кэлэр уон сылга  доруобуйа харыстабылын үгүс хайысхатыгар үрдүк технологияны туһаныахпыт», — диэн үллэһиннэ Ил Дархан. Маны сэргэ сыыппараҕа көһүү судаарыстыбаннай салайыы эйгэтигэр киириитин кэпсээтэ. Ол курдук сорох министиэристибэлэргэ кумааҕынан докумуон эргиирэ 40%, дьон ыйытыкка бириэмэтин барааһына 20% аччаабыт.

Муус устар 2 күнүгэр Москваҕа «Россия сегодня» информационнай агентствоҕа «Россия Наукаларын академията уонна Саха сирин научнай-технологическай кэскилэ» диэн темаҕа  пресс-конференция буолан ааста. Онлайн кэпсэтиигэ Ил Дархан Айсен Николаев уонна  Россия Наукаларын академиятын бэрэсидьиэнэ Александр Сергеев кытыннылар. Александр Сергеев кулун тутар 17-19 күннэригэр Саха сиригэр кэлэ сылдьыбыта. РНА бэрэсидьиэнэ таһымнаах сырыы бүтэһигин үйэ чиэппэрин анаараа өттүгэр буолбута. Онон быйыл Россияҕа Наука уонна технология сылыгар академия салайааччытын кэлиитэ историяҕа киирэр суолталаах. РНА бэрэсидьиэнэ: «Билигин биһиги өрөспүүбүлүкэ салалтатын кытта Саха сирин геостратегическай суолталаах оройуонтан наука уонна технология сайдар, хамсааһын барар регионугар кубулуйарыгар сорук туруорунабыт, онуоха үгүс төрүөт баар», — диэн эттэ. Айсен Сергеевич Россия Наукаларын академията Саха сиригэр болҕомто уурбутугар, Александр Сергеев тус бэйэтинэн кэлбитигэр махтанна. Пресс-конференция кэмигэр үгүс боппуруос таарылынна, ол иһигэр сир баайын хостооһун, саҥа саппаастаах сирдэри чинчийии,  энергетиканы сайыннарыы, сэлии муоһун хостооһун, олохтоох төрүт омуктар тылларын үөрэтии, сайыннарыы. Биир сүрүн теманан  тымныыны хайдах туһаныахха сөбүн, глобальнай сылыйыы кыһалҕатын ырытыы буолла. Айсен Николаев ирбэт тоҥу харыстааһын туһунан сокуон Саха сиригэр эрэ ылыллыбытын, маннык сокуон атын субъектарга эмиэ үлэлиэх тустааҕын бэлиэтээтэ. Россия Наукаларын академиятын экспедициятын ыытыыга үбүлээһинин туһунан хоруйга Александр Сергеев: «Федеральнай үбүлээһин туһунан боппуруос билигин даҕаны аһаҕас. Ол эрээри экспедиция ыытыллыахтааҕа, суолтата улахана саарбаҕа суох. Мин билэрбинэн, Саха сирэ экспедицияны тэҥҥэ үбүлэһэргэ бэлэм. Онон бары санаабытын түмэммит, федеральнай үбүлээһини ситиһиэхпит дии саныыбын. Аны билиҥҥи кэм хаамыытынан бу экспедицияны тэрийиигэ бизнес эмиэ кыттыһыан сөп, сир баайын чинчийиигэ интэриэстээх бөдөҥ тэрилтэлэр бу үлэни сэргииллэрин билэбит», — диэн эппиэттээтэ.

Муус устар 3 күнүгэр Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун Булчут күнүнэн эҕэрдэлээтэ. «Биһиэхэ, сахаларга, бу ураты күн. Бултааһын биһиги култуурабытын, итэҕэлбитин кытары быһаччы ситимнээх, итиэннэ оҕолорбутун иитиигэ эмиэ улахан оруоллаах. Биһиги уолаттарбытын тулалыыр эйгэҕэ, айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга үөрэтэбит. Саха сирин эр дьоно — дьиэ кэргэннэрин уонна төрөөбүт дойдуларын көмүскээччилэрэ», — диэн Ил Дархан эттэ.

Муус устар 4 күнүгэр Саха сирин аҕаларын күнэ бэлиэтэннэ. Эр киһи оруолун уопсастыбаҕа үрдэтэр соруктаах бу ый бастакы өрөбүлүгэр бырааһынньыгы бастакы бэрэсидьиэн М.Е. Николаев 1999 сыллаахха олохтообута.  Бастыҥ үлэлээх, элбэх оҕолоох, чөл олохтоох, холобур буолар аҕалары чиэстииллэр. 2015 сыллаахтан «Ытык Аҕа» бэлиэни туттарар үгэс баар. Айсен Николаев быйыл маннык бэлиэнэн элбэх оҕолоох Павел Юдинцевы, Егор Сыромятниковы, Николай Жирковы наҕараадалаата. Павел Юдинцев Нерюнгри оройуонун Иенгратыгар олорор. Кини 2018 сыллаахха кэргэнин кытары РФ «Төрөппүт Албан аата» уордьанынан наҕараадаламмыта. Егор Сыромятников Дьааҥы улууһун Дулҕалаа5ар олорор 9 оҕо амарах аҕата, Аҕалар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ, нэһилиэк уопсастыбаннай хамыыһыйатын чилиэнэ. Николай Жирков Горнай улууһун Күөрэлээҕэр олорор, 6 оҕо аҕата, нэһилиэк бэтэрээннэрин сэбиэтин чилиэнэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ.

Айсен Николаев бырааһынньыгынан эҕэрдэлииригэр киһи олоҕор аҕа оруола улахан суолталааҕын, аҕа буолуу улахан эппиэтинэстээҕин бэлиэтээн эттэ. Билиҥҥи олох саҥа ирдэбиллэри туруорарынан, ол сиэринэн аҕалар социальнай суолталаах бырайыактарга көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырда.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА