Ил Дархан нэдиэлэтэ
Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ
Тохсунньу 31 күнэ. Ил Дархан Бырабыыталыстыба салалтатын кытта онлайн көрүҥүнэн планерка ыытта. Онно Айсен Николаев национальнай бырайыактары олоххо киллэрии боппуруостарыгар, эрэгэйиэн федеральнай судаарыстыбаннай бырагыраамаларга кыттыытыгар уонна эпидемиологическай быһыыны-майгыны тупсарыыга кэккэ сорудаҕы биэрдэ. Кини ааспыт нэдиэлэҕэ РФ вице-премьерэ — РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Уһук Илиҥҥи уокурукка биир авиахампаанньаны сайыннарарга мунньах ыыппытын иһитиннэрдэ. Онно авиапаарканы саҥардыы, көдьүүстээхтик туһаныы, лизиҥҥэ субсидияны көрүү боппуруостарыгар быһаарыы ылыллыбытын бэлиэтээтэ. Манан сибээстээн өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыба «Аврора» авиахампаанньаны кытта «Якутия» авиахампаанньа Уһук Илиҥҥи биир кэлим хампаанньа сорҕото буолуутугар үлэ ыытыаҕа. Маны сэргэ РФ вице-премьерэ Марат Хуснуллин салалтатынан «Восточнай полигон» тимир суолу саҥардыы боппуруоһа көрүллүбүт. Бу полигон үһүс түһүмэҕэ тутулуннаҕына Саха сирин чоҕо экспорга тахсыаҕа. Онон бу бөдөҥ инвестиционнай бырайыак олоххо киириитигэр өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбата ураты болҕомтотун уурара ирдэнэр.
Айсен Николаев планеркаҕа «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыакка уонна тыа сирин кэлимник сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагырааматыгар сиһилии тохтоото. Марат Хуснуллин таһымыгар буолбут мунньахха национальнай бырайыагы олоххо киллэриигэ Саха сирэ көрдөрүүтүнэн инники күөҥҥэ сылдьара бэлиэтэммит. Ил Дархан иһитиннэрбитинэн, РФ Бырабыыталыстыбатын хамыыһыйатын президиума Саха сирин түөрт нэһилиэнньэлээх пуунугар хочуолунайы уонна ититэр ситими тутууга заем үбүн биэрэрин бигэргэппит. Ол түмүгэр хас да сүүс чааһынай дьиэ уонна социальнай эбийиэктэр ититиигэ холбонуохтара. Маны таһынан, Нерюнгри куорат ууну хачайдыыр ханаалын саҥардыы иккис уочаратын үлэтин бырайыага РФ Тутуу, ОДьКХ министиэристибэтин көрүүтүгэр киирбит.
Тыа сирин кэлимник сайыннарыы бырагырааматынан Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ 69 бырайыак олоххо киирэр. Ил Дархан этэринэн, бу бырагыраама саамай дьон болҕомтотугар сылдьар бырайыактардаах. Онон Бырабыыталыстыба инники тахсыбыт бары сыыһаны-халтыны учуоттаан, эрэгийиэн бу хайысхаҕа бары күүһүн уонна кыаҕын ууран туран үлэлииригэр ыҥырда.
Федеральнай бүддьүөттэн булгуччулаах медицинскэй страховкалааһын чэрчитинэн үлэлиир поликлиникаларга 7 млрд солк. көрүллүбүт, итинтэн Саха сиригэр 130 мөл. солк. тиксиэҕэ.
