Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ
Сэтинньи 8 күнүгэр Ил Дархан Мииринэй оройуонугар үлэлээтэ. Айхал бөһүөлэгэр өрөспүүбүлүкэ баһылыга «Норуоттар доҕордоһуулара» ландшафтнай-этнографическай комплекс тутуллар сирин көрдө. Тутуу кэнсиэпсийэтин быйыл муус устартан саҕалаабыттар, эбийиэги эһиил үлэҕэ киллэриэхтэрэ. Ааптардарынан архитектор Георгий Горохов уонна уус, урбаанньыт Илиан Павлов буолаллар. Бу бырайыакка АЛРОСА 1,6 мөл.солк. көрбүт. Тутуу барыахтаах сирин күрүөлээбиттэр, манна 4 миэтэрэ үрдүктээх, 5 миэтэрэ усталаах «Байанай» уус-уран композиция баар буолуо. Аал Луук Мас эскиһын оҥороллор. Билигин бөһүөлэк дьаһалтата комплекс аатын толкуйдуурга нэһилиэнньэҕэ куонкурус биллэрбит. Айсен Николаев кэнсиэпсийэни кытта билсэн баран, Айхал бөһүөлэк биир кэрэ-бэлиэ миэстэтэ буолуоҕун, бу курдук куораттарга эрэ буолбакка, бөһүөлэктэргэ аныгылыы сынньанар эйгэни тэрийии тоҕоостооҕун бэлиэтээн эттэ.
Салгыы Ил Дархан Айхаллааҕы хайа байытар фабрикаҕа сырытта. Үйэ чиэппэрэ үлэлиир 14 №-дээх ГОК «Юбилейнай», «Заря» туруупкалартан, «Айхал» сир аныннааҕы рудниктан хостонор рудаттан сылга 10 мөл. туоннаны байытар кыамталаах. ГОК бөһүөлэк олоҕун-дьаһаҕын түстүүр сүрүн тэрилтэ буоларынан, манна 3 тыһ. кэриҥэ киһи үлэлиир, ол иһигэр фабрикаҕа – 200 киһи. АЛРОСА хостуур алмааһын 27% Айхал кэмбинээтэ хааччыйар. 2020 сыл түмүгүнэн фабрика 7,6 мөл. туонна руданы таҥастаабыт, 8 мөл. караттаах алмааһы хостообут. 25 сыл устата манна 225 мөл. туонна алмаас рудата таҥастаммыт, 12 млрд доллар сыаналаах 150 мөл. караттаах алмаас хостоммут.
Бу күн биир суолталаах түгэнинэн Дорожнай бөһүөлэк уонна Айхал бөһүөлэгин Октябрьскай партия уулуссатыттан хаарбах дьиэлэр олохтоохторугар саҥа кыбартыыларга көһөллөрүгэр сертификаттары туттардылар. Сорохтор харчынан компенсация ылыахтара. Олохтоохтор үөрүүлэрэ үгүс, бу дьиэлэр 60-с сс. тутулланнар саахаланар туруктаммыттара. Тирээн турар кыһалҕаны өрөспүүбүлүкэ салалтата АЛРОСА-ны кытта кыттыгас үбүлээһининэн быһаараллар. Кэлэр 2022 сылга бу уулуссаларга баар бары хаарбах дьиэлэртэн дьону көһөрүү үлэтэ түмүктэниэхтээх.
Сэтинньи 8 күнүгэр Айхал бөһүөлэгэ төрүттэммитэ 60 сылын «Хотугу дьүкээбил» култуура дьиэтигэр буолбут үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев кытынна. 1960 сыллаахха геологтар Сохсолоох үрэххэ «Айхал» кимберлитовай туруупканы арыйбыттара. Эһиилигэр тайҕа быыһыгар саҥа бөһүөлэги тутуу саҕаламмыта. «Айхал историята 60 сыллааҕыта балааккаттан саҕаламмыта, билигин аныгы куоракка эппиэттэһэр бырамыысаланас бөдөҥ түөлбэтэ буолла. Бөһүөлэк Мииринэй оройуонун уонна өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар дьоһун кылаатын киллэрэр. Ол эрээри сүрүн баайынан олохтоохтор буолаллар, кинилэр Айхал историятын түстүүллэр, бөһүөлэги саҥардаллар. Билиҥҥи көлүөнэ дьон олорор сирдэрин өссө тупсаҕай оҥоруохтара», – диэн Айсен Сергеевич эттэ. Айсен Николаев дьоро киэһэҕэ бөһүөлэк туруу үлэһит дьонугар судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда.
