Ил Дархан нэдиэлэтэ: #МыВместе аахсыйа волонтердарыгар махтанна

Бэс ыйын 7 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ баһылыга «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа регионнааҕы салаатын кэмпириэнсийэтин аспытын уонна дэлэгээттэргэ туһаайан тыл эппитин туһунан иһитиннэрдэ. Кини #МыВместе акция кыттыылаахтарыгар махтанна. Билиҥҥитэ 4 тыһ. тахса киһи волонтердар хамсааһыннарыгар кыттан, бу уустук кэми туоруурга дьоҥҥо-сэргэҕэ көмөлөһөр. Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, баартыйа чилиэннэрэ миэстэтигэр балыыһаларга, медиктэргэ, олохтоохторго өйөбүл буолаллар.


Билигин бүттүүн уопсай сорук – вакцинаны күргүөмүнэн ылыыга сөптөөх усулуобуйаны тэрийии. Айсен Николаев баартыйа олохтоох салааларын нэһилиэнньэҕэ өйдөтөр-быһаарар үлэни ыытыыга кытталларыгар ыҥырда. Маны сэргэ ойуур баһаардарын умулларыыга суһал ыстааптары кытта миэстэтигэр мобильнай бөлөхтөрү тэрийэргэ, техниканы, инвентары бэлэмнииргэ сүбэлээтэ. 

Бэс ыйын 8 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Татарстан аҕа баһылыга Рустам Минниханов ыҥырыытынан Казань куоракка тиийдэ. Татарстан киинигэр бэс ыйын 8-11 күннэригэр Саха сирин күннэрэ ыытылыннылар. Доҕордуу өрөспүүбүлүкэ төрүттэммитэ 100 сылыгар анаммыт тэрээһин былырыын болдьоммута эрээри, хамсык дьаҥынан сибээстээн быйылгы сылга көһөрүллүбүтэ. Ол иһин дойду биир бастыҥ субъегын кытта билсиһэ, итиэннэ биһиги эрэгийиэммит кыаҕын көрдөрө «Татарстан уонна Саха сирэ» форуму ыытыы эрдэттэн сыллааҕы былааҥҥа киирбитэ.

Дьыалабай сырыы саҕаланыытыгар Айсен Николаев татаар омук бүттүүн сүгүрүйэр улуу киһитэ, төрөөбүт тылларын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, бэйиэт, уопсастыбаннай диэйэтэл Габдулла Тукай пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурда.

Салгыы Ил Дархан эрэгийиэн салалтатын кытта көрүстэ. Ол кэнниттэн кини Казань куорат IT-пааркатыгар Саха сирин инновационнай бырайыактарын билиһиннэрэр быыстапканы арыйда. «SakhaInnovation» быыстапканы олоххо кытары тэҥҥэ хардыылыыр, тэтимнээхтик сайдар сыаллаах астыбыт. Татарстан инновацияны сайыннарыыга дойду үрдүнэн инники күөҥҥэ сылдьар. Биһиги атын эрэгийиэннэргэ баар кэллиэгэлэрбитин кытары көрсөн, уопут атастаһыахтаахпыт», — диэн Айсен Сергеевич эттэ.

Быыстапка кыттыылаахтарын Татарстан цифровой сайдыыга, информационнай технологияҕа уонна сибээскэ миниистирэ Айрат Хайруллин эҕэрдэлээтэ. «Биһиги Саха сирин уопутун сөҕө-махтайа көрдүбүт. Цифровизацияҕа Саха сирэ саҥа сонун технологиялардаах. Саха сирин уонна Татарстаны экэнэмиичэскэй сибээс ситимниирин таһынан, култуурабыт кытары майгыннаһар эбит. Төрүт омуктар үгэстэрин харыстыырга, араҥаччылыырга улахан болҕомто уураллар». — диэтэ Татарстан миниистирэ.

Тэрээһин чэрчитинэн инновацияҕа Саха Өрөспүбүлүкэтин уонна Татарстан министиэристибэлэрэ экэниэмикэҕэ, социальнай эйгэҕэ, ол иһигэр доруобуйа харыстабылыгар, үөрэхтээһиҥҥэ бииргэ үлэлииргэ сөбүлэһии түһэристилэр.