Тохсунньу 31 күнэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап мунньаҕын ыытарыгар эрэгийиэҥҥэ быһыы-майгы уустугун бэлиэтээтэ. Дьокуускайга уонна сорох улуустарга ыарыы эбиллэ турар. Исписэлиистэр сабаҕалаабыттарын курдук, ыалдьааччы ахсаана төһө да элбэҕин иһин, дьон бу дьаҥы арыый чэпчэкитик аһарынар, ордук вакцина ылбыттар. Ол иһин балыыһаҕа киирии ахсаана таһыччы эбиллибэтэ. Билигин холкутуйарга эрдэтин баһылык санатта. Онон миэстэтигэр суһал ыстааптар быһыыны ылыыны, ревакцинацияны ыытыныы болҕомто киинигэр тутуохтаахтар. Роспотребнадзор чахчытынан, вакцина бастакы компоненын Саха сиригэр нэһилиэнньэ (улахан дьон) 79,9% ылбыт, ревакцинацияны 60% ааспыт. Билиҥҥитэ Чурапчы, Нам улуустарыгар 70% ситиһэ иликтэр. ПЦР анаалыһы уонна ИХА тиэһи оҥоруу элбээбитэ ыалдьыбыт дьон ахсаанын суһаллык быһаарыыга уонна эмтииргэ көдьүүстээх. Айсен Николаев Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр коронавирус дьаҥыттан дьиэлэригэр олорон эмтэнээччилэргэ босхо эминэн хааччыйыыны сүрүн хонтуруолга тутары соруйда. Кини күннэтэ эмп саппааһын судаарыстыбаннай уонна чааһынай аптекаларга бэрэбиэркэлииргэ Росздравнадзору соруйда. Маны таһынан «Триумфка» тэриллибит амбулаторнай кииҥҥэ ОРВИ симптомнаах, дьаҥҥа сутуллубут эрэ дьон кэлэн көрдөрүнүөхтээҕин, онон нэһилиэнньэҕэ иһитиннэрии барыахтааҕа этилиннэ.
Олунньу 1 күнэ. Айсен Николаев «Сургутнефтегаз» тэрилтэ ааспыт сылга Саха сиригэр үлэтин түмүктэрин көрдө уонна саҥа соруктары туруорда. 2021 сылга хампаанньа ньиэби хостооһун кээмэйин 4,3% улаатыннарбыт. Ньиэп хостооһунун быйыл эмиэ элбэтэр былааннаах. «Ыарахаттары аахсыбакка, хампаанньаҕа улахан кээмэйдээх үлэ ыытыллыбыт, былаан сүрүннээн барыта туолбут. Тэрилтэ бэйэтин үлэтигэр уоту уонна айылҕаны харыстыыр технологиялары киллэриигэ мэлдьи инники иһэрэ үөрдэр. Ол түмүктэрин биһиги чопчутук көрөбүт», – диэтэ Ил Дархан. 2021 сылга ньиэп саппааһа 12,5 мөл. туоннанан, гаас 13,8 млрд кубометрынан улааппыт. Ньиэби хостооһун кээмэйэ 10,3 мөл. туонна буолбут, бу 2020 сылы кытта тэҥнээтэххэ 4,3% элбэх. 2022 сылга хостооһун кээмэйин 10,4 мөл. туоннаҕа тиэрдэр соруктаах. Хампаанньа нолуогу төлүүр үс улахан тэрилтэттэн биирдэстэрэ буолар. 2021 сылга өрөспүүбүлүкэ мунньуллубут бүддьүөтүгэр хампаанньаттан 9, 6 млд солк. нолуок киирбит, быйылгы сылга 10,7 млрд буолара сабаҕаланар. «Сургутнефтегаз» өрөспүүбүлүкэ социальнай бырайыактарын өйүүр уонна САССР 100 сылыгар аналлаах дьаһалларга кыттара былааннанар. Ураты болҕомтону экология туругар салгыы ууруоҕа. Айсен Николаев олохтоох нэһилиэнньэттэн үлэһит ахсаана эбиллиэхтээҕин, каадыр Ленскэй оройуонуттан эрэ буолбакка, атын улуустартан эмиэ тардыллыахтааҕын бэлиэтээтэ. Билиҥҥитэ хампаанньаҕа өрөспүүбүлүкэ 1419 олохтооҕо үлэлиир. Хампаанньа суотугар үрдүк үөрэххэ 155 оскуоланы бүтэрээччи ыытыллыбыт. Билигин тус сыаллаах дуогабарынан эбии 35 киһи үөрэнэр. 305 устудьуон хампаанньаҕа практикатын барбыт. Үрдүк уонна орто үөрэҕи бүтэрбит 240 киһи үлэҕэ ылыллыбыт.