Айхал үбүлүөйүнэн 23 №-дээх олохтоох орто оскуолаҕа бөһүөлэги төрүттээччи, «Айхал» рудник бастакы дириэктэрэ Георгий Кадзовка өйдөбүнньүк дуоска аһылынна. Георгий Кадзов 1937 сыллаахха баара-суоҕа 23 сааһыгар Хомсомуол сорудаҕынан хотугу сир баайын туһаҕа таһаарыыга үлэлии кэлбитэ. Салайааччы быһыытынан бастакы буһуутун-хатыытын Магадаҥҥа ааспыта. Кини салалтатынан Айхалга хайа байытар фабрика аҕыс ый иһигэр тутуллан үлэҕэ киирбитэ. «Бу манна Георгий Александрович үтүөкэннээх үлэтинэн, туруулаһыытынан алмааһы хостооһун биир дьоһун киинэ үөскээбитэ. Айхал ыччата кини аатын умнубата, киэн туттара махталлаах дьыала. Үүнэр көлүөнэ Георгий Кадзов аатын чиэстээхтик сүгэригэр эрэллээхпин», – диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ
Оскуолаҕа Айсен Николаев үөрэнээччилэри, учууталлары кытта көрсөн кэпсэттэ уонна «Точка роста» сыыппара киинин үлэтин кытта билистэ. Билигин оскуола 920 оҕо үөрэнээччилээх, бу кыһаны 100 медалист бүтэрбит.
Сэтинньи 9 күнүгэр Айсен Николаев социальнай эйгэ эбийиэктэригэр болҕомтотун туһаайда. Айхал балыыһатыгар каадырынан, медоборудованиенан, эминэн хааччыллыыны көрдө-иһиттэ, медиктэри кытта кэпсэттэ. Балыыһа 109 куойкалаах биэс отделениелаах, икки поликлиникалаах. Оҕолору эмтиир салааҕа былырыын саҥа аппарааттар ылыллыбыттар. Диагностика сулууспата бөҕөргөөбүт, ПЦР-ы миэстэтигэр чинчийэр оборудованиеламмыттар. Айсен Николаев биэс этээс тухары лифт суоҕун, сытар ыарыһахтары таһарга бу уустуктары үөскэтэрин сэмэлии көрдө уонна Бырабыыталыстыба АЛРОСА-ны кытары боппуруоһу быһааралларыгар сорудахтаата. Итиэннэ национальнай бырайыак чэрчитинэн кэлбит саҥа оборудованиены түргэнник сыл бүтүөр диэри таҥан үлэлэтиини хонтуруолга ылла.
Ил Дархан бу күн Удачнай куоракка тиийээт, эмиэ балыыһаны көрдө. Манна поликлиника дьиэтин сабан баран, балыыһа стационарыгар көһөрөөрү гыммыттар. Ол төрүөтүнэн 13 тыһ. кв. м. иэннээх дьиэҕэ кураанах хос элбэҕин, оттон коммунальнай төлөбүргэ 9 ыйга 24 мөл.солк. төлөнүөхтээх. Коллективы кытта кэпсэтэн баран, кини бу этиини ылыммата, поликлиника дьиэтин сабыы нэһилиэнньэҕэ өҥөну оҥоруу хаачыстыбатын мөлтөтүөҕэ диэн эттэ. Ол иһин медицина саҥа өҥөлөрүн оҥороллоругар, профилактикаҕа уонна ковид кэннэ доруобуйаны чөлүгэр түһэриигэ болҕомтону ууралларыгар сорудахтаата. Коммунальнай өҥө ороскуотугар Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ үбүлээһини улаатыннарарга үлэлэһиэҕэ.
Удачнай куоракка Айсен Николаев 8 №-дээх баһаарынай чааска сырытта. Бу чаас АЛРОСА хампаанньа суотугар үлэлээбитэ. Билигин өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр көспүт, өрөмүөн үлэтэ саҕаламмыт. Үлэһиттэр хамнаһы үрдэтэри туруорсаллар, төлөбүр кыратыттан каадырынан хааччыллыы ситэтэ суох. 13 тыһ. киһи олорор куоратыгар, улахан производственнай эбийиэктэр баалларыгар бааһарынай сулууспа суолтата улахан. Онон хамнас боппуруоһун үрдэтиини хонтуруолга ылла. АЛРОСА-ны кытта сөбүлэһии түһэрсэн, кыттыгас үбүлээһин боппуруоһа көрүллүөҕэ.