Бэс ыйын 8 күнүгэр Айсен Николаев Приволжскай федеральнай университекка Арассыыйа хоту сытар эрэгийиэннэрин салайар хамаандаларыгар үөрэтэр бырагыраама тэрээһинигэр сырытта. Көрсүһүүгэ  Татарстан президенэ Рустам Минниханов, Ямало-Ненецкэй автономнай уокурук губернатора Дмитрий Артюхов, Ханты-Мансийскай автономнай уокурук губернатора Наталья Комарова кыттыыны ыллылар. Ил Дархан Татарстан социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар уонна судаарыстыбаннай салалтатын технологияларыгар ситиһиилээх быраактыкалары кытта билистэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит салалтатыттан уонна улуустартан бэрэстэбиитэллэр үөрэтии аастылар. Олох хаачыстыбатыгар интегральнай көрдөрүүтүнэн Татарстан бүгүҥҥү күҥҥэ дойдуга инники күөҥҥэ сылдьар, ол иһин инвестицияны тардыыга, социальнай эйгэҕэ, тутууга, ОДьКХ, тырааныспар, тыа хаһаайыстыбатын, урбаан эйгэтигэр үлэтин бастыҥ холобурдарын үллэһиннилэр. 

Бэс ыйын 8 күнүгэр Саха сирин салайааччытыгар Казань куоракка баар полилингвальнай үөрэх комплексын көрдөрдүлэр. «Адымнар» диэн ааттаах оскуолаҕа Ил Дарханы кытары ЮНЕСКО дьыалаларыгар Россия Федерациятын хамыыһыйатын эппиэттээх сэкирэтээрэ Григорий Орджоникидзе сырытта. Бу нууччалыы, татардыы, английскайдыы дириҥэтэн үөрэтэр кыһаны былырыын Татарстан бастакы бэрэсидьиэнэ Минтимер Шаймиев көҕүлээһининэн арыйбыттар. 2022 сылга диэри итиник 6 эбийиэги киллэриэхтэрэ. Дириэктэр Айдар Шамсутдинов оскуола дьиэтин устун экскурсия оҥордо, интернаты, успуорт сааланы, бассейны, айар мастарыскыайдары, научнай лабораториялары, библиотеканы, устуудьуйалары көрдөрдө. Сүрүн оскуоланы сэргэ комплекска уһуйаан уонна алын сүһүөх оскуола киирсэр. Бу оскуолаҕа 3 тыһ. оҕо үөрэнэр. Айсен Николаев Татарстан тыллары үөрэтиигэ бастыҥ уопутун үрдүктүк сыаналаата уонна бу үтүө холобуру атын эрэгэйиэннэр ылыныахтарын сөбүн эттэ.

Бэс ыйын 8 күнүгэр Айсен Николаев Томпо улууһугар уоту умулларыыга «Полярные авиалинии» авиахампаанньаттан МИ-8 вертолеты уонна дэлби тэптэрэр үлэһиттэри ыытарга Бырабыыталыстыбаҕа сорудах биэрдэ. Хаандыгаҕа Ыксаллаах быһыы-майгы минстиэристибэтин бөлөҕө эбии көмөлөһө барбытын эттэ. Ити курдук Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур баһаарыгар үөскээбит быһыыны-майгыны күннэтэ хонтуруолга тутар.

Бэс ыйын 9 күнүгэр Саха сирэ уонна Татарстан бииргэ үлэлээһиҥҥэ сөбүлэһии түһэрсиилэрин үөрүүлээх сиэрэ-туома буолла. Саха сирэ уонна Татарстан урут-уруккутан доҕордуу сыһыаннаахтар, өссө 1996 сыллаахха эргиэҥҥэ-экономикаҕа бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэһии түһэрсиллибитэ. Билигин саҥа сөбүлэһиигэ Айсен Николаев уонна Рустам Минниханов илии баттаатылар. Бу бэлиэ түгэн социальнай-экономическай сайдыыга, доҕордуу сыһыаны бөҕөргөтүүгэ улахан суолталаах. Саҥа докумуон экэниэмикэ, бырамыысалыннас, инвестицияны тардыы, эргиэн, урбаан, тыа хаһаайыстыбатын, туризм эйгэтин уо.д.а. хабар. Дьыалабыай, научнай сибээһи, култуура, төрөөбүт тыллары, национальнай литератураны сайыннарыы боппуруостарыгар ыкса үлэ барыаҕа. Казаньҥа өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай, инновационнай, туристическай кыаҕын, олохтоох бородууксуйаны көрдөрдүлэр. Түүр омуктар литератураларын сайдыыларын туһунан саха уонна татар суруйааччылара кэпсэттилэр, саха киинэтин туһунан өйдөбүл ыллылар. Иис-уус, маастардар Олоҥхо тиэмэтигэр быыстапкалар буоллулар, успуорка национальнай көрүҥнэри билиһиннэрдибит. Онон регионнар икки ардыларынааҕы сыһыан саҥа таһымҥа таһаарабыт. Холобур, IT-инфраструктураҕа бииргэ үлэлээһин улахан суолталааҕын туһунан Айсен Николаев бэлиэтээтэ. «Биһиги хампаанньаларбыт бииргэ үлэлииллэр. Эһиги – дойду арҕаа, биһиги – илин өттүгэр экэниэмикэҕэ сыыппараҕа киллэриигэ инники күөҥҥэ сылдьабыт. Саха сирэ Уһук Илин уокуругар IT-өҥө 90% оҥорор.  Газомоторнай оттугу туһаныыга интэриэстээхпит, бу хайысхаҕа Татарстан хампаанньаларын кытта үлэлэһэбит, чугастааҕы кэмҥэ куорат уонна бырамыысалыннас тырааныспарыгар хамсааһын таһаарыахпыт», — диэтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга.