Олунньу 1 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ салайааччыта улуустар, куораттар уокуруктарын баһылыктарыгар ыыппыт мунньаҕар миэстэтигэр волонтердары тардан медиктэр үлэлэрин өйүүргэ, стационардарга уонна аптекаларга эмп-томп саппааһын хааччыйарга, тастан эмтэнээччилэргэ босхо эми биэриини хонтуруоллуурга ыҥырда. Билигин тастан эмтэнээччи элбээбитинэн, улуустарга, куораттарга суһал ыстааптар доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөҕүн өйүүргэ, мэдиссиинэ үлэһиттэрин ноҕуруускаларын аччатарга бары миэрэлэри ылаллар. «Бастакы сүһүөххэ үлэ харгыстаныа суохтаах, балыыһаларга дьон-сэргэ тоҕуоруһуутун, уочаратын таһаарымыахха. Амбулаториялар, эбии тэриллибит кииннэр уонна колл-кииннэр үлэлэрин көрүөххэ наада. Бу соруктары суһаллык быһаарарга миэстэлэринэн суһал ыстааптар түргэн уонна чопчу быһаарыылаахтык үлэлииллэрэ ирдэнэр. Эмп-томп бары ыарыһахтарга дойдуга олохтоммут уопсай бэрээдэгинэн тиэрдиллиэхтээх», — диэн бэлиэтиир Айсен Николаев. Өрөспүүбүлүкэҕэ ыарыы түргэнник тарҕанарынан эпидемиологическай быһыы-майгы билигин да уустук. Элбэх киһи Мэҥэ Хаҥалас, Алдан, Мииринэй оройуоннарыгар ыалдьыбыт. Хоту улуустарга — Дьааҥыга, Муомаҕа, Өлөөҥҥө, Эбээн Бытантайга ыалдьан эрэллэрэ эмиэ бэлиэтэнэр. Оҕолор ордук ыалдьар буоллулар, уопсай ахсаантан 30% ылаллар. Маныаха Дьокуускайга оҕолор тэйиччиттэн олорон үөрэниигэ көһөннөр, ыалдьааччы ахсаана кэнники хамсаабакка турар. Вакцинацияҕа уонна ревакцинацияҕа намыһах көрдөрүүлээх улуустарга уона Дьокуускайга тэтими күүһүрдэр сорук турар.
Олунньу 1 күнэ. Айсен Николаев «Саха» НКИК быһа эфиригэр таҕыста. Кини бу сылга үктэнэн баран, тохсунньу ый устата 820-тэн тахса оҕо күн сирин көрбүтүн иһитиннэрдэ. «2021 сыл түмүгүнэн Саха сирэ оҕо төрөөһүнүн ахсаанынан Уһук Илиҥҥэ бастакы миэстэҕэ, дойдуга сэттис миэстэҕэ сырытта. Бу ситиһии өрөспүүбүлүкэ олохтооҕун ахсаана үбүлүөйдээх 2022 сылга 1 мөлүйүөҥҥэ тиийэригэр эрэли үөскэтэр», — диэн Ил Дархан эттэ. Онуоха эрэгийиэҥҥэ тустаах көмө, дьаһал олоххо киирэр. Айсен Николаев ыйааҕынан 2022 сыл устата төрүүр оҕолорго «Сүүс сыл оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал төлөнөр. СӨ Бырабыыталыстыбатыгар элбэх оҕолоох уонна оҕо иитэр ыаллар кыһалҕаларын быһаарарга, ийэ доруобуйатын харыстабылыгар үлэлииргэ, кинилэр дьарыктаах буолалларын хааччыйарга сорудахтанна. 5 уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллар олорор дьиэлэрин усулуобуйаларын тупсарыыга көмө барыаҕа. Оҕолору иитэ ылар дьиэ кэргэттэргэ төлөбүр базовай кээмэйэ икки төгүл үрдэтиллэр. Дьиэ кэргэҥҥэ, ийэҕэ туһуламмыт бырайыактаах уопсастыбаннай түмсүүлэргэ бэриллэр грант кээмэйэ икки төгүл улаатта.