Сэтинньи 10 күнүгэр Айсен Николаев биллиилээх судаарыстыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл Климент Иванову 85 сааһынан эҕэрдэлээтэ. Айсен Николаев Климент Егорович өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытыгар, саҥа кэмҥэ Саха сирин судаарыстыбаннаһа атаҕар туран бөҕөргүүрүгэр, парламентаризм сайдыытыгар уһулуччу оруоллааҕын бэлиэтээтэ. «Климент Егорович Саха сирин судаарыстыбаннай деятеллэрин биир тумус туттар киһитэ буолар. Сэбиэскэй Сойуус кэнниттэн дойдуну, өрөспүүбүлүкэни чөлүгэр түһэриигэ, биһиги эрэгийиэммит Арассыыйаҕа бэйэтин миэстэтин булунарыгар киллэрбит кылаата сүҥкэн. Кини талаанынан, өйүнэн-санаатынан, олоххо уопутунан, дьыалабыай хаачыстыбатынан киэҥник биллэр. Кини килбиэннээх үлэтэ Ийэ дойдуга бэриниилээхтик сулууспалааһын бастыҥ холобура буолар», – диэн Айсен Сергеевич бэлиэтээтэ. Уһун үйэни, чэгиэн дорубуйаны баҕаран туран, Климент Егоровичка «Норуоттар доҕордоһууларын уонна эйэни бөҕөргөтүү иһин» СӨ бочуоттаах бэлиэтин туттарда.
Сэтинньи 10 күнүгэр Айсен Николаев улуустар, куораттааҕы уокуруктар баһылыктарын кытары мунньах ыытта. Быйыл оттук сезона болдьоҕор саҕаланна эрээри, билиҥҥитэ 23 улуус уонна Ленскэй куорат ититиигэ бэлэмнээх буолуу пааспарын ыла илик. Ил Дархан сэтинньи 15 күнүгэр диэри туһааннаах докумуону бары улуустар ситиһэллэригэр, ОДьКХ министиэристибэтигэр күннэтэ хонтуруоллууругар сорудахтаата. Тымныы түһэн эрэринэн, миэстэтигэр оттукка, уотунан хааччыллыыга саппааһы үөскэтиини тэрийэргэ сорудахтаата. Санатар буоллахха, оттукка 1165 хочуолунай, 4356 км ититэр ситим, 1 604 км уу ситимэ, 762,5 км канализация ситимэ, 29 тыһ. тахса уот ситимэ, 144 дизель станцията бэлэмнэннэ.
Сэтинньи 10 күнүгэр Айсен Николаев «Россия 24» ханаалга аһаҕас эфиргэ таҕыста. Онно кини кэпсээбитинэн, сэтинньи 27 күнүттэн Уһук Илиҥҥэ РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев тиэргэни оҥорууга улахан бырагыраама саҕаланарын биллэрбит. Ол чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ 100 сылын көрсө «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэни» бырайыагынан 121 тиэргэн саҥардыллыаҕа. Маныаха федеральнай бюджеттан 850 мөл. солк. көрүллүөҕэ. Саҥардыы үлэтэ киин куоракка эрэ буолбакка, Саха сирин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар ыытыллыаҕа. Муниципальнай уонна өрөспүүбүлүкэ бюджеттарын ааҕан туран, бу бырагыраамаҕа холбоон 1,5 млрд солк. үбүлэниэн сөп. Маныаха сүрүнэ —бырайыактары олохтоохтор бэйэлэрэ дьүүллэһэн, сүрүн сакаасчыт быһыытынан буолуохтара», — диэн Ил Дархан эттэ. Ахсынньы 10 күнүгэр диэри куоластааһыны тэриллиэ, испииһэги эрэгийиэн бэлэмниир. Тиэргэннэри кэлэр сыл ыам ыйын 1 күнүттэн сэтинньи 1 күнүгэр диэри оҥоруохтара.