Сөбүлэһии быһыытынан эһиил Саха сиригэр Татарстан күннэрэ ыытыллыахтара. Рустам Минниханов Айсен Николаевка национальнай өрөспүүбүлүкэлэр сайдыыларыгар ураты кылаатын иһин «Татарстан АССР 100 сыла» үбүлүөйүнэй бэлиэни туттарда.

Бэс ыйын 10 күнүгэр Айсен Николаев Татарстаҥҥа сырыытын кэмигэр  өрүс суудуналарын тутуу инфраструктуратын кытта билистэ. Пассажирдары тиэйэр «Чайка» өрүс аалын көрдө. Бу Зеленодольскай собуотугар оҥоһуллубут, 176 миэстэлээх убатыллыбыт айылҕа гааһынан оттуктанар бастакы аал буолар. Ааспыт сылтан Казань Кириэмилин кытылыттан туристары таһар. Ил Дархаҥҥа суудунаны бырайыактаабыт уонна үлэлэтэр исписсэлиистэр аал дьон айанныырыгар төһө табыгастааҕын, куттала суох буолууну хаачыйарын, уматыгы кэмчилиирин уонна да атын өрүттэрин туһунан сиһилии кэпсээтилэр, боппуруостарыгар хоруйдаатылар. Айсен Николаев Саха сирин усулуобуйатыгар сөп түбэһэр атын суудунулары, убатыллыбыт айылҕа гааһынан  заправкалыыр оҥоһуктары көрдө уонна Өлүөнэтээҕи өрүс пароходствотын салалтатыгар киирбит этиилэри үөрэтэллэригэр сорудахтаата. «Ак Барс» суудуналары тутар хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Ренат Мистахов өрөспүүбүлүкэҕэ анал бырайыагынан өрүс аалларын тутарга бэлэмнэрин туһунан эттэ.

Бэс ыйын 11 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев дойду Бырабыытылыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Марат Хуснуллины кытта көрүстэ. Өрүттэр Уһук Илиҥҥэ уонна чуолаан Саха сиригэр инфраструктураҕа суолталаах бырайыактары олоххо киллэриини дьүүллэстилэр. Ол курдук, Байкал-Амур тимир суолун илиҥҥи утаҕын  кэҥэтии таас чох салаатын сайдарыгар төһүү күүс буолуоҕа уонна АТР дойдуларыгар экспорга таһаарыны улаатыннарар кыаҕы биэриэҕэ. Санатан эттэххэ, Россия Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэс ыйын 1 күнүгэр Сибииргэ уонна Уһук Илиҥҥэ тимир суоллары сайыннарыыны сүрүннүүр анал хамыыһыйаны тэрийэр туһунан быһаарыыга илии баттаабыта. Маны тэҥэ Айсен Николаев уонна Марат Хуснуллин Өлүөнэни туоруур муоста тутуутун туһунан кэпсэттилэр.