Айсен Николаев быһа эфир кэмигэр өрөспүүбүлүкэҕэ билиҥҥитэ туспа инфекционнай балыыһа, сулууспа суоҕа охсуулааҕын коронавирус дьаҥа көрдөрбүтүн, тустаах боппуруоһу өссө былырыын федеральнай таһымҥа туруорсубуттарын иһитиннэрдэ. “РФ Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтин кытта инфекционнай балыыһа бырайыактыыр-симиэтэлиир докумуона Саха сиригэр ураты буоларыгар кэпсэппиппит. Биһиги тымныы килиимэттээх усулуобуйабытыгар сөп түбэһэр тутуу буолуохтаах этиибитин өйөөтүлэр. Бырайыак экспэртиисэҕэ сылдьар. Коронавирус да суоҕуна мэдиссиинэ каадыра тиийбэтэ көстөрө. Тыа сиригэр эрэ буолбакка, куораттар үгүс балыыһатыгар үлэһит 60% эрэ хааччыллан турар. Онон каадыры үүннэриэхтээхпит. Саха сирин каадырынан хааччыйар ХИФУ мэдиссиинэҕэ института, материальнай-тиэхиньиическэй баазатын сайыннардахпытына, үлэһити дойду хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр барытыгар киэҥник бэлэмнииргэ бэлэм. Мэдиссиинэ институтун анал куорпуһун бырайыактыыр-симиэтэлиир докумуона бүтэн эрэр, бырайыак судаарыстыбаннай экспэртиисэҕэ сылдьар. Билигин мэдиссиинэ институтун тутуутун боппуруоһа федеральнай бырагырааманан үбүлэнэригэр туруорсабыт. Соторутааҕыта Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвиенконы кытта көрсүбүппэр кини бу боппуруоһу өйүүрүн биллэрдэ ”, — диэн быһаарда.
Олунньу 2 күнэ. СӨ Ил Дархана Айсен Николаев коронавирус тарҕаныытын бохсор өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап мунньаҕын ыытта. Мунньахха балыыһаҕа киирэр дьон ахсаана кыралаан эбиллэн иһэрин, ол эрээри эрэсиэрбэҕэ куойка элбэҕэ этиллибит. Күн бүгүн реанимацияҕа 88 ыарыһах сытарыттан, 15 киһини ИВЛ аппараакка холбообуттар. “Билиҥҥитэ ыарыыны утары охсуһууга вакцина уонна иккиһин быһыыны ылыы сабыдыаллыыр кыахтаах. Өскөтүн өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы быһыыны ылбыт дьон 80% тахсыбыт эбит буоллаҕына, иккис быһыыны ылыы тэтимигэр хаалыы баар. Суһал ыстаап Олохтоох бэйэни салайыныы департаменын кытта тустаах боппуруостарга үлэһэллэригэр сорудах биэрдим”, — диэн Ил Дархан иһитиннэрдэ. Ыарыы улуустарга сыҕарыйан эрэринэн, ордук болҕомтону хотугу улуустарга уурар наадатын эттэ. Улуустар бары элбэх киһи ыалдьар усулуобуйатыгар бэлэм олороллоро наада диэн Айсен Николаев тоһоҕолоон бэлиэтиир.