Сэтинньи 11 күнүгэр Томпо улууһугар Нежданинскайдааҕы көмүс баайдаах сиргэ «Полиметалл» хампаанньа саҥа байытар фабриката аһылынна. Айсен Николаев видеосибээс нөҥүө тэрээһин кыттыылаахтарыгар туһаайан, кылгас кэм иһигэр баараҕай тутуу баран, олоххо киириитэ дойдуга, өрөспүүбүлүкэҕэ улахан суолталаах түгэн буоларын бэлиэтээтэ. Эрэгэйиэҥҥэ көмүс бырамыысыланнаһа уонна ону кытта ситимнээх экэниэмикэ салаалара, инфраструктура сайдыытыгар саҥа тыыны биэрэр диэтэ. Манна 1 тыһ. кэриҥэ саҥа үлэ миэстэтэ тахсыаҕа, улуус уонна өрөспүүбүлүкэ бюджеттарыгар төлөбүр киириитэ улаатыаҕа. «Полиметалл» хампаанньа фабрика үлэҕэ киириэн иннинэ Томпо улууһун социальнай бырайыактарыгар номнуо 120 мөл. солк. укпут.
Сэтинньи 12 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев уонна «Полиметалл» генеральнай дириэктэрэ Виталий Несис өрөспүүбүлүкэ уонна хампаанньа икки ардыгар сөбүлэһии олоххо киириитин дьүүллэстилэр. «Дьааҥы» массыына суолугар Тополинайтан Барыласка дылы 350 км уһуннаах кыһыҥҥы суолу тутуу туһунан кэпсэттилэр. Билигин бэлэмнэнии үлэтэ бүтэн, бырайыактааһын түмүктэнэн эрэр. Салгыы экспертизаны ааһан, көҥүл ыллахтарына, бэдэрээччит быһаарыллыаҕа. 2023-2024 сс. кыстыгар үлэҕэ киириэҕэ диэн хампаанньа салайааччыта эттэ. Анал технология көмөтүнэн суолунан сылдьыы болдьоҕо уһатыллыаҕа. Дьааҥы улууһун ыраах сытар нэһилиэктэрин олохтоохторо айанныылларыгар табыгастаах буолуоҕа.
Сэтинньи 12 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев «Открытие» баан бэрэсидьиэнэ-бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ (уруккута РФ үбүн миниистирэ) Михаил Задорновы кытта көрүстэ. Ил Дархан дойдуга биир улахан бигэ туруктаах үп тэрилтэтин кытта бииргэ үлэлииргэ өрөспүүбүлүкэ интэриэстээҕин бэлиэтээтэ. Социальнай инфраструктура сайдыытыгар туһуламмыт бырайыактары үбүлээһиҥҥэ баан кыттыыта эрэгийиэн экэниэмикэтин сайдыытыгар төһүү күүс буолуоҕа. Дьоҕус уонна орто биисинэһи, дьиэ-уот тутуутун, хоту улуустарга энергетикаҕа бырайыагы үбүнэн өйөөһүн туһунан кэпсэттилэр.
Салгыы Айсен Николаев уонна Михаил Задорнов «Хотугу сулус» сылы эргиччи үлэлиир оҕо киинин тутууну миэстэтигэр Табаҕа тумуһугар баран көрдүлэр. Бу өрөспүүбүлүкэҕэ оҕону эбии үөрэхтээһиҥҥэ саамай бөдөҥ уонна саҥалыы көрүүлээх эбийиэк буолуоҕа. Бырайыагы олоххо киллэриигэ «Открытие» баан быһаччы кыттар. Тутуу хаамыытын бэрэбиэркэлээн баран, кэлэр 2022 сыл бүтүүтүгэр үлэҕэ киллэрэргэ сөбүлэстилэр.
Сэтинньи 12 күнүгэр Айсен Николаев ХНТ былаһааккатыгар XXVI килиимэт уларыйыытыгар анаммыт кэмпириэнсийэҕэ эрэгийиэн этиилэрин видео-сибээс нөҥүө билиһиннэрдэ. Россия бөдөҥ эрэгийиэнэ Саха сиригэр айылҕа уларыыйытын дьайыыта икки төгүл күүстээҕин бэлиэтээтэ. Ил Дархан ирбэт тоҥ ууллуутугар болҕомтону тарта. Онтон үөскүүр кыһалҕалары бохсорго аналлаах инновация бырайыактара оҥоһуллаллар. Ону «Хоту» наука-үөрэх киинэ сүрүннүүр. Ойууру баһаартан харыстыыр тиһик тэриллэр. Федеральнай киин өйөбүлүнэн тыаҕа питомниктар уонна маһы олордууга анаан үүннэрэр теплица комплекстара баар буолуохтара. Аан дойдуга уонна Россияҕа биллэр наука кииннэрин экспертэрэ, бырамыысыланнас хампаанньаларын, сайдыы үнүстүтүүттэрин салайааччылара кыттыыллаах анал Сүбэ тэриллибитэ. Кэмпириэнсийэ тэрийээччилэрэ уонна кыттааччылара Холбоһуктаах Нациялар Тэрилтэлэрэ (ООН) Саха сирин этиилэрин өйүүрүн туһунан эттилэр.
Сэтинньи 13 күнүгэр «Sinet Spark» кэммиэрчэскэйэ суох бырайыактыыр тэрилтэ хамаандата Ил Дархаҥҥа Саха сирин дьонун-сэргэтин олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга, тымныы дойдуга куттала суох олорор усулуобуйаны тэрийиигэ туһуламмыт былаанын билиһиннэрдэ. «Эһиги бу олус наадалаах бырыайыактарга билиигитин, кыһамньыгытын уураргыт, саҥа толкуйу, быһаарыыны көрдүү, тобула сылдьаргыт олус үчүгэй», — диэн Ил Дархан туһаайан эттэ. «Sinet Spark» пуонданы төрүттээччи Арсен Томскай Саха сирин дьонугар чахчы суолталаах бырайыактар талыллыбыттарын кэпсээтэ. Ол курдук бырайыактарга Дьокуускай быылын намтатыыга ылсыы, куорат уулуссаларыгар уонна болуоссаттарыгар үүнээйини олордуу, бөх умайыытын эрдэттэн билэр тиһиги киллэрии, Дьокуускай олохтоохторун сибиэһэй оҕуруот аһынан, фруктанан хааччыйарга тоҥоруу саҥа көрүҥүн чинчийии, о.д.а. киллэриллибиттэр. Ил Дархан сорудаҕынан «Sinet Spark» хамаандаҕа өрөспүүбүлүкэттэн тустаах министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр уонна Дьокуускай куорат дьаһалтата көмөлөһүөхтэрэ. Санатан эттэххэ, «Sinet Spark» пуонда быйыл Саха сиригэр. ойуур баһаарыттан эмсэҕэлээбит улуустарга 15 мөл. солк. оборудованиены ылалларыгар анаан ыыппыта. Хамсык дьаҥын утары охсуһууга эмиэ көмөлөспүттэрэ. 2020 сыллаахха Арсен Томскай уонна кини кэллиэгэлэрэ («MyTona») балыыһаларга ИВЛ аппарааттарын ылалларыгар 15 м6л. Солк. көрбүттэрэ.
Сэтинньи 13 күнүгэр Дьокуускайга гааһы тарҕатар сүрүн саҥа ыстаансыйа үлэҕэ киирдэ. Ыстаансыйаны тутуу «Сахатранснефтегаз» хампаанньа тутар-таҥар управлениетын күүһүнэн 2018 сыллаахтан саҕаламмыта. Саҥа тутуу 1967 сыллааҕы ГРС-1 солбуйар. «Саҥа киирэр ыстаансыйа чааска 300 тыһ. куб.м. оҥорор кыамталаах, киин куораты уонна тулатынааҕы бөһүөлэктэри гааһынан бигэтик хааччыйыаҕа, биллэрдик күүһүрдүөҕэ, онуоха аныгы технология тохтоло суох үлэлииргэ бигэ тирэҕинэн буолуоҕа. «Сахатранснефтегаз» хампаанньа убатыллыбыт айылҕа гааһын оҥорон таһаарарыгар, гаас уматыгын ырыынагын сайыннарарыгар саҥа кыахтары арыйарыгар көмөлөһөр», — диэтэ Айсен Николаев. Саҥа ГРС тыһыынчанан ыалы күөх төлөнүнэн хааччыйыаҕа, олорор дьиэни тутуу тэтимин үрдэтиэҕэ, эбии үлэ миэстэтин таһаарыаҕа.
Афанасий Ноев
Ил Дархан пресс-сэкирэтээрэ