Бэс ыйын 11 күнүгэр Айсен Николаев РФ Айылҕа ресурсаларын уонна экологиятын миниистирэ Александр Козлов Саха сиригэр ойуур баһаардарын утары ылыллар дьаһаллар тустарынан ыыппыт мунньаҕар кытынна. Александр Козлов быйыл ааспыт сылга тэҥнээтэххэ, өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур баһаара 1,3 төгүл элбээбитинэн, ону умуруорууга эбии күүһү ыытар сорук турарын эттэ. 2015 сылтан эрэгийиэҥҥэ ойуур хаһаайыстыбатын үбүлээһин 787 мөлүйүөн солкуобайтан 2020 сылга 1,7 млрд солкуобайга диэри үрдээбит. Рослесхоз салайааччыта Иван Советников Дьокуускайга бэс ыйын 2 күнүгэр ыытыллыбыт мунньахха ылыллыбыт миэрэлэр туолууларын туһунан иһитиннэрдэ. Умайбыт ойуур иэнин ахсаанын көрдөрүүлэрэ Рослесхоз уонна Саха сирин отчуоттарыгар сөп түбэспэттэрин, араастаһалларын туһунан ыйылынна. Дьүүллэһии кэнниттэн Ньурба улууһугар отчуоту хайдах оҥороллорун бэрэбиэркэлииргэ быһаардылар. Маны таһынан Айсен Николаев РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Виктория Абрамченко аатыгар ойуур баһаарын умулларыыга көмөлөһөргө ыҥырыытын тула кэпсэттилэр. Саха сиригэр федеральнай резервэттэн 280 үлэһит тиийэн, ойуур баһаарын умулларыыга үлэлэһэр. Эбии 100 байыаһы ыытыахтара. Александр Козлов Саха сиригэр эбии күүһү ыытары түргэтэтэргэ соруйда. Ил Дархан ойуур баһаардарыгар сыһыаннаах прокурор бэрэбиэркэтин сөптөөхтүк тэрийэн ыытыыга болҕомтону тарта. Айсен Николаев тустаах бэрэбиэркэ, ыксаллаах кэмҥэ мэһэйдээбэккэ, баһаары умулларыы кэнниттэн ыытыллара тоҕоостооҕун туһунан этии киллэрдэ. Мунньахха дьүүллэһиигэ кыттыыны эрэгийиэн Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников, экология, айылҕа харыстабылын уонна тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Сахамин Афанасьев ыллылар.

Бэс ыйын 12 күнүгэр Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун дойдубут сүрүн бырааһынньыгынан – Россия күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Ил Дархан 1990 сыл бэс ыйын 12 күнүгэр дойду дьылҕатыгар – саҥа судаарыстыбаннас олохтонуутугар уонна гражданскай уопсастыба сайдыытыгар – дьоһун суолталаах быһаарыы ылыныллыбытын бэлиэтиир. Отуттан тахса сыл ааспытын кэннэ Россия Федерацията чэчирии сайдар держава быһыытынан биир кэлимин бөҕөргөттө, аан дойдуга бэйэтин миэстэтин бигэтиттэ диир кыахтаахпыт. «Биһиги, Россия олохтоохторо, ханнык да кэмҥэ биир сомоҕо буолар кыахпытынан, модун санаабытынан уонна дойдуга бэриниилээхпитинэн уһулуччу уратылаахпыт. Бүгүн эмиэ, дьаҥ тарҕаммыт уустук кэмигэр даҕаны, түмсүүлээх буолуубут, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүүбүт  ыарахаттары бииргэ туораан, дойдубут туһугар айарбытыгар-тутарбытыгар көмөлөһөллөр. Дойдубут модун күүһэ уонна оҕолорбут кэскиллэрэ биһиги таһаарыылаах үлэбититтэн уонна гражданскай эппиэтинэспититтэн быһаччы тутулуктаахтар. Улуу Россия тускутун туһугар бары бииргэ үлэлээтэхпитинэ киэҥ хабааннаах былааннары олоххо киллэриэхпит диэн бигэ эрэллээхпин»,   – диэн эҕэрдэҕэ этиллэр.

Бэс ыйын 12 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ хамсык дьаҥын тарҕаныытын тохтоторго туһуламмыт хааччахтыыр миэрэлэр бэс ыйын 25 күнүгэр диэри уһатыллалларын туһунан ыйаахха Ил Дархан илии баттаата. Түүҥҥү кулууптар (дискотекалар), караоке саалалар, аттракционнар, оҕо оонньуур хосторун, о.д.а. аралдьытар уонна сынньалаҥ кииннэрин үлэлэрэ салгыы көҥүллэммэт. Рестораннар, кафелар, аһылыгынан хааччыйыы тэрилтэлэрин үлэлэрин эрэсиимэ түүн 12 чааска диэри оннунан хаалла. Уонтан тахса элбэх киһи банкеттыыра көҥүлэммэт. Уон киһи иһинэн банкет киэһэ 22 чааска диэри буолара көҥүллэнэр. Бүддьүөт тэрилтэлэригэр үлэһиттэрин 50 %-нын ыраахтан үлэ көрүҥэр ыытарга этиллэр. Уопсастыбыннай миэстэлэргэ мааскалаах эрэсиим уонна социальнай арыты тутуһуу хайаан да ирдэнэр.

This post was published on 15.06.2021 16:03 16:03