Олунньу 2 күнэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ борокуратууратын коллегиятын киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕар кытынна. Манна ааспыт сыл түмүктэрин таһаардылар уонна соруктары торумнаатылар. Айсен Николаев 2021 сылга борокуратуура сокуону тутуһууну хааччыйыыга уонна буруйу оҥорууну утары туруулаһыыга, эрэгийиэн бигэ туруктаах буолуутугар көдьүүстээх үлэни ыыппытын бэлиэтээтэ. Тирээн турар боппуруостарынан гражданнары уонна оҕолоох ыаллары социальнай өйөбүл, урбанньыттар сокуонунан бырааптарын хааччыйыы, хоруупсуйаны бохсуу, тулалыыр эйгэни харыстааһын, ойууру чөлүгэр түһэрии буолаллар диэтэ. Үлэ биир тутаах хайысхатынан национальнай бырайыактар уонна Уһук Илин урутаан сайдыытын бырагыраамата олоххо киириилэрин кэтээн көрүү буолар. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх былааһа борокуратуураны кытта дьон интэриэһин көмүскүүргэ, олох таһыма тупсарыыга бииргэ үлэлиэхтэрэ диэтэ.
Олунньу 3 күнэ. Саха сирэ дойду 30 эрэгийиэнин иһигэр 2022 сыл бүтүөр диэри инвестиция стандартын киллэриэхтээх. Ол өрөспүүбүлүкэ инвестицияны тардыытыгар, инвестордары көҕүлүүргэ эбии федеральнай миэрэлэри киллэриигэ кыаҕы биэриэҕэ диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ. Билигин Саха сирэ бөдөҥ инвестордары кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ дойдуга биир үчүгэй көрдөрүүлээх. Аны бырайыакка үбү 200 мөл. солк. саҕалаан угарга бэлэм «орто инвестордары» тардыыга сорук турар. Бэс ыйын бүтүөр диэри инвестицияҕа декларация оҥоһуллуохтаах. Инвестицияҕа агентство үлэтигэр уларыйыы киириэхтээх. Салгыы балаҕан ыйын бүтүөр диэри инвестицияҕа быраабыллалар уонна карта баар буолуохтаахтар. Стандарт олоххо киириитин хаачыстыбатын олохтоох бизнес холбоһуктара сыаналыахтара.
Олунньу 3 күнэ. Ил Дархан “Дьыалабыай Арассыыйа” Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай тэрилтэ Саха сиринээҕи салаатын актыбыыстарын кытта көрүстэ. Эрэгийиэҥҥэ урбаан сайдар кэскилин, нолуок бэлиитикэтин боппуруостарын, административнай хааччахтааһыннар, хамсык биисинэскэ охсуутун туһунан боппуруостар дьүүллэһиннилэр. “Дьыалабыай Арассыыйа» эрэгийиэннээҕи салаата өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар, урбаан өттүттэн көҕүлээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар. Бу көрсүһүү дойду бэрэсидьиэнэ “Дьыалабыай Арассыыйа” бэрэстэбиитэллэрин кытта көрсүһээри турдаҕына буолбута суолталаах”, — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев. Өрөспүүбүлүкэҕэ инвестиционнай стандарты үөскэтиигэ улахан болҕомто уурулунна. Айсен Николаев Саха сирэ быйыл эрэгийиэҥҥэ инвестордары кытыннарар, дьыалабыай килиимэти көҕүлүүр эрэгийиэннээҕи инвестиционнай стандарты киллэрии саҕаланыахтаах РФ 30 субъегар киирбитин эттэ. Биисинэһинэн дьарыктанааччылар хамсык кэмигэр дьоҕус уонна орто урбааны өйүүргэ үгүс үлэ барбытын, электроннай сервистэри туһаммыттарын, дьоҕус уонна орто урбаан порталын саҥардыбыттарын, «Мин биисинэһим” киин тэриллибитин бэлиэтээтилэр.
Олунньу 4 күнэ. «Колмар» хампаанньа 2021 сылга үлэтин барыллаан түмүгүн уонна 2022 сылга былаанын көрдүлэр. Айсен Николаев «Соҕуруу Саха сирэ» урутаан сайдыы территориятын сүрүн резиденэ — чоҕу хостуур бөдөҥ хампаанньаттан Нерюнгри оройуона уонна нэһилиэнньэ бигэ туруктаах буолуута быһаччы тутулуктааҕын эттэ. Кэнники сылларга хампаанньа оройуон социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар киллэрэр кылаата улаатар. Нерюнгри куоракка «Р» диэн дьон олорор кыбаарталын тутууга инфраструктура улахан бырайыагын, тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа тэрээһиннэри олоххо киллэрэр. «Колмар» 15 сылга кэлиэҕиттэн аан бастаан нэһилиэнньэ барыыта тохтоото. Ааспыт сылга «Олохтоох каадыры — бырамыысыланнаска» бырагыраама чэрчитинэн тыа сиригэр олохтоох 1 657 киһи хампаанньаҕа үлэҕэ киирдэ, ордук элбэх киһи Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Үөһээ Бүлүү улуустарыттан баар. Билигин хампаанньаҕа 5,5 тыһ. тахса киһи үлэлиир. Хампаанньа ааспыт сылга 108 мөл. солк тахса үбү доруобуйа харыстабылыгар, үөрэхтээһиҥҥэ, социальнай эйгэҕэ ыыппыт. Салгыы хампаанньа ити салааларга, ону таһынан каадыры бэлэмнээһиҥҥэ, оҕо сынньалаҥын тэрийиигэ былаанын туһунан кэпсэттилэр.
Олунньу 5 күнэ. Айсен Николаев 2021 сылга национальнай бырайыактары олоххо киллэрии түмүктэрин таһаарда. «Национальнай бырайыактары олоххо киллэрии боппуруоһа улахан суолталаах. Ааспыт сыл түмүктэринэн үбү тус сыаллаах туһаныы көрдөрүүлэрин ситиһии ортотук бэлиэтэннэ. 2022 сылга толорооччулар хантараактары түһэрсии куонкуруһун биллэрии үлэтин түргэтэтиэхтэрин наада», -– диэтэ Айсен Николаев. «Доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын» бырагыраама 2022 сылтан «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак састаабыгар киллэрилиннэ. Саха сиригэр эрэгийиэннээҕи бырагырааманы олоххо киллэрии 2021 сылтан саҕаламмыта. 2021 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 123 көрдөрүүгэ тус сыаллаах 44 эрэгийиэннээҕи бырайыак олоххо киирбититтэн 106 көрдөрүүгэ былаан ситиһилиннэ. «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар», «Култуура», «Дьоҕус уонна орто предпринимательство», «Үөрэхтээһин», «Үлэ оҥоһуллуута» уонна «Сыыппаралаах экэниэмикэ» курдук 6 бырайыак 100 бырыһыан толорулунна. «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыакка 8 көрдөрүү ситиһиллибэтэҕэ пандемияны кытары сибээстээх. «Ойууру харыстааһын» эрэгийиэннээҕи бырайыакка биир көрдөрүү былырыын баһаар уустук усулуобуйатыттан сылтаан толоруллубата. Ааспыт сыл түмүктэринэн национальнай бырайыактар сорох көрдөрүүлэрин түмүктэрэ Арассыыйа орто көрдөрүүтүттэн үрдүктэр. «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак быһыытынан 17 эбийиэк үлэҕэ киллэрилиннэ, 570 тыһ. кв. м. иэннээх дьиэ тутулунна. Суол үлэтин кээмэйэ биллэ улаатта. Ааспыт сылга «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн 180 км суол тупсарыллыбыта улахан ситиһии буолар. Өссө биир дьоһуннаах ситиһии экология туругун, тулалыыр эйгэ хаачыстыбатын тупсарыыга бэлиэтэннэ. «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыакка Хаҥалас улууһун Покровскайга, Өлүөхүмэҕэ ууну ыраастыыр ситимнэр саҥардылыннылар.
Афанасий Ноев,
Ил Дархан пресс-сэкиритээрэ
This post was published on 08.02.2022 11:05 11